Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүппүт дьахтар моһуоктаабыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүппүт дьахтар моһуоктаабыта
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.01.2018 20:00
Былыр баай төрүттээх биир дьахтар сайылыгын хотонун аттыгар дуу, ханна дуу сылдьан сүтэн хаалбыт. Көрдүү сатаабыттар да булбатахтар. Кэм-кэрдии ааспыт, аныгы олох буолбут. www.edersaas.ru МАҤАН БЫЛААТТААХ ДЬАХТАР Мин оҕо эрдэхпинэ этэ. Саас муус устар ый ортотугар буолуо, суол кытыытын хаара быһа сиэнэн, сыарҕа халыйан быһа охсуталаабыт сирдэрин хаара харааран эрэрэ. Биһиги Нэлэгэр диэн холкуоспут кииниттэн түөрт килэмиэтирдээх сиргэ былыргы Уйбаан Бөлөнүөскэй кыстыгар, кини балаҕаныгар үс ыал буолан дьукаахтаһан олорбуппут. Аҕам алта уон ынах сүөһүгэ от тиэйэрэ, тас үлэтин үлэлиирэ, ону таһынан кыһыҥҥы ыал оттор мастарын мастаан биэрэрэ. Мин тоҕо эрэ атын эр дьон баарын өйдөөбөппүн, арааһа, булчут, табаһыт буоллахтара буолуо. Дьиэлэригэр сайын эрэ көстөр дьон буоллахтара. Аҕам күн аайы сарсыарда эрдэ туран, үс оҕуһунан сүөһүлэригэр отторун аҕалан баран далга сүөкүүрэ, оҕустарын күрүө сиэрдийэтигэр баайан аһатара. Биир киэһэ аһылыкпыт саҕана аҕам сүгэтин уктана олорон ийэбэр эттэ: «Доҕоор, оҕустар тоҥнохторо буолуо. Уолгунаан баран киллэртээн кэбиһиҥ эрэ». Иччэни истэн баран туруом дуо, үтүлүктээх бэргэһэбэр түстүм. Улаҕа диэкиттэн дьукаах олорор Даайа эмээхсин намыын куолаһа сыыйыллар: «Чүмэчигин умнаайаҕын». Дьиэбит хотонтон 200 м тэйиччи буолуо. Өр гынан тиийиэхпит дуо, оҕустар тоҥон өкчөччу туттан титирэһэ туралларын көрдүбүт. Хотоҥҥо киирэн ийэм оҕустар киирэллэрин мэһэйдээбэт сиргэ, аантан чугас ортоку баҕана аттыгар туруоран кэбистэ. «Мантан хамсаама, сүөһүлэр саахтарын тэпсиэҥ», — диэн кытаанахтык сэрэтэн баран илиибэр чүмэчини туттарда. Оҕустар баайыллар баҕаналарын аайы от кыбынан киирэн уурталаата. Икки оҕуһу сиэтэн,биири батыһыннаран киирдэ.Тоҥ туйахтар тыастара муостаҕа лачыгырастылар, халтарыйталаан ыллылар. Муннубар сааскы чэбдик салгыны кытта оҕустар туйахтарын ыылаах сыта булкуһан минньигэстик саба биэрдэ. Киллэртээтэ да, баайталыы охсон кэбистэ. «Оргууйдук, сааҕы тэпсибэккэ кэлээр. Дьиэлиэххэ, чүмэчигин умуллараар»,- диэтэ. Мин «умуллараар» диэни истээт, бараары ыксаан турар бэдик чүмэчибин саба үрэн кэбистим. Онно өйдөөн көрбүтүм, арай хотон соҕуруу өттүгэр маҥан былааттаах Өкүлүүнэ диэн ааттаах дьахтар ынахтар тохпут отторун хомуйан, долборуктарыгар уурталыы сылдьар эбит. «Өкүлүүн, биһиги бардыбыт, кэл!»- дии-дии, киниэхэ бараары хараҥаҕа харбыаланным. Эмискэ ийэм кэлэн окумалбыттан харбаан ылла да, ааҥҥа дэллэритэн аҕалла. Хотонтон таһаараат, сүүрэр-хаамар былаастаах дьиэбитигэр кэллибит. Дьиэбитигэр киирбиппит, ыаллар бары киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы олороллор эбит. Арай Өкүлүүнэ дьиэҕэ баар эбит. Соһуйдум аҕай: «Өкүүчэ, эн хайдах биһиги иннибитинэ кэлэн хааллыҥ?»- диибин. Аһыы олорор дьон мин диэки хайыстылар, дьиктиргээбиттии көрдүлэр. Ийэбиттэн ыйыталлар этэ, тугу эрэ сибигинэспиттэрэ, онно ийэм тугу кэпсээбитин истибэтэҕим. Мин хаһан да бу түбэлтэни ийэбиттэн ыйыталаспатаҕым. СИТИИ БЫАЛААХ ДЬАХТАР Ити дьыл дьоммун атын сайылыкка ыччат сүөһүлэрин кытта ат оҕустарын илдьэ көһөрбүттэрэ. Даайа эмээхсин кыыһынаан эмиэ ынаҕын илдьэ көһүспүтэ. Мин эдьиийбин кытта хаалсыбытым. Биһиэхэ эбии биэс дьахтары дьиэнэн көһөрөн аҕалбыттара. Бостуугунан Уйбаан оҕонньор кэргэнинээн кэлбитэ. Кинилэр кыра
охсуу дьиэҕэ түспүттэрэ. Былыргыта «Мэндээ» диэн хос ааттаах баай эмээхсин улахан саха балаҕана — утуйар, таҥнар-симэнэр сирэ баара эбитэ үһү. Балаҕан көтүллэн, үрэллэн, ол эрэ дьиэ ордон хаалбыт. Сууйан-сотон, ыраастаан кэбиспиттэрэ, икки киһи олороругар хоп курдук дьиэ буола түстэ. Бостуук киһи эрдэ турарыгар-олороругар табыгастаах, киирии-тахсыы, сугулаан мэһэйдээбэт. Сити курдук чуҥкуйан турбут сайылык киһи-сүөһү, оҕо-уруу саҥатынан чугдаара түстэ. Иһийэн турбут тэҥкэ тыа сэргэхсийдэ, бэл чыычаахтар үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ, ырыалара-тойуктара үксээтэ. Кэҕэ көтөр кытта эҕэрдэлээн сайылык кэрии тыатын саҕатыгар кэдэйэ-кэдэйэ этэн чоргуйда. Уйбаан оҕонньор киэһэ аайы түптэлээн тунаарытар, ынахтарын туруортаан мэччирэҥҥэ үүртэлиир идэлээх. Сарсыарда эрдэ туран, атын тутан ынахтарын хомуйа аҕалтыы аттанар. Ыанньыксыт дьахталлартан ыстаарсайдара Ольга эрдэ туран хотонугар кэлэн ынахтар быаларын көрөр-истэр. Бу да сырыыга эрдэлээбит ынахтары киллэртээн, сойута баайталаата. Бэйэтин ынахтарыттан көҕүрэтэн ыырга сананна уонна иһит уурар сиргэ барда. Арай төннөн иһэн көрдөҕүнэ, Өкүлүүнэ диэн эдэр дьахтар кугас саадьаҕай, уһун суптугур муостаах саха ынаҕын моонньуттан кууһан баран имэрийэ-имэрийэ ытыы турар, эриэн, сибэкки ойуулаах уһун сиидэс былаачыйата илибириир… — Хайа, бу туох буоллуҥ, Өкүлүүнэ? Ыарыйдыҥ дуу? — диэн Ольга соһуйан улаханнык саҥарбыт саҥатын дорҕооно сүтэ илигинэ, эмискэ кыыһа суох буолан хаалбыт. Арай ынаҕа эрэ сүрдээх үчүгэйдик кэбинэ турар… Ольга илэ көрбүтүттэн куттанан, сүрэҕэ хамсаан, нэһиилэ түптэҕэ тиийбит да, өйөнөн туран хотуолаан ыһыырдыбыт. Бу кэмҥэ ыанньыксыт дьахталлар кэлбиттэр. Элбэх, түргэн саҥалаах Мотя этэ-тыына оҕуста: -Ыарахан буолбуккун, сэрэнэн хамсана сырыт, — дэтэлээтэ. Ольга ону истэн эрэ кэбистэ, тугу да саҥарбата. Өкүлүүнэни көрбүтүн туһунан дьонугар тоҕо эрэ кэпсээбэтэ. Арааһа хараҕым иирдэҕэ буолуо диэн кистээтэ. Ити күнтэн ыла кыыс сарсыарда эрдэ хотоҥҥо соҕотох кэлбэт, оттон киэһэ хаалбат буолбута… Уйбаан биир сарсыарда бэрт үчүгэйдик утуйа сыттаҕына, ким эрэ тыаһа суох киирэн суорҕанын арыйа баттаат, ааны кыратык сэгэччи хаалларан, тахсан барбыт. Уйбаан уһуктан кэргэнин диэки көрбүт, анарааҥыта утуйан мунна бурдьугунуу, суорҕанын ыга бүрүнэн сытар. Аан сэгэйбитинэн бырдах бөҕө киирэн эрэр эбит. Хабаҕырбыта да сүрдэммит, Уйбаан көҕүрэттэ таһырдьа тахсыбыт. Арай…субу эриэн сиидэс былаачыйалаах кини Өкүүчэтэ эриэн ситии быалаах баран эрэр эбит! Хаамарыттан, дайбыырыттан көрдөҕүнэ, ыксаабыта сүрдээх.»Бай, хайдах баҕайыный? Өкүүчэм билигин утуйа сытарга дылы этэ дии?.. Хайа ыккардыгар таҥнан тахса оҕустаҕай», — дии саныы-саныы, арыы тыа диэки хайыһан, Уйбаан көҕүрэттэ турда. Ол туран көрдөҕүнэ, Өкүүчэ тыа саҕатыгар баар улахан чаллах тииттэр аттыларыгар тиийэн баран сүтэн хаалбыт. «Сүөһүлэрбин хомуйаат баран көрө сылдьыам»,- дии санаат, Уйбаан дьиэтигэр киирбит. Кэргэнэ тугу да билбэккэ утуйан буккурата сытар эбит… Уйбаан ынахтарын хомуйан аҕалла. Чэйдээн бүтээт, ыанньыксыттарыгар тахсан: «Түптэни бэйэҕит оҥорооруҥ, ынахтаргытын соҕуруу диэки үүртэлээриҥ, ыам саҕана кэлиэм»,- диэтэ да, соруктаах курдук сүгэ, күрдьэх, хаптаһын, дьааһык тутуурдаах
арыы тыа диэки тахсан барда. Тыаҕа тиийэн тииттэр анныларын кэрийэн, тарыйа-тарыйа көрүтэлээтэ. Арай биир муҥур чаллах тиит хоту өттүттэн уҥуох кырамталарын булла!.. Сото уҥуохтарын баһын кыыл киритэлээн кээспит,сорох уҥуохтара от, муох баттаан көҕөрөн хаалбыт. Уйбаан төбө уҥуоҕун булбата, арай бу барыта киһи уҥуоҕа буоларын тааһын уҥуоҕуттан сэрэйдэ. Дьааһыкка кырамталарын хомуйан хаалаан кэбистэ. Дьэ, онтон салгыы арыы тыа соҕуруу, күн көрөр өттүгэр, ыраас томтор үрдүгэр уҥуох тутан кэбистэ. Ыанньыксыт дьахталлар соһуйдулар аҕай. Ольга эрэ соһуйбата, үөрүүтүттэн хараҕа чоҕулуйа мичийдэ. Онтон ыла былааттаах, ситии быалаах дьахтар аны көстүбэт буолта. Владилен www.edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан