Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иччитэх балаҕаҥҥа буолбут түбэлтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иччитэх балаҕаҥҥа буолбут түбэлтэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.04.2018 18:35
Бу дьикти түбэлтэ 1948 с. Муома оройуонун Орто Дойду нэһилиэгэр буолбута. Оскуола дириэктэрэ уоппускатын кэмигэр соҕуруу сынньана барбытыгар мин солбуйан хаалбытым. Сүрүн үлэтэ оскуола оһохторун, интэринээт килиэп астыыр оһоҕун өрөмүөннээһин этэ. Остуораспыт Кардашевскайдыын 2000 кирпииччэ үктээбиппит. Оройуоммут кииниттэн Пааль диэн оһохчут киһини булан таһааран оһохторбутун өрөмүөннэппиппит. Интэринээппит килиэп астыыр оһоҕун букатын саҥалыы оҥорторбуппут. Өрөмүөнү саҥа үөрэх дьылын көрсө бүтэрэн, сүргэбит көтөҕүллэн сырыттахпытына, эмискэ саҥа учуутал тиийэн кэлбитэ. «РОНО сэбиэдиссэйэ, дьыалаҕын бу киһиэхэ түргэнник туттаран үөрэх саҕаланыытын баттаһа Хонууга киирэ сатаа», – диэн суруйбут этэ. Сулумах киһи туохпун хомунуохпунуй? Сүрүнэ – оскуолам, интэринээтим үпкэ-харчыга сыһыаннаах докумуоннарын, үөрэнээччилэр таҥастарын саҥа киһиэхэ туттарыы. Нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаатын кытыннаран ити үлэбитин күн ортотун саҕана бүтэрбиппит. Мин, сир ыла түһээри, ити күн суолбар туруммутум. Аартык пиэрмэтигэр бүгүн тиийэн хоннохпуна, сарсын холкутук айаннаан, Үрүйэ Төрдүн булуохтааҕым. «Туругурдуу» холкуос бэрэссэдээтэлэ Киргил диэн бэртээхэй аты биэрбит этэ. Сэргэх баҕайытык туттар. Соноҕоһум миигиттэн соруйтарыы көрдөөбөккө, хоротуулаах баҕайытык хааман лабыйыктанар. Аартык пиэрмэтигэр чугаһаатым. Пиэрмэҕэ киэһэ аһылыктарын баттаһа тиийдим. Уубун хана утуйдум, аппын тото аһаттым. Сарсын сөпкө туран, холкутук айаннаан, үрэх уута хаайбатаҕына, Үрүйэ Төрдүгэр тиийэн бэрэбиэсчиккэ тиийэр аргыс көрдөһүөм диэн үөрэ истим. Борук-сорук буолуутугар пиэрмэттэн чугас соҕус иччитэх балаҕаҥҥа тиийэн кэлбиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Эмискэ өйдөөн көрбүтүм: балаҕан түннүктэрэ сандааран чаҕылыһа тураллар. Оһох турбатыттан кыым саҕа уот төлөнө өрө күүдэпчилэнэр. Мин бу суолунан кыһын да, сайын да хаста да сылдьыбытым. Ол сылдьан өтөҕү дьон олорботоҕо ырааппыт буолан иччитэхсийбит, кута-сүрэ тостубут курдук көрөрүм. Дьон олорбот, өтөхсүйбүт сирин көрөр олус хобдох, курус буолар ээ. Ол иһин дьон олоро кэлбитин көрөн, олус үөрдүм. «Бээрэ, кимнээх кэлбиттэрин билэн барыыһыбын…» диэн аппын салайа тардан тэлгэһэ күрүөтүгэр астардым. Арай тэҥииммин сиэрдийэҕэ баайа туран көрдөхпүнэ, ыал көһөн кэлбит чинчитэ биллибэт. Тэлгэһэ иһигэр туох да тыытыллыбатахха дылы. Киһи-сүөһү сылдьыбыт, киирбит-тахсыбыт сибикитэ ханан да көстүбэт. Саҥа-иҥэ, күө-дьаа кэпсэтии да иһиллибэт. Тэлгэһэ иһин суолун-ииһин бүөлүү үүммүт, куурбут-хаппыт сэрбэйбит эрбэһин ханан да таарыллыбакка чөллөй турар. Тыынар тыыннаах сылдьан биир хороҥ оту тосту үктээбитэ көстүбэт. Ону көрөн, хайдах эрэ дьиксинэ санаатым. Күрүөйэх хаайыылаахтар эбитэ буоллар, суол кытыытыгар маннык уот оттон күндээрдибэттэрэ чахчы. Арай пиэрмэттэн хайалара эрэ кустуу сылдьан, ууга түһэн таҥаһын куурдуна киирбит буолуон сөп. Оттон атын туох эрэ куһаҕан эбитэ буоллар, атым билэн тыбыырыах, мөхсүөх этэ дии санаатым. Тугу уһуну-киэҥи ырыҥалыы туруохпунуй, сулбу хааман тиийэн балаҕан аанын тэлэйэ баттаатым. Иһирдьэ көтөн түспүтүм, бороҥ ырбаахылаах аҕамсыйан эрэр дьахтар оттуллубут уот иннигэр турар. Мин дорооболоһоот: «Хайа, бу кимнээххитий? Хаһан көһөн кэллигит?», – диэн ыйыталаһан субуруттум. Кичэллээх баҕайытык моччооруччу сыбаммыт буор оһох кураанах хардаҕастарынан
оттуллубут, үөрэ-көтө бачыгыраччы умайа турар. Оһох буора көҥүрүттэн түһүтэлээбит сирэ инчэҕэй буорунан толору симиллэн абырахтаммыта куура илик буолан, харааран көстөр. Оттон үрүмэлии чараастык ньалҕаарыччы сыбаммыт өттө туртайа куурбут. Балаҕан иһин эргиччи көрбүтүм, таһырдьаттан тугу да киллэрбэтэх курдуктар. Таҥас-сап, иһит-хомуос көстүбэт. Өтөр-наар киһи киирэ сылдьыбыт чинчитэ да биллибэт. – Хайа, бу дьиэҕит тоҕо кураанаҕай? Тоҕо туох да суоҕуй? – диэн соһуйбуттуу ыйыттым. – Көһөн кэлэ иликпит ээ. Дьонум малларын-салларын тиэнэн, сүөһүлэрин үүрэн бу сотору кэлиэхтээхтэр. «Дьиэҕин-уоккун өрө тарда тур» диэн, миигин эрдэ ыыппыттара. Ону баара, оһохпун субу эрэ сыбаан саҥа бүтэрдим, – диэтэ дьахтарым буруйдаммыттыы. Онно болҕойон көрбүтүм, ис киирбэх сэбэрэлээх, намыыннык көрбүт номоҕон көрүҥнээх, сааһын үтүөтүн бараан, аҕамсыйан эрэр дьахтар эбит. Кинини аһаҕастык чинчийэ көрбүппүттэн симиттибит курдук буолла. Онтун аралдьытаары, бадараан биһиллибит илиилэринэн ырбаахытын тэбэннэ. – Доҕоор, табахтаах буолаайаҕын? Баар буоллаҕына, бэрсибэккин ээ… Мин тиэтэйэммин саппыйабын умнан кэбиспиппин, – диэтэ уонна умналаабытыттан кыбыстыбытын аһарына сатаан мичээрдээтэ. Мин синиэлим сиэбиттэн суолга тардыам диэн уктубут биир хаа мохуоркабын таһаардым. Онтубун оһох иннигэр туора тардыллыбыт түөрт муннуктаах остуолга уурдум. Сиэпкэ уктарга табыгастаах гына хаартылыы сууламмыт хаһыаппыттан быһа тардан ылан, иккиэн уурунан табахтаатыбыт. Ол туран дьахтарым сыыс-бөх буолбут сыҥаһа ороннору, буор муостаны тэһийбэтэхтик көрүтэлиирин иһин, мин, айаннаан иһэр киһи, тугу уһаан-кэҥээн кэпсэтэн лабаҥхалаһыахпыный, барарга быһаарынным. – Чэ, санааҕыт хоту этэҥҥэ кыстааҥ! – диэн баран, тахсан бардым. Атым үрдүгэр олоро биэрээт, сиэллэрэ-хаамтара сулбуруччу айаннатан пиэрмэ ыаллара дьукаахтаһан олорор улахан балаҕаннарыгар тиийдим. Дьиэҕэ киирбитим, ыанньыксыттар киэһээҥҥи ыамнарын саҥардыы бүтэрэн, дьиэлэригэр киирэн, астарын бэрийэ, оҕолорун көрө-истэ сылдьаллар эбит. Хаҥхайбыт кэтит көмүлүөк оһохторун нэлэһийбит холумтанын тас өттүгэр чаанньыктарын тардан баран хас да күөһү буһара уурбут этилэр. Күннээҕи үгүс түбүктээх үлэлэрин сөпкө бүтэрбит пиэрмэ дьоно күө-дьаа кэпсэтиилэрин намыратан, миигиттэн, тастан киирбит сонун киһиттэн, арааһы сураһан бардылар. Иччитэхсийбит өтөххө саҥа ыал көһөн кэлбитин улаханнык соһуйа-өмүрэ иһиттилэр. – Эн, арааһа, биһигини албынныыгын быһыылаах, – диэн, аны бэйэбэр баайсан турдулар. – Итинтэн чугас олорор балаҕаннаах дьон киириэхтэрин сөп этэ да, бөһүөлэккэ дьиэ туттан көспүттэрэ ыраатта. Оттон холкуоска үлэлээбэккэ эрэ итиччэ ыраах хайа ыал кыстыы тахсыай, – диэн быһаардылар. Мин көстөн турар кырдьыкпын балыйтаран кэбиһээри ыксаатым. «Итэҕэйбэт буоллаххытына, миигин кытта өтөххө барсыҥ. Күөс буһуута төннөн кэлиэхпит», – диэтим. Абата бэрт. Уолаттар ах бардылар, дьоннорун диэки ыйытардыы эргиччи көрүтэлээтилэр. «Барсыҥ» диир киһи суох буолла. Сүрэҕэлдьээн дуу, иччитэх өтөхтөн саллан дуу аккаастаннылар. Мин кырдьыкпын хайдах да гынан дакаастыыр кыаҕым суох буолла, сымыйаччы аатыран эрэрбиттэн, дьэ, эбии ыксаатым. – Мөккүһэргитигэр өрөһөлөөн түһэн сүрдээх этигит дии. Ама, тылгытыттан аккаастанныгыт дуо? – диэн ыххайан, кыыһыран турдум. Маннык эрэ
буолуо диэн сэрэйбэтэх уолаттар ньим бардылар. Онуоха биһиги кэпсэтиибитигэр хара ааныттан кыттыспакка олорор кырдьаҕас киһи: «Кэбиһиҥ, бачча киэһэрбитин кэннэ эмиэ тоҕо бардаххытый? Ону хайаары гынаҕыт? Көһөн кэлбит буоллахтарына, сотору манна да үктэнэ сылдьыахтара. Хата, ат сойдоҕо буолуо. Бэйэҕит аттаргытын кытта биир хааччахха киллэрэн, ыытан кэбиһиҥ», – диэн уолаттары соруйда. Уолаттар иһиттибит эрэ, истибэтибит эрэ диэбиттии, түргэн үлүгэрдик тахсан бардылар. Ити түүн бэркэ хонон турбутум. Сарсыныгар туох да быһылаана суох айаннаан Үрүйэ Төрдүн этэҥҥэ булбутум. Кэнники хаста да сураһа сылдьыбытым, «өтөхсүйбүт балаҕаҥҥа ким да олохсуйа кэлбэтэҕэ, уруккутун курдук иччитэх турар» диэбиттэрэ. Онон күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри кими кытта кэпсэтэн, табахтаан ааспыппын билбэппин. Дьэ, дьикти… Константин ОХЛОПКОВ. «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан