Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Үрүҥ биэлиин көрсүһүү

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Үрүҥ биэлиин көрсүһүү

K
edersaas.ru Категорията суох
06.03.2019 20:00
Бу түбэлтэ сэрии кэнниттэн 1947 сыллаахха, мин оскуолаҕа үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпына буолбута. Биһиги оскуолаҕа барар ыллыкпыт Иирэлээх ферматын иһинэн ааһара. Мин ол сылларга Маруся Сивцева диэн кыыстыын бииргэ үлэлиир этибит. Куруутун иккиэн бииргэ сылдьарбыт, уруоктарбытын тэҥҥэ ааҕарбыт. Истиҥ доҕордуу этибит. Саҥа дьыл бырааһынньыктарын саҕана биһиги дойдубутугар корь ыарыы кэлэн оҕо бөҕөтө ыалдьыбыта, сорохтор өлбүттэрэ. Ол сылдьан ити ыарахан ыарыынан биһиги эмиэ ыалдьан хаалбыппыт. Кыыһым аҕыйах хонугунан өлөөхтөөбүтэ. Кинилэр нуучча дьиэтигэр, биһиги дьиэ кэргэн балаҕаҥҥа олорорбут. Дьиэлэрбит бэйэ-бэйэлэригэр сыста тураллара. Мин дьүөгэ кыыһым өлбүтүн сэрэйбит курдук дьиэтигэр уу-чуумпутук киирэн кэлбитим. Онно көрбүт хартыынам харахпар билигин да баарга дылы: кыыспын ийэтэ көтөҕөн ытыы-ытыы уһун хара суһуоҕун тарыы олороро… Дьүөгэм барахсан ийэ тапталыгар куустаран утуйа сытар оҕоҕо майгынныыра. Хараҕым уута сарт түспүтүн өйдөөбөккө да хаалбытым. Сотору соҕус миигин үүрэн таһаарбыттара. Онтон хомойон өссө күүскэ ыалдьыбытым. Адьас суорҕан-тэллэх киһитэ буолбутум. Олус сыстыганнаах ыарыы буолан миигин наара орон үрдүгэр балаакка курдук таҥас тардан бүрүйэн кэбиспиттэрэ. Тугунан-тугунан эмтээбиттэрин өйдөөбөппүн, эмп суох да быһыылааҕа. Итинник өр сыппытым. Кэлин үтүөрэммин оскуолабар тиийбитим, кылааспытыгар сэттэ эрэ оҕо баара. Уруокка Марусям олорбут миэстэтин өр одуулаан олорор идэлэммитим. Санаабар кини салгынтан көстөн кэлэн мичээрдээн баран, сүтэн хаалар курдуга. Ыарахан кэмнэр этилэр. Түүн буолан эрэрэ, бастаан туман халыйан сири-дойдуну, үрэхтэри, тыалары бүрүйэн барбыта. Дьүөгэм Маруся уҥуоҕа алаас эмпэрэ сыырын үрдүгэр баара. Арай биир сайыҥҥы үрүҥ түүн ол сиринэн баран иһэммин уп-уһун сиэллээх, чоҕулуччу көрбүт хап-хара харахтардаах үрүҥ биэ кыыһым уҥуоҕун үрдүгэр кистии турарын көрөн тохтуу биэрбитим. Биэ мин диэки көрөөт, илин атахтарынан табыйа-табыйа кистиирэ улам улаатан барбыта. Мин “Бачча түүн хайаларын биэтэ манна мэччийдэҕэй?” – дии саныы-саныы чугаһаан кэллим. Аҕыйах хардыы хаалаатын кытары биэ туманы кытта симэлийэн хаалбыта. Дьэ, онно тыыным-быарым ыгыллан, сүрэҕим олус күүскэ тэппитэ. Тыын былдьаһа-былдьаһа, өйбүн сүтэрэр-сүтэрбэт икки ардынан дьиэбэр сүүрэн кэлбитим. Ити түбэлтэ кэнниттэн эмиэ ыалдьан охтубутум. Биир түүн ыалдьа сытан, арай, түһээтим. Биһиги Марусялыын оскуолабытыгар баран иһэбит диибин. Арай кини көмүллэ сытар сиригэр, Малакаар киһитин уҥуоҕар, тиийэбит. Онуоха кыыһым тохтуу биэрээт: “Эн ити биэттэн куттаныма. Кини мин айыым, айылгым! Эйиэхэ аны көстүө суоҕа. Эн үчүгэйдик сырыт, үөрэн, үлэһит киһи буол!” – диэн баран сүтэн хаалбыта. Эмискэ уһуктан кэлбитим. Уу чаккырас буолуохпар диэри тириппит этим. Уһуктубуппуттан үөрбүтүм. Ийэм туран уу иһэппитэ. Билигин мин 68 саастаахпын. Олоҕум тухары киһи сиэринэн олорон кэллим. Ол эрээри сороҕор, кэлэн ааһар түүллэрбэр көрсөн, кэпсэтэн ылааччыбын, биэс уон сэттэ сыл анараа өттүгэр сүтэрбит доҕорбун, Маруся барахсаны… Иннокентий Новгородов, Дьокуускай, 2004 с. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан