Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос: Сир иччитин хомоппуттар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос: Сир иччитин хомоппуттар
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.07.2018 20:00
50-60 сыллардаахха Ээдьээк, Иэһээк үрэхтэринэн, аҕам аллар атаһа Мэкчиргэ табаһыттыыр сылларыгар буолбут түбэлтэни кэпсиим. Биир сыл аҕам доҕорунаан Ыйыластыын күһүн хаар саҥа түһэн эрдэҕинэ, табаларга ыарыыны утары быһыы туруора таарыйа бултуохпут диэн, атынан Ээдьээк үрэҕэр барбыттар. Ээдьээккэ Мэкчиргэлэрэ кэтэһиэхтээх эбит. Эрдэ кэпсэтии быһыытынан, Ээдьээк дьиэтигэр көрсүһүөх буолбуттар. Болдьоспут кэмнэригэр аҕам Ыйыластыын Ээдьээктэрин дьиэтигэр тиийбиттэр. Киэһэ ас буһаран, аһаан баран, утуйардыы оҥостон оронноругар сыттахтарына, үс ыттара үһүөн үрбүт. Үрбэлээбиттэрэ чочумча буолаат, хобо тыаһа иһиллибит. «Мэкчиргэбит иһэр быһыылаах. Мииммит, чэйбит сылаас, остуолга ас бэлэм. Киһибит киирдэҕинэ туруохпут», — диэн сыппыттар. Хобо тыаһа чугаһаан кэлбит, саҥа түспүт хаарга табалар атахтарын тыаһа чоочугураан кэлэн дьиэ таһынааҕы маска тохтообут. Киһи сөтөллө-сөтөллө табаларын маска баайар курдук гыммыт. Ыттар үрсэн, кыратык ыйылаһан баран, миэстэлэригэр барар тыастара иһиллибит. «Ыттар Мэкчиргэни билэн тохтоотулар быһыылаах»,— дии-дии дьоммут сыппыттар. Киһилэрэ киирбэт да киирбэт. Тохтуу түһэн баран тахсан көрбүттэрэ, табалаах киһи буолуохтааҕар, киэһэ түспүт хаарга таба суола да суох. Ыйдаҥаҕа ыттар туора-маары сүүрбүт суоллара эрэ баар. Дьиктиргээн баран, киирэн утуйбуттар. Сарсыныгар туран, сиргэ сылдьан, тугу да бултуйбакка, киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары олордохторуна, Мэкчиргэлэрэ, дьэ тиийэн кэлэр. Аҕам Ыйыластыын бэҕэһээ киэһээҥҥи түбэлтэни Мэкчиргэлэригэр кэпсииллэр, оҕонньордоро наһаа хомойор: «Эһэкээн илэ бэйэтинэн кэлэ сылдьыбытын киллэрбэтэххит. Тыаһы истээт, оһоххутугар мас быраҕан, ас кээспиккит буоллар, Эһэкээн илэ киирэн, наһаа бултуйуохтаах этибит. Былыр бу үрэххэ Нуойа диэн тоҥус улуу удаҕана олорбут. Булчуттар уонна манан ааһар дьон бары кинини көрдөһөн кыырдараллар эбит. Кэлин өлөн баран, Нуойа эһэкээн буолбут. Булчуттарга илэ кэлэн, бииргэ аһаан, күндүлэтэн барар эбит. Табаҕынан, чэйинэн күндүлээн ыыттахтарына, булчуттар бэркэ бултуйаллара эбитэ үһү. Эһиги, билбэт буолан, оһоххутугар мас быраҕан, ас кээспэккэҕит эһэкээҥҥитин хомотон ыыппыккыт». Ити түбэлтэ кэнниттэн, аҕам аах бултуу сатаабыттар. Тайах бөҕө элбэх үһү да, биир да тайах туран биэрбэт. Ыттара төбөлөрө үллүөр диэри тайаҕы үрэ, сырса сатаабыттар. Ол дьыл олох бултуйбакка, кутуйаҕы да өлөрбөккө дойдулаабыттар. 70-с сыллар бүтүүлэригэр Маалыкайтан Ньукулааскы диэн киһи эмиэ бу үрэххэ бултуу сылдьыбыт. бултуу барбыт күнүгэр табалаах эмээхсин кэлэ сылдьыбыт. Ньукулааскы эмээхсини чэй, табах кэһиилээн ыыппыт. Эмээхсинтэн аатын ыйыппытыгар Зоябын диэн хардарбыт. Ону кэлин Ноябын диэбитин Зоя диэн истибит дииллэр. Ол дьыл Ньукулааскы омуннаахтык бултуйбута үһү. Николай ВАСИЛЬЕВ-СОЧЧО «ВКонтакте» сайт «Иччилээх, абааһылаах кэпссэннэр» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан