Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хараҥа хос: Анараа дойду
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хараҥа хос: Анараа дойду
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.05.2018 20:00
Балыыһаҕа реанимацияҕа үлэлиир медсиэстэрэ Маша олус дьикти түбэлтэни кэпсээн турардаах. Ол курдук биир киэһэ балыыһаларыгар үлтү кырбаммыт эдэр киһини киллэрбиттэр. Үрүҥ халааттаах аанньаллар саҥардыы олоҕу олорон эрэр эдэркээн уолга туох баарынан үрүҥ тыынын быыһаары сүүрбүттэр-көппүттэр. Эдэр дьон сотору-сотору араастаан кырбанан балыыһаҕа киирэллэриттэн Маша санааргыыр этэ. “Дьон бэйэ-бэйэлэрин төбөлөрүн бүттэтэ суох сынньан, дьиикэйдик кырбыыр буолбуттар” – диэн харааста кэпсиирэ. Манна үлэлии киириэҕиттэн араас дьылҕалаах дьону көрбүтэ. Ол эрээри бу курдук дьикти түбэлтэҕэ түбэһэ илигэ үһү. Саҥата суох ону-маны санаан уол аттыгар олорбут. Барахсан туох өйдөөх-санаалаах, хайдах улаатан, туох дьоҥҥо түбэһэн бу буолан сытаахтыыра буолла дии саныы-саныы кыһана-мүһэнэ сырыттаҕына уол туруга мөлтөөн барбыт. Маша суһаллык быраастары ыҥыран уол сүрэҕин хачайдыы сатаабыттар. Маша: «Дьоҥҥор төнүн, эн эдэргин кэл», – диэн үрүт-үөһэ ыҥыра олорбут. Хата, соһуйуон иһин, уол сүрэҕэ эмискэ үлэлээн барбыт. Бу түгэн кэнниттэн Ганя бэттэх кэлэн үтүөрэргэ барбыт. Биир күн Машаҕа олус дьиибэ түбэлтэни кэпсээбит. Били өлөр-тиллэр күнүгэр хабыс-хараҥаттан киһи хараҕа саатар сып-сырдык сиргэ тиийбит. Туман быыһынан хааман иһэн күлүктэр барыгылдьыһан туралларын көрбүт. Хата, дьону көрүстэҕим диэн үөрэ санаабыт. Аттыларыгар кэлбитэ барыта билбэт дьоно тураллар эбит. Онтон кинилэр быыстарыттан эбэтэ тахсан кэлбит: «Тоойуом, тоҕо эрдэ кэллиҥ, мин эйигин кэлиэ дии санаабатаҕым. Чэ, кэлбит буоллаххына барыахха. Манна билэр дьоммут элбэхтэр», – диэн баран сиэнин илиититтэн сиэтэн, иннин диэки дьулурутан илдьэн испит. Арай уол көрбүтэ кырдьык да урут өлбүт билэр дьоно, бэл, оһолго суорума суолламмыт табаарыһын аҕата сылдьаллар эбит. Ганя хайдах маннык баҕайыный, ханна кэлэн хааллым диэн санаан эрдэҕинэ, ханна эрэ ким эрэ кинини ыҥырар саҥата иһиллибит. Эбэтэ ол саҥаҕа олох да наадыйбат, истибэт курдук эбит. Арай ол саҥаттан Ганя тоҕо эрэ долгуйа быһыытыйбыт. Ийэтин, бииргэ төрөөбүттэрин санаан, аны төннүбэт сирбэр кэллэҕим диэн ыксаабыт. Ону сэрэйбиттии эбэтэ: «Тоойуом, онно саҥа кэлбит дьон аньыыларын-хараларын көрөллөр, барыахха. Эн олус эрдэ кэлбиккин. Туох дииллэрэ буолла, баҕар, төттөрү ыытыахтара», – диэбит. Ганя уочарата кэлбитигэр испииһэккэ аатын өр да өр көрдөөбүттэр да булбатахтар уонна «алҕас кэлбит төттөрү ыытыаххайыҥ, туох да аньыыта-харата суох оҕо, кинини өлөрдүү кырбаан манна тиэрдибит дьон накаастаныахтара» диэн буолбут. Эбэтэ үөрэн мичилийбит, сиэнин сүүһүттэн сыллаан ылбыт уонна үчүгэйдик сылдьабын, этэҥҥэ олоруҥ дии хаалбыт. Ганя кинини ким эрэ ыҥырарын эмиэ истибит, онтон сып-сырдык туман иһигэр киирэн төттөрү барбыт, ол аата иккистээн төрөөбүт курдук… «Онон, анараа дойду диэн баар быһыылаах» диэн Маша дьикти кэпсээнин түмүктээбитэ. «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан