Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Үөрү көрбүппүт

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Үөрү көрбүппүт

K
edersaas.ru Категорията суох
12.07.2018 19:26
Урут Сэбиэскэй былаас саҕана оҕо үксэ интэринээккэ олорон үөрэнэрэ. Биһиги начаалынай кылаастаах оскуолабытыгар чугастааҕы нэһилиэктэн кэлэн эмиэ интэринээккэ олороллоро. Мин, тоҕо эбитэ буолла, төһө да дьиэлээх буолларбын, эмиэ бу сири булбутум. Манна бары биир ыал оҕолорун курдук субуруһа сылдьарбыт, мэлдьи кэриэтэ бииргэ оонньуурбут. Оскуолабыт улахан дьиэ буолан, дэриэбинэҕэ кулуубу эмиэ солбуйара. Улахан саалалааҕа, сыаналааҕа. Уруок бүттэ да, киэһэтигэр аны кулууп үлэтэ саҕаланара. Араас тэрээһин барыта буолара. Киэҥ саалаҕа сүүнэ бэйэлээх билийээр баара. Биһиги, оҕолор оччолоох оонньууттан матыахпыт дуо, онно киирэн билийээрдээн айманарбыт. Биир киэһэ хаһыа да буолан, уолаттар, кыргыттар – түөрэ бары оскуола-кулуупка оонньуу бардыбыт. Интэринээт чугас буолан, начаас ыккардыгар сүүрэн тыбыгырайан кэллибит. Дьиэбит ис бараанын кэпсиим. Кирилиэһинэн таҕыстахха, синньигэс соҕус көрүдүөр, онтон саала түгэҕэр сыана баар. Киирбиппит, хабыс-хараҥа, арай сыанаҕа уот умайар. Сүүрэн тэлэмээттэнэн иһэн саала ортотугар хорус гына түстүбүт. Тоҕо эрэ сирэй-сирэйбитин көрүстүбүт, дьикти баҕайытык уу чуумпу буолла. Бары туохтан эрэ куттаммыт курдукпут. Арай сыана диэки көрбүппүт, доҕоор, быыс ойоҕоһуттан кып-кыһыл сирэйдээх, хараҕа уоттаах курдук умайан көстөр, курданарыттан үөһээ өттө сыгынньах киһи дуу, туох дуу (ону быһаарар кыах суох) былтас гынна. Бары хаһыытаспытынан төттөрү ааммытыгар ыстанныбыт. Үтүрүйсүү, охто-охто сүүрүү, дьэ манна буолла. Көрүдүөрбүт, мэктиэтигэр, уһаан хаалла. Дьэ, таһырдьа тахсан, кирилиэскэ кэлэн тохтоотубут. Тыын ылан, ким тоҕо куоппутун, тугу көрбүтүн быһаарсыы буолла. Түмүккэ бары, били, куһаҕан сирэйи көрбүт эбиппит. Арыый уоскуйан, баҕар, кулуупка кэлбит киһи сылдьара буолуо диэн, иккистээн киирэн көрөргө быһаарынныбыт да, ким да киириэн баҕарбат курдук. Интэринээккэ баран атын оҕолору көмөҕө ыҥырар буоллубут. Мин икки уолу кытта ким эмэ, баҕар, тахсыа-киириэ диэн, маныы хааллыбыт. Кулууп сыанатын ойоҕос хоһугар туспа киирэр ааннаах, ону баран көрдүбүт да, ааммыт күлүүстээх турар. Сотору уолаттар кэллилэр, оттон кыргыттар, куттаннахтара буолуо, хаалбыттар. Ким мастаах, ким тоҥ сылгы сааҕын ылан кулуупка киирэргэ бэлэмнэннибит. Куттас буолумаары, бары бииргэ киирдибит. Хараҥа көрүдүөрүнэн хааман истэхпитинэ, ким эрэ сарылаата, онуоха куттанан, төттөрү ыстанныбыт. Куттаабыт оҕону ээҕин этитэн баран, иккистээн киирдибит. Бу сырыыга ким да куттаабата. Киирэн, сэрэнэн сыанаҕа таҕыстыбыт. Ким да суох. Ойоҕос хос уотун уматан көрдүбүт, быыс кэннигэр эмиэ ким да суох. Дьиктиргээн, ким тугу көрбүтүн өссө төгүл чуолкайдаабыппыт, оруобуна, били куһаҕан сирэй буолан тахса турар. Хайыахпытый, төттөрү интэринээппитигэр таҕыстыбыт. Кэлин улаатан баран, биирдэ эмэ кылааһынан көрсүһүүгэ ити түбэлтэ туһунан кэпсэтиһэрбит. Бииргэ үөрэммит оҕолорум куруук өйдүү сылдьаллар эбит. Кэлин билбиппит, урут кулууп ааныгар биир киһи тоҥон өлбүт үһү. Баҕар, ол киһи үөрэ илэ көстүбүтэ буолуо. Оскуолабыт билигин да үлэлии турар, арай акылаата эмэҕирэн, атын сиргэ көһөрбүттэрэ. «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан