Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥа хос. Киирсэбэй саппыкылаах киһи.

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥа хос. Киирсэбэй саппыкылаах киһи.

K
edersaas.ru Категорията суох
14.04.2018 17:23
Бу өтөрдөөҕүтэ буолбут түбэлтэни эһэм кэпсээбитэ. Аҕа дойду улуу сэриитин кыайыытын өрөгөйө уҕараабытын, колхуостар атахтарыгар саҥардыы турар кэмнэрэ үһү. Оччолорго аччыктааһын, хоргуйуу кэмигэр ыал ыалынан эстэн, алаас аайы кураанах өтөхтөр эрэ хаалыталаабыттар. Эһэм бииргэ төрөөбүт убайын кытары оннук өтөхтөр истэрин көрөр, малларын чүүччэйэр идэлээхтэр эбит. Тоҕотун бэйэтэ даҕаны билбэт. Санаабытыгар көмүс көрдүүр этибит эрэ диэбитэ. Биирдэ күһүөрү от үлэтин кэмигэр дэлби ардахтаан, отторо инчэйэн, ардах өтөрүнэн тохтуо суох диэн ыраах үрэхтэн убайын кытары сатыы дьиэлииргэ быһаарыммыттар. Биригэдьиирдэрэ уонна хас даҕаны улахан дьон оттуур сирдэригэр баар үүтээҥҥэ хаалбыттар. Эһэм оччолорго 15-һин ааспыт уол, убайа Куолуска сүүрбэлээх. Дьиэлиир суолларын таһыгар халыҥ сис тыа баар. Ону курдары быһа бардахтарына, дьиэлэриттэн аҕыйах биэрэстэ тэйиччи сытар алааска тиийэллэр эбит. Бу суолунан эрдэ хаста даҕаны сылдьыбыттар. Онон биэс тарбахтарын курдук билэр саҕа сананаллар. Арай бу сырыыга хаһан даҕаны сылдьыбатах сирдэригэр тиийэн хаалбыттар. Күн аҥарыттан ордук кэм устата хаампыттар эрээри, тыалара бүтэн быстыбатах. Халлаан хараҥараары ыксаппыт. Ардахтан саһар сири көрдөөн атах балай хаампыттар. Суолларын олоччу сүтэрэн кэбиспиттэр. Оннук эрэйдэнэн баран истэхтэринэ, арай иннилэригэр кэҥэс соҕус ырааһыйа нэлэһийэн көстүбүт. Чугаһаан тиийэн көрбүттэрэ, ырааһыйа ортотугар ампаар охсуулаах дьиэ оройо сиртэн быган турара көстөр үһү. Эрдэ манна ким даҕаны олоро сылдьыбытын, өтөх баарын билбэттэрэ. Олус дьиктиргии санаабыттар эрээри, киирэн көрөргө быһаарыммыттар. Ыарахан ыйааһыннаах халҕан тутааҕын от быыһыттан булан (аана сиргэ сытар үһү), бэрт эрэйинэн арыйан иһирдьэ киирбиттэр. Балаҕаҥҥа ханан даҕаны сырдык киирэр түннүк-үөлэс суох, оҥкучах курдук тымныы салгыннаах эбит. Аан таһынааҕы көхөҕө саҥатык сону ыйаабыттар. Утары оттуллубатаҕа ырааппыт тимир оһох турар. Турбата балаҕан үрдүнэн буолбакка, ойоҕоһунан тахсар эбит. Аттытыгар кураанах мас бөҕөтө кыстанан сытар. Ардахтан хаххаланар сири булан, эдэр дьон санаалара көтөҕүллэн, оһохторун оттунар аакка түспүттэр. Оччолорго абааһыны, сибиэни төрүт итэҕэйбэттэрэ. Испиискэ уотугар балаҕан иһэ чуолкайдык көстүбүт. Дьиэ ортотугар хаптаһынынан оҥоһуллубут остуол турар. Ким эрэ билигин аҕай чэйдээн барбытын курдук остуол үрдүгэр быһаҕас уулаах курууска турар. Муостата олус ыраас. Үчүгэй дьиэни буллубут диэн күлүктэригэр имнэмсибиттэр. Утуйуохтарын иннинэ идэлэринэн ону-маны хаһан көрбүттэр. Кыараҕас дьиэ иһин тимир оһох түргэнник сылыппыт. Таҥастарын куурда ыйаат, орон оҥостон утуйардыы сыппыттар. Куолуска сытаат даҕаны мунна тыаһаабытынан барбыт. Эһэм уута кэлэн быстыбатах. Арай сарсыарда диэкинэн нухарыйан эрдэҕинэ муннутугар бэрт куһаҕан сытыйбыт ньиксик сыт биллибит. Түүлүн быыһыгар туох ааттаах сытыйдаҕай дии саныы сыттаҕына, убайа баттатан, мөхсөн киирэн барбыт. Саатар дьиэлэрин иһэ хабыс хараҥа эбит. Эһэм уһугуннараары убайын диэки илиитин ууммута доҕоор… ким эрэ тыбыс тымныы түүлээх көхсүн таарыйбыт. Олус куттанан, соһуйан хаһыытаабыт. Биллибэт күтүр бэрт куһаҕаннык тыына-тыына хараҥа муннук диэки сыыллар тыаһа иһиллибит. Дьолго убайа уһуктан кэлбит. Быраата
хаһытыырыттан ыксаан, чүмэчи булан уоту умаппыт, оһоҕу күөдьүтэн биэрбит. Эһэм арыый уоскуйан туох буолбутун кэпсээбит. Сырдыкка ытыстарын көрбүтэ, тарбахтарын быыстарыгар баттах курдук түү салаалара хаалбыттар. Убайа утуйа сытан түһээтэҕинэ оһох кэннинээҕи муннуктан уҥуох тирии буолбут киирсэбэй саппыкылаах киһи сыыллан тахсан хабархатыгар түспүт үһү. Ону кытары охсуһа сыттаҕына эһэм уһугуннарбыт. Кутталларыттан таһырдьа тахсыбыттара ардах тохтообут, халлаан сырдаабыт эбит. Үгүһү толкуйдуу барбакка дьиэлииргэ санаммыттар Дьиэлэригэр тиийэн кимиэхэ даҕаны кэпсээбэтэхтэр. Эһэм кэлин бу түбэлтэ туһунан, сэрииттэн куоппут дэсэртиир сордоох саспыт дьиэтэ буолуо, онно сытан хоргуйан, ыалдьан өлүгэ көмүллүбэккэ хааллаҕа диэн сабаҕалыыр. Баҕар эргэ өтөхтөрү хаһарбытын иһин таҥара соруйан ити дьиэҕэ муннаран илтэҕэ. Ити түбэлтэ кэнниттэн өтөхтөрү хаһарбытын тохтоппуппут диэн кэпсээнин түмүктээбитэ. Кистэлэҥ аат
edersaas.ru сайтан