Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Балыыһа абааһыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Балыыһа абааһыта

K
edersaas.ru Категорията суох
21.07.2018 20:00
Тыһыынчаттан тахса киһилээх биир дэриэбинэ балыыһатыгар урут-уруккуттан ыарыһахтар абааһыны көрөллөрүн туһунан сурах-садьык бэрт өрдөөҕүттэн баар. Балыыһаҕа абааһы дэлэйэ сэрэйиллэр даҕаны. Төһөлөөх элбэх араас ыарыһах, оҕонньор-эмээхсин сыл аайы бу хаачыгырас ороннорго сытан анараа дойдуга аттанаахтаабытын аахпыт да суох. «Балыыһаҕа сыппыт дьон үксүлэрэ кэриэтэ абааһыны көрөллөр үһү» диэн сурах баар. Саҥа киирбит ыарыһахтары быраастар, сиэстэрэлэр куттаабат буола сатыыллар. «Була сатыы-сатыы онтон-мантан куттанымаҥ. Биһиги балыыһабытыгар абааһы сыта да суох. Куттанар буоллахха бары-барыта да абааһы буолан көстүөн сөп»,-дэһэллэр. Оттон сорох үлэһиттэр ити боппуруоһу ырааҕынан тумна сатыыллар. Инньэ гынан, абааһы олох суох диэҕи, эмиэ да туох эрэ баар курдук. Ыарыһахтар бэйэлэрэ күнү супту кэпсээннэрэ эрэ абааһы туһунан. Кыра оҕолор мэниктээн хачыкынастахтарына «Түксүлээҥ, абааһы кэлиэ, абааһы кыыһырыа, абааһы сиэҕэ…» диэн буолар. Оҕолор барахсаттар куттас муҥутаан, тута уоскуйан хаалаахтыыллар. Оттон түүнүн эмискэччи ытаабытынан уһуктан кэлэн улахан дьону бэйэлэрин куттууллар, уйгуурдаллар. Аны туран, эргэ балыыһа өһүөтэ тыал үрдэҕинэ араастаан кыыкыныыра-хаахыныыра кэмнээх буолуо дуо? Кылаабынай абааһы «процедурнай» хоһугар олорор. Онно урут кырдьаҕас ыстаарсай сиэстэрэ үлэлээбитэ үһү. Өрдөөҕүтэ өлбүт сиэстэрэ дууһата процедурнай хоһугар иҥэн хаалбыт дииллэр. Сарсыарда эрдэ уонна киэһэ хойут ыарыһахтар балааталарынан тарҕаһан утуйаары сытар уонна өссө да уһукта илик кэмнэригэр хос аана лап-лабырҕас буолар эбит. Аан тыаһа «лап» гынна да, хобулук тыаһа көрүдүөр устун тоһугураан олорор. Дьэ, оччоҕуна тыынар-тыыммат барыта иһийэргэ дылы буолар. Куттас ыарыһахтар суорҕаннарын тыыннара хаайтарыар дылы бүрүнэн тиритэллэр-хоруталлар. Сиэстэрэ абааһыта унньулуйбут уһун халааттаах, куруутун испириистээх сылдьар үһү. Балаата иһинээҕи дьон түүн туох тыаһаабытын-ууһаабытын барытын истэллэр. Сарсыныгар атын балааталары кытта ким-тугу истибитин дуу, көрбүтүн дуу сибигинэһэллэр. Аны туран, 3 №-дээх балаатаҕа киирээти кытта, аан муннугар турар орон анныгар, хараҥардар эрэ туох эрэ тахсар идэлээх. Хас да сыллааҕыта биир 12 саастаах уолу оронугар сыгынньахтана олордоҕуна, атаҕыттан тарпыт. Ол уол ол сайын атаҕын ат мунньар массыынаҕа эчэппит. Кэлин да орон аннынааҕы абааһы олох сүгүннээбэт. Түүн үөһэ уһуктан кэллэххэ, орон анныгар куоска хараҕын уота кылайар. Аны түүнүн, ордук былыт кэллэҕинэ эҥин, ыарыһах эмээхситтэр баттатан уһукталлар, хабыс-хараҥаҕа уһуутаабытынан оронноругар олоро түһэллэр. Дьэ, оччоҕуна эмиэ биир куттал. Түүн ким да туалекка тахсыбат. Абааһыны итэҕэйэр киһиэхэ, оо, балыыһаҕа сытар эмиэ эрэй диэтэҕиҥ… Ол эрээри маннааҕы абааһылар кими да эккирэтэ сылдьан сиэбиттэрэ биитэр тутан ылан куттаабыттара диэн суох. Үксүгэр, наар биирдэ эмэ көстөн ааһаллар, баардарын биллэрэллэр. Кинилэри үүртэлиир да кыах суох. Онон хайдах эмэ гынан өйөһөн-убансан, уопсай тылы-өһү булан суолларын-иистэрин бүөлээбэккэ олорбут ордук. «ВКонтакте» сайт «Иччилээх, абааһылаах кэпссэннэр» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан