Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Дууһаны хомуйааччылар

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Дууһаны хомуйааччылар

K
edersaas.ru Категорията суох
11.11.2018 23:47
ӨЛӨӨРҮ ГЫММЫТ ДЬОНУ КЭЛЭН ЫЛАН БАРАЛЛАР ДИЭН ЭЛБЭХ КЭПСЭЭН БААРЫН ЫЛАН КӨРДӨХХӨ, КЫРДЬЫК ДУУҺАНЫ ХОМУЙААЧЧЫЛАР БААЛЛАРЫН БИГЭРГЭТЭР КУРДУКТАР. Былыр былыргыттан, өбүгэ саҕаттан, сырдык уонна хараҥатыын диэн өйдөбүллэр бааллар. Сэбиэскэй былаас саҕанаабааһыны, таҥараны итэҕэйэри боппуттарын үрдүнэн, дьонхараҥаттан куттанар, иччигэ, абааһыга итэҕэйэр этэ. Арай, «дьаарай хоммуньуустар» бас баттах баран, сэккэ — сэмэҕэтиксэллэрэ. Ол курдук, урукку кэмҥэ төннөн ыллахха, ханна эрэ хоту улууска, «Хамыһаар» диэн хос ааттаах, Сэмэн Уйбаанабысдиэн үчүгэй ааттаах, кытарар кыһыл, хоммуньуус, араатарбэрдэ олорбут. Холкуостааһын олохтонорун саҕана, алааһынан, тыанан бүгэн олорор ыаллары хомуйа тардан, барыта оҕолуун — уруулуун 1000-тан тахса киһилээхдэриэбинэни олохтообут уонна холкуос бэрэссэдээтэлэаатырбыт. Ыаллар, саха дьоно буолалларын быһыытынан, күөл, үрэх үрдүгэр олорбуттар, аны кэлэн аатырар эбэ — улахан күөл үрдүгэр олохтонор буолбуттарыттан ким эрэдьиксиммит, сорох үөрбүт. Дьиксиммиттэр өттүлэригэрбиир кыһалҕа тирээбит. Ол — эбэ үрдүгэр хас эмэ сылы, үйэни быһа өбүгэлэр уҥуохтара, мэлдьи өлбүт дьону көмөркылабыыһа турара буолбут. Саатар дэриэбинэ туруох бэйэлээх көнө сирэ, бу кылабыыһаэрэ сиригэр эбит. Дьон өлбүттэри кытта алтыһанолороллорун сөбүлээбэтэхтэр, төттөрү алаастарыгарбараары тииспиттэр. Инньэ гынан, биир үтүө күн, туох бааркиһи уҥуоҕун тоҕута күттэрэн кэбиһэргэ быһаарбыттар. Кылабыыһа уһуна туората улахан сири тайаан сытар буолан, дьон дьиэ туттуон сөптөөх сирин мэһэйдиир диэн, биир — биэс тыла суох, сарсыарда, күн тахсыыта күттэриэхбуолбуттар да, аны, аньыырҕаан ким да бу сэттээх үлэниоҥоруон баҕарбатах. Хамыһаар абааһыны, таҥараны итэҕэйбэтэ сүр, бэйэтигэрэбээһинэһи ылынар. Кырдьаҕастар тохтото сатаабыттарынүрдүнэн, сарсыарда тыраахтарга олорор да, туох да хоссанаата суох өлбүт дьон уҥуоҕун маһын күттэрэн барар. Ардыгар тыраахтара моһуоктанан ылар да, кыһаммат. Дьонуһукта илигинэ үлэтин үмүрүтэр эрэ санаалаах. Арай, дьон сарсыарда көрбүтэ, улахан көнө сир, хаһан да кылабыыһа турбатаҕыныы, ып — ырааһынан килэйэн сытарэбит. Манна, холкуос бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Уйбаанабыскиэҥ олбуордаах гына, хас баҕарбыкка уһаайба аныысылдьарыгар, дьон уруккуну умнан, былдьаһа — тарыһаүллэстэн кэбиһэллэр. Хамыһаар бэйэтигэр уоннааймахтарыгар эмиэ уһаайба ылынар. Дьэ уонна биир сайыниһигэр манна ыы — быччары сабыс — саҥа дьиэлэрдьэндэһэллэр. Кырдьаҕастар, сэтэ — сэмэтэ кэлэрэ буолуодиэн, куһаҕаны биттэнэллэр да, хата, киһибит олус бэркэолорор, оҕо -уруу төрөтөр, аймаҕа тэнийэн барар. Арай, дөрүн — дөрүн оҕолор күөл сыырын үрдүгэр буорга оонньуусылдьан, сото, төбө уҥуохтарын, үрүҥ көмүс киэргэллэрибулбут аатыраллар. Ити иттинэн ааһар, Сэмэн Уйбаанабысэлбэх оҕо — сиэн быыһыгар хараллан, үйэтин моҥоон анараадойдуга ааттанар. Кини суох буолаатын кытта, олкылабыыһа баар буола сылдьыбытын быдан умнубуттарынкэннэ, дьикти түбэлтэлэр буолуталыыллар. Утуу — субууСэмэн оҕолоро — улахан дьон —дэҥҥэ түбэһитэлээнөлөллөр. Төрөппүтэрэ суох хаалбыт оҕолор сиринэн — дойдунантарҕаһан хаалаллар да, онно тиийэннэр суорумасуолламмыттара иһиллэр. Дэриэбинэ кырдьаҕастара, били урукку сэт ситэн кэлбит быһылаах диэн куттаналлар, киэһэаайы ол эрэ кэпсээнэ буолаллар. Үйэ ааспытын кэннэ СэмэнУйбаанабыс халыҥ аймаҕыттан туох да хаалбат, арай олоросылдьыбыт
дьиэлэрэ иччитэхсийэн, түннүктэрэ эрэ оҥоһонтураллар. Сэттээх — сэмэлээх быһыы, син — биир, бэйэҕэртиийбэтэҕинэ, оҕолоргор тиийэр дииллэрэ оруннаах буолантахсар. Төһө да абааһыга, таҥараҕа итэҕэйбэтэр, сиэрэ суохбыһыыны оҥорор аньыы…. «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан