Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Тутар этэрээт түбэлтэтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Тутар этэрээт түбэлтэтэ

K
edersaas.ru Категорията суох
13.07.2018 19:30
Быйыл кыһын устудьуоннуур сылларбар үөрэппит учууталым Дьөгүөр Дьөгүөрэбиһи кытта көрсөн бииргэ эбиэттииргэ быһаарыммыппыт. Учууталым эбиэттии олорон маннык түбэлтэни кэпсээбитин сэҥээрэ истибитим. «80-с сылларга устудьуоннар тутар этэрээттэригэр киирэн, Нам улууһун Арбын нэһилиэгэр үлэлии таҕыстыбыт. Биһиги, уолаттар, уончабыт, үксэ кыргыттар. Үлэлии кэлбит дьону, биһигини, эргэ оскуола дьиэтигэр түһэрдилэр. Олохпутун оҥосто тиийиибитигэр мин хойутаан хааллым. Уолаттарым тиийэн оскуола биир кыра кылааһыгар ороннорун оҥосто охсубуттар. Кылаас иһэ кыараҕас баҕайы. Миигин хаал диэбиттэрин үрдүнэн кыараҕаһа бэрт буолуо диэн, аттынааҕы кылааска таҕыстым. Тахсан кылаас биир муннугар матарааспын быраҕан, ороммун оҥостон кэбистим. Үлэ дьоно сытыахпыт дуо, олохпутун оҥостон баран үлэлии бардыбыт. Күнү быһа үлэлээн баран, киэһэ хонукпутугар кэллибит. Уолаттарым бэйэлэрин хосторугар, мин, били хоспор киирэн, оҥостон сыттым. Арай, утуйа сытан түүлүм быыһынан көрдөхпүнэ, хос иһэ хайдах эрэ сырдаан кэллэ. Мин эмиэ да утуйа сытар курдукпун, эмиэ да уһуктаҕас курдукпун. Ол сыттахпына туох эрэ туман курдук устан таҕыста уонна кылааһым биир муннугуттан хаар маҥан баттахтаах эмээхсин төбөтө төкүнүйэн мин диэки чугаһаатар чугаһаан истэ. Эмээхсин сирэйин илэ көрө сытабын. Хос иһигэр киһи тыынара ыараан хаалла. Мин кутталбыттан хаһыытыы сатыыбын да, саҥам айахпыттан тахсыбата. Ол курдук эмээхсиним төбөтө төкүнүйэн кэлэн түөспэр таҕыста уонна күлэр икки тыынар икки ардынан, киһи куйахата күүрүөх кыыкынаата… Арай, уһукта биэрдим дуу, өйдөнөн кэллим дуу, тула өттүбэр өрө мөхсүү, бэйэм буоллаҕына хаһыы-ыһыы бөҕөтө эбиппин. Икки илиибин, атахпын, өрө мөхсө сытарбын уолаттарым киирэн хам баттаабыттар. Дьонум сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөхпүнэ, улаханнык куттаммыт көрүҥнээхтэр. Бэйэм илиим-атаҕым хаан-сиин бөҕө буолбут. Кэлин уоскуйбутум кэннэ уолаттарым кэпсииллэр. Арай утуйа сыттахтарына мин хоспор айдаан-куйдаан, тыас-уус бөҕө буолбут. Ойон тахсан көрбүттэрэ, били, мин эмээхсин төбөтүн көрбүт муннукпар туран истиэнэни кырбыы, хаһыытыы аҕай турар үһүбүн. Дьонум сүүрэн киирээт, нэһиилэ тутан ороммор тиэрэ бырахпыттар. Илиибин-атахпын ол муннугу «кырбыырбар» үнтү сынньыбыппын. Ол эрээри син биир ол кылааспар хонон турбутум. Уолаттарым тахсан биһиэхэ утуй диэбиттэрэ да, буолумматаҕым. Сытан, уоскуйан баран, тугу көрбүппүн төрүт итэҕэйбэтэҕим. Барытыгар ньиэрбэбин буруйдуу санаабытым. Дэҥ-оһол диэн ханна барыаҕай. Урут аармыйаҕа, үлэҕэ-хамнаска эҥин да сылдьан баара. Бу түбэлтэ кэннэ, Арбынтан үлэлээн бүтэн барыахпар диэри, хоско соҕотоҕун хоно сылдьыбытым эрээри, тугу да көрбөтөҕүм, истибэтэҕим. Арай, биһиги барбыппыт кэннэ иккис этэрээт кэлбит сурахтааҕа. Ол этэрээт уолаттара эмиэ биһиги түспүт эргэ оскуолабытыгар сыппыттар. Олортон биир уоллара тугу эрэ көрөн, төбөтүнэн моһуогурбут этэ. Дьэ, онно эрэ итэҕэйбитим — бу ньиэрбэм буолбатах, илэ абааһыны көрбүт эбиппин диэн. Онон олоххо араас буолааччы», — диэн учууталым кэпсээнин түмүктээбитэ. Өссө да элбэҕи кэпсэтиэх дьон үлэлээх-хамнастаах буолан сотору тарҕаспыппыт. «ВКонтакте» сайт бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан