Кэпсээ
Войти Регистрация

Абылаҥ күүһэ — таптал (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Абылаҥ күүһэ — таптал (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
26.03.2024 06:58
Саһарбыт хатыҥ сэбирдэхтэрэ тыал үрэриттэн тэлимнии тохтоллоро. Хатыҥ, үөт мас булкаастаах тумул тыа суугунуу тыаһаан курус муусука буолан иһиллэр курдуга. Күн чаҕыл уота былыт быыһынан чаҕылыйа тыгара, оччоҕо куустуһан олорор Галялаах Сеня көҕүстэрин сылытара. -Галя, эн мин армияттан кэлэрбин кэтэһиэҥ, мин кэлэрбин күүтүөҥ дуо? — диэт кыыһын уоһуттан уураан ылбыта. -Күүтүөм дии, хаста да ыйыттыҥ, миэхэ эрэммэккин дуо? — диэт ууламмыт хараҕынан уолун сылаастык көрөн ылбыта. -Оо, икки сыл түргэнник аас эрэ, мин саллааттаан кэллэхпинэ эн мин иһэрбин көрөн утары сүүрэн кэлээр, оччоҕо мин эйигин ыга кууһан көтөҕөн ылыам уонна өрүү бииргэ буолуо этибит… -Оннук буолуо, ол баҕа санааҥ туолуо, мин эйигин кэтэһиэм, күүтүөм, миэхэ эрэн. -Сөп, оччоҕо дьиэбитигэр барыахха, — диэт Сеня Галя санныгар кууркатын саба быраҕан, куустуһан дэриэбинэ диэки хаамса турдулар… Ол кэмтэн ыла сүүрбэ сыл ааста. Галина Петровна балконтан тоҥ эт киллэрэ тахсан иһэн сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн, аҕылаабытынан төттөрү киирэн диваҥҥа олордо. Валидол ылан тылын анныгар угунна. Оттон истиэнэҕэ саллаат формалаах, олоҕун устатын тухары күн ахсын саныыр тапталлаах доҕоро Сеня кинини тонолуппакка одуулаан олорорун көрөн, ааспыт олоҕун санаан-ахтан кэллэ. 1994 сыл. Таптыыр доҕоро ол дьыл күһүн армияҕа барбыта. Галя Дьокуускай аэропордугар стройдаан турар призывниктар ортолоругар Сеня турарын таба көрөн далбаатыы сатаабыта да кинини уол таба көрбөтөҕө. Сотору аарыма ил-76 сөмүлүөт тус соҕуруу суолу тутуһан халлаан хаттыгаһын хайытан көтө турбута. Сотору Сенятын суруктара субу-субу кэлэр буолбуттара. Кини биир суругар маннык тыллар бааллара: «Галя, мин бу саллааттыы сылдьар кэммэр эйигин санаабатах, ахтылҕан иэйиитигэр куустарбатах күнүм суох. Эн баар буолан, эн кэрэ мөссүөннээх хаартыскаҕын көрө сылдьан аармыйа олоҕун тулуйабын. Эн мин тапталым буолаҥҥын, санаам күүстээх», — диэбит тыллардаах суругун кыыс мэлдьи ааҕара, тоҕо эрэ хараҕын уута сүүрэрэ. Уол танкист буолбутуттан киэн туттан суруйара. Оттон Саҥа дьыл иннинэ аҕай Чечняҕа сэрии буолбутун истэн, кыыс сүрэҕэр ыттарбыта. Ону сэргэ саха уолаттарын ол сэриигэ ыытан эрэллэрин туһунан сурах элбэх дьиэ кэргэни аймаабыта. «Оо, мин Сенябын сэриигэ ыыппатыннар» диэн таҥараттан көрдөһөр буолбута. Уол биһигини сэриигэ ыыппаттар диэн алы гынар суруктара кэлэрэ. Кэлин тоҕо эрэ суруга кэлэрэ аҕыйаабыта. Сотору кыһыҥҥы тоһуттар тымныылар намыраан, ылааҥы күннэр үүммүттэрэ. Галя устудьуоннар уопсайдарыгар олордоҕуна дьүөгэтэ кэлэн, ийэҕэр эрийэн кэпсэтэр үһүгүн диэн суруктаах кэмбиэри вахтертан ылан таһаарбыта. Ол күн  переговордаһан, Сенята Чечняҕа тиийбитин ийэтиттэн истэн санаата түһэн төннүбүтэ. Туох эрэ ыар санаалар сүрэҕин хам туталлара, куһаҕаны биттэммиттии дууһата айманара. Сотору саас улам сылыйан харалдьык тахсан эрдэҕинэ, Галя бу олорор олоҕор истибэтэх ыар сонунун истибитэ. Таптыыр, кэтэһэр эрэлэ — Сенята тааҥкаҕа умайан өлбүтүн. Ол куһаҕан сонунтан туймааран, өйүн сүтэрэн охтон хаалбыта. «Суһал көмө» бырааһа уколлаан барбыта. Ол дьулаан түүн утуйбатаҕа, сыттыга илийиэр диэри ытаан хоммута. Сотору «груз 200» диэн суруктаах хоруобу байыаннайдар аҕалан уол төрөппүттэригэр туттарбыттара. Хоруобу астарбатахтара. Дэриэбинэ олохтоохторо бука бары уолу тиһэх суолугар атаарбыттара. Галя онтон ыла тосту уларыйан хаалбыта. Мэлдьи бүтэһигин көрсүбүт күөх хонууларыгар баран олорон тахсара. Күһүн үөрэҕин салҕаан,  биэс сыл үөрэнэн быраас акушер идэтин ылбыта. Уонна куорат роддомугар үлэлии киирэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлээн кэллэ. Уол, эр киһи бөҕө билсэ сатыыллара да кими да чугаһаппатаҕа, билигин да чугаһаппат. Хата эдьиийиттэн уол оҕо ииттэ ылбыта быйыл оскуолаҕа киирбитэ. Сенятын улаатыннарбыт араамалаах хаартыскатын олоҕун доҕорун курдук истиэнэтигэр ыйаан туруорар. Бу олорон арай түүл диэҕин илэ, илэ диэҕин түүл диэбит курдук турукка киирэн хаалла. Арай көрбүтэ, иннигэр Сенята формалаах туран саҥаран барда. «Галя, эн миигин тоҕо күн аайы саныыгын, ахтаҕын, ытыыгын? Мин ол иһин бу Орто дойдуттан үөһээ дойдуга кыайан барбакка моруу буола сылдьабын. Көрдөһөбүн, миигин умун! Олоххун уларыт!» — диэт, салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалла. Сонно тута диваҥҥа олорон уһуктан кэллэ, олус соһуйда. Ону кытта аанын звонога тыаһаата. Ааны арыйбыта, дьүөгэтэ Нина кэлэн турар эбит.Иккиэн куукунаҕа олорон чэйдээтилэр. -Дьэ, Галя, уоппускаҕа олорор киһи сэргэхсийэ таарыйа субуотаҕа култуура киинигэр билсиһии киэһэтэ буолар, онно барыахха, биһигиттэн Таня барсыах буолла. Баҕар олоҕуҥ аҥаарын көрсүөҥ, чэ, сөбүлэс, — диэн баран, ээх-суох диэн икки ардыгар бараары ааҥҥа дьулуруйда, покалаһан тахсан барда. Галя эргиллэн Сенятын хаартыскатын көрдө, киһитэ сөбүлэс диэбиттии истиҥник көрбүт курдук буолла. Дьүөгэтэ бараатын кытта уола Айтал кэллэ. Иккиэн истиҥник кэпсэтэ олорон аһаатылар. Арай уола эмискэ маннык саҥаран ийэтин олус соһутта: «Маама, оҕолор бары паапалаахтар, миигин паапаҥ суох диэн күлэллэр». Инньэ диэт, уола хоһугар киирэн хаалла. Галя соһуйан остуолугар соҕотоҕун олорон хаалла. «Галя, мин эйигин таптыырбын бу социальнай ситим нөҥүө өссө төгүл билинэбин. Бэҕэһээ эйигин үлэҕиттэн дьиэҕэр аҕалан баран тапталга билиммиппэр, тоҕо саҥарбакка тахсан баран хааллын?Ол аата таптаабат буоллаҕыҥ дуу? Икки ый анараа өттүгэр суорумньу киэһэтигэр эйигинниин билсиэхпиттэн, таптал уотугар умайан эйигин эрэ саныыбын. Онон эйигин сарсын эрэстэрээҥҥэ ыҥырабын. Сөбүлэспэтэххинэ, хайыахпыный? Уонна эйигин мэһэйдиэм суоҕа,» — диэн тыллардаах суругу Галя Виталийыттан тутта. Өтөр буолбата, «Сөбүлэһэбин» диэн кылгас сурук ыытта. Ол курдук,  Галина саҥа билсибит тапталын Виталийы сүрэҕэр олус чугастык ылыммытын, кинитэ суох олох олорор кыаҕа суоҕун өйдөөн, мичээр суһумун уотугар умайа олордо… Виктор Васильев,  «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн. Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан