Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тайах оҕото (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тайах оҕото (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
10.09.2023 19:15
Тайах оҕото ийэтин ыҥыра, ытыы сатаан, күөмэйэ бүттэ. Хараҕын уута сарт түһэн, онуоха эбии сирэйигэр, муннугар бырдах саба түһэн, суолун-ииһин торутарын, ханна баран иһэрин да өйдөөбөт буолла. Иннин хоту мэнээк баран истэ. Кинини кэнниттэн өйүгэр да батарбат алдьархайа, тыын былдьаһар куттала үүрэн истэ. Сарсыарданан аччыктаабытын биллэ. Оһоҕоһо курулуйбутун тулуйбакка, кылыгырыы сүүрдэ сытар ыраас уулаах үрүччэттэн иһэ ыларынан уу истэ. Хайдах эрэ уоскуйбукка дылы буолан, мас таҥнары намылыспыт лабааларыттан аҕыйах сэбирдэҕи үргээн ылан, ыстаабыта буолла. Ийэтэ бу курдук сэбирдэҕи, талах лабаатын сиирин көрөрө. Оччолорго ийэтин үүтүн тото-хана иһэ сылдьар буолан, от-мас сэбирдэҕэр наадыйбат да этэ. Оо, билигин манна минньигэс үүт сытынан аҥылыйар, көмүскэл-хахха буолар, итии тапталынан кууһар ийэтэ баара буоллар даа!.. Аны хаһан да кинини көрүө суох муҥа буоллаҕа дуу? Саас үйэ тухары букатыннаахтык арахсыы диэн бу буоллаҕа дуу?.. Хараҕар эмиэ били иэдээннээх хартыына көстөн кэллэ. Хаан-билик буолбут, олуонатык охтубут ийэтин өһөн эрэр хараҕа… Тайах оҕото эмиэ уйадыйан, мэҥирээн ытыы-ытыы иннин хоту акыҥнаата. Ханна барар? Туох кинини кэтэһэр? Хайдах гынан соҕотоҕун бу тыйыс, өстөөхтөрүнэн туолбут аан дойдуга ийэтэ суох тыыннаах ордор? **** Тайах оҕото аан бастаан төрөөн баран билбитэ диэн — ийэтин сылаас тыла этэ. Тапталынан сайар, ол сылаас, сымнаҕас тыл кинини салаатаҕын аайы тоҥмута ирэн, хараҕын тумана ааһан, тулатын көрүнэр турукка киирбитэ. Аан бастаан хараҕын саатырдар, күлүк быыһынан чаҕылыйар уоту көрөн дьиибэргии санаабыта. Ол күлүбүрүүр уот быыһынан туох эрэ минньигэс сытынан аҥылыйар хара күлүк сүтэ-сүтэ көстөрүн, ол быыһыгар кинини сылаастык таарыйарын өйдөөн көрбүтэ. Бу күлүк кини ийэтэ, дурдата-хаххата, аан дойдутун туллар тутааҕа буоларын ис иминэн өйдөөбүтэ. Ийэтин сытын саас-үйэ тухары өйүгэр хатаан кэбиспитэ. Аны баран хаалыа диэн куттанан, тура сатаан үнүөхтээбитэ. Тоҕо эрэ кинини истибэт, тип-титирэс атахтарынан кута курдук куталдьыйар сиргэ таба үктэнэ сатаан салҕалаабыта… Тайах оҕото аан бастаан түөрт туйаҕынан Сир ийэттэн тирэнэн бастакы атылын оҥорбута. Ийэтэ онтон үөрэн, муннун, сирэйин салаабытыгар, чуут тиэрэ баран түһэ сыспыта. Онтон минньигэс сыт кэлэр сиригэр үнүөхтээн тиийэн, ийэтин үҥүлүйэн, дьэ, көрдөөбүтүн булан ылбыта! Хоп-хойуу, мип-минньигэс, тотоойу үрүҥ илгэни иһэ ыларынан испитэ. Мэктиэтигэр, үүтэ сыраанын кытары булкуһан, икки дьабадьытынан хойуутук сынньылыйан түспүтэ. Тайах оҕото тотон баран, аны аан дойдуну чинчийэргэ санаммыта. Хайа саҕа үрдүктээх ийэтин таһынан, бу аан дойдуга өссө атын туохтар эрэ бааллар эбит. Эмиэ уп-улахан туох эрэ күөх турарыгар бадьаалаан тиийэн үҥүлүйбүтүгэр, онто кытаанах баҕайытык муннуга биэрэргэ дылы гыммыта. Онтон куттанан туора ойоору, аны атаҕын туохха эрэ өлөрбүтэ. Инньэ гынан, бу мас хамсаабат эрээри, мээнэ ойуолаатахха, ыарыылаахтык охсорун билбитэ. Кинини тумнан сылдьыбыт ордук эбит. Ол эрэн, бу маннык мастар олус элбэхтэр эбээт. Ону барытын хайдах тумнан сылдьыах баҕайыный? Дьэ ити буоллаҕа — орто дойду үөрэҕэ диэн. Муннуга бэрдэрэн, этэргэ дылы, бэйэҥ «тутан-хабан» эрэ көрдөххүнэ эккинэн-хааҥҥынан билэҕин, орто дойду мөлүйүөнүнэн араас кистэлэҥнэрин арыйан, олох олорорго үөрэнэҕин. Тайах оҕото салгыы кинини дьиктиргии көрөн хороллон олорор моҕотойго чугаһаан, сыттаары гыммыта, моҕотойо киниэхэ сыттата сылдьыа дуо, «чыс!» диэн тыбыыра түһээт, кутуруга хоройбутунан маска сүүрэн куһугураан тахсыбыта. Ыҥаах соһуйан эрэ хаалбыта. Бу көстөр тулалыыр эйгэҕэ сорох эттиктэр хамсаабаттар, биир сиргэ тураллар, оттон сорохтор хамсыыллар, кини курдук тыыннаахтар, өссө улаханнаахтар-кыралаахтар эбит. Ити курдук тайах оҕото бастакы арыйыытын оҥорбута. Оо, ама ааспытын да иһин, дьоллоох да сайын ааспыта! Ийэ тапталынан угуттанан, киниэхэ көмүскэтэн, тайах оҕото эрэйэ суох улаатан, бу араас угаайылаах олох албастарыгар, бары кистэлэҥнэригэр үөрэнэн испитэ. Аар тайҕа устунан көҥүллүк көччүйэ сүүрэрэ, тото-хана аһыыра, тыа кыылларын, көтөрдөрүн кытта билсэрэ. Ол барыта биир хара күн суох буолбута, ыҥаах олоҕо икки аҥы хайдыбыта… **** Ийэтин кытта араастаан эриллэн сүүрүгүрдэ сытар, ыраас уулаах от үрэх кытылыгар бэрт хойуутук үүммүт талахтарга тохтоон, күнү быһа сынньаммыттара, аһаабыттара. Ыҥаах, оҕо оҕото өтөн, бугуһуйан, тэлибирии көтөр лыахтары эккирэтэн, талахтары быыстарынан сүүрэкэлээбитэ. Биир кытархай өҥнөөх лыаҕы эккирэтэн, үрэҕи батыһан, тэйдэр тэйэн испитэ. Эмискэ саһыл ньаҕыргыырын курдук куһаҕан баҕайы саҥа иһиллибитэ, от-мас барчаламмыта. Тайах оҕото куттанан ийэтэ хаалбыт сирин диэки ыстаммыта. Онтон этиҥ этэрин курдук улахан баҕайы тыас дэлби барбыта. Тула туох барыта дөйөргө дылы гыммыта, ап-аһыы куһаҕан сыт кэлбитэ. Тайах оҕото уолуйдар да, ийэтин көрдөөн, ол тыас диэки сэрэнэн баран испитэ. Арай, сэндэҥэ мас быыһынан ынырык хартыына арыллыбыта. Ырааһыйа ортотугар иинэҕэс талахтары хам баттаан, ийэтэ охтон сытара, тура сатаан атаҕынан салгыны тэбиэлиирэ… Кини үрдүгэр икки бөрө курдук эрээри, арыый кыра адьырҕа кыыллар ыттан туран, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы тыыннаахтыы тырыта тыыта, ытыра-ытыра тардыалыы сылдьаллар эбит. Кинилэр диэки икки атаҕар турбут дьикти кыыллар уһун синньигэс ураҕаһы туппутунан сүүрэн иһэллэрэ мастар быыстарынан көстөрө. Ийэтэ эрэйдээх, хааннааҕынан хаһылыйбыт, бүлтэйбит хараҕын тыа саҕатыттан араарбакка сытан, оҕотун булан көрөөт, бэйэтэ эрэ билэр тылынан «Куот!» диэн кыламмыта. Бу көстүүттэн уолуйа куттанан, атахтара сиргэ хам хараҕаламмыт курдук таастыйан турбут тайах оҕото, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, «тэп» гынан хаалбыта. Мастарга мэһэйдэтэн дуу, сиэртибэни өлөрөр уххаҥҥа оҕустаран дуу, ыттар да, икки атахтаахтар да кинини көрбөккө хаалбыттара. Баҕар, тыал кини диэки утары үрэрэ быыһаабыта буолуо… **** Дьэ ол иһин бу ханна барарын, тугу гынарын да билбэккэ, бэһис күнүн мээнэ иннин хоту баран истэҕэ. Ол да буоллар, саһаран эрэр талах сэбирдэҕин, кэнчээрилээбит күөх оту сииргэ үөрэннэ, охтубут мас анныгар утуйан, сынньанан да ылар. Кини ийэтэ «куот» диэбитинэн, тохтообокко, иннин диэки баран эрэ иһэр дьүккүөннээх. Ити гынан, өлөр өстөөҕүн уйатыгар чугаһаан, угаайыга бэйэтинэн киирэн биэрэн эрэрин өйдөөхтөөбөт буоллаҕа… Тайах оҕото күүһэ-сэниэтэ эстэн, балааскайдаан ылбыта. Устунан сытынан кэбиспитэ. Хараҕар ийэтэ барахсан ааттаспыт хараҕа көстөргө, «куот» дииргэ дылы. Суох, ыҥаах хайдах да куотар, оннооҕор турар да кыаҕа суох. Ийэтин үүтүн эрэ иһэ сылдьыбыт кырачаан сэбирдэххэ тотор, адьырҕа кыыллартан көмүскэнэр кыаҕа суох… Оттон субу кэмҥэ кини сытын ылан, икки адьырҕа ир суолун ирдээн, тор суолун тордоон, хас мүнүүтэ аастаҕын аайы чугаһаан иһэллэрин кини хантан билээхтиэ баарай? Арҕаа диэкиттэн сэбирийбит түүлээх, кылгас атахтардаах, куулу буорунан толорон кэбиспит курдук симии эттээх-сииннээх кыыл, тайах оҕотун сытын ылан, күлүгэр имнэнэн, суоллаан иһэрэ. Бу сиэгэн диэн сиэмэх кыыл этэ. Тоҕо эрэ ийэ тайах сыта биллибэт, ол аата, ыҥаах диэн киниэхэ чэпчэки булт буоллаҕа. Оҕолорун, хайа муҥун, дьэ, тотортуур ини! Оттон илин диэкиттэн, били, тайах оҕото өлөрдүү куттаммыт өстөөҕө — булчут ыт иччитин кытары куобахтыы сылдьан, тыал хоту тайах сытын ылан, сонордьут хаана оонньоон, ойуолаан иһэрэ. Бэрт чугас мутук тостон «тас» гыммытыгар, тайах оҕото соһуйан, «ходьох» гына түспүтэ. Ол аата туох эрэ суоһар куттал киниэхэ чугаһаан истэҕэ. Итинник түгэҥҥэ ийэтин диэки ыстанар буолара. Билигин турар да кыаҕа суоҕуттан, үнүөхтээн көрөн баран, сытынан кэбиспитэ. Өлөр куттал суоһаабытын кыракый сүрэҕинэн сэрэйбитэ. Оттон киниттэн бэрт чугас сиэмэх кыыл сыт ыла сатыы, чуҥнуу турара. Ыҥааҕы көрөн баран, ийэ тайах баар дуу, суох дуу диэн сэрэхэчийэ турар дьүһүнэ этэ. Сыт ылбакка, аһыытын килэппэхтээбитэ уонна оргууй үөмэн чугаһаан испитэ. Ол эрэн, эмискэ үрэн баргыйбытынан, иннигэр ыт баар буола түспүтэ уонна, тайах оҕотугар кыһаммакка, сиэгэҥҥэ ыстаммыта. Оттон аар тайҕа биир улуу адьырҕата маннык чэпчэки сиэртибэтин таах туран биэрэр санаата суоҕа. Сиэгэн олус киҥнээх майгылааҕа, ол киҥэ кыйырбыт кымыс курдук көхсүн иһигэр оргуйбута. Кини охсуһарга бэлэмнэммитэ. Тииһин килэтэн, арҕаһын түүтүн туруоран, ынырыктык ырдьыгыныы-ырдьыгыныы илин атаҕынан сири хаспыта. Оттон эсэһит ыт да сиэгэнтэн толло, куттана барбатаҕа. Иккиэн ырдьыгыныы-ырдьыгыныы утары көрсөн турбуттара. Онтон сиэгэн утары ыстаммыта, ыт хабарҕатыгар түһэр санаалааҕа. Ытырда да ыыппат хабыр майгылааҕа. Ол эрэн, ыт хапсаҕайдык туора ойон биэрбитэ. Сиэгэн быдан көнтөрүк этэ, онон киҥиттэн икки хараҕа көстүбэт буолуор диэри кыйаханан, ыкка саба түһэ сылдьыбыта. Ыт буоллаҕына, ытыра-ытыра туора көтөн аһаран биэрэн, ордук кыйахаабыта. Ол эрэн сиэгэн күтүр халыҥ тириитин, кытаанах этин хоторор манан аҕай чэпчэки дьыала буолбатах этэ. Бу икки кыыл хапсыһыылара тугунан бүтүө эбитэ буолла, билбит суох. Эмискэ этиҥ этэринии хабараан тыас сатараабыта. Сиэгэн, туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө да эрэ, ойон иһэн күүстээх охсууттан умса баран түһээт, кыа хаанынан устан, көхсүн иһигэр кырдьыгыныы сытан, харахтара сабыллыбыттара. Булчут ыт, «кыайдым-хоттум» диэбиттии, кинини ытыра-ытыра илгиэлээбитэ. Оттон тайах оҕото эрэйдээх бу үлүгэрдээхтэн тыыннаах ордуом да дии санаабакка, хараҕын симэн сытара. Кини ханна баарын, тулатыгар туох буола турарын да билбэт турукка киирбит этэ. **** Ылдьаа көрбүт хараҕын итэҕэйбэккэ турбута. Кини ыта урут сиэгэни кытары хапсыбытын өйдөөбөт. Аны туран, сэниэтэ эстибит тыыннаах тайах оҕото сытар. Хантан кэлэн хаалбытай? Ол эрэн, үнүр бу диэки саалаах-сэптээх дьону толору тиэммит массыынаны көрбүттээҕэ. Олор бу ийэтин охтордохторо, оччотугар, бу тайах оҕото тыаҕа хаалан тыыннаах ордубата чахчы. Хайыах баҕайыный? Хаалларан бардахха, адьырҕа аһылыга буолара эрэбил. Ылдьаа тайахха тиийэн, үтүөлээн, анньыалаан көрдө да, анараата турар кыаҕа суох. Ырыганыан! Быстарбыта ырааппыт эбит. Булчут саатар тэллэх гыныам диэн, сиэгэнин тириитин сүлэн ылла. Сайылыктара чугас буолан, дьиэтигэр бара сылдьарга сананна. Ытын маната хаалларан баран, мас быыһынан аҕыйахта көстөн хаалла. **** Тайах оҕото тулата соҕотохто чуумпуран хаалбытыгар, сыппахтыы түһэн баран, дөйүөрбүтэ ааһан, хараҕын арыйда. Били кини өстөөҕө — ыт, ханна да барбакка, тылын былас таһааран, аҕылыы сытар эбит. «Билигин сиирэ буолуо», – дии санаата тайах оҕото уонна эмиэ хараҕын симтэ. Кэтэстэр кэтэстэ да, туох да биллибэтэ. Хата, ыт тыыллаҥнаан, дьааһыйан баран, туран, ойуур иһигэр киирэн, тугу эрэ тиҥсирийэн барда. Син биир куотуо суоҕа дии саныыр быһыылаах. Тайах оҕото да, хайа муҥун, куттанара ааһарга дылы гынна. Сылайбыта бэрдиттэн кытаанах баҕайытык утуйа сытан, ийэтэ кинини кэлэн салыырыттан уһуктан кэллэ. Аата үчүгэйиин! Ол аата, ийэтэ барахсан быыһанан, тиийэн кэлбит буоллаҕа! Ол эрэн, тайах оҕото хараҕын аспыта, ийэтэ хантан кэлиэй? Ол оннугар били ыт баҕайы, тоҕо эрэ кэлэн кини муннун, сирэйин салаан ньылыбыраппыт эбит… Баҕар, өлөөрү гыммыт диэтэҕэ буолуо. Пахайбын даҕаны, сыта куһаҕаныын… Ыҥаах сиргэнэн, сирэйин куоттара сатаата. Бу мучумааннаһа сырыттахтарына, Ылдьаа ыҥыыр аттаах тиийэн кэллэ. Тайах оҕотун куулу хайа тардан, онно суулаан, ат арҕаһыгар туора бырахта, кэлгийдэ. Дьөһөгөй оҕото барахсан, хаһан айылҕа маанылаах оҕотун арҕаһыгар сүкпүтэ баарай, сиргэниэх курдук хаһыҥыраамахтаата. Ол эрэн ат айылҕаттан сымнаҕас майгылаах буолан уонна тайах оҕото сэниэтэ эстэн, мөхсүбэккэ хам бааччы сытан биэрэн, дьиэлэрин диэки айанныы турдулар. **** Ылдьаа тайах оҕотун дьиэтигэр аҕалаат, хаһааҕа киллэрэн сытыаран баран, ыаммыт үүтү сылытан, бытыылканы суоскалаан, айаҕар күүһүнэн уган, эмтэрэ сатаата. Тайах оҕото хотуолаары гыммыт курдук өҕүйэн, үүтүн айаҕын таһынан сүүртэ, ол да гыннар, ас буоллаҕа, амтаһыйан, эмэн барда. Ынах үүтэ, ийэтин үүтүгэр хантан тиийиэ буоллаҕай, атын амтаннаах, ол эрээри, тотоойу эбит. Кини бу уруккута өлөр өстөөхтөрө киниэхэ куһаҕаны баҕарбаттарын, төттөрүтүн, көмөлөһөр санаалаахтарын сүрэҕинэн таайан биллэ. Кыыллар киһи курдук толкуйдара, саныыр санаалара суох дииллэр даҕаны, кинилэр барытын сүрэхтэринэн бүтэйдии сэрэйэн билэллэр, таайаллар эбээт… Ыҥаах сылаас үүт кини этин сааһынан дьырылаан киирэн, күүһүгэр күүс эбэргэ дылы гынна. Иһэ сылыйан, сылайбыта таайан, тайах оҕото утуйан хаалла. Кини кытаанах баҕайытык утуйа сытан, кимнээх эрэ кэпсэтэллэриттэн уһуктан кэллэ. Хас да киһи, бүтэйгэ өйөнөн, кинини көрө-көрө, кэпсэтэ тураллар эбит. Бу кини дьылҕатын быһаарар кэпсэтии буоларын, тайах оҕото хантан билээхтиэй? — Тыа кыылын хайдах дьиэ кыылын курдук иитиэххиний? Аны күһүн буолла, кинини сүөһү курдук хотоҥҥо хаайбаккын. Ол эрэн син биир аһатар буоллаҕыҥ дии. Ордук оппут да суох, – дьахтар саҥата иһиллэр. — Оччоҕо хайыыбыт? Ойуурга ыытан кэбистэххэ, тыыннаах ордубата чахчы. Эрэйдээх адьырҕа кыыллар аһылыктара буолуо, – кинини быыһаабыт киһи саҥата иһиллэр. — Оттон зоопаркаҕа илтэххэ? — Ону хайдах илдьэбит? — Кэлэн ылыҥ диэн эрийиэххэ буо. Тайахтара суох сурахтааҕа, наадыйаллара буолуо. — Кырдьык даҕаны!.. Бу кэпсэтии кэнниттэн, тайах оҕотун дьылҕата быһаарыллыбыта. Ылдьаа зоопарка үлэһиттэрин кытары кэпсэтэн, күһүн сир тоҥноҕуна кэлэн ылыах буолбуттара. Ыҥаах ыаммыт үүтүнэн аһаан, дьон үтүө сыһыаннарыттан ирэн, кинилэрдиин бодоруһан, түүтэ-өҥө тупсан, бороохтуйан барбыта. Манна кини тыа кыыла хаһан да харахтаабатах үгүс дьиктитин көрбүтэ. Ынах диэн дьикти кыыллар ойуурга бара сатаабакка, саахтаах хотоҥҥо дьиэлэнэн, дьоҥҥо сыстан олороллорун сөҕө көрбүтэ. Ол да буоллар, Ылдьаа кэргэнэ Аана ынаҕын ыан баран, биэдэрэ тутуурдаах иһэрин көрдөҕүнэ, хааллан турар күрүөтүн иһигэр сүүрэкэлээт, бүтэй үрдүнэн моонньун уһатан уунаҥныы турар буолбута. Кини Аанаҕа ийэтигэр курдук убаммыта, батыһа сылдьара. Сороҕор хаһааҕа били кинини салаабыт ыт кэлэн барара. Туох билиэй, ыт тугу саныырын? Ол эрэн ыт дьиэ кыылларын барыларын бэйэтин бас билиитин курдук саныыра чахчы. Иччи тугу эппитэ сокуон, иччи бас билиитин кини бэйэтин гиэнин курдук көмүскүөхтээх-харыһыйыахтаах. Онон Суолдьут атын ыттар тайах оҕотугар түһээри гыннахтарына көмүскүүрэ, тэлгэһэтигэр чугаһаппат этэ, ырааҕынан үүртэлиирэ. Онон кэлин ыттыын-кустуун бары да тайах оҕото сайылыкка, күрүөҕэ-хаһааҕа сылдьарыгар үөрэнэн хаалбыттара. **** Күһүн тиийэн кэлбитэ. Мастар ыыс-араҕас сэбирдэхтэрэ суйданан, сир-дойду болоорхой өҥнөнөн, кыһыҥҥы уутугар утуйарга бэлэмнэнэн, иһийэн-иһиллэнэн турар кэмэ этэ. Бастакы хаар түһэн ууллубута. Ыҥаах бу үйэтигэр хаар диэни аан бастаан көрөн, бэркэ соһуйа санаабыта. Сайылык дьоно көһөр кэмнэрэ кэлбитэ да, тугу эрэ кэтэһэр курдуктара. Аана сиэбигэр килиэп кэһиилээх кэлэн, тайах сирэйин, моонньун имэрийэ-имэрийэ тугу эрэ кэпсэтэр, өр соҕус соҥуоран олорор буолбута. Ити кини арахсар чаастара чугаһаан кэлбитин билэн, быраһаайдаһар быһыыта эбит. Оттон ыҥаах иккис ийэтин курдук ылыммыт киһитэ итинник санаарҕабыллаахтык саҥаран киирэн бардаҕына, сүрэҕин туох эрэ бобута тутарга дылы гынара. Эмиэ да арахсар түгэн чугаһаан иһэрин сэрэйэргэ дылы гынара. Кини бу ый кэриҥэ кэмҥэ тото-хана аһаан дьон сылаас сыһыаннарыгар үөрэнэн, биллэ улааппыта, эттэммитэ. Уп-уһун атахтарыгар тирэнэн дыабайан турдаҕына, үрдүгэ киһи саҕа буолбута. Биир күн дьиэ таһыгар ньирилэс тыастаах массыына кэлэн хорус гынаат, икки киһи тахсан кэлбиттэрэ. Кинилэр тайах оҕотун көрдөллөр да, чугаһаабакка, дьиэҕэ киирэн хаалбыттара. Ыҥаах тугу эрэ сэрэйэн, күрүөтүн иһигэр сүүрэкэлээмэхтээбитэ. Бу дьон кини олоҕор дьайар сыһыаннаахтарын эмиэ сэрэйбитэ. Сотору буолаат, ол дьон дьиэттэн Ылдьааны кытары тахсан, күрүөҕэ чугаһаабыттара. Кинини чинчилиирдии көрө-көрө кэпсэтэн баллыгыраспыттара. — Хайа, улахан баҕайы эбит дии. Массыына үөһэ илдьэргэ ыарахаттардаах буолсу. Кэлгийдэххэ, мөхсөн сэниэтин барыаҕа. — Оттон укуоллаан баран илтэххэ? — Кырдьык, оннук гыныыһыбыт. Ылдьаа кэлэн, ыҥаах моонньуттан кууһан баран, муннун имэрийэ-имэрийэ ботугураабыта: — Чэ, доҕор, ыраата бараҕын!.. Наһаа хомойума, кыһын суол турдаҕына, баран көрсөн кэлиэхпит. Онно эйиэхэ ордук буолуо… Уонна көхсүн этитэн кэбиспитэ. Оттон ити кэмҥэ Аана дьиэ иһит сууйбута буола турара. Кини бэркэ убаммыт кыылын кытта арахсара ыарахан этэ. Ол да буоллар, санаата батарбакка, күүлэтиттэн өҥөйөн көрбүтэ. Зоопарк үлэһитэ суумкатын хасыһа турара. Арааһа, укуолун, эмин бэрийэр быһыылааҕа. Тайах өрүтэ кэҕилдьийэн, куотуох курдук буолбутугар, Ылдьаа тоҕо эрэ сирэйин мырдыччы туттубутунан, тайаҕы моонньуттан ыга кууһан, тутан биэрбитэ. Киһи укуолун туппутунан чугаһаан кэлбитэ. Ыҥаах эмискэ ходьох гына түспүтэ. Ылдьаа илиититтэн төлө көтөн, туора ойбута. Онтон хаһаатын диэки баран, турбахтыы түһээт, балааскайдаан баран, охтон түспүтэ. …Эт-этэ ыараан, хараҕа туманныран баран, кини «өллүм» дии санаабыта. Төбөтүн өндөтөн, бүтэһигин дьиэтийбит сирин, кинини бүөбэйдээбит истиҥник саныыр дьонун көрбүтэ уонна ис-иһиттэн мэҥийэн, мэҥириир саҥа таһаарбыта «өөх» диэбит курдук иһиллибитэ. Ити кини аан дойдутун кытары бырастыылаһыыта этэ. Аана уйадыйан, дьиэтигэр киирэн хаалбыта. Кини үс эр киһи тайах оҕотун хас да сиринэн быалаан баран, дьоҕус таһаҕас тиэйэр массыына кэннигэр мас халҕаны өйөннөрөн, ол үрдүнэн бэркэ сосуһан таһаарбыттарын көрбөтөҕө. **** Тайах оҕото өйдөнөн кэлбитэ, туох эрэ хачайдыыр, сахсыйар үрдүгэр сытара. Кулгааҕы дөйүтэр ньирилиир тыас арахпакка тыаһыыра. Үөһэнэн көҕөрөр халлаан, биир кэм элэҥниир мастар көстөллөрө. Кини «ханна баарбыный» диэн бэркэ мунаара сыппыта. Онтон өйө дьэҥкэрэргэ дылы гыммыта. Ылдьааны, Аананы саныы биэрбитэ. Бу эмиэ кинилэртэн атын сиргэ. ханна эрэ илдьэн иһэллэрин өйдөөбүтэ. Тураары өндөҥнөөн көрбүтэ, атаҕын быанан баайбыттар эбит. Ол эрэн, тиийиэххэ диэри уһуктуо суоҕа диэн, сымнаҕастык баайбыттар. Тайах оҕото, сытан эрэн өр соҕус атаҕынан тэбиэлэнэн, быатын сүөрэн кэбистэ. Онтон тура сатаан, илин атахтарынан тирэммэхтээтэ да, массыына хачайдыырыгар буолан, тирэҕин була охсубакка мөхсүмэхтээтэ. Илдьэн иһэр дьоно, тыас-уус тахсыбытыгар хайыһан көрөөт, массыыналарын тохтотон кэбистилэр. Биир киһи укуолун туппутунан, кузов үрдүгэр ойон таҕыста. Ыҥаах кинини көрөөт, күүһүн түмүнэн, ойон турда уонна массыына үрдүттэн ыстанан кэбистэ. Киһи соһуйбут хаһыыта тыа маһын үрдүнэн сатараата. Тайах оҕото мастар быыстарынан аҕыйахта көстүмэхтээн хаалла. Айылҕа оҕото күөх тыатыгар бардаҕа ити… **** Ол да буоллар, кини төрөөбүт тайҕатыгар тоҕо эрэ тэһийбэтэ. Туой Ылдьаалааҕын саныыр. Оо, кинилэр биэрэр үүттэрэ, килиэптэрэ минньигэс да буолара! Хаппыт от, талах, мас хатырыга онно хайдах тэҥнэһиэй! Аана барахсан тугу эрэ саҥара-саҥара моонньуттан сылаастык имэрийэрэ бу баар курдук. Тайах оҕото, уһун соҕустук утуйа сыппытын билбэт буолан, Ылдьаалаах дьиэлэрэ субу чугас баар дии саныыра. Кинилэргэ тиийэр баҕаттан, ис иминэн сэрэйэн, баран испитэ. Дьон олорор сирдэрэ чугас, суоллара-иистэрэ хойуу этэ, сороҕор массыына тыаһа, ыт үрэрэ иһиллэрэ. Онтон куттаммат этэ. Ол да буоллар, сотору кэминэн кини ыт диэн харамайдар киһиэхэ сулууспалыыр, көмүскүүр-харыстыыр эрэ буолбакка, адьырҕалыы кыыллыйан, сиир-аһыыр эрэ адьынаттаах буолалларын билбитэ. Киэҥ суолга тахсан, туоруох курдук буолан истэҕинэ, хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, түөрт-биэс ыт баар буола түстүлэр. Бу куорат сыбаалкатыгар ордууланар дьэллик ыттар этилэр. Сибиэһэй эт бэйэтинэн кэлэн биэрбитигэр, кыыллыйбыт ыттар, саба түһээри ыксаттылар. Ыҥаах онтон куттанан, суол устун тэбинэн кэбистэ. Уп-уһун атахтарынан дьыралдьыйан, сүүрэн атаралаан истэ. Ыттара хаалбакка, ойуур диэки туоруох курдук буоллаҕына, туораппакка, икки өттүнэн күөйэ сүүрэн истилэр. Сотору кэминэн суол аллара диэки түһэн барда. Иннилэригэр бачымах курдук таас дьиэлэрдээх, тыһыынчанан бачыгырас сырдык уоттардаах куорат нэлэс гына түстэ. Икки өттүнэн аны үрдүк мыраан хаайда. Хайыыр да кыах суох буолла, тайах оҕото тыын былдьаһыгар, ыйааһын бэскитигэр түөрэҥнии турар дьылҕатыгар бэринэн, куорат диэки түһүнэн кэбистэ. **** …Тайах оҕото бу түүн сарайдар, гараастар быыстарыгар саһан хонно. Кини аны ыттар булуохтара диэн, төһө да аччыктаатар, бу саспыт сириттэн тахсар санаата суох. Түүнү быһа ыттар үрэн, үүрэн эрэйдээбиттэрэ, аны дьон эмиэ сырса сырыттахтара үһү. Ыттартан, хата, уһун синньигэс боротуоханы туораан быыһаммыта. Анарааҥҥылара, тоҕо эрэ ууга киириэхтэрин куттанан, ый-хай бөҕөтүн түһэрэн, кытыл устун төттөрү-таары сүүрэкэлии хаалбыттара. Ол да буоллар, бу дьиэлэр, уотунан уһуурар массыыналар, аата-ахса суох дьоннор, дьэллик ыттар – бүтэр уһуга суохтар быһыылаах. Тайах оҕото, бэйэтэ да, куугунуур тыастан-уустан, хайыр таас курдук элбэх таас дьиэттэн, аата-ахса суох үгүс массыынаттан «куу-хаа» буолан, иннин-кэннин булбакка, ханна барыан билбэккэ, мунан хаалбыта. Улаханнык ыксаабыта. Ханна да бар, олбуор, дьиэ, массыына, дьон бүтэн быстыа суох курдуктара. Ханна да тиийэн быыһанар сир суох. Арааһа, аар тайҕа оҕотугар «аад» диэннэрэ маннык буолуо… Сарсыарда күн тахсан балачча сылытар буолбутун кэннэ, куорат үрдүнэн биир кэм куугунаан олорбут массыына тыаһа намыраабыкка дылы буолла. Тайах оҕото аччыктаабыта бэрт буолан, туран, саһарбыт, хатыччы хатан хаалбыт соломо курдук оту ыстаан мүлүктэстэ. Ол тэйиччи турар талахха тиийэрэ буоллар, саһарбыт сэбирдэҕинэн үссэниэ эбит. Утаппыта да сүр. Ким да суох быһыылаах. Сарай кэнниттэн тахсан, ойуччу үүнэн турар маска тиийэн, аһаан эрдэҕинэ, хантан да кэлбиттэрэ биллибэккэ, холуочук уолаттар баар буола түстүлэр. — Хайа наа, тайах, тайах сылдьар дии! Көр, көр! — Нокоо, Байанайыҥ биэрдэ дии! Тоҕо тураҕын? — Хайыахпыный, дыа? Саам суох буолбат дуо? — Акаары, саатар, видеоҕа уһул! «Батсаабынан» ыытыахпыт… — Күөй, күөй! Оҕото дии, тутан ылыахха!.. Икки киһи далбаатыы-далбаатыы күөйэ сүүрдүлэр. Тайах оҕото, олбуордарга тиийэн, иҥнэн хаалла. Уҥа өттүнэн олбуору кыйа бараары гыммытыгар, уун-утары биир киһи илиитин сараппытынан ойон таҕыста. Тайах оҕото, синигэр түһэн, ат курдук өрө турда да, икки илин атаҕынан киһини түөскэ тэбэн кибилиннэрдэ. Киһи биир тыла суох тиэрэ баран түстэ. Тайах оҕото, даачалар быыстарынан кыараҕас суол устун ойо турда… Ханна тиэрдиэй, бу суол? Быыһаныа дуо, айылҕа көҥүл оҕото? **** Куорат кытыытыгар тайах оҕото сылдьарын туһунан сурах бэрт түргэнник төлөпүөннээх дьону барытын тилийэ көттө. «Батсаабынан» тарҕаммыт, тайах оҕото тутаары гыммыт киһини тэбэн түһэрбит видеотын киһи барыта төлөпүөнүгэр устан көрдө. Үгүстэр «кэһэйдин!» диэн сэтэрээтилэр. Ол быыһыгар тутан ылан, эбэтэр бултаан идэһэ оҥостуох баҕалаах да баар буолла. Ким да көрбөт-билбэт сиригэр сылдьара буоллар, идэһэ оҥостубуттара ырааппыт буолуох этэ. Кэмниэ-кэнэҕэс ойуур хаһаайыстыбатын салайар тэрилтэҕэ бу сурах тиийэн, киэһэлик үлэһиттэр быанан-туһаҕынан, утутар эминэн, саанан сэбилэнэн, тайах оҕотун тута бардылар. Балачча өр көрдөөн булан, ыттартан куота сатаан күүһэ-күдэҕэ эстибит тайах оҕотун утутар эмтээх испирииһинэн ытан, охторон түһэрдилэр. Тайах оҕото, буута аһыс гыммытын кэннэ, тиһэх күүһүн түмэн, куотар санаалааҕа да, хараҕа хараҥаран, эт-этэ барыта ыараан, хараҕа сабыллан барда. «Ийээ!» диэн бүтэһигин ыҥыран баран, им-балайга түстэ. …Утуйа сытар тайах оҕотун аһаҕас массыынаҕа тиэйэн, били кини бастаан тиийиэхтээх сиригэр, ойуур ортотугар турар зоопаркаҕа илтилэр. Зоопарка үлэһиттэрэ, бэрт ыксалынан кылгас кэмҥэ сытар күрүө оҥорбуттар. Бу манна нэдиэлэ кэриҥэ «карантиҥҥа» сытыарыа үһүлэр. Ол иһин атын кыыллар чугаһынан көстүбэттэр. Ол да буоллар, овцебык мөҥүрүүрэ, кулааһай, павлин көтөр хаһыытыыра, кустар-хаастар айманыылара иһиллэр. Сороҕор киһи этэ салаһар ынырык ырдьыгынааһына иһиллэр, оччоҕо кыыллар бары куттаммыт курдук им-дьим бараллар. Тайах оҕото бу сырыыга сарсыарданан биирдэ уһугунна. Төбөтө ыалдьара сүрдээх. Онон бастаан аччыктаабытын, утаппытын да билбэтэ. Ханна кэлбитин өйдөөбөккө, ынчыктыы сытта. Сотору кэминэн үлэһиттэр кэлэн, эмиэ Ааналаах курдук, суосканан сылаас үүтү иһэртилэр. Оо, үүт барахсан, сылааһынан угуттаан, этин сааһынан дьырылаан киирбитэ үчүгэйиэн! Тайах оҕото, манныкка түбэһэ сылдьыбыт буолан, дьон үтүө санаатыгар эрэнэн, утарыласпакка, аһаталларын аһаан, иһэрдэллэрин иһэн, укуоллуулларыттан да тэһииркээбэккэ, күнтэн күн үтүөрэн, сэниэлэнэн истэ. Кинини тото-хана аһаталлар. Сотору кэминэн, киниэхэ анаан тутуллубут киэҥ хаһааҕа киллэрдилэр. Манна ардахтан-хаартан көмүскүүр дьиэлээх, ойуур быыһыгар турар киэҥ күрүөлээх. Маҥан хаар түһэн сири-дойдуну үллүктээтэ. Саҥа хаар — ыраас санаа, саҥа эрэл, үтүө санаа туоһута буолан, туох баар кирдээҕи, куһаҕаны барытын, «чэ-чэ, мин кэллим, уоскуйуҥ» диэбиттии, халыҥ суорҕанынан бүрүйэн кэбистэ…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан