Кэпсээ
Войти Регистрация

ХАРАҤА ХОС: Күөх сирэй

Главная / Кэпсээн арааһа / ХАРАҤА ХОС: Күөх сирэй

K
edersaas.ru Категорията суох
18.11.2018 18:37
Урут оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына оҕо үксэ интэринээккэ олорон үөрэнэрэ. Биһиги аҕыйах кылаастаах оскуолабытыгар оҕолор чугастааҕы нэһилиэктэртэн эмиэ кэлэн олороллоро, үөрэнэллэрэ. Мин дьиэлээх, дьонноох да буолларбын, тоҕо эрэ оҕолорго ымсыыран, кинилэри кытта бииргэ буолаары, күүспүнэн интэринээккэ олохсуйбутум. Интэринээччиктэр бары биир ыал оҕолорун курдук буолалларыгар уруккуттан ымсыырарым. Бары бииргэ уруок ааҕар, оонньуур, доҕордоһор этибит. Оскуолабыт остуораһын Дуунньаны кытта үчүгэйдик билсэр буоламмыт, атаахтаан, оскуола күлүүһүн илдьэ хааларбыт, киэһээ онно тиийэн уруок аахтабыт, мустабыт дэһэрбит. Ол эрээри, уоран хаартылыырбыт, сасыһа оонньуурбут. Биирдэ кыһын хараҥарыыта хаһыа да буолан оскуолаҕа оонньуу бардыбыт. Интэринээт чугас буолан, начаас түмсэ охсоот, сүүрэн тахсарбыт. Оскуолабыт икки этээстээх мас дьиэ, былыргылыы бөҕө-таҕа улахан кирилиэстээҕэ, киэҥ да киэҥ кылаастардааҕа, ааннара ынырык ыйааһыннаахтарын, ыараханнарын өйдүүбүн. Хабыс-хараҥа оскуолаҕа кэллибит дии санаабыппыт, саала түгэҕэр уот умайар этэ. Кимнээх эрэ биһиги иннибитинэ кэлбиттэр, улахан кылаастар бааллар быһыылаах дии санаатыбыт, баайсардыы сүүрэн саккыраһан тиийдибит. Арай, көрбүппүт, саала иһигэр ким да суох, уу-чуумпу, биһиги куттанан тохтуу түстүбүт, бэйэ-бэйэбитин көрүстүбүт, соһуйдубут. Бары туохтан эрэ куттаммыт курдукпут. Ол туран уҥа кылаас диэки көрбүппүт, доҕоор, аан кэнниттэн күп-күөх дьүһүннээх, хараҕын маҥанынан көрбүт сирэй дуу, туох эрэ биһигини одуулуу турар эбит. Бары хаһыытаспытынан төттөрү киирэр ааммытыгар сүүрдүбүт. Үтүрүйсүү бөҕөтө, ким эрэ охтон хаһыытаата, хаһыы-ыһыы, маат-куут… Киһи куйахата күүрэр алдьархайа буолла. Дьэ, таһырдьа тахсан, кирилиэскэ кэлэн тохтоон уоскуйдубут, бары баарбыт дуо диэн көрдүбүт-иһиттибит. Ол туран ким тугу көрбүтүн ыйыталастыбыт, ким эрэ, кырдьык, ол сирэйи көрбүт, ким эрэ оҕолор хаһыытаабыттарыгар тэҥҥэ сүүрсүбүт да баар буолла. Онтон, аны, бары тутуспутунан төттөрү оскуолаҕа киирдибит, баҕар оҕолор соруйан куттаабыттара буолуо, остуорас Дуунньа сылдьара буолуо диэн. Оскуола уотун холбоон, кылаастары көрүтэлээтибит, Дуунньаны хаһыытаан ыҥыра сатаатыбыт. Уу-чуумпу. Куттаммыппыт өссө күүһүрдэ, интэринээппитигэр тахсыах диэн буолла. Кэлин улаатан баран, биирдэ эмэ ол түбэлтэни санааччыбыт. Билиҥҥээҥҥэ диэри тугу көрбүппүтүн сатаан быһаарбатыбыт. Ол эргэ оскуолабыт үлэлиир, ким да абааһыны, үөрү, күөх сирэйи көрдүм диирин истэ иликпин. Ааныс. edersaas.ru
edersaas.ru сайтан