Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыйдаҥа түүн

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыйдаҥа түүн

K
edersaas.ru Категорията суох
28.02.2017 21:30
Бу түбэлтэни миэхэ таайым кэпсээбитэ. Кини Сэбиэскэй сойуус кэмин оҕото буолан, иччини, абааһыны улаханнык итэҕэйбэт киһи этэ. Ол эрээри бу буолан ааспыт быһылаан кини өйүн-санаатын улаханнык уларыппыта. Чэ, бэйэ, барытын саас-сааһынан… Сэмэн үйэтин тухары хачыгаар эрээри, хам-түм, ыалдьыбыт эбэтэр ханна эрэ барбыт суоппары солбуйан бодобуоска суоппардаан ылааччы. Биирдэ Саҥа дьыллааҕы бытарҕан тымныы түһэн турдаҕына, бодобуос суоппара ыалдьыбыт сураҕа иһилиннэ. Нэһилиэк сэбиэтэ, биллэн турар, тута Сэмэҥҥэ төлөпүөннүүр. Сэмэн бу күн хочуолунайыгар симиэнэлээх буолан барымаары дьирээлэһэн көрөр да, салайааччы тыла-өһө кытаанах, «бараҕын да сабаас!» диэн буолар. Таайым сарсыныгар сарсыарда эрдэ туран хачыгааркатыгар тиийэн симиэнэтин тутар уонна оһоҕун эбэн баран, тахсан хочуолунайы кытта ыкса турар гараастан массыынаны собуоттаан уутун баһа барар. Ол курдук, дьоҕус дэриэбинэ түөрт хочуолунайыгар уу баһар, быыһыгар баран оһоҕун эбэн кэлэр. Оттубут оһоҕо күнүһүн син турар буолан, төһө да эбиэт быдан аастар баран дьиэтигэр эбиэттиир. Кыһыҥҥы халлаан эрдэ хараҥарар. Алта чаас саҕана хочуолунайыгар бараары таһырдьа тахсыбыта, номнуо хараҥара охсубут. Саатар, былыт бөҕө. Сэмэн нэһиилэ кылайар банаарын дуомунан сырдатынан, уруккуттан быһалыы сылдьар суолунан тыа быыһынан барар. Дэриэбинэҕэ түөрт хочуолунай баарыттан, саамай ыраах — киниэнэ. Киһи балай эмэ өр хааман тиийэр суола. Таайым арыы тыаны быһа түһэрин кытта, иннигэр баар ырааһыйа барыта туолбут ый уотунан сырдыы түстэ. Арай, көрдөҕүнэ, кини барыахтаах суолун кытыытыгар эргэ чөҥөчөккө киһи нөрүйэн олорор эбит. Сэмэн иһигэр «хайалара бачча ыраах кэлэн олордоҕой? Биир эмэ «аһаабыт» сордоох суолун бутуйан кэлэн олордоҕо» дии саныы-саныы киһиэхэ чугаһаан кэлэр. Ол тухары анарааҥҥыта киһи эрэ кэллэ диэн баардыылаабакка, умса көрбүтүн курдук умса көрөн олорор. Сэмэн ыкса кэлэн: «Хайалараҕыный доо, бу?», — диэн баран санныттан тардан эрдэҕинэ, арай, киһитэ ыстанан тыыллан-хабыллан турбата дуо! Букатын икки миэтэрэни дайбыыр үрдүктээх улуу дьаалы ньыкыйан олорбут эбит. «Чэ эрэ, доҕоор, өр да күүттүм. Баран көрүөх эрэ. Хаалларгын эрэ бэйэҕиттэн бэйэҥ хоргутаар», — диэн баран, иннин диэки тоҥуу хаарынан буурдаан кыырайа турар. Сэмэҥҥэ кыл түгэнигэр «хааллым эрэ киһи буолбаппын» диэн санаа кылам гынар да… Икки хаатыҥкатын туурута тэбиэлээн, тэлэгириэйкэтин киэр илгэн баран, кээнчэнэн эрэ, кэнниттэн түһүнэн кэбиһэр. Таайым оччолорго саас ортолоох киһи этэ. Нэһилиэк ыһыаҕар буолар мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, ыстаҥаҕа кииристэҕинэ, хайаан да бириистээх миэстэҕэ тиксэрэ. Биирдэ, оннооҕор, оройуоҥҥа киирэн өрөспүүбүлүкэ маастардарын кэннигэр хааллартаан дьону-сэргэни соһутан турардаах. Ол эрээри, бэйэтэ хаһан да мээнэ туста, күрэстэһэ сатаабат идэлээх киһи этэ. Дьэ, ол курдук, «киһитэ» ырааһыйа ортотугар адаҥхастанан кэлиитэ, Сэмэн кинини кэнниттэн түсүһэн ситэ баттаан ылар. Ол эрээри, анарааҥҥыта «абааһы абааһыта өтөн», собус-соруйан кэнниттэн хаары өрө будулутан, таайым кини иннигэр кыайан түспэт. Ырааһыйа бүтэрэ, хара тыа кэлэрэ субу тиийэн кэлэр. Таайым
дьэ уйатыгар уу киирэн, уолуйан барар. Онтон, арай, эмискэ кини дьолугар, «киһитэ» биирдэ мэлис гынан хаалар. Сэмэн буурдаан иһэн били күтүрэ сүппүт үөрүүтүгэр буолан налыс гына ыһыктынан кэбиһэр да, сирэйинэн хаарга баран түһэр. Онтон оронон туран эрдэҕинэ, хантан эрэ үөһэттэн: «Син барбахтаһар эристиин эбиккин. Чэ, онуоха-маныаха диэри сылдьан да көрөөхтөө. Арай, кырдьар сааскар анаан киирэн холоһоо инибин», — диэн саҥа иһиллэн хаалар. Сэмэн туран «туохха-туохха түбэстим» диэн таҥаһыттан-сабыттан хаарын тэбэнэн, сыгынньахтаммыт сиригэр баран таҥнан баран салгыы хочуолунайын диэки бара турар. Тиийэн хочуолунайын эбэн баран, түүн дьиэтигэр кэлэн биирдэ туохха түбэспитин сыта-тура толкуйдаабыт. Онтон сылтаан, куттанан этин сааһа аһыллан, ийэ-хара көлөһүнэ тахсан, икки күн устата ыалдьан сыппыт. Ол эрэ кэннэ үчүгэй буолбута. Бу иннинэ таайым Сэмэн абааһы, иччи баарын итэҕэйбэт бэйэтэ дьэ итэҕэйэр буолбута. Ол дойду дуу, туспа эйгэ дуу баарын биллэрдэҕэ дии. “ВКонтакте” социальнай ситим “Абааһылаах, иччилээх үһүйээннэр” бөлөҕүттэн туһанылынна Ааптар арпагырааппыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан