Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Тыла суох оҕо

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Тыла суох оҕо

K
edersaas.ru Категорията суох
10.07.2018 19:00
Оcкуолаҕа, арааһа, 8-9 кылаас эбитим буолуо, биир киэһэ утуйаары сыттахпытына, эдьиийим биир түбэлтэни кэпсээбитэ. Ол билигин даҕаны мин өйбүттэн тахсыбат. «80-с сылларга быһыылаах этэ, мин ону кэлин хаһыаттан аахпытым, – диэн кэпсээнин саҕалаабыта. Дьокууксай куоракка биир дьиэҕэ икки ыаллыы дьон олорбуттар. Биир ыал иккиэйэх эрэ, оҕото-уруута суох аҕамсыйа барбыт дьон. Идэлэринэн быраастар. Оттон кинилэри утары икки-дуу, үс дуу оҕолоох эдэр ыаллар олорбуттар. Ыаллыылар үчүгэйдик билсибэттэр, хам-түм көрүстэхтэринэ, тоҥхох гынан дорооболоһоллоро үһү. Биир күн сарсыарда быраастар эрдэ туран, харахтарын харатын курдук харыстыыр, оҕо курдук көрөр ыттаахтарын дьиэ иннигэр олбуорга баайан баран балыыһалыыллар. Ол күн күнүс ыттара босхо баран, олбуор иһигэр оонньуу сылдьар ыалларын кыра уолларын күүскэ баҕайы ытырар. Уол улаханнык бааһырбатах эрээри, итини көрөн турбут аҕата үллэ кыыһыран, ыты обургу маһынан сиһин быһа курбуулаан өлөрөн кэбиһэр. Быраастар киэһэ үлэлэриттэн кэлэн баран, өлө сытар ыттарын көрөн ытыыллар-соҥууллар уонна тиһэҕэр иэстэһиэх буолаллар. Дьэ, ити итинэн ааһан хаалар. Онтон кэлин, балтараа ый курдук буолан баран, били ыаллар ыкка ытыртарбыт кыра уоллара таһырдьа оонньуу сылдьан сүтэн хаалар. Сүтүктээхтэр онон-манан буолар-буолбат сиринэн, моргтарынан, айаҕалыы сатаан бөх тоҕор сыһыыларынан кытта кэрийэн көрөллөр да, уоллара ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалар. Милииссийэ көрдөөн-көрдөөн баран, кэлин аккаастаан кэбиһэр. Ыаллар да эрэллэрэ кыччаан барар. Хайыахтарай, өлбүтү кытта өлбүт суох. Эмиэ куоракка эрээри салгыы атын сиргэ көһөн бараллар. Ити быһылаан кэннэ, сыыһа өйдөөбөт буоллахпына, сылтан ордук кэм ааһар. Арай биир сайыҥҥы киэһэ милииссийэ отделыгар дальнобойщик суоппар киирэн: «Куорат таһыгар эргэ хочуолунай иһигэр сыапка бааллан туох эрэ турар уонна өссө дьикти баҕайытык саҥарар», — диэн тыллыыр. Онуоха дьуһуурунайдар, били суоппары батыһыннаран ойутан тиийэллэр. Көрбүттэрэ, доҕоор, киһи өйүгэр баппат үлүгэр хартыыната: сыапка оҕо бааллан турар. Бэйэтэ кип-кирдээх, баттаҕа буоллаҕына уһаан-уһаан саннын байаатыгар тиийэ сабырыйан түспүт, сирэй-харах, тиис-уос көрүөхтэн амырыын буолбут, иннигэр миискэ дуомнааҕыттан тугу эрэ сиирэ үһү. Аны кыайан саҥарбат, ол оннугар киһи куйахата күүрэр ынырык баҕайы дорҕооннору таһаарар. Кэлин бу дьыаланы милииссийэлэр силиэстийэлээн билбиттэрэ, били быраастар ыттарын сүтэрбит аһыыларыгар, ыалларын оҕолорун уоран ылан, куолаһын сибээскэлэрин саҥарбат гына быһан баран, били эргэ хочуолунайга, оттон кыһынын ханна эрэ атын сиргэ тутан турбуттар. Оҕону оннук кэбилээбиттэр», — диэн эдьиийим кэпсээнин түмүктээбитэ. Бу кэпсээн төһө кырдьыгын-сымыйатын билбит суох. Тугу истибиппин кэпсээтим, эһиги бэйэҕит сыаналааҥ. «ВКонтакте» сайт «Иччилээх, абааһылаах кэпсээннэр» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан