Кэпсээ
Войти
Регистрация
Остуолга олорсубут киһи
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Остуолга олорсубут киһи
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.02.2017 22:00
Аймахтар буолан муста түстэхпитинэ, абаҕам Лэгэнтэй куруук интэриэһинэй кэпсээннэрдээх буолааччы. «Бэрт өрдөөҕүтэ сылгыһыт Миитээ табаарыһынаан туохха түбэспиттэрин истибиккит дуо? Чэ, ол туһунан кэпсиим», – диэн абаҕам кэпсээнин саҕалаабыта. Ол маннык үһү. Хас да сыллааҕыта күһүн сир харатына Миитээлээх Ньукулай сылгы көрдүү сылдьаннар, алааска тахсан кэлбиттэр. Ыкса киэһэ буолан, алаас ортотугар турар хаарбах балаҕаҥҥа хонорго диэн быһаарыммыттар. Дьон олорботоҕо өр буолбут, быраҕыллыбыта ырааппыт эргэ өтөх эбит. Аттарын сэргэҕэ баайан, ыҥыырдарын устан, дьиэҕэ киирбэккэ эрэ, түүн уокка оттор мастарын мастаан, күөлтэн уу баһынан баран, балаҕаҥҥа киирэн, көмүлүөк оһохтооҕун оттон тигинэтэн кэбиспиттэр. Ити курдук хонуктарын оҥосто сырыттахтарына, таһырдьа лаппа хараҥарбыт. Эр дьон эргэ остуол сыыһа баарыгар өйүөлэрин таһааран, оргуйбут чэйдэрин туруоран аһыырдыы тэринэн олорбуттар. Арай Миитээ хараҕын кырыытынан көрөн аһарбыта — остуолларын биир уһугар олус куһаҕан, дьүдэйбит баҕайы дьүһүннээх киһи олорсубут. Онуоха Миитээ «бу киһи хантан кэлэн хаалла? Таһыттан киирбитин көрбөтөҕүм, өтөххө киирэрбитигэр эмиэ ким да суохха дылы этэ ээ», — дии санаабыт. Онтон Ньукулай диэки көрбүтэ, киһитэ туос курдук кубарыйан, саҥатыттан матан баран, арыылаах килиэбин нэһиилэ айаҕар уга сатаахтыы олорор эбит. «Ньукулай эмиэ ити киһини көрө олорор быһыылаах. Ыйытыах баҕайы дуу?» дии санаан баран, ыстаабытын кубулуппакка, кутталыттан саҥата суох аһыы олорбут. Киһилэрэ сылгыһыттары кытта кэпсэтэр туһунан санаабат бадахтаах, остуол уһугар саҥата суох, хамсаабакка биир сири тобулу көрөн олорбут. Киниттэн куһаҕан баҕайы, амырыын аһыы сыт кэлэр эбит. «Биһиги бу өтөххө сатаан хоммот буоллубут быһыылаах. Аһаан баран, мантан атахха биллэрдэххэ, бара оҕустахха сатаныыһы. Саатар, уоппутугар ас биэриэхпитин, арыгыбыт да суох буоллаҕа» диэн Митээ ону-маны эргитэ саныы олорбут. Оннук аһаан бүппүттэр. Аһаан да диэн, истэригэр ас да киирбэт үлүгэрэ. Нэһиилэ биирдии курууска чэй испитэ буолбуттар, кутталларыттан аччык бэйэлэрэ дуомугар эрэ аһаахтаабыттар. Сылгыһыттар остуолтан туралларыгар, били куһаҕан сирэйдээх киһилэрэ остуолтан тэҥҥэ туран кэлбэтэх, олорбутун курдук саҥата суох олорон хаалбыт. «Доҕоор, мантан бардахпытына сатаныыһы. Сарсыарда эрдэттэн үрэҕи нөҥүөлүөх этибит. Иһиккин, остуолу хомунан тахса охсуох. Оһох умайбытынан хааллын, баһаар барбат ини», — диэн Миитээ доҕоругар сибигинэйэн эппит. Киһитэ Миитээ иннэ эрэ диирин кэтэһэн олорбут курдук, хомуммутунан барбыт. Өтөхтөн тахсан барбыттар. Таһырдьа номнуо хараҥа бүрүүкээбит эбит. Миитээлээх Ньукулай аттарыгар олорон, куттаммыттара бэрт буолан, бэрт өргө диэри туохтан эрэ дьиксинэ, саҥата- иҥэтэ суох, бэл кэннилэрин даҕаны хайыһан көрбөккө айаннаабыттар. Кэмниэ-кэнэҕэс, син барбахтыы түһэн баран, Миитээ аргыһыттан: «Доҕоор, ити остуолга олорбут киһини төһөҕө бэлиэтии көрбүккүнүй?» — диэн ыйыппыт. Онуоха киһитэ: «Бастаан көрөн баран, эйигин билбэт быһыылаах дуу дии санаан, хайдах эйиэхэ биллэрэрбин саныы олорбутум. Эн мин сирэйбин өҥөйбүккэр, арааһа, кини да көрөр эбит диэн сэрэйбитим. Онтон санаам бөҕөхсүйбүтэ», — диэбит. Бу
айан кэнниттэн Миитээлээх Ньукулай бу алааһы ырааҕынан тумнан ааһар буолбуттар. Сураҕа, былыр ол алааска ыарыһах киһи олорбута үһү. Кинини өлбүтүн кэннэ кыайан харайбатахтар, онон үөр буолбута буолуо диэн кырдьаҕастар сабаҕалаабыттар. Уйбаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан