Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Балтым бэриэтчитин көрбүтүм

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Балтым бэриэтчитин көрбүтүм

K
edersaas.ru Категорията суох
13.12.2018 10:14
Бу түбэлтэ 2003 сыллаахха буолбута. Саас хаар ууллан, чалбах халыйбыт кэмэ этэ. Мин төрдүс кылааска үөрэнэрим. Бу буолбут түбэлтэ туһунан кимҥэ даҕаны кэпсии иликпин. Кэмиттэн-кэмигэр санаан, үөрэн дуу, сонньуйан дуу ылааччыбын. Тоҕо оннугун билигин быһаарыаҕым. Кыра кылаас үөрэнээччилэрэ эргэ оскуолаҕа үөрэнэрбит. Уруккута кулууп быһыылааҕа, улахан да улахан сыана­лааҕа уонна түөрт кылаастааҕа. Күнүс биир саҕана үөрэнэн бүтэн, соммун, бэргэһэбин кэтэн, балтыбын күүтэ олордум. Мэник кылааһынньыктарым дьиэлээбэккэ миигин дьээбэ­лииллэр-хаадьылыыллар, кинилэри кытта тэҥҥэ оонньуу оннук буккуһа сырыттым. Балтым миигиттэн биир сыл кыра, онон үһүс кылаас үөрэнээччитэ этэ. Күнүс тэҥҥэ бүттэхпитинэ дьиэбитигэр аргыстаһан барааччыбыт. Син балай да өр кэтэһээхтээбитим кэнниттэн Мааһыҥкам кылааһыттан тахсан кэллэ. Үөрбүт аҕай, үс биэс сыананы ылбытын, эбиэттэн киэһэ куруһуокка кэлиэхтээҕин кэп­сии-кэпсии таҥна турбута. “Чэ, кытаат, таҥнан ис”, — диэн тиэтэттим. “Кинигэбин хаалларбыппын, эдьиий”, — диэт, кыыһым аны кылааһыгар төттөрү сүүрдэ. Кинигэтин ылаат төттөрү кэлэр ини дии санаабытым, Мааһыҥкам төрүт да кылааһыттан тахсарга ыксаабат. Ким эмит баар буоллаҕа, кэпсэтэ олорон хааллаҕа дуу, мин күүтэн ыксыырбын көрө-көрө наадыйбатый диэн мөҕүттэ олордум. Кэтэһэ сатаан бараммын, кылааһын өҥөйөргө сананным. Арай, өҥөйбүтүм, кы­­лаас иһэ кураанах, ким да суох! “Мааһыҥка! Миигин куттаары гыммыт буоллаххына олох куттамматым, таҕыс түргэнник!” – диэн хаһыытаатым. Мэлигир. Ким да хоруйдаабата. Мин уҥуоҕум халыр босхо барда, куттанным. Оскуолаттан сүүрэн таҕыстым. Төһө да куттаннарбын, иккистээн балтыбын көрдүү киирдим. Оскуола аанын арыйан, күүлэттэн туран: “Мааһыҥка, кэл! Күүтэн турабын дии, ыксаа-ыксаа!” – диэн ыҥыра сатаатым. Кыыһым кэлбэтэ, “чэ, тоҕо дьээбэлээбитэй, батыһан кэлиэ” диэн санааммын, дьиэбэр бардым. Сотору-сотору кэннибин хайыһабын, кэннибиттэн ким да испэт. Оскуолаттан чугас соҕус олоробут, ити икки ардыгар дьиэбэр кэлэ оҕустум. Дьиэбэр киирбитим, балтым ­ыһаарыламмыт балык сиэн лыыбардыы олорор эбит. Мин соһуйан аан аттыгар балай да саҥата суох турдум. Онуоха Мааһыҥкам: “Мин биир эрэ уруоктаммытым, ол иһин эрдэ кэлбитим, эйигин күүппэтэҕим ээ”, — диэччи буолла. “Хайа, оттон билигин аҕай оскуолаҕа эйигин көрдүм ээ”, — диэбиппэр дьонум да, балтым да ынырыктык соһуйдулар, хайдах, тугу көрбүппүн ыйыталастылар, итэҕэйбэтилэр даҕаны быһыылааҕа. Мин барытын саас-сааһынан кэпсээбитим. Арай аҕам: “Балтыҥ бэриэтчитин көрбүтүҥ буолуо, үтүө дьон бэриэтчиттээх буолар”, — диэбитин өйдөөн хаалбыппын. Ол түбэлтэ кэнниттэн хаһан даҕаны көрбөтөхпүн көрбүт, түбэспэтэхпэр түбэспит буоламмын, наар куттана сылдьар буолбутум. Билиҥҥээҥҥэ диэри соҕотох хоммоппун, ханна да барбаппын. Аны ким даҕаны Мааһыҥка бэриэтчитин көрдүм дии илик. Үгүс киһиттэн иһиттим, кырдьык, үтүө дьон бэриэтчиттэрэ биллэр дииллэр эбит. Балтым этэҥҥэ үлэһит буолан, дьиэ кэргэн тэринэн, дьиэлэнэн-уоттанан олороруттан сэмээр үөрэбин. Ааныс, edersaas.ru саайтка анаан.
edersaas.ru сайтан