Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өлбүт доҕорум сэрэппитэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өлбүт доҕорум сэрэппитэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
05.12.2018 22:49
Үс сыллааҕыта кылааһынньыкпыт бииргэ төрөөбүт убайа, 35-һигэр эрэ сылдьар эдэр киһи, саас кулун тутар ортото, массыына саахалыгар түбэһэн өлбүтэ. Кылааһынньыкпыт аах бииргэ төрөөбүт иккилэр эрэ этэ. Аҥаардас ийэлээхтэр. Аҕалара уолаттар букатын кыра эрдэхтэринэ саас саһааҥҥа сылдьан, маска баттатан, сыл аҥаарын курдук суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытан тыына быстыбыта. Саатар, дьахтардаах эр киһи хайа да өттүттэн төгүрүк тулаайах буоланнар, халыҥ аймах-уруу суоҕа. Онон дэриэбинэҕэ буоларын да курдук, дьиэ ис-тас үлэтигэр, окко-маска доҕотторбутугар биһиги, кылааһынньыктар, көмөлөһөрбүт, быыс булларбыт эрэ илии-атах буоларбыт. Аҕаларын тастыҥ убайа аах ханна эрэ Мэҥэ Хаҥаласка олорор сурахтаахтара даҕаны, бу диэн билсэллэрин өйдөөбөппүн. Инньэ гынан Миитээни тиһэх суолугар атаарыыга, буоругар-маһыгар, Бииктэрдээх (кылааһынньыкпыт) ыаллара киһини кытары биһиги, эдэр уолаттар, сылдьыспыппыт. Арай буор ыарахан үлэтигэр сылдьан, Миитээбитин атааран баран, түүн ортото кэлэн дьиэбэр утуйа сыттахпына (дьонум аах иккиэн учууталлар. Онон каникул кэмигэр икки балтыбын илдьэ куоракка киирбит кэмнэрэ), ким эрэ кэлэн “Дьулуо-уос! Дьулус!” дии-дии ааммын тоҥсуйда. Мин үс күн тохтоло суох үлэлээн, дэлби илистибит, бырдым быстыбыт, онно эбии биллэ холуочук киһи “ким да буоллун, арыйбаппын” диэн, ороммор умса түһэн сыттым. Ол гынан баран тоҥсуйар тыас тохтооботоҕуттан кыйаханан, куукуна остуолугар сытар эт быһар тутаахтаах мас хаптаһыны харбаан ылаат, ааҥҥа ойон тиийдим. Онтон ааммын арыйыахча буолан иһэн өйдөөн истибитим – Миитээ куолаһа! Сүрэҕим “бар!” гына түстэ. Ол да буоллар ааммын хайдах арыйбыппын бэйэм өйдөөбөккө хааллым. Ааным арыллаатын кытары кыһыҥҥы тымныы салгын саба оҕуста. Этим сааһа арылынна. Ким да суох! Дэлби куттанным уонна ааммын хатыы охсон баран, хоспор киирэн иһэн көрбүтүм, арай, күнүстэри-түүннэри уокка холбонон турар тиэрмэс-чаанньыгым уута бүтэн, кураанаҕынан сыыгыныы-сааҕыныы аҕай турар эбит. Сүүрэн тиийэн, улаханы толкуйдуу барбакка, араара оҕустум уонна хоспор киирэн сыттым. Ити түбэлтэ кэннэ, хата, туох да куһаҕаҥҥа түбэспэтэҕим. Ол оннугар, арааһа, холуочук кэлэн утуйа сыттахпына, чаанньыгым дэлби баран баһаар буолуон, бэйэм былаҕайга былдьаныахпын, Миитээ кэлэн сэрэтэн барбыт быһыылаах дии саныыбын. Вильям, батсаап бөлөхтөн. Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан