Кэпсээ
Войти Регистрация

Иччилээх кэпсээннэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Иччилээх кэпсээннэр

K
edersaas.ru Категорията суох
16.02.2017 21:43
Тыла суох оҕо Оcкуолаҕа, арааһа, 8-9 кылаас эбитим буолуо, биир киэһэ утуйаары сыттахпытына, эдьиийим биир түбэлтэни кэпсээбитэ. Ол билигин да мин өйбүттэн тахсыбат. «80-с сылларга быһыылаах этэ, мин ону кэлин хаһыаттан аахпытым, – диэн кэпсээнин саҕалаабыта. Дьокууксай куоракка биир дьиэҕэ икки ыаллыы дьон олорбуттар. Биир ыал иккиэйэх эрэ, оҕото-уруута суох аҕамсыйа барбыт дьон. Идэлэринэн быраастар. Оттон кинилэри утары икки-дуу, үс дуу оҕолоох эдэр ыаллар олорбуттар. Ыаллыылар үчүгэйдик билсибэттэр, хам-түм көрүстэхтэринэ, тоҥхох гынан дорооболоһоллоро үһү. Биир күн сарсыарда быраастар эрдэ туран, харахтарын харатын курдук харыстыыр, оҕо курдук көрөр ыттаахтарын дьиэ иннигэр олбуорга баайан баран балыыһалыыллар. Ол күн күнүс ыттара босхо баран, олбуор иһигэр оонньуу сылдьар ыалларын кыра уолларын күүскэ баҕайы ытырар. Уол улаханнык бааһырбатах эрээри, итини көрөн турбут аҕата үллэ кыыһыран, ыты обургу маһынан сиһин быһа курбуулаан өлөрөн кэбиһэр. Быраастар киэһэ үлэлэриттэн кэлэн баран, өлө сытар ыттарын көрөн ытыыллар-соҥууллар уонна тиһэҕэр иэстэһиэх буолаллар. Дьэ, ити итинэн ааһан хаалар. Онтон кэлин, балтараа ый курдук буолан баран, били ыаллар ыкка ытыртарбыт кыра уоллара таһырдьа оонньуу сылдьан сүтэн хаалар. Сүтүктээхтэр онон-манан буолар-буолбат сиринэн, моргтарынан, айаҕалыы сатаан бөх тоҕор сыһыыларынан кытта кэрийэн көрөллөр да, уоллара ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалар. Милииссийэ көрдөөн-көрдөөн баран, кэлин аккаастаан кэбиһэр. Ыаллар да эрэллэрэ кыччаан барар. Хайыахтарай, өлбүтү кытта өлбүт суох. Эмиэ куоракка эрээри салгыы атын сиргэ көһөн бараллар. Ити быһылаан кэннэ, сыыһа өйдөөбөт буоллахпына, сылтан ордук кэм ааһар. Арай биир сайыҥҥы киэһэ милииссийэ отделыгар дальнобойщик суоппар киирэн: «Куорат таһыгар эргэ хочуолунай иһигэр сыапка бааллан туох эрэ турар уонна өссө дьикти баҕайытык саҥарар», — диэн тыллыыр. Онуоха дьуһуурунайдар, били суоппары батыһыннаран ойутан тиийэллэр. Көрбүттэрэ, доҕоор, киһи өйүгэр баппат үлүгэр хартыыната: сыапка оҕо бааллан турар. Бэйэтэ кип-кирдээх, баттаҕа буоллаҕына уһаан-уһаан саннын байаатыгар тиийэ сабырыйан түспүт, сирэй-харах, тиис-уос көрүөхтэн амырыын буолбут, иннигэр миискэ дуомнааҕыттан тугу эрэ сиирэ үһү. Аны кыайан саҥарбат, ол оннугар киһи куйахата күүрэр ынырык баҕайы дорҕооннору таһаарар. Кэлин бу дьыаланы милииссийэлэр силиэстийэлээн билбиттэрэ, били быраастар ыттарын сүтэрбит аһыыларыгар, ыалларын оҕолорун уоран ылан, куолаһын сибээскэлэрин саҥарбат гына быһан баран, били эргэ хочуолунайга, оттон кыһынын ханна эрэ атын сиргэ тутан турбуттар. Оҕону оннук кэбилээбиттэр», — диэн эдьиийим кэпсээнин түмүктээбитэ. Бу кэпсээн төһө кырдьыгын-сымыйатын билбит суох. Тугу истибиппин кэпсээтим, эһиги бэйэҕит сыаналааҥ. Үөрү көрбүппүт Урут Сэбиэскэй былаас саҕана оҕо үксэ интэринээккэ олорон үөрэнэрэ. Биһиги начаалынай кылаастаах оскуолабытыгар чугастааҕы нэһилиэктэн кэлэн эмиэ интэринээккэ олороллоро. Мин, тоҕо эбитэ буолла, төһө да дьиэлээх буолларбын, эмиэ бу сири булбутум. Манна бары биир ыал оҕолорун курдук субуруһа сылдьарбыт, мэлдьи кэриэтэ бииргэ оонньуурбут. Оскуолабыт улахан дьиэ буолан, дэриэбинэҕэ
кулуубу эмиэ солбуйара. Улахан саалалааҕа, сыаналааҕа. Уруок бүттэ да, киэһэтигэр аны кулууп үлэтэ саҕаланара. Араас тэрээһин барыта буолара. Киэҥ саалаҕа сүүнэ бэйэлээх билийээр баара. Биһиги, оҕолор оччолоох оонньууттан матыахпыт дуо, онно киирэн билийээрдээн айманарбыт. Биир киэһэ хаһыа да буолан, уолаттар, кыргыттар – түөрэ бары оскуола-кулуупка оонньуу бардыбыт. Интэринээт чугас буолан, начаас ыккардыгар сүүрэн тыбыгырайан кэллибит. Дьиэбит ис бараанын кэпсиим. Кирилиэһинэн таҕыстахха, синньигэс соҕус көрүдүөр, онтон саала түгэҕэр сыана баар. Киирбиппит, хабыс-хараҥа, арай сыанаҕа уот умайар. Сүүрэн тэлэмээттэнэн иһэн саала ортотугар хорус гына түстүбүт. Тоҕо эрэ сирэй-сирэйбитин көрүстүбүт, дьикти баҕайытык уу чуумпу буолла. Бары туохтан эрэ куттаммыт курдукпут. Арай сыана диэки көрбүппүт, доҕоор, быыс ойоҕоһуттан кып-кыһыл сирэйдээх, хараҕа уоттаах курдук умайан көстөр, курданарыттан үөһээ өттө сыгынньах киһи дуу, туох дуу (ону быһаарар кыах суох) былтас гынна. Бары хаһыытаспытынан төттөрү ааммытыгар ыстанныбыт. Үтүрүйсүү, охто-охто сүүрүү, дьэ манна буолла. Көрүдүөрбүт, мэктиэтигэр, уһаан хаалла. Дьэ, таһырдьа тахсан, кирилиэскэ кэлэн тохтоотубут. Тыын ылан, ким тоҕо куоппутун, тугу көрбүтүн быһаарсыы буолла. Түмүккэ бары, били, куһаҕан сирэйи көрбүт эбиппит. Арыый уоскуйан, баҕар, кулуупка кэлбит киһи сылдьара буолуо диэн, иккистээн киирэн көрөргө быһаарынныбыт да, ким да киириэн баҕарбат курдук. Интэринээккэ баран атын оҕолору көмөҕө ыҥырар буоллубут. Мин икки уолу кытта ким эмэ, баҕар, тахсыа-киириэ диэн, маныы хааллыбыт. Кулууп сыанатын ойоҕос хоһугар туспа киирэр ааннаах, ону баран көрдүбүт да, ааммыт күлүүстээх турар. Сотору уолаттар кэллилэр, оттон кыргыттар, куттаннахтара буолуо, хаалбыттар. Ким мастаах, ким тоҥ сылгы сааҕын ылан кулуупка киирэргэ бэлэмнэннибит. Куттас буолумаары, бары бииргэ киирдибит. Хараҥа көрүдүөрүнэн хааман истэхпитинэ, ким эрэ сарылаата, онуоха куттанан, төттөрү ыстанныбыт. Куттаабыт оҕону ээҕин этитэн баран, иккистээн киирдибит. Бу сырыыга ким да куттаабата. Киирэн, сэрэнэн сыанаҕа таҕыстыбыт. Ким да суох. Ойоҕос хос уотун уматан көрдүбүт, быыс кэннигэр эмиэ ким да суох. Дьиктиргээн, ким тугу көрбүтүн өссө төгүл чуолкайдаабыппыт, оруобуна, били куһаҕан сирэй буолан тахса турар. Хайыахпытый, төттөрү интэринээппитигэр таҕыстыбыт. Кэлин улаатан баран, биирдэ эмэ кылааһынан көрсүһүүгэ ити түбэлтэ туһунан кэпсэтиһэрбит. Бииргэ үөрэммит оҕолорум куруук өйдүү сылдьаллар эбит. Кэлин билбиппит, урут кулууп ааныгар биир киһи тоҥон өлбүт үһү. Баҕар, ол киһи үөрэ илэ көстүбүтэ буолуо. Оскуолабыт билигин да үлэлии турар, арай акылаата эмэҕирэн, атын сиргэ көһөрбүттэрэ. Тутар этэрээт түбэлтэтэ Быйыл кыһын устудьуоннуур сылларбар үөрэппит учууталым Дьөгүөр Дьөгүөрэбиһи кытта көрсөн бииргэ эбиэттииргэ быһаарыммыппыт. Учууталым эбиэттии олорон маннык түбэлтэни кэпсээбитин сэҥээрэ истибитим. «80-с сылларга устудьуоннар тутар этэрээттэригэр киирэн, Нам улууһун Арбын нэһилиэгэр үлэлии таҕыстыбыт. Биһиги, уолаттар, уончабыт, үксэ кыргыттар. Үлэлии кэлбит дьону, биһигини, эргэ оскуола дьиэтигэр түһэрдилэр. Олохпутун оҥосто тиийиибитигэр мин хойутаан хааллым. Уолаттарым тиийэн оскуола биир
кыра кылааһыгар ороннорун оҥосто охсубуттар. Кылаас иһэ кыараҕас баҕайы. Миигин хаал диэбиттэрин үрдүнэн кыараҕаһа бэрт буолуо диэн, аттынааҕы кылааска таҕыстым. Тахсан кылаас биир муннугар матарааспын быраҕан, ороммун оҥостон кэбистим. Үлэ дьоно сытыахпыт дуо, олохпутун оҥостон баран үлэлии бардыбыт. Күнү быһа үлэлээн баран, киэһэ хонукпутугар кэллибит. Уолаттарым бэйэлэрин хосторугар, мин, били хоспор киирэн, оҥостон сыттым. Арай, утуйа сытан түүлүм быыһынан көрдөхпүнэ, хос иһэ хайдах эрэ сырдаан кэллэ. Мин эмиэ да утуйа сытар курдукпун, эмиэ да уһуктаҕас курдукпун. Ол сыттахпына туох эрэ туман курдук устан таҕыста уонна кылааһым биир муннугуттан хаар маҥан баттахтаах эмээхсин төбөтө төкүнүйэн мин диэки чугаһаатар чугаһаан истэ. Эмээхсин сирэйин илэ көрө сытабын. Хос иһигэр киһи тыынара ыараан хаалла. Мин кутталбыттан хаһыытыы сатыыбын да, саҥам айахпыттан тахсыбата. Ол курдук эмээхсиним төбөтө төкүнүйэн кэлэн түөспэр таҕыста уонна күлэр икки тыынар икки ардынан, киһи куйахата күүрүөх кыыкынаата… Арай, уһукта биэрдим дуу, өйдөнөн кэллим дуу, тула өттүбэр өрө мөхсүү, бэйэм буоллаҕына хаһыы-ыһыы бөҕөтө эбиппин. Икки илиибин, атахпын, өрө мөхсө сытарбын уолаттарым киирэн хам баттаабыттар. Дьонум сирэйдэриттэн-харахтарыттан көрдөхпүнэ, улаханнык куттаммыт көрүҥнээхтэр. Бэйэм илиим-атаҕым хаан-сиин бөҕө буолбут. Кэлин уоскуйбутум кэннэ уолаттарым кэпсииллэр. Арай утуйа сыттахтарына мин хоспор айдаан-куйдаан, тыас-уус бөҕө буолбут. Ойон тахсан көрбүттэрэ, били, мин эмээхсин төбөтүн көрбүт муннукпар туран истиэнэни кырбыы, хаһыытыы аҕай турар үһүбүн. Дьонум сүүрэн киирээт, нэһиилэ тутан ороммор тиэрэ бырахпыттар. Илиибин-атахпын ол муннугу «кырбыырбар» үнтү сынньыбыппын. Ол эрээри син биир ол кылааспар хонон турбутум. Уолаттарым тахсан биһиэхэ утуй диэбиттэрэ да, буолумматаҕым. Сытан, уоскуйан баран, тугу көрбүппүн төрүт итэҕэйбэтэҕим. Барытыгар ньиэрбэбин буруйдуу санаабытым. Дэҥ-оһол диэн ханна барыаҕай. Урут аармыйаҕа, үлэҕэ-хамнаска эҥин да сылдьан баара. Бу түбэлтэ кэннэ, Арбынтан үлэлээн бүтэн барыахпар диэри, хоско соҕотоҕун хоно сылдьыбытым эрээри, тугу да көрбөтөҕүм, истибэтэҕим. Арай, биһиги барбыппыт кэннэ иккис этэрээт кэлбит сурахтааҕа. Ол этэрээт уолаттара эмиэ биһиги түспүт эргэ оскуолабытыгар сыппыттар. Олортон биир уоллара тугу эрэ көрөн, төбөтүнэн моһуогурбут этэ. Дьэ, онно эрэ итэҕэйбитим — бу ньиэрбэм буолбатах, илэ абааһыны көрбүт эбиппин диэн. Онон олоххо араас буолааччы», — диэн, учууталым кэпсээнин түмүктээбитэ. Өссө да элбэҕи кэпсэтиэх дьон үлэлээх-хамнастаах буолан сотору тарҕаспыппыт. «Өлөн турардаахпын…» Мин, тыа оҕото, дэриэбинэҕэ улааппытым. Билигин төһө да киэҥ-куоҥ сиргэ — куоракка — олордорбун, сайын кэллэ да дойдубар, дэриэбинэҕэ таласпытынан барабын. Сайыны быһа оттоон-мастаан, сир астаан, күһүнүн бултаан-алтаан баран, куоракка үлэ-үөрэх кэмэ саҕаланыыта биирдэ киирээччибин. Биир оннук сайын убайым Ылдьаа бэрт дьиибэ түбэлтэни сэһэргээн турардаах. Биһиги сайын дэриэбинэттэн быһа холоон 30-ча килэмиэтирдээх сиргэ ыраах, хоту алтыа-сэттиэ буолан убайдарбын кытта оттооччубут. Оттуур сирбит үгүс буолан, уонтан тахса, сүүрбэччэ хоноҕун. Дэриэбинэҕэ ас-үөл
бүттэҕинэ, тыраахтар, сэп-сэбиргэл алдьаннаҕына, саппаас чаас ыла биирдэ эмэ киирэҕин. Суола да куһаҕана мэһэйдиир. Биир күн, үлэбитин ортолотон эрдэхпитинэ, ардаан кэбиһэн, үүтээммитигэр куоппуппут. Тугу гына сытыахпытый, таах сытыахтааҕар тылга тииһэн ону-маны кэпсэтэбит. Убайбытын Ылдьааны кэпсээ да кэпсээ диэн хаайабыт. Киһибит: «Баҕар, итэҕэйиҥ, баҕар, итэҕэйимэҥ», — диэн баран кэпсээн барда: «Урут эдэр сылдьан онон-манан син сылдьымахтаабыт киһибин. Арай биирдэ куоракка сырыттахпына, маннык түбэлтэ буолан турардаах. Киэһэ хойут баҕайы туохтан эрэ тардыллан хойутаан, дьиэм диэки быыкаа хараҥа баҕайы уулуссанан баран иһэбин. Иннибин-кэннибин сотору-сотору эргиллэн көрөбүн. Сол курдук син балайда барбахтаабытым кэннэ, эмискэ кэннибэр атах тыаһа битигирэйэн кэллэ да, бүөрүм туһаайыытынан туох эрэ аһыс гынарга дылы гынна. Хайалара кэлэн тугунан астаҕай диэн, эргиллэн испитим да, салгыы тугу да өйдөөбөппүн. Сүтэн хааллым. Оттон оннук төһө өр сыппытым буолла, өйдөнөн кэллим. Бэйэбин дьикти, чэпчэки баҕайытык санаан кэллим да, ханна эрэ үөһэ көтөн таҕыстым. Туох эрэ дьиэ иһигэр сылдьабын быһыылаах. Ол сылдьан тахсан бараары быыс-хайаҕас көрдөөтүм да булбатым. Арай, көтө сылдьан аллара өҥөйөн көрбүтүм, бэйэм сытар эбиппин! Дэлби соһуйдум уонна аллара бэйэбэр түһэн, сүтэн хааллым. Кэлин, быраастар кэпсииллэринэн, маннык буолбут. Миигин уулуссаҕа сытарбын булан ылан, өлбүт дии санаан морга илдьибиттэр. Кырдьык, тыыммат да, сүрэҕим да тэппэт үһү. Ол курдук балай да сыппыппын. Ол кэмҥэ эмиэ хайа эрэ сордооҕу киллэрдэхтэрэ эбитэ буолуо, биир быраас тугу эрэ көрдүү дуу, хайыы дуу морг хоһугар киирэ сылдьан көрбүтэ, морг тымныы буоллаҕа буолуо, айахпыттан паар тахсар үһү. Онон, дьэ өлөн турардаахпыт уонна, хата, ол быраас киирэн абыраатаҕа. Атына буоллар, онно тута таҥаралыахтаах эбитим буолуо», — диэн кэпсээнин түмүктээбитэ. Убайым бу кэпсээнин мин тоҕо эрэ итэҕэйбитим. Кини маны таһынан өссө урут арааска түбэһэ сылдьыбытын дьоммуттан истэр этим да умнуталаан кэбиспиппин. Кэлин, баҕар, өйдөөн кэллэхпинэ, сурукка хайаан да тиһиэҕим. «Саха Сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru Кэпсээннэр “ВКонтакте” социальнай ситим “Абааһылаах, иччилээх үһүйээннэр” бөлөҕүттэн ылылыннылар. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан