Кэпсээ
Войти Регистрация

Үөр буолбатах, дьиҥнээх абааһы.

Главная / Кэпсээн арааһа / Үөр буолбатах, дьиҥнээх абааһы.

K
edersaas.ru Категорията суох
05.04.2018 21:00
Дорооболоруҥ. «Хараҥа хос» рубриканы сөбүлээн ааҕабын. Бэйэм кэпсээммин ыытабын. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Дьиэбит биһиги түөлбэҕэ өрүс үрдүгэр саамай кытыы турар. Сайын үгэнигэр киэһэлик дьиэм таһынааҕы оҕолору кытта өрүс аттыгар оонньуубут. Мин онно 8-9 саастаахпын. Ол сылдьан көрбүтүм, арай убайым табаарыһынаан саа сүгэн баран хаамса сылдьаллар. Ол иннигэр 28-таах саатыгар ботуруон ииттэр этэ. Сүүрэн тиийэн, ыйыталастым. Уолаттар: «Майаакка сыал ыта барабыт», — дииллэр. “Мин барсабын дуо?” – диэбиппэр, үүрэн ыыттылар. Оччолорго кинилэр 17-18 саастаах уолаттар этилэр. Киэһэрэн, аччыктаан дьиэбэр аһаары сүүрэн киирдим. Күүлэбит икки эркинэ улахан түннүктэрдээх. Ол саҕана күүлэбитигэр аһыыр этибит. Марха эбэбитин көрөн олорон чэйдиирбит. Аһаат, төттөрү оонньуу барыахтаахпын. Дьонум, номнуо аһаан бүтэн, дьиэҕэ тэлэбиисэргэ “Санта-Барбара” сериалы көрө олороллоро. Мин оонньуу бара охсоору ыксыы-ыксыы эттээх миин иһэбин. Ыксаан олоппоско да олорор бокуой суох. Туран эрэ аһыыбын. Араҕас эриэккэс баҕайы ас баарын өйдөөн көрдүм. Сиэн көрбүтүм, олуона баҕайы амтаннаах ас эбит. Кэлин билбитим, ыалбыт Маайа сыыр буһарбытыттан бэрсибит. Дьэ, ол туран түннүгүнэн, хараҕым кырыытынан көрбүтүм, дьоннор кэпсэтэ-кэпсэтэ майаак диэкиттэн хаамсан иһэллэр эбит. Номнуо өйдөөтүм, убайым аах диэн. Омуммар-төлөммөр кинилэр диэки хайыһан да көрбөккө эрэ, мииммин ыксаан омурдуу да омурдуу. Ол эрэн интэриэһиргээтим. Баарыын кинилэр иккиэ этилэр. Тоҕо эрэ аны үһүө буолбуттар. Дьонум гараас кэтэҕэр киирэн сүттүлэр. Биир киһилэрэ сүтэ илигинэ, ким барыстаҕа эбитэ буолла диэн, көрбүтүм доҕоор — бу турар эбит ээ улуу күтүр! Киһиттэн унуоҕунан быдан кыра, бөгдьөҕөр, уһун кутуруктаах, кып-кыра кып-кыһыл бэйэ-бэйэтигэр чугас харахтаах, улахан ырбайа сылдьар айаҕа толору сытыы баҕайы элбэх тиис, мунна көтөр кутуйах киэнин курдук уп-улахан, кулгааҕа бэдэр кулгааҕын курдук киистэлээх, тириитэ хап-хара, убаҕас соҕус уһун түүлээх, уп-уһун бакырыйбыт тарбахтардаах, атаҕа хас да сиринэн сүһүөхтээх. Хара бэкир абааһы, кутуругун түргэн-түргэнник элэҥнэтэ-элэҥнэтэ, миигин кып-кыра хараҕынан көрөн турар эбит. Бычыгыраан күлээн-күлэн баран, сылбырҕа баҕайытык элэс гынан хаалла. Мин ыһыытаат дьиэбэр ойон киирдим. Эгэ оонньуу барыам дуо! «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан