Кэпсээ
Войти Регистрация

КҮӨРЭЛЭЭХХЭ… (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / КҮӨРЭЛЭЭХХЭ… (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
11.11.2017 19:30
Уонча сыллааҕыта, биһиги онус кылааһы бүтэрэн баран ньургуһуннуу, шашлыктыы диэн тыаҕа таҕыстыбыт. Уолаттарбыт «үөрэх дьыла бүппүтүнэн сиргэ хонуоҕуҥ, кустуохпут, балыктыахпыт» диэн соһуйуу-өмүрүү бөҕө буоллулар. Хонор балааккабытын, чэй, күөс өрүнүөхтээх солуурдарбытын, халыҥ таҥас, мээчик, магнитофон курдук балай эмэ таһаҕастаах түөрт матасыыкылынан Күөрэлээх алааһыгар элээрдэн кэллибит. edersaas.ru Таһаҕастарбытын сүөкэнэн тута уот оттон, итии чэй иһэр, аһыы охсор аймалҕаныгар бардыбыт. Чэйбитин өрөн, шашлыкпытын үөлэн баран, куолубутунан, абааһылааҕы кэпсэтэ олордубут. Кэпсэтиибит быыһыгар уолаттарбыт кырдьык-хордьук «сэрэнээриҥ эрэ, бу сири абааһылаах дииллэрэ. Түүн биһиги бардахпытына ол-бу дьээбэлиэн сөп» диэн куттуу сатыылларын кулгаахпыт таһынан аһардыбыт. Киэһэ хараҥарыар диэри мээчиктээтибит, муусука иһиттибит. Киэһэ ырааппытын кэннэ уолаттарбыт «кус көтөр кэмэ кэлэн эрэр» диэн аттыбытыгар чугас соҕус баар улахан күөллээх алааска бардылар. Биһиги, кыргыттар алтыа буолан, балаакка иһигэр киирэн сытынан кэбистибит. Балай эмэ ону-маны баллыгыраһан баран, сыыйа утуйан бардыбыт. Утуйа сытан туохтан эрэ олус соһуйан «бэлэм» өлө куттаммыт киһи уһугуннум. Туохтан эрэ сибиэркээн бүтүннүү кулгаах-харах иччитэ буолан иһиллии сыттахпына, ат туйаҕын тыаһа сииктээх сиргэ баллырҕаччы үктэнэн балааккабыт таһыгар тиийэн кэллэ. Адьас, түҥнэри көтөн кэбиһиэх курдук өрө холоруктуур, таныытын тыаһа тардырҕас, ыҥыранарга дылы гынар. Ол быыһыгар киһи үөхсэн бабыгырыырыгар дылы дорҕооннор бааллар. Ити курдук ат балааккабыт биир кытыытыгар балай эмэ өр өрүтэ дьаҕыһыйа, тиргиллэ сырытта. Салҕалас буола куттанным эрээри, аргыый аҕай кыргыттарбын таарыйан уһугуннартаатым. Бары уһугуннубут. Иһиллээн сытабыт. Ол сыттахпытына балааккабыт оройун олус тыастаахтык тугунан эрэ охсон ньиргиттилэр. Тыаһа улахана диэн – этиҥ эппитин курдук өрө ньиргийэ түстэ. Биһиги сарылаһыы, хаһыы-ыһыы бөҕө буолан өрө оргуйа түстүбүт. Ол хааһылана сырыттахпытына балааккабытын өссө хаста да оҕустулар быһыылаах. Биһиги ампаалыктанарбытыттан эбитэ дуу, таһыттан охсубуттарыттан эбитэ дуу, балааккабыт сиҥнэн түһэн хаалла. Биһиги кыталыктаабытынан-туруйалаабытынан таһырдьа суулаһан таҕыстыбыт. Хаһыы-ыһыы мааны. Таска тахсан көрбүппүт – чугаһынан ким да суох. Сорох кыргыттарбыт онно «уолаттарбыт дьээбэлэнэллэр» диэн улаханнык куттамматахтар этэ эрээри, таһырдьа ким да суоҕун көрөн букатын буорайбыттара. Түүн үөһэ буолан, ким да балаакканы саҥалыы туруоран утуйар баҕалаах киһи көстүбэтэҕэ. Син саха оҕолоро буоллахпыт, «бу сиртэн үүрэ сатыыллар» диэн өйдөөбүппүт. Инньэ гынан, түөрт кыыс балаакканы көтүрэн атын сиргэ туруора, биһиги – икки саамай хорсуннара – уолаттары көрдүү барар буолбуппут. Уолаттарбытын булан, туох буолбутун кэпсээн баран бары хомуллан төттөрү кэлбиппит. Кэлин ол балааккабыт үрдүгэр кымньыы курдугунан курбуулуу охсубут суоллар баалларын булбуттар этэ. Маныаха эбии, акаарыбытыгар, былыргы балаҕан турбут оннугар балааккабытын туруорбут этибит. Кэлин эбэм эмээхсиҥҥэ ону кэпсээбиппэр «ээ, били Мэтээх уола Миитэрэй эрэйдээх сырыттаҕа. Сэрии сылларыгар дезертирдэр «Муолатап» холкуос икки борооскутун уоран сиэбиттэр этэ. Оччотооҕу салалта бостуук Миитэрэй эрэйдээх үрдүгэр түспүт, «ол сүөһүлэргин була иликкинэ кэлэ да сорунума» диэбит этэ. Ону
көрдүү барбыт Миитэрэй аттыын-бэйэлиин сүтэн хаалбыта. Өлүгүн күһүн биирдэ булбуттара. Күрүөйэхтэр баҕайылар ытан өлөрбүттэр этэ. Сүүрбэтин да туола илик оҕону. Кэлин аһаҕас эттээх дьон хаста да Миитэрэй Күөрэлээх алааһыгар сүппүт сүөһүлэрин көрдөөн кымньыынан далбаатаммытынан сүүрдэн холоруктата сылдьарын көрбүттэр этэ. Ити аата билиҥҥэ диэри көрдүү сылдьар эбит буоллаҕа… Хаһан булан дууһата уоскуйара эбитэ буолла» диэн сырдаппыта. «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөхтөн, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан