Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһылаах дьиэҕэ (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһылаах дьиэҕэ (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
19.12.2017 20:30
Бу түбэлтэ 2013 сыллаахха буолбута. Мин оччолорго урукку таҥара дьиэтин утары таас, хас да этээстээх дьиэҕэ вахтёрдуурум. Бу дьиэни тутууга хара маҥнайгыттан үлэлээбит киhини кытта үлэлиирим. Ол киhи аата Көстөкүүн Накатов диэн. Кини кэпсээнинэн, дьиэ сыбаайатын үүттүүллэригэр баара үhү. Буур үүттээн таhаарбыт буоругар киhи уҥуохтарын кырамталара кытта тахсаллар эбит. Дьиэҕэ түүн-күнүс тыас иhиллэрэ. Биирдэ Көстөкүүн биhикки үгэспитинэн хаартылыы олорбуппут. Сарсыарда сырдык этэ. Арай иккис дуу, үhүс дуу этээскэ муоста сууйаллара иhиллэр буолбута. Биэдэрэни сыҕарыталлара, сыбаабыра тыаhыыра, аан сабыллара-аhыллара чуолкайдык иhиллэрэ. Чочумча буолан баран, тыаспыт чугаhаатар чугаhаан иhэр. Олох субу кэлбитигэр Көстөкүүн миэхэ имнэннэ. “Нохоо, чугаhаата. Хоскор киирэн оонньуохха”, – диэтэ. Көрүдүөртэн хоско көстүбүт. Хоско киирэн, эмиэ оонньоон бардыбыт. Арай туох да иhиллибэт буолан хаалла. Ол онон ааста. Киhим олох да кыhаллыбат, туох да диэн быhаарбат, мин да улаханнык ыаhыйаласпатаҕым. Буолуохтааҕын курдук санаабытым. Сынньанар хоспут кыра баҕайы, уруккута лиип турбут хоhо эбит. Лиип хайаҕаhын бүөлээбиттэр, онон хос хоһунан. Биир дьиктитэ: ол лиип туhаайыытынан сарсыарда биэс чаас саҕана ырыа иhиллэр, чуолкайа суох, хуор ыллыырын курдук уhун-киэҥ. Хуор бээтинсэ күн эрэ чаас аҥаара ылланар. Хас нэдиэлэ аайы иhиллэр, атын күннэргэ ыллаабат. Ол курдук үлэлии сырыттым, дьонум кэллэхтэринэ кэпсиибин да, олох да кыhаллыбаттар. Онон кэнники кэпсээбэт да буолбутум. Кэпсээтэхпинэ, сирэйбин-харахпын көрөллөр уонна киэр хайыhаллар. Олох итэҕэйбэттэрэ көстөн турар. Арай ити сыл сааhа буолла. Киэhэ үлэhиттэрим күлүүстэрин туттаран бары бардылар. Мин иккис этээскэ тахсан көҕүрэттэр сир кыраанын сабыахтаахпын. Бу туалет уута куруук тэстэр, ол иhин түүнүгэр кыраанын сабабын. Тоҕо эбитэ буолла, ону тустаах анал үлэhит да кыайан оҥорбот. Ол иhин кыра тойонум Уйбаан куруук саптарара сөп буоллаҕа дии. Дьэ, мин идэбинэн кыайтарбатах кырааммын саба таҕыстым. Арай иккис этээскэ тахсыбытым, утары хос аана нэлэччи аhыллан турар. Били барбыт кыргыттарым бары үлэлии олороллор, таах кумааҕыларын үрдүгэр төҥкөйөн олорон суруй да суруй. Арай атына диэн, аан таhыгар чугас остуол баар буолбут. Ол үрдүгэр былыргы илин кэбиhэри уонна эмиэ үрүҥ көмүс бастыҥаны кэппит биир саас ортолоох дьахтар уhун баттаҕын тараана олорор эбит. Ити чүөчэни урут олох көрбөтөх эбиппин. Дьиктитэ диэн, хап-хара уhун ырбаахылаах, уhун муос тараахтаах. Итинник тарааҕы урут, өрдөөҕүтэ, кыра оҕо сылдьан дэҥҥэ көрөр этим. Бастаан утаа дьиктиргии санаабытым да, улаханнык баардылаабатаҕым. Били кыайтарбатах кырааммын саппытым. Кыраантан ол аhаҕас аан үс эрэ миэтэрэ буолуо, омуннаатахха, оннук чугас. Арай кыраан сабан тахсыбытым, били аhаҕас ааным сабыылаах. “Хайа, ааны ити ыккардыгар саптыбыттар дуу?” – дии санаатым. Баран тардан көрбүтүм, аан хатааhыннаах, тоҥсуйан көрбүтүм – ким да аспата. Бу кыргыттар күлүүс биэрэн, бакаалаhан, бартарын санаан кэллим. Атын үлүгэри көрбүппүн дьэ өйдөөтүм,
иэним устун тымныы көлөhүн сүүрдэ. “Тоҕо бэрдэй, илэ көстөрө”, – дии санаатым. Мин үлэбэр арыгы иhээччим суох, көннөрү да сылдьан, эккирэтэн туран испэт идэлээхпин. Эдэр да сылдьан, бу дьыаланан улаханнык дьарыктамматах киhибин. Баҕар, иhэ сылдьан көртө буолуо диэххит да, оннук суох этэ. Онон илэ көрөн турабын. Урут да, күндү дьоммун сүтэрээри гыннахпына, ону-маны куруук көрөр этим. Баҕар, этэллэрин курдук, аhаҕас эттээх буолуом, туох билэр? Ол эрэн дьэ дьикти. Ити түбэлтэ кэнниттэн, биир сыл буолан баран, таптыыр аҥаарбын сүтэрбитим. «ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.
edersaas.ru сайтан