Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сылгы көрдүү сылдьан (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сылгы көрдүү сылдьан (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.04.2018 20:00
Бу быстах кэпсээн мин олохпор буолан ааспыта. Биир күһүн өрүс мууһа тоҥмутун кэнниттэн, биир атыырбыт сүтэн хаалла, күһүн хараҕа көстүбэтэ. Онон хонуктаан көрдөөрү хомунан икки буолан тыаҕа таҕыстыбыт, көрдүүр сирбит барыта үрэх баһа дойду, тахсан базаҕа хонон баран иккиэн икки аҥыы бардыбын сэрэххэ диэн ыһык астаах сылдьабыт. Мин бу дойдуга сылдьыбатах буоламмын,чугас үрэхтэринэн хаамтара бардым. https://edersaas.ru Күн ортото быһылааҕа, биир атыыр үөрүн суолун быстым, төһө да билбэтэрбин батыһан көрөргө сананан аппын олороххо киллэрэн батыстым. Төһө өр барбытым буолла, атын суол суох, сылгы хаһыыта хойунна, ханна эрэ чугас сылгы баара билиннэ. Балай да баран иһэн үрэх үрдүгэр үүтээн турарыгар кэтиллэ биэрдим. Аллараа үрэх дьүөдэтин аттыгар сылгылар сылдьалларын көрдүм. Аргыый аппыттан түһэн, аппын сиэтэн сылгыларбар тиийбитим бэйэм атыырым турар эбит! Үөрдүм аҕай аны төннүөхпүн хараҥаран барда. Сылгыларым бары баалларын көрөн баран үүтээҥҥэ таҕыстым. Аппын тииккэ баайан баран иһирдьэ киирдим. Дьиэ дьиэ курдук, хаарбах да буоллар тимир оһохтоох, кыракый остуол, биир лээппирэ олоппос баар эбит. Иһит чааһа — хара чаанньык ыйаанан турар. Чэ уонна туох да суох, оһох аттыгар аҕыйах хардаҕас сытар, таһардьа тахсан чугас эргин эргэ саһаан быыһыттан хардаҕыс көтөҕөн киллэрэн оһох отуннум. Соҕотох түннүктээх кыракый үүтээн киһи кэлбитигэр үөрбүт курдук сырдаата, чүмэчибин булан уматтым уонна үрэххэ киирэн муус таһааран чаанньыкка уган оргута уурдум. Ол быыһыгар тахсан аппын ыҥыырын устан киллэрдим, аппын өтүүннэн атаҕын баайан, ырааһыйа сиргэ аһата ыыттым. Үүтээҥҥэ киирбитим быр курдук сылыйбыт, тас таҥаспын устан утуйарга бэлэмнээн тэлгээтим уонна оһохпор бөдөҥ мас быраҕан,көрдөһөн, оһохпун аһаттым бэйэм да аччыктаан аһаатым, таһардьа ыйдаҥарда кыракый түннүкпүнэн ый тыгар. Утуйа сытан түһээтэхпинэ, арай кырдьаҕас баҕайы оҕонньор кэллэ уонна этэр: «Ити мин муннаран аҕаллым, бу урут бултуур үрэхпэр киирбиккин манна аҕаллым. Кутаныма мин кимиэхэ да куҕаҕаны оҥорботох оҕонньорбун, миигин ким даҕаны дьаһайбатаҕа. Урут син биирдиилээн дьон кэлэн бараллара даҕаны, бу хаһыс да сылын ким даҕаны биллибэтэҕэ. Ити аккын баайбыт маһыҥ мин уҥуоҕум маһа ээ. Чэ, туох буолуой, айаннан сылайбыт ат аһаатын. Сарсыарда туран маста бэлэмнээн дьиэни хомуйа түһээр уонна бараар. Атыыр даҕаны бараары бэлэм сылдьар, дойдутун ахтыбыт, суолгар киллэр да бэйэтэ барыа», — диэн баран тахсан барда. Мин сарсыарда туран уолбар төлөпүөннээн эттим: «Сылгыны буллум, дьиэлээтим», — диэн эттим уонна айаҥҥа туруннум. Оҕонньор эппитин курдук доҋдубун хараҥарыыта буллум, атыырбын күрүөҕэ аҕалан хаайан баран дьиэбэр кэллим. Дьэ, ити курдук дьикти үүтээҥҥэ хонон турардаахпын. Кэнники истибитим соҕотох булчут оҕонньор олорон ааспыт үүтээнэ үһү. Абыычай. «ВКонтакте» сайт «Иччилээх кэпсээннэр» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан