Кэпсээ
Войти Регистрация

Сэрэбиэй (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Сэрэбиэй (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
06.04.2018 20:00
Ити билигин сорох дьон, ордук дьахталлар, араас көрбүөччүлэринэн, билгэhиттэринэн, сэрэбиэйдьиттэринэн үлүhүйэллэрин олус атыҥырыы көрөбүн. “Бырагыраамаланан хаалаллар” дии саныыбын. Мин былыр эмиэ сэрэбиэйдэтэ сылдьыбыттааҕым. 1984 с. аармыйаттан поеhынан айаннаан Нерюнгрига диэри кэлбиппит. Саха диэмбэллэрэ эшелоҥҥа хара баhааммыт. Вагоммутугар биhигиттэн атын киhи да суоҕун тэҥэ этэ. Баар да буоллахтарына, биhиги айдааммытын атыҥыраан атын сиргэ тэскилээтэхтэрэ буолуо. https://edersaas.ru > Арай, биир сааhырбыт, хара бараан, сыгаанныҥы дьүhүннээх нуучча киhитэ баара. Сирэйин-хараҕын, таҥаhын-сабын көрөн, тылын-өhүн истэн, биhиги сорох уолаттарбыт “хаайыыга олоро сылдьыбыт уголовник” диэн быhааран кэбиспиттэрэ. Киhибит тугу да саҥарбат, бүк түhэн олорон тугу эрэ толкуйдуур, күлүк курдук тыаhа суох барар-кэлэр. Олус сытыы, утары көрдөҕүнэ киhи хараҕын куоттарыан баҕарар уоттаах, хатааннаах харахтаах. Быhата, бэрт нүhэр, ыарахан киhи чинчилээх. Биhиги, Монголияттан иhэр саха диэмбэллэрэ, чаанньыкка уу оргутан баран биир хоруопка индийскэй чэй, сгущенка кутан “шаара” диэни оҥостон иhэбит. Онто суох сатаммаппыт. Быhата, төрөөбүт аспыт. Чэ, ону Монголияҕа сулууспалаабыт дьон билэр буолуохтаахтар. Ол аспытынан дьукаахпытын күндүлүү сатыыбыт да, киhибит күлэр эрэ, испэт. “Мин бэйэм туспа астаахпын” диир уонна кыра куруускаҕа хоп-хойуу гына чифирь оҥостон иhэр. Дьэ ол курдук аргыстаhан иhэн, син бодорустахпыт буолуо, киhибит хаартынан араас фокуhу көрдөрөр. Хаартыны тутара-хабара имигэhэ сүр, билигин санаатахха, идэтийбит хаартыhыт буолуон сөп эбит. Наhаа сөҕөн-махтайан, “өссө көрдөр эрэ” дии-дии тула көтө сылдьан сааҕынаhабыт. Биир түүн киhим ала-чуо миигин, аттыгар олорор киhини, “сэрэбиэйдиибин дуо?” диэн ыҥыран ылла. Вагоммут иhигэр уоппут барбах кылайар, хараҥа баҕайы этэ. Оччо тылланар киhи баарын кэннэ, таах олоруохтааҕар, сөбүлэстэҕим дии. Киhим хаартытын мэтэйдээн, тэлгэтэ-тэлгэтэ хомуйан, наардаан баран, миигин күүтэр олох туhунан тугу да үгүhү-элбэҕи эридьиэстии барбакка, “иккис уол сиэҥҥиттэн сэрэнээр, кинини кытта орто дойдуга бииргэ батан олорор миэстэҕит суох. Кини төрөөөтө да – эн өлөҕүн (“его рожденье – твоя погибель”)” диэн бэрт судургутук этэн кэбистэ. Наhаа холкутук, “килиэптэ атыылаhан киир” диэбиккэ дылы кэбэҕэстик дьылҕабын быhа этэн кэбиспитин билигин сөҕө саныыбын. Саатар хас оҕолонорбун, кими ойох ыларбын, туох үлэhит буоларбын да ыйыппакка хаалбытым. Оччолорго 20 эрэ саастаах киhи ити “төлкөлөөhүнү”, биллэн турар, букатын дьыалайдаабатаҕым, улахаҥҥа уурбатаҕым. Ол мин хаhан оҕолонон-урууланан эhэ буоларым диэн остуоруйа буоллаҕа. Биhиги сэрэбиэйдэhэн күлэ-сала олорорбутун көрөн, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарым эмиэ тула көтөн үөмэхтэстилэр. Сэрэбиэйдэтэ сатаатылар. Киhибит ону соччо сөбүлээбэтэ быhыылаах, “аны икки эрэ киhини сэрэбиэйдиибин” диэн эрдэттэн сэрэттэ. Бу кэннэ хаартытын сыымайдаан баран, Семен диэн уолбутун (араспаанньата Семенов диэнин иhин итинник ааттыыбыт) “олох олорорго өрүсүhүөххүн наада” эрэ диэн кэбистэ. Атын тугу да эппэтэҕэ. Оттон Илья диэн хоту улуустан сылдьар уолга (араспаанньата Ильин) “уу эрэ көстөр, акыйаан курдук элбэх уу” диэн төлкөлөөбүтэ… Ону биhиги “мотуруос буолууhугун”
диэн күлүү гыммыппытын өйдүүбүн. Онтон ыла отучча сыл ааста. Ол уолаттарым билигин суохтар. Семен, кырдьык, өрүhүспүттүү олох олорон, үс-түөрт сиринэн көhө сылдьан бэрт дьалхааннаахтык олорон, ол быыhыгар сууттанан, үстэ-хаста ойохтонон, элбэх оҕолонон баран 36 сааhыгар өлөөхтөөбүтэ. Оттон Илья аармыйаттан кэлбитэ аҕыйах сыл буолан баран, саас дойдутугар кустуу сылдьан ууга түhэн өлбүтүн субу былырыын эрэ билэн соhуйбутум. Дойдутугар кинини өйдүүр да киhи аҕыйах этэ. Оттон мин билигин 50 саастаах киhибин. Тыа улууhугар олоробун. Икки уоллааҕым, икки кыыстааҕым таhынан, 4 сиэннээхпин. Онтон үhэ – кыыс, биирэ – уол. Быйыл биир кыыhым сыбаайбалаабыта. Онон, ыал буолбут үс оҕобуттан хайалара баҕарар биир үтүө түгэҥҥэ мин дьылҕабын “быhааран” кэбиhиэхтэрин сөп. Иккис уол сиэн миигин “сиирин” туhунан оҕолорум хайалара да билбэттэр. Билэн да хайыахтарай, оҥоhуубут оччо буоллаҕа. Ону хайдах да бопсор-хаайсар кыах суох, күүтэбин эрэ. Николай МАКАРОВ, Хаҥалас.
edersaas.ru сайтан