Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос: Түүн хотоҥҥо

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос: Түүн хотоҥҥо

K
edersaas.ru Категорията суох
24.05.2018 20:00
Бу түбэлтэ 1976 сыллаахха Саҥа дьыл бырааһынньыгын чугаһыгар буолбута. Үөрэххэ кыайан киирбэккэ дойдубар төннөн кэлэн баран, фермаҕа хачыгаар-харабылынан үлэлии киирбитим. Мин көрүөхтээх икки фермам хотоно, аныгылыы буруус дьиэнэн тутуллубут, үлэлииргэ-сынньанарга олус табыгастаах, толору механизированнай тутуулар, бөһүөлэктэн бэрт чугас бааллар. Манна Элгээйи сопхуос Күндэйэтээҕи отделениетын аатырбыт, 3000-лаах кирбиини лаппа ааспыт ыанньыксыттара үлэлииллэрэ. Уһун көрүдүөр устун икки хотоҥҥо киирэ-тахса сылдьыллара. Кыһыл муннукка тэлэбиисэр, теннис остуола бааллара. Күн өрүү-өрүү солбуйсан дьуһуурстубалыыбыт. Биир оннук үлэм күнүгэр, киэһэ 9 ч. ааһыыта, ыанньыксыттар бары бүтэн дьиэлэригэр тарҕаспыттарын кэннэ, икки хотону барытын кэрийэ сылдьан ааннарын хататалаатым, ынахтар бааллан турар быаларын көрүтэлээтим уонна хотоннорум уоттарын саба баттаан кэбистим. Бэйэм кыһыл муннукка киирэн тэлэбиисэргэ хоккей көрө сыттым. Оччолорго тэлэбиисэр саҥа тэнийэн эрэр буолан, «хаар-самыыр» бөҕө быыһынан бэрт мөлтөхтүк көстөрө. Петров, Харламов, Михайлов үгэннээн, аатыран-суолуран оонньуур кэмнэрэ быһыылааҕа. Олорбутум биир чаас кэриҥэ буолбутун кэннэ, «Хомсомуол» диэн аатырар хотоҥҥо солуур охтор тыаһа таҥкынаата. Рубильнигы холбоон баран ыстанан тахсан көрбүтүм, биир хомуолай маҥаас ынах быата сөллөн кэлэн сарсыарда сиэтиллиэхтээх оту сии турар эбит. Туох да иҥэ-дьаҥа суох көрсүө ынах буоларын уруккуттан билэбин. Онон бааллан турбут сириттэн быатын аҕалан ынаҕым моонньугар сөрүү баайан баран турбут сиригэр хааллардым уонна рубильникпын арааран тэлэбиисэрбин салгыы көрө олордум. 20-чэ мүнүүтэ буолан баран, «ынаҕым тотто ини, аны, оту барытын сиэҕэ» диэн хотоммор таҕыстым. Ынаҕым суох эбит. Чугаһынан ханна да баара көстүбэт. Бааллар миэстэтигэр тиийэн көрбүтүм, ынаҕым онно кэлэн эйэ дэмнээхтик кэбинэ сытар. «Бу барахсаны, аһаан тотон баран миэстэтигэр кэлэн сытынан кэбиспит дии» диэн быатын баайаары уунаҥнаан иһэн, ынаҕым хайыы-үйэ баалла сытарын көрөн кутум ыстана сыста. Олус эрэллээхтик туомтуу тардан баайыллыбыт. Мин оннук сатаан баайбаппын. Көнө биэрэн, чочумча иһиллээн турбахтаатым. «Ким эрэ баар эбит» диэн хараҕым ыларын тухары хотон устатын тухары көрө сатаатым. Киһи баара биллибэт. Тымныы көлөһүн бычыгыраата, сүрэҕим кылгас кэмҥэ күүскэ-күүскэ тэбитэлээн ылла. Онтон өй ылан, «ким эрэ киирдэҕэ» диэн хотонум ааннарын барыларын кэрийэ сүүрэ сылдьан көрдүм. Бары хатанан туралларын көрөн, уолуйуум өссө улаатта. Дьиэм, хотонум уотун биирин да ордорбокко уматалаан кэбистим, тэлэбиисэрим саҥатын улаатыннардым. Ити курдук сарсыардааҥҥа диэри харахпын кыратык да симэ түспэккэ олорон хоннум. Сарсыарданан эрдийэн, хотоммун кэрийэн көрдүм, хас да иһит көөнньөрбөнү паарынан үрдэрэн бэлэмнээтим. Санаабын күһүрдээри улахан баҕайытык айдаара, ынахтары кытта кэпсэтэ сырыттым. Ол сылдьарбын ойоҕоһуттан атын ким эрэ көрбүтэ буоллар «бу уол туох буолбутай, төбөтүнэн бырахтарар дуу?» диэ эбитэ буолуо. Сарсыарда 6 чааска бастакы ыанньыксыт тиийэн кэллэ. Ыанньыксыттарга көмөлөһө сылдьан, сэмээр ол туһунан кэпсээбиппэр, «ээ, утуйа сылдьан бэйэҥ баайбытыҥ буолуо, өссө туомтуу баайбыт буола-буола! Хаһан оннук баайа үөрэммиккиний?» диэн күлүү-элэк курдук аһаран
кэбиспиттэрэ. Ол курдук, ынаҕы ким баайбыта биллибэккэ хаалбыта. Ынах дэлэ да муҥҥа оннугар төттөрү барыа суохтаах этэ. Ситэри кэпсээтэххэ, бу хотоннору икки улахан, былыргы киһи уҥуохтаах булгунньах үрдүгэр буору кутан баран туппуттара. Владислав Иванов, Сунтаар, Күндэйэ. “ВКонтакте” сайт “Сахалыы кэпсээннэр, номохтор” бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан