Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Сэрбэллибит баттахтаах кыыс

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Сэрбэллибит баттахтаах кыыс

K
edersaas.ru Категорията суох
27.11.2018 20:30
Уонтан тахса сыллаҕыта Уус Алдан биир дэриэбинэтигэр учуутал үлэтэ көстүбүтүгэр, түптээн үлэ булбакка сылдьар киһи, тута сөбүлэһэн, аҕыйах суумка маллаахпын туппутунан, таксига олорон, үөрэх саҕаланыа уонча хонук иннинэ көһөн барбытым. Дэриэбинэҕэ тиийэн эппит аадырыстарыгар түһээппин кытары, оскуола дириэктэрэ кэтэһэн туран, сүрдээх эйэҕэстик үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Тута малбын-салбын, суумкаларбын көтөхсөн, түөрт кыбартыыралаах дьиэ биир хоһугар киллэрэн, олохтоон кэбиспитэ, күлүүспүн туттарбыта уонна саҥа кэлбит киһи туох астаах буолуохпунуй, “билигин миэхэ баран чэйдиэх, баҕарар буоллаххына, хонуоххун да сөп. Дьиэҕин-уоккун сарсын кэлэн хомунуоҥ буоллаҕа. Кэргэним кэтэһэн олорор буолуохтаах” диэн, дьиэтигэр ыҥырбыта. Мин истиҥ сыһыантан үөрэн, сөбүлэһэн, баран чэйдээбитим эрээри, “малбын-салбын бэринэ туруом” диэн, баһыыбалаан туран, хонортон аккаастанан уопсайбар кэлбитим. Уопсайбыт түөрт кыбартыыралаах эбит этэ. Онтон иккитигэр эмиэ бэйэм курдук атын улуустан үлэлии кэлбит оскуола физруга кэргэниниин уонна дьаһалта буҕаалтыра аах олороллоро. Үсүһүгэр кулууп худруга уончалаах кыыһыныын баара. Оттон мин онуоха-маныаха диэри соҕотох буолбутум. Дириэктэрим “өйүүн былырыыҥҥыттан кэлэн үлэлии сылдьар омук тылын учуутала кэлиэ” диэбитэ. Дьиэ иһин киирэн дьэ өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм, биир утуйар хостоох, саалалаах, куукуналаах эбит. Хоско – матараастаах-сыттыктаах икки орон, саалаҕа дьыбаан турар. Эргэ да буоллар, тэлэбиисэр баара, хата, үлэлиир эбит. Куукуна саҥатык соҕус ыскааптаах, аһыыр остуоллаах, олоппостордоох, ас астанар билиитэлээх. Онон дьиэ кураанах буолбатах, киһи бастаан утаа син додо курдук олорууһу диэн, испэр үөрэ санаатым уонна тэлэбиисэрбин холбоон баран хоско малбын чөкөтө, сааһылыы киирдим. Арай ол курдук оронум үрдүгэр таҥаспын-саппын бэрийэ олордохпуна, дьиэ иһигэр ханна эрэ оҕо күлэн чачыгыратта. Бастаан утаа онно отой кыһаллыбатым. Өссө испэр “наһаа да үчүгэйдик күлэр оҕо баар эбит, хайа ыаллар оҕолоро буоллаҕай?” дии санаан ыллым. Онтон тохтуу түһэн баран, иккистээн адьас субу аан кэннигэр, саалаҕа күлбүтүгэр хайдах эрэ “хайалара киирдэҕэй?” диэн, ытырыктата саныы-саныы тахсан көрбүтүм, ким да суох буолан биэрдэ. Ол турдахпына, түннүгүнэн кыҺыл бэргэһэ элэс гынан ааспытыгар, тиийэн өҥөс гыммытым, уол уонна кыыс оҕо таһырдьа оонньуу сылдьаллар эбит. Онон оҕолор эбит диэн уоскуйан, салгыы малбын бэрийэ киирдим. Саҥа дьиэҕэ кэлэн, эбиитин былыргы куруһуна ороҥҥо табыллыбакка, түүн хойукка диэри аанньа утуйбакка, ону-маны эргитэ саныы сыттым. Онтон икки дуу, үс дуу чаас саҕана саҥа нухарыйан истэхпинэ, хоһум таҥас быыһын сэгэтэн, сэрбэллибит баттахтаах, чоҕулуччу көрбүт харахтаах, ытыахча курдук уоһун мэрбэппит, араҕас өҥнөөх тайтайбыт кылгас былаачыйалаах, атах сыгынньах түөртээх-биэстээх кыыс оҕо аргыый үктэнэн киирэн кэллэ уонна аан таһынааҕы эркиҥҥэ көхсүнэн сыстан, мин диэки тонолуппакка көрөн турда, уоһун иһигэр ботугураата. Санаабар, тугу эрэ этиэхчэ эппэт, ыйытыахча ыйыппат. Ону көрө сытан мин халтаһаларым ыараан, хараҕым сабыллан устунан утуйан бардым. Эмискэ хоһум иһиттэн сүүрэн тахсыбыт кыракый атах тыаһыттан уонна оҕо күлэн чачыгыратар саҥатыттан уһукта
биэрдим. Иэним кэдэҥнээтэ, этим сааһа аһылынна – олоро биэрдим. Ыксалынан тиийэн уоппун арыйа баттаатым, саалаҕа сүүрэн таҕыстым, куукунаны, көрүдүөрү көрдүм – ким да суох. Туох эрэ иччилээх, абааһылаах дьиэҕэ кэлбиппин бүтэйдии сэрэйдим. Суох, итини түүһээбэтим, чахчы, илэ көрдүм. Бэҕэһээ киэһэ эмиэ кини этэ. “Бостуой дириэктэр дьиэтигэр хоно хаалбакка, тоҕо даҕаны эмиэ бу дэриэбинэҕэ тылланан учууталлыы кэлбитим буолла?!” диэн, куттаммыт санаабар, кэмсинии-кэмиринии үүйэ-хаайа тутан барда. Ол гынан баран, төһө да куттаннарбын, быстыам дуу, ойдуом дуу, саатар, билэр ыалым суох, онон туох баар уоппун-күөспүн барытын холбоон, хоспор киирэн суорҕаммар сууланыахпынан-сууланан баран, оронум үрдүгэр тобукпун кууһан баран олордум. Түүн төһөҕө утуйбутум буолла, ким эрэ ааммын тоҥсуйар тыаһыттан уһукта биэрбитим, күн лаппа ыраатан эрэр эбит. Сып курдук таҥнан баран, сүүрэн тиийэн ааммын арыйа баттаабытым, илиитигэр эмиэ бэйэм курдук икки кытай суумката тутуурдаах эдэр кыыс киирэн кэллэ. Кэпсэтэн билсибитим, били, омук тылын үөрэтэр учуутал кыыс буолла. Массыына көстүбүччэ, эрдэ кэлэн хаалбыт. Инньэ гынан доҕордоммут киһи быһыытынан сэргэхсийэн, күө-дьаа буолан, чэй оргутан, ас тардан, билсэн-көрсөн бардыбыт. Ити түүн кэнниттэн ол сэрбэллибит кыыһы да, кини чаҕаан күлүүтүн да букатын истибэтэҕим. Ол туһунан, баҕар, куттаныа диэн, кыыспар эмиэ кэпсээбэтэҕим. Арай үчүгэйдик бодоруһан, эн-мин дэһэн билсибиппит кэннэ, Саҥа дьыл бырааһынньыгын чугаһыгар биир киэһэ кыыһым “бу дьиэҕэ кэлэн баран туох да дьиктини көрбөтөҕүҥ-истибэтэҕиҥ дуо?” диэн ыйытан соһуппута. Мин онтон хайдах эрэ этим тардыбыта, “дьүөгэм билигин даҕаны көрөр буоллаҕа дуу?” диэн куттана санаабытым. Хата, Ася “мин эмиэ кэлээт даҕаны кыра сэрбэллибит кыыһы көрбүтүм. Күлэр этэ. Туох да куттала суох. Ити – бу дьиэ иччитэ. Саҥа кэлбит дьону кытта кэлэн, дорооболоһон барар үһү. Ол туһунан ыалбыт дьахтар кэпсээбитэ, “куттанымаҥ, аны биллиэ суоҕа” диэбитэ” диэн уоскуппута. Кырдьык, оннук да буолбута. Мин ол дэриэбинэҕэ үс сыл үлэлээн, эргэ тахсан атын сиргэ көһүөхпэр диэри кырачаан кыыс хаһан даҕаны биллибэтэҕэ. НЬУРГУЙААНА, «Иччилээх балаҕан» батсаап бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан