Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос: Өлөн турардаахпын
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос: Өлөн турардаахпын
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.07.2018 20:00
Мин, тыа оҕото, дэриэбинэҕэ улааппытым. Билигин төһө да киэҥ-куоҥ сиргэ — куоракка — олордорбун, сайын кэллэ да дойдубар, дэриэбинэҕэ таласпытынан барабын. Сайыны быһа оттоон-мастаан, сир астаан, күһүнүн бултаан-алтаан баран, куоракка үлэ-үөрэх кэмэ саҕаланыыта биирдэ киирээччибин. Биир оннук сайын убайым Ылдьаа бэрт дьиибэ түбэлтэни сэһэргээн турардаах. Биһиги сайын дэриэбинэттэн быһа холоон 30-ча килэмиэтирдээх сиргэ ыраах, хоту алтыа-сэттиэ буолан убайдарбын кытта оттооччубут. Оттуур сирбит үгүс буолан, уонтан тахса, сүүрбэччэ хоноҕун. Дэриэбинэҕэ ас-үөл бүттэҕинэ, тыраахтар, сэп-сэбиргэл алдьаннаҕына, саппаас чаас ыла биирдэ эмэ киирэҕин. Суола да куһаҕана мэһэйдиир. Биир күн, үлэбитин ортолотон эрдэхпитинэ, ардаан кэбиһэн, үүтээммитигэр куоппуппут. Тугу гына сытыахпытый, таах сытыахтааҕар тылга тииһэн ону-маны кэпсэтэбит. Убайбытын Ылдьааны кэпсээ да кэпсээ диэн хаайабыт. Киһибит: «Баҕар, итэҕэйиҥ, баҕар, итэҕэйимэҥ», — диэн баран кэпсээн барда: «Урут эдэр сылдьан онон-манан син сылдьымахтаабыт киһибин. Арай биирдэ куоракка сырыттахпына, маннык түбэлтэ буолан турардаах. Киэһэ хойут баҕайы туохтан эрэ тардыллан хойутаан, дьиэм диэки быыкаа хараҥа баҕайы уулуссанан баран иһэбин. Иннибин-кэннибин сотору-сотору эргиллэн көрөбүн. Сол курдук син балайда барбахтаабытым кэннэ, эмискэ кэннибэр атах тыаһа битигирэйэн кэллэ да, бүөрүм туһаайыытынан туох эрэ аһыс гынарга дылы гынна. Хайалара кэлэн тугунан астаҕай диэн, эргиллэн испитим да, салгыы тугу да өйдөөбөппүн. Сүтэн хааллым. Оттон оннук төһө өр сыппытым буолла, өйдөнөн кэллим. Бэйэбин дьикти, чэпчэки баҕайытык санаан кэллим да, ханна эрэ үөһэ көтөн таҕыстым. Туох эрэ дьиэ иһигэр сылдьабын быһыылаах. Ол сылдьан тахсан бараары быыс-хайаҕас көрдөөтүм да булбатым. Арай, көтө сылдьан аллара өҥөйөн көрбүтүм, бэйэм сытар эбиппин! Дэлби соһуйдум уонна аллара бэйэбэр түһэн, сүтэн хааллым. Кэлин, быраастар кэпсииллэринэн, маннык буолбут. Миигин уулуссаҕа сытарбын булан ылан, өлбүт дии санаан морга илдьибиттэр. Кырдьык, тыыммат да, сүрэҕим да тэппэт үһү. Ол курдук балай да сыппыппын. Ол кэмҥэ эмиэ хайа эрэ сордооҕу киллэрдэхтэрэ эбитэ буолуо, биир быраас тугу эрэ көрдүү дуу, хайыы дуу морг хоһугар киирэ сылдьан көрбүтэ, морг тымныы буоллаҕа буолуо, айахпыттан паар тахсар үһү. Онон, дьэ өлөн турардаахпыт уонна, хата, ол быраас киирэн абыраатаҕа. Атына буоллар, онно тута таҥаралыахтаах эбитим буолуо», — диэн кэпсээнин түмүктээбитэ. Убайым бу кэпсээнин мин тоҕо эрэ итэҕэйбитим. Кини маны таһынан өссө урут арааска түбэһэ сылдьыбытын дьоммуттан истэр этим да умнуталаан кэбиспиппин. Кэлин, баҕар, өйдөөн кэллэхпинэ, сурукка хайаан да тиһиэҕим. «ВКонтакте» сайтан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан