Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХАРАҤА ХОС: Дьикти хоноһо
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХАРАҤА ХОС: Дьикти хоноһо
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.12.2018 21:00
Мин төрөөбүт бөһүөлэгим Бүлүү аартыгар турара. Биһиги олорор дьиэбит бөһүөлэккэ киириигэ, атын дьиэлэртэн барыларыттан ойуччу суолу өҥөйөн турар буолан, олус элбэх ыалдьыт, хоноһо сылдьан ааһара. Сорох түүн үстүү-түөртүү киһи кытта тэҥҥэ хоноро. Ол саҕана суол-иис мөлтөх, хаайтарыы элбэх. Билиҥҥи курдук санаатыҥ да такси тутан барбаккын. Оччотооҕуга дьон-сэргэ майгыта-сигилитэ да буорту буола илигэ, араас уоруйахтар-өлөрүөхсүттэр, педофиллар-маньяктар уо.д.а. букатын да суох этилэр. Онон аара суолга быстаран, ыктаран иһэр айанньыты туох да хос санаата, куттаныыта, манньа эрэйиитэ суох хоннорор идэ баара. Биирдэ мин ыалдьан оройуон киинигэр сонотуоруйга киирбит кэммэр (3-с кылааска үөрэнэрим), дьиэбитигэр биир дьикти ыалдьыт хонон ааспыт. Саҥарарыттан сылыктаатахха, Сунтаар дуу, Ньурба дуу киһитэ буолуон сөп үһү. «Ыллаан саҥарар этэ» диэн дьонум мэлдьи бэлиэтээн кэпсииллэрэ. Ити — кыһын, тымныы саамай өрөгөйдөөн турар олунньу ыйыгар. Ыалдьыт киэһэ дьоммор киирбит уонна аргыстаһан испит дьоно массыыналарыттан үүрэн кэбиспиттэрин (тоҕо үүрбүттэрин эппэтэх этэ), үлүйэн өлөр кутталламмытын, манна кими да билбэтин эппит, хоннороллоругар көрдөспүт. Үлүйэр кутталлаах киһини ханна үүрүөҥүй. Киһи хонор буолбут. Киэһэ аһыы олорон дьонум ыалдьыттан тугу дьарыктанарын, тугу үлэлиирин- хамсыырын эҥин ыйыталаһан көрбүттэр да, киһилэрэ бэрт кэмчи кэпсээннээх буолан биэрбит. Эбиитин, «үтүө санаалаах дьон буолан аһынан хоннороору олороллор» диэн кыратык да махтаммыт, ньуолбардаспыт быһыыта суох, «айака, майаачылаамаҥ, токкоолоһон бүтүҥ» диэн быһа баттаан соһуталаабыт. Уопсайынан да тас дьүһүнэ эмиэ бэйэтин тылын-өһүн, майгытын-сигилитин курдук бэрт ис киирбэҕэ суоҕа үһү. Олус чугастыы кылардыҥы харахтаах, сабыстыгас хаастаах, буоспалаабыт курдук килэриччи оспут сирэйдээх, субуруйбут уһун муруннаах хара, бэрт нүһэр көрүҥнээх киһи үһү. Утуйуу буолбут. Түүн үөһэ дьонум били хоноһолоро туран дьиэ иһигэр хаамыталыы сылдьарыттан олус соһуйан уһуктубутттар. Киһилэрэ ытыс таһынар ыас хараҥаҕа бабыгырыы-бабыгырыы, хабырына- хабырына хаама сылдьар, оһох холумтанын таһыгар туран тыастаах баҕайытык силлээн баллырҕатар, тугу эрэ үлүгүнэйэр эбит. «Туох буоллуҥ, тоҕо утуйбаккын!» диэн аҕам турбутугар ыалдьыт биирдэ баран оронугар сыппыт. Ол да гынан, түүн устата хаста да оннук гынан улаханнык куттаталаабыт. Дьикти ыалдьыт түүнү быһа ити курдук дьоммун куттаан баран, сарсыарда эрдэ туран чэйдии-хайыы барбакка хомунан баран хаалбыт. Бука, суолга тахсан массыына туппута буолуо. Дьонум «төбөтүнэн ыалдьар барахсан буоллаҕа, хата, туох да эрэйэ-муҥа, хаана- бааһа суох бараахтаата» диэн үөрбүттэр. Бу сарсыарда ийэм хотонугар тахсан баран бу сотору төрүөхтээх уулаах ынаҕа күкүргэ түһэн көлөттөн өлөн хаалбытын булан хаһыы-ыһыы бөҕө буолан киирээхтээбит. Ити сарсыарда Бөтөс диэн сааһырбыт, түөһэйэрэ чугаһаабыт ыппыт уйатыгар сытан өлөн хам тоҥон токуллан сытарын булан соһуйуубут-уолуйуубут өссө үксээбит. Ол сарсыардатыгар биһигиттэн аҕыйах ыал нөҥүө турбут биир дьиэни ханнык эрэ ааһан иһэр күрүөйэхтэр халаабыттарын, биир ыарахан дьахтары кытта кырдьаҕас оҕонньору саанан ытан өлөрбүттэрин булбуттара. Өлөрүөхсүттэри хас да хонон баран
туппут этилэр. Ону истэн баран мин дьонум адьас улаханнык соһуйбуттара. Били хонон ааспыт дьикти хоноһобут, аны туран, бастаан атын ыалга хонордуу киирэн баран, туох да биричиинэни-төрүөтү быһаарбакка эрэ биһиэхэ тылланан кэлэн хоммут эбит этэ. Сарсыныгар дэриэбинэҕэ милииссийэ бөҕө кэлбитэ, силиэстийэ бөҕө саҕаламмыта. Бөһүөлэккэ ханнык «подозрительнай» дьон сылдьан ааспыттарын ыйыппыттарыгар, мин дьонум, биллэн турар, били киһини этэн биэрбиттэр этэ. Ол киһини аара Үөһээ Бүлүүгэ дуу, Ньурбаҕа дуу тохтоппут сурахтарын кэлин истибиппит. Дьиҥинэн, кини онно туох да кыттыгаһа суох буоллаҕа. Ити курдук дьикти хоноһо сылдьан ааспыттаах. Дьонум «күрүөйэхтэр биһиэхэ кэлэн өлөрөн-өһөрөн барыахтаахтарын ол ойуун киһи кэлэн өрүһүйбүт, тыыммытын сүөһүнэн уонна ытынан толуйан ылбыт» диэн тойоннообуттара. Ол төһө сөбө эбитэ буолла? Баҕар, алҕас сөп түбэһии буолуо. Егор Уларов, Дьокуускай. Батсаап бөлөхтөн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан