Кэпсээ
Войти
Регистрация
Мин акаары, оҕотук этим...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мин акаары, оҕотук этим...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.06.2019 14:09
Мин Ньургуну устудьуоннуохпуттан ыла билэбин. Сытыы-хотуу, үөрэ-көтө сылдьар, актыбыыс, инникитин элбэҕи эрэннэрэр үлэһит буолуох уол диэн өйдөөн хаалбыппын. Арай биир күн билбэт нүөмэрим суотабайбар эрийэр: Ньургун Слепцов эбит. Ону-маны кэпсэппэхтээн, күлэн-үөрэн баран: — Доо, эн хаһыакка үлэлиир үһүгүн дии. Ийэм аах бу сайын Санкт-Петербурга «Кыым» хаһыаты ыыппыттара. Онно дьон дьылҕатын туһунан суруйар эбиккит, бу балаһаны олус сөбүлээбитим, интэриэһиргээтим. Бэйэм олоҕум туһунан эйиэхэ кэпсээтэхпинэ суруйуоҥ этэ дуо? Ити курдук кэпсэтэн, сүбэлэһэн Ньургун диэн эдэркээн биир саастыылааҕым уустук, интэриэһинэй дьылҕатын кылгатан, арыый уларытан-тэлэритэн оҥордум. — Мин бастакы тапталым — учууталым этэ дии. Кини биһиэхэ устудьуоннуу сылдьан быраактыкалана кэлбитэ. Инга аттынааҕы нэһилиэктэн төрүттээҕэ. Уруккута кыыска дураһыйбатах уол аан маҥнайгыбын үрүмэччи курдук кэрэчээн Инганы ис сүрэхпиттэн таптаан эрэйдэммитим. Ол эрээри онтукайбын биллэрбэт этим. Оскуолабытын бүтэрбиппит. Ким ханна үөрэххэ киирбитинэн тарҕаспыппыт. Мин эмиэ устудьуон буолбутум, хайдах эрэ Ингабар чугаһаабыппыттан олус үөрбүтүм. Кинини наар толло-салла көрөр бэйэм, устудьуон буолан баран, «атаакалаан» барбытым. Оскуолатааҕы улахан таптал сойуох быһыыта суоҕа. Кини эмиэ миэхэ олус истиҥник, чугастык сыһыаннаһар буолбута. Күн-дьыл ааһан испитэ. Олус дьоллоохтук сананарбыт. Инга — эдьиийигэр, мин эмиэ аймахтарбар олорорбут. Бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаһан, дьоммутун билсэн барбыппыт. Ол да буоллар мин ыал буолар эҥин туһунан олох санаабат этим, бэйэбин өссө да кыра оҕо курдук сананарым. Оттон Инга миигиттэн элбэҕи ирдиир буолан барбыта. Атастарбын, бииргэ үөрэнэр уолаттарбын кытта онно-манна барарбын буойса-хаайса сатыыра. Таптыыр этим буолан баран, «эдэр сааспар көччүйбэтэхпинэ, үҥкүүлэри кэрийбэтэхпинэ, хаһан маннык сылдьыахпыный?» дии саныырым. Ингам үөрэҕин бүтэрээри сылдьар буолан, наһаа элбэҕи толкуйдуура, бииргэ олорор, өссө чугастыы буолар баҕалааҕа. Мин соччонон онтон куотунар курдук буолбутум. Инга үөрэҕин бүтэрэр сылыгар, доҕордоспуппут иккис сылыгар, миэхэ оҕо күүтэрин туһунан эппитэ. Арааһа, мин оннубар атын да эдэр уол манныкка түбэспитэ буоллар эмиэ куттаныа этэ. Эппиэтинэс эҥин диэн суох киһитэ буоллаҕым. Кыыһым “балаһыанньаламмытын” истэн баран, адьас куота сылдьар буолбутум. Төлөпүөнүм нүөмэрин кытары уларыппытым. Тоҕо эрэ Инга айдааны тардыбатаҕа, дьоммун аймаабатаҕа. Эдьиийдэрим: «Ингаҥ баар дуо? Хайдаххытый? Тоҕо кэлбэт буолан хаалла?» — диэн ыйыталаһаллара, онуоха мин: «Дипломнайын суруйа дэриэбинэлээбитэ, төлөпүөннэһэбит ээ», — диэн сымыйалыырым. Ол арахса сылдьар кэммитигэр хараҕым, дьэ аһыллыбыт курдук буолбута. Кинилиин бииргэ олоруохпун, ыал буолуохпун баҕарбат эбиппин. Кинини суохтаабат эбиппин, урукку тапталым уостубут, кыһаммат буолбуппун. Оннук тэлэмээскэйдэнэ сылдьан, кыыһым алта ыйа буолбутун эрэ кэннэ, эдьиийбэр аҕа буолан эрэрбин, санааргыырбын, булкулларбын эппитим. Эдьиийим тута Ингаҕа төлөпүөннээн, дьоммор этэн, миэхэ иитэр-үөрэтэр лиэксийэни ааҕан, мин инники, кэскиллээх олохпунан күүстээхтик дьарыгыран барбыта. Дьоммуттан куттанарым бэрдэ. Бэйэм ийэлээх эрэ буоламмын, аҕата суох сылдьар хайдах курдук куһаҕанын билэрим. Ийэм: — Оҕо оҥорон бараҥҥын, хайдах быраҕан кэбиһээри гынаҕын. Оскуолаттан быһа
эн кинини таптыыгын эбээт, булкуллума, — диэн эйэҕэстик, ол эрээри мас-таас курдук кытаанахтык этэн кэбиспитэ. Сыбаайбалаабатахпыт. Дьаһалтаҕа ыал буоларбыт туоһутун баттаары туран бэйэбин аһыммытым аҕай. Ол киэһэ кини дьонугар тиийбиппит, үчүгэйдик «билсиспиппит», аһаабыппыт. Киэһэ хойут, дьонум дэриэбинэлэригэр бараары саамылана сырыттахтарына, убайбар: «Миигин илдьэ барыҥ, манна хоно хаалыахпын баҕарбаппын», — диэбитим. Илдьибэтэхтэрэ. Кэлин убайым этэр ээ: «Ол иһин даҕаны сэрэйбитим, уолбут соччо кэргэн ылыан баҕарбатах эбит», — диэн. Ингалыын оннук түүл-бит курдук турукка сылдьан ыал буолбуппут. Уол оҕоломмуппут. Кини миигин олох «идеальнай» кэргэн, ханна да сылдьыбат, кинилэри эрэ өрө тутар, харыстыыр, күүстээх эркин оҥоро сатыыра. Оттон мин дьиэ кэргэним эрэ туһунан толкуйдаабат, инникибин да былааннаабат, сыала суох олорорум, үөрэнэрим. Кэргэним үөрэҕин бүтэрэн, оҕобутун биир сааһыттан эбэтэ көрөн, дэриэбинэҕэ үлэлии тахсыбыта. Кэргэн ылан баран биирдэ, үһүс кууруска бииргэ үөрэнэр кыыспын кытта табаарыстаһар, элбэҕи кэпсэтэр, доҕордоһор буолбуппут. Ол гынан баран, кини миигин кэргэннээх диэн төрүт чугаһаппатаҕа. Төлөпүөнүнэн сарсын ханнык пааралар буолалларын ыйыталаһар сылтахтанан киниэхэ мэлдьи эрийэрим уонна оннук түүн буолуор диэри кэпсэтэ сытарбыт. Өрөбүллэргэ чыыста табаарыс быһыытынан киинэҕэ ыҥырарым, кууруһунан элбэхтэ үҥкүүлэргэ, тусовкаларга мунньустарбыт. Улам-улам Машаҕа ордук талаһар, кинитэ суох табыллыбат буолбутум. Оттон биирдэ, саас кууруһунан шашлыктыы барбыппыт, пиибэлээбиппит, киэһэ киирэн киинэлээтибит, онтон кини дьиэтигэр барсан хонон турдубут. Маша туох эрэ сыыһаны, куһаҕаны оҥоро сылдьар курдук сананан, кэргэннээх киһини иирдэбин диэн бэйэтин буруйданара. Оттон мин таах сибиэ эрдэ кэргэн ылан диэн кэмсинэр этим, куттаспыттан дьоммор «кэргэн ылбаппын» диэбэтэхпиттэн, барытын хойутаан өйдөөбүппүттэн, Инга олоҕун алдьаппыппыттан санааргыырым. Устудьуоннуур күн-дьыл түргэнник ааһа охсор, мин куоракка үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиирим, өрөбүллэргэ, каникулбар туох да буолбатаҕын курдук, дэриэбинэҕэ тахсан, кэргэммэр хонон-өрөөн, сынньанан, атаахтаан киирэрим... Үөрэхпин бүтэрэн, идэбинэн үлэ булбакка быстах үлэлиирим. Оннук биэс сыл ааспыта, ол тухары мунньан-тараан ыал ыал курдук сыл эрэ бииргэ олорбуппут буолуо. Оҕобут — киниэхэ, мин ийэбэр, кини дьонугар улааппыта. Мин күнүм-ыйым Машаттан эрэ тахсара. Кини эрэ аттыгар баар буоллахпына, бэйэбин дьиҥнээх эр киһи курдук сананарым, наһаа күүскэ таптыырым. Киниттэн ордук миигин өйдүүр, чугас киһим суоҕа. Машаны кытта бииргэ буолуохпуттан урукку олоҕум умнуллан, күүлэй көҕүрээн, өйдөнөн барбытым. Дьон хараҕыттан туора, кистэлэҥ, ол эрээри саамай ыраас, сэмэй, истиҥ тапталбытыттан иккиэн тэҥҥэ санааргыыр этибит. Кинини кытта олоҕум олох курдук, туох эрэ сыаллаах, сүрүннээх буолбута. Инникибин былаанныырым, арахсан баран Машалыын ыал буолуохпун баҕарарым. Ингалыын ыал буолбуппут бэһис сылыгар, Саҥа дьыл кэннэ пиибэлээн баран киһини кырбаан дьыалаҕа эриллэ сыстым. Онтон куттанан, дэриэбинэбэр тахсан 4 ыйы быһа саһан олордум. Машабар эппэккэ да барбытым. Маша кыыһырар курдуга, ол гынан баран миигиттэн ыарахан хаалбытын баттаґан эппэккэ хаалбыт этэ. Дэриэбинэҕэ олорон Машабар ыалым уол
төлөпүөнүттэн эрийэрим, тоҕо эппэккэ барбыппын кэпсээбитим. Кини ыарахан буолбутун эппитигэр эмиэ куттанным, эмиэ сүтэн хааллым. Оннук ыам ыйа чугаһаата. Дьоммор, кэргэммэр даҕаны дьыалаҕа эриллибитим, Машалааҕым эҥин туһунан тугу да эппэтэҕим, барытын испэр тута сылдьарым. Дэриэбинэҕэ олорон ыам ыйыгар аны аармыйалыыр буоллум. Бараары сылдьан куоракка киирэн Машабын көрүстүм, “таах сибиэ баран эрэбин” диэн саараатым, кыыһым иһэ хайыы-сахха улааппыт. Ыҥырыллан баран хайыыр да кыах суох. Наһаа ыарахан санаалаах барбытым: «Маннык куһаҕан киһи бардахпына, төттөрү эргиллибэтим буолуо, таҥара накаастыыра буолуо, этэҥҥэ да сырыттахпына, син биир салгыы хантыраагынан хаалыам», — эҥин диэн. Олохпуттан наһаа сылайбытым. Барбытым кэннэ Машам оҕоломмута. Аны тиийэн баран Ингабар көрдөһөн сурук суруйабын: «Баһаалыста, арахсыахха, мин эйигин кытары салгыы хайдах да олорбоппун» диэн. Киниэхэ төһөлөөх ыарахана буолуой. Ону Ингам «хайдах оннук буолла?» диэн санааргыыра, ытыыра, көрдөһөрө, мөҕөрө. Оттон Машабыныын сотору-сотору субуоннаһан кэпсэтэбит, кини миигин кэтэһэрин мэлдьи этэрэ: «Ыал буолуохха, аны мин эмиэ эйигиттэн оҕолоохпун, билигин Ингалыын тэҥмит, таптыыр буоллаххына араҕыс», — диирэ. Этэҥҥэ сулууспалаан аармыйаттан кэлбитим. Дойдубар тахсыбакка, тута куоракка — Машабар хаалбытым. Дьонум, Инга айманыы бөҕө буолбуттара. Дэриэбинэҕэ араас сурах-садьык бөҕө тарҕаммыт буолуохтаах. Ханна эмэ сырыттахпына «земляктарбын эрэ көрсүбэтэх киһи» дии санааччыбын. Алҕаска көрсө да түстэхпинэ «миигин туох диэн эрдэхтэрэ буолла?» диэн, наар дьон сирэйин-хараҕын маныыртан ордубат буола сылдьыбытым. Дьон бастакы тапталларын кытта син холбоһон, таптаһан оскуола саҕаттан бииргэ олороллор эбээт. Оттон миэхэ тоҕо табыллыбатаҕай? Арахсыбыппын кэмсиммэппин. Арай ыал буола сылдьыбыппыттан уонна хомолтолоохтук арахсыбыппыттан, Ингам олоҕун алдьаппыппыттан. Кини ыраас тапталын, сырдык иэйиилэрин, эрэлин сиргэ-буорга тэпсибиппиттэн. Кинини кэргэн ылан баран биирдэ даҕаны «таптыыбын» диэн эппэтэҕим, кэргэннээх дьахтар үрдүк дьолун миигинниин билбэтэҕэ. Олохтон, саамай чугастык саныыр киһититтэн кэлэйэн, албыннатан төһө эрэ майгыта, өйө-санаата уларыйбыта буолуой? Билэбин кини миэхэ куһаҕаны баҕарар, наар кырыыр-таныйар. Машабын төлөпүөнүнэн эрийэн хаста да үөҕэн, ытатан турар. Уолбун олус ахтабын, кэпсэтиэхпин, оонньуу сылдьарын көрүөхпүн баҕарабын. Кини билигин саамай аҕа диэҥҥэ наадыйар сааһа буолуохтаах... Арахсыахпытыттан Инга уолбуттан араарбыта, Дьокуускайга да олордохпутуна көрсүһүннэрбэт буолбута. Элимиэни кырдьык-хордьук төлүүбүн. Арахсыахпытыттан 5 сыл ааста. Инга былырыын кэргэн тахсыбытын туһунан ийэм төлөпүөнүнэн эппитэ. Дьоллоох эрэ буоллун. Оттон биһиги, кэргэммин уонна оҕобун кытта, үс сыллааҕыта соҕуруу дойдуга көһөн кэлбиппит. Дьон-сэргэ сиэринэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Кыра кыыспыт улаатар, эһиил оскуолаҕа барыахтаах. Бу сиргэ саамай улахан баҕам, Инга миигин бырастыы гынара буоллар. Мин акаары этим, оҕотук этим... Светлана ТИМОФЕЕВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан