Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүтэрсибит сүрэхтэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүтэрсибит сүрэхтэр

K
edersaas.ru Категорията суох
18.01.2017 22:19
Саҥа дьыл бырааһынньыгар бэлэмнэнии сүпсүлгэнэ. Култуура үлэһиттэригэр быыкаа хамнастарын кэм да уһун-уочарат кэннэ дьэ биэрдилэр. Хамнас кыра да, үлэ хара баһаам. Түүннэри-күнүстэри түбүгүрүү, сыана киэргэтиитэ, аппаратуура бэлэмнээһинэ, сарсыарда — утренник, киэһэ — ностальжи… Үлэ түмүгэ суох түбүк буолан, биир кэм бара турар. Кулууп үлэһиттэрэ түүннэри-күнүстэри сылдьалларын кэргэттэрэ “сээн” диэбэттэрэ биллэр. Ньургун кэргэнэ икки сыллааҕыта букатын арахсан, ааны тыастаахтык сабан барбыта. Былырыыҥҥы Саҥа дьыл бырааһынньыгар кэллиэгэлэрэ Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана оруолун толорон ыал бөҕөнү кэрийэн, бэркэ сылдьыбыттар этэ. Эбиитин харчы бөҕөнү аахсыбыттар. Бу сырыыга, саатар, кинилэр курдук тугу эрэ гынан харчыламмыт киһи дии санаата. Урут Тымныы оҕонньорбут таҥаһа былдьаһык эбит буоллаҕына, билигин Кытай ырыынагар хара баһаам. Ньургун итинник санаалаах Кытай ырыынагар тиийэн баҕалаах көстүүмүн түһэрсэн-түһэрсэн икки тыһыынчаҕа атыыласта. Былаана табылыннаҕына, мантыката харчы бөҕөтүн тэбиэхтээх. Инньэ гынан, икки тыһыынчатын кэрэйбэтэ, “баһыыба” бөҕө буолан тахсан барда. Дьиэтигэр тиийэн биллэрии суруйда уонна билэр кыргыттарыгар: “Миигин кытары Хаарчаана буолаҕын дуо?” диэн биир-биир субуоннаталыы олордо. Бары үтүктүспүт курдук, аккаастаан истилэр. Ким эрэ ыалдьыбыт, сорох дойдутугар барар… Чэ, барыта сити курдук. Саҥа дьыл бырааһынньыктара саҕаланна. Ньургуҥҥа да син балай эмэ сакаас киирдэ. Хас даҕаны утренниги киэргэттэ, улахан да дьон бырааһынньыгар кыттыста. Аҕыйах хонук иһигэр икки ыйдааҕы хамнаһын булунна. Табылыннаҕына, киһи мыыммат сууматын “өлөрүүһү”. Ахсынньы 31 күнүгэр диэри, кини да буоллар, син тиритэ-хорута үлэлээмэхтээтэ. Ол икки ардыгар табаарыһа Бүөккэҕэ бырааһынньыктыах буоллулар, ситэри “ностальжилыы” барыах буолан сүбэлэстилэр. Бүөккэтэ үчүгэйкээн кыргыттар кэлэллэрин туһунан сибис гынна. Ньургун үөрэ иһиттэ. “Баҕар, бу сырыыга…” диэн эрэл кыыма үөскээтэ. “Чэ, уонна бачча байбыт киһи киһилии бырааһынньыктыахха буоллаҕа… ” – диэн дьиэлээн эрдэҕинэ, эмискэ төлөпүөнэ тырылаата. Биир дьахтар Тымныы оҕонньору сакаастаан субуоннаата. Ньургун хап-сабар: “Үлэлээн бүттүм уонна сакаас ылбаппын… Хаарчаанам эҥин суох…” – диэн аккаастыы сатаата да, дьахтара көрдөһүү бөҕөтүн көрдөстө. Итиччэ үлүгэр көрдөспүттэрин кэннэ хайыай… барарыгар тиийээхтиир. Эппит аадырыһа, аны туран, куорат түгэҕэ эбит. Инньэ даачалар диэки. “Тыый, бачча ыраахха дьоннор олороллор эбит дуу?! Чэ, манна үлэлии охсон баран табаарыспар бара охсуом этэ”, – диэн саныы-саныы, айаннаан истэ. Бүөккэтэ субуоннаан: “Хайа доо, хаһан кэлэр киһигиний?! Кыргыттар хайыы-үйэ кэлэн эрэллэр дии… Бу да киһи, сакаас да сакаас диэн иирээри гыммыт быһыылаах… Чэ, түргэнник…” – диэн дэлби ыксатан ыкта-түүрдэ. Дьэ, эппит уулуссаларын ыйдаран-ыйдаран нэһиилэ буллулар. Сатыы киһи мунар сирэ эбит. “Таах сибиэ сөбүлэһэммин, билигин табаарыстарбын кытары бырааһынньыктыы олорор буолуохтаах этим”, – диэн абара санаата. Таксиһа Ньургуну түһэрэн баран буруолата турда. “Айыбыын, бу үлүгэр ыраах сиртэн аны хаһан, хайдах оронон төттөрү барыах баҕайыбыный?!” – дии саныы-саныы, тэлгэһэҕэ киирдэ. Дьиэ таһыгар киэргэллээх тыыннаах харыйа эҕэрдэлиирдии, дьэрэкээн уотунан чаҕылыйан
аҕай турар. Түннүгүнэн көрдөххө, дьиэ иһэ эмиэ сандаарбыта сүрдээх. Ньургун бытыгын эҥин көннөрүнэн баран ааны тоҥсуйда. Сотору буолан баран дьахтар куолаһа: “Кимий?” – диэн ыйытта. “Һы, бачча ыраах ыҥыран баран, аны аанын аһымаары гынна дуу?!” – диэн мөҕүттэ саныы-саныы: “Тымныы Оҕонньор кэллим”, – диэтэ. Аан тэлэччи аһыллаатын кытары, ааҥҥа кини Хаарчааната бу чоҕулуччу көрөн турар эбит. Ньургун бастаан утаа өйдөөбөтө. “Хайдах-хайдаҕый, сыыһа кэлэн хааллым дуу?!” – дии санаата уонна ааны төттөрү сабан истэҕинэ анараата: “Тымныы Моруос, баһаалыста, киир, иһирдьэ аас”, – диэн намыын баҕайы куолаһынан эттэ. Ньургун Дайаананы эрэ көрүөм дии санаабатах буолан, саҥатыттан матта. Хараҕар, били, эдэр сылдьан Дайааналыын аан бастаан билсиилэрэ, сиэттиһэн баран уулусса устун хааман иһэллэрэ, бастакы уоттаах уураһыылара, хас да түүннээх имэҥнээх таптаһыылара, аны хаһан да арахсыа суох буолбут андаҕардара биир-биир элэҥнээн аастылар. Ньургун бытыктаах, таҥастаах буолан, хата, Дайаана кинини билбэтэ быһыылаах. Саала иһигэр киирбитэ, ыалдьыт бөҕө мустубут. Арааһа, аймахтара быһыылаах. Саастаах эҥин дьон көстөллөр. Оҕолор барахсаттар биир-биир чугаһаатылар. Кыралар куттаммыттыы тутталлар, чугаһаабаттар. Улахаттар хап-сабар хоһоон ааҕан, ыллаан киирэн бардылар. Ньургун сылайан эбитэ дуу, соһуччу көрсүһүүттэн эбитэ дуу, мэйиитэ эргийиэх курдук буолла. Саатар, дьиэлэрэ итиитэ бөҕө. Иэдэһинэн саккыраан түспүт көлөһүнүн сотун да сотун буолла. Оҕолорго барыларыгар эрдэ бэлэмнэммит бэлэҕи-туһаҕы туттарда, мустубут дьоҥҥо эҕэрдэ тылы эттэ. Ол туран көрдөҕүнэ, дьиэлээх хаһаайын суохха дылы. “Арахсыбыттар дуу, хайдах дуу?..” диэн санаа күлүм гынна. Ньургун үлэтин толорон баран, дьиэлээх хаһаайканы кытары көрүдүөргэ таҕыстылар. Бытыгын устуох баҕыйым дуу, суох дуу диэбиттии саараан турда. Эмискэ: “Дайаана…” – диэн тыла төлө барбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Дьиэлээх хаһаайка хап-хара чоҕулуспут хараҕынан Ньургун диэки бэрт истиҥник өрө көрдө. Дайаана чочумча саҥата суох тура түһэн баран: “Ньургун, эн дуо?!” – диэн ыйытта. Ньургун “дьэ биллэ” диэбиттии, бүтүн бэйэтин кистии сылдьыбыт бытыгын уонна бэргэһэтин уһулла. Иккиэн сүтэрсэ сылдьыбыт санааларын киэр кыйдаан, соһуччу көрсүһүүттэн соһуйан, үрдүк иэйиигэ куустаран, утарыта көрсөн өр таалан турдулар. Онтон Ньургун бэйэтэ да билбэккэ Дайаанатын ыга кууһан ылла, бэйэтигэр сыһыары тутта. Дайаана да утарыласпата, төбөтүн аргыый аҕай Ньургунун түөһүгэр уурда, налыйыаҕынан-налыйан турда. Эр киһи онтон эр ылан, аны ханна да ыыппаппын диэбиттии, хам кууста. Өр утарыта көрсөн турдулар, онтон аргыый аҕай иэдэстэринэн, уостарынан даҕайсан ыллылар. Устунан уруккуларын курдук уохтаахтык уураһан ыллылар. Төһө өр маннык турбуттара биллибэт. Эмискэ Дайаана: “Ханна сүтэ сырыттыҥ, мин эйигин күүтэ санаабытым…” – диэн бэрт симиктик ыйытта. “Баарбын дии, доҕоччуок, баарбын…” – диэт, Дайаана иэдэһинэн сүүрэн түспүт таммаҕы сотто. “Ньургун, биһигини кытары хаалбаккын дуо?” , – диэн баран, баҕар, кэргэннээҕэ буолуо диэбиттии, киһитин сирэйин өрө көрөн таһаарда. “Дьонуҥ туох да
диэхтэрэ суоҕа дуо?” – диэн ыйыппытыгар: “Кэргэммиттэн арахсыбытым үс сыл буолла, онон туох да диэхтэрэ суоҕа”, – диэт, аны хаһан ыытыам суоҕа диэбиттии өссө күүскэ хам кууста. «ВКонтакте» ситим «Кэпсээннэр» бөлөҕүттэн. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата edersaas.ru
edersaas.ru сайтан