Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос. Күүтүллүбэтэх ыалдьыт.

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос. Күүтүллүбэтэх ыалдьыт.

K
edersaas.ru Категорията суох
18.04.2018 16:32
Эрдэ абааһы диэни итэҕэйбэт этим. Баар да буоллаҕына көстөр эрэ дьонугар биллэн ааһара буолуо дии саныырым. Абааһыны көрдүбүт дэһэр дьоҥҥо салгын оонньообута, хараххыт иирбитэ буолуо – диэн күлэн эрэ кэбиһэрим. Оттон бу соторутааҕыта буолбут түбэлтэ кэнниттэн, абааһы туһунан санаам тосту уларыйбыта. Саас сааһынан кэпсээтэххэ маннык. Дьокуускай кытыытыгар үс сыллааҕыта сир атыыласпыппыт. Ийэм: “Атын сиргэ көрдөөҥ. Итиннэ кутум-сүрүм тохообот” – диэн этэ сатаабытын ылымматахпыт. Атыылаһаат даҕаны чугатааҕы улуустан мас тиэйтэрэн, аймахтарбын кытары улахан дьиэни ыйтан ордук кэм иһигэр тутан, көһөн киирбиппит. Маҥнайгы күннэргэ кыыспыт Катя (16 саастаах) түүн киһи хаамар диэн кэпсиир идэлэммитэ. Кэлин төрүт даҕаны саҥатыттан матан, бэйэтигэр бүгэн баран сылдьар буолбута. Түүнүн дэлби баттатан сүгүн утуйбата. Кэргэммин кытары киэһэ хойукка дылы үлэлиир буоламмыт, быыс-арыт булан болҕомтоҕо да ылбатахпыт. “Оскуолаҕа үөрэнэ олорон паартаҕа утуйар идэлэннэ, үөрэҕэр кыһаллыбат буолла” диэн учуутала хаста даҕаны үҥсэн турардааҕа. Ийэтэ балыыһаҕа илдьэн көрдөрбүтүн быраастар: «Оҕолор улаатар кэмнэригэр майгылара-сигилилэрэ уларыйар, сотору ааһыаҕа» — диэн быһаарбыттара. Дьоммутугар кэпсээбиппитигэр, ийэм тугу эрэ сэрэйбит курдук: “Дэриэбинэҕэ көһөрөн, маннааҕы оскуолаҕа үөрэттэриҥ!” – диэн мас-таас курдук эппитин, кэргэммин кытары сүбэлэһэн баран толорорго күһэллибиппит. Кыыспыт көһөн барбыта номнуо ый ааһа охсубута. Катя дэриэбинэҕэ көһүөҕүттэн оннугар түспүт этэ. Ону-маны ыйыталастахпытына “Ээ, суох. Көннөрү куораттан сылайар этим” – диирэ. Кыыспыт этэҥҥэ сылдьарыттан үөрэрбит эрэ. Арай биирдэ, түүн ортото утуйа сыттахпытына, кыыспыт хоһугар орон соһор тыас иһилиннэ. Маҥнай кэргэним түүннэри тугу тыаһаттаҕай дии санаатым. Сотору буолаат аттыбар кэргэним мөхсүбүтүгэр, дьэ, дьиҥнээхтик уһукта биэрдим. Олус дьиктиргээтим даҕаны, сыыһа истибитим буолуо диэн уоскуйдум. Саҥардыы нухарыйыах курдук буолан истэхпинэ, аны куукнаҕа ыарахан-ыараханнык үктэнэн хаамар тыас иһилиннэ. Бу сырыыга сонно уһукта биэрдим. Хаамар тыас сол курдук сүппэтэ. “Эс, хайдах баҕайыный, ким эрэ киирдэҕэ дуу” диэн санаан туруох курдук буолан эрдэхпинэ эмискэ кэргэним түүлүгэр баттатан саҥаран, мөхсөн, хаһыытаан барда. Уһугуннара сатаатым даҕаны да, уһуктан да бэрт. Туран уоту холбоору истиэнэни харбыалаһа сырыттахпына доҕоор, эмискэ тыбыс-тымныы илиини таарыйан ыллым… Соһуйан хаһыытаабыппын билбэккэ хааллым. Уоппун холбооппун кытары кэргэним уһуктан кэллэ. Кутталыттан ытыы-ытыы: “Кыыспыт хоһуттан киһи хааман кэлэн хабарҕабар түстэ. Эн уһугуннара сатаабыккын барытын көрө сыппытым. Ол эрээри, түүлбүттэн кыайан тахсыбатаҕым. Онтон эйигин кэннигиттэн кууһаары гыммытыгар, сарылааҥҥын симэлийэн хаалла” диэн кэпсээтэ. Төһө даҕаны абааһы диэни итэҕэйбэтэрбин да, бу сырыыга салыбырас буолуохпар диэри куттанным. Туохха түбэспиппин хат-хат ырыҥалаан көрдүм. Кэргэммин куттаамаары сылайан баттаппытыҥ буолуо диэн уоскута сатаатым. Манна табыллыа суохпут диэн, быстах кэмҥэ доҕотторбутугар көстүбүт. Сайын мин дойдубар, кыыспытыгар, бардыбыт. Дьонум кэпсээммитин истэн баран: “Былыр хайа эрэ сордоох көмүллүбүтэ буолуо. Уҥуоҕун үрдүгэр дьиэ туттубуккутун сөбүлээбэтэх” диэн быһаарбыттара. Дьонум сүбэлэринэн дьиэни көтүрэн баран, мастарын уматан
кэбиспиппит. Сирин чэпчэки сыанаҕа атыылаабыппыт. Ол сир билигин даҕаны кураанах турар. Аттынан ааһан истэхпинэ ким эрэ батыһа көрөр курдук. Орто дойдуга, чахчы туох эрэ биллибэт күүс баар эбит диэн онно эрэ итэҕэйбитим… Кистэлэҥ аат
edersaas.ru сайтан