Кэпсээ
Войти
Регистрация
Абааһыны куттаабытым
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Абааһыны куттаабытым
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.02.2017 21:26
Маҕан бөһүөлэгиттэн 39, Дьокуускайтан 70 биэрэстэлээх Суптурҕан диэн сир баар. Оттонор ходуһатын, сирин-уотун барытын ити курдук ааттыыллар. Гаас турбатын устун тиийэн, күргэни туораат 5 км кэриҥэни бардаххына онно тиийэҕин. Урут онно ойуур көрөөччү олорор этэ. Мин ол киһини кытта билсэн, бодоруһан баран, күһүн атастарбын, бырааттарбын кытта куска-куобахха сылдьар ааһан иһэн элбэхтэ ыалдьыттыырым. «Саха Сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru Манна икки дьиэ баара. Саҥатык дьиэтигэр ойуур көрөөччү кэргэнин кытта сайыннары-кыһыннары ханна да барбакка олороллоро. Оттон эргэ дьиэҕэ ыалдьыттар түһэллэрэ. Туох да даххаһыйыыта суох, ким баҕарар кэлэн оһоҕу оттон, астанан-үөллэнэн хонор кыахтааҕа. Бу эргэ дьиэҕэ бастаан киирэ сылдьан баран хаһааҋыҥҥа бэйэтигэр адьас сөбүлээбэтэхпин биллэрбитим. Дьиэ киһи кутун-сүрүн баттыыра. Манна киирбит киһи тута атын, тымныы тыыннаах «дьон» хаһаайыннаан, бас билэн олорор уоругар быстах киирбит, туох да бырааба-куолаһа суох курдук балаһыанньалаҕа түһэллэрэ. Дьиэтин сөбүлээбэтэхпин эппиппэр, хаһаайын «оччо-бачча киһи хонон ааспыта, туох да диэччилэрэ суох» диэн күлэн эрэ кэбиспитэ. Биирдэ күһүөрү сайын ойуур көрөөччү Юра дьиэбэр төлөпүөннээтэ. «Куоракка бородуукта атыылаһа сылдьабын, массыыналаах киһи Суптурҕаҥҥа илдьэн биэр эрэ. Дэлби ардаан, суол алдьанан киһи сатыы тиийэр кыаҕыттан ааспыт» диэтэ. Элбэхтик көрдөһөн салгыппатах киһи, онон тылын быһа гымматым. Хата, «сири-дойдуну көрдөрүөм» диэн биир табаарыс уолбун илдьэ барарга быһаарынным. Суол, кырдьык, дьаабы эбит. Эбиэт кэнниттэн хоҥнон баран, бадараан бөҕөтүн оймоон киэһэ хонукпутугар эрэ тиийдибит. Айака, түүннэри төннүбэппит, сарсыарда барыахпыт диэн, хоно хаалар буоллубут. Биллэн турар, хонук сирбитин, дьиэбитин-уоппутун аһатан, кыратык «чэпчээн» баран эргэ дьиэҕэ киирэн утуйан хааллыбыт. Олус үчүгэйдик утуйа сытан, ким эрэ суорҕаммын тардыалыырыттан соһуйан уһугуннум. Дьиҥинэн, сайын буолан дьиэбит сырдык соҕус этэ. Суорҕаммын тардыалааччы дьэ эбии лаппыйан тардыалаан барда да, мин суорҕаны аҥаар уһугуттан ылан баран биэрбэккэ дьирээлэстим. Дьиктитэ диэн, ким да тарда турара көстүбэт. Доҕор уолбун хаһыытаан ыҥырдым. Киһим, хата, утуйбакка сытар эбит. Тугу да быһаара барбакка «ноко-о, куораттыыһыбыт» диэтим. Киһим тыл быһаҕаһыттан өйдөөн сөбүлэһэ оҕуста. Сып-сап хомуна охсон массыынабытыгар таҕыстыбыт. Дьэ, ол киирэн массыынабын эһэ сатаан эрэй бөҕөтүн көрдүм. Дьиҥинэн, күлүүскүн «эрийиэҥ инниттэн» үлэлээн тигинээн барар сабыс-саҥа «уазик» этэ эрээри, бу сырыыга, болдьоон туран, эстибэтэ. Хайдах да бу куһаҕан дьиэҕэ хоннорон эрэ баран араҕар былааннанна. Сатыы барар кыах суох. Массыынабытыгар киирэн олорон кириэс-хомуруос күҥҥэ диэн хаһаанылла сылдьар биир бытыылка буоккалаахпын кэнсиэрбэнэн сокуускалаан истибит. Онто суох киһи хонор кыаҕа суох эбит. Ол олорон кэпсэттибит. Онтон билбитим, мин эрэ эрэйдэммэтэх эбиппин. Уолум утуйаары гынна да ким эрэ кэлэн тардыалаан уһугуннарар, куһаҕан баҕайы сыттаах тымныы салгын субу-субу кэлэн кутун үргүтэр үһү. Киирэн сыттыбыт. Холуочуйбут киһи сиэринэн, мин киирэн утуйан баччыгынаан иһэн, аан аһыллар тыаһыттан соһуйан олоро биэрдим. Хара дьайдаах, ааны
собус-соруйан күүскэ тыаһатан, хаахынатан арыйар. «Баҕайы, эмиэ кэллэ» дии саныам икки ардыгар, киһи тумнастар куһаҕан сыта саба биэрдэ. Көстүбэт бииһин ууһа куһаҕан сыттаах, ибир салгыннаах кыра тыал курдук дьүһүн кубулуйан айанныыр идэлээх эбит. Сыта билиннэ да, «субу кэлбит» диэн сананыллыахтаах быһыылаах. Ол эрээри, бу сырыыга мин «нарком 100 грамын» иһэн улахан холуочук, туохха барытыгар тордуохтаһа сылдьар «бойобуой дуухтаах», атаакаҕа субу киирэр туруктаах сытабын. Күүспэр күүс эбинээри, баҕар куттанан ньиэрбинэйдээн буолуо, сэттэ этээстээх маатыраны түһэрбитинэн ыстанан турдум. Уонна аттыбар турар олоппоһу харбаан ылан «били баҕайы манан турара буолуо» диэбит туһаайыыбар кыыраттым. Тыас өрө лүһүгүрүү түстэ. Мин дьэ эбии тэттэн, буолан-хаалан турдум. «Куттаары гынар буоллаххына мин да куттаһарга бэлэммин! Бу түүн манна мин хаһаайыммын! Эн буолбатах! Былыр үйэҕэ өлөн бүппүт үөр, өссө киэбирээри гынаҕын дуо?! Дьиэҕин уоттаан күл-көмөр оҥорон кэбиһиэм! Миэхэ по фиг!!!» дии-дии илиим анныгар түбэспит малы-салы барытын аан диэки тамнаатым. Бу курдук «аахса» туран көрдөхпүнэ, уолум уһуктаҕас быһыылаах эрээри, сирэйэ-хараҕа көстүбэт гына суорҕанын ыбылы саптан сууланан сытар. Ити кэмҥэ, мин дьиктиргиэм иһин, аан симик баҕайытык аһыллан баран сабыллан хаалла. Таһырдьа лаппа сырдык этэ эрээри, аанынан ким да киирэн дуу, тахсан дуу иһэрэ көстүбэтэ. Куотта дуу, тугуй? Ону кытта дьиэбит иһин тилийэ сүүрэ сылдьыбыт куһаҕан сыт эмиэ сүтэн хаалла. Мин төттөрү сыттым. Уолбун кытта кылгастык тыл бырахсан баран утуйан хааллыбыт. Сарсыарда туран, бүгүҥҥү түүҥҥү быһылааҥҥа бэйэбин лаппа хорсуннук көрдөрбүт киһи сиэринэн, тутум үрдээн сырыттым. Уолум да улаханнык сөхпүт-махтайбыт чинчилээх, «ханнык баҕарар абааһыны талбытынан үүрэн дьөгдьөрүтэн таһаарар улахан кыахтаах, хорсун киһи эбит» диэбиттии адьас атын хараҕынан көрөр. Аһыы олорон «дьэ, чахчы, маладьыас киһи эбиккин» диэн санаатын биллэрдэ. Мин «оннооҕор буолуоҕу көрүллүбүтэ» диэбиттии, үйэм тухары абааһы эрэ үүрүүтүнэн дьарыктаммыт киһи курдук туттабын-хаптабын. Сарсыарда бараары чэйдии олорон, дьиэлээх хаһаайыммытын үүйэ-хаайа тутабыт. «Бу дьиэҕин хантан көһөрөн аҕалбыккыный? Ити түүннэри утуппакка «ким» хаһаайынныы сылдьарый?» диэн. Дьиэлээхпит бастаан утаа онон-манан кубулдьутан көрөн баран, кэпсээтэ. Кини бу дьиэни мантан биэс-алта биэрэстэлээх сиртэн көһөрөн аҕалбыт. Ол дьиэни былыр 40-с сылларга хаайыылаахтар туппуттар, онно олорон мас кэрдэллэрэ үһү. Маны тэҥэ, түүҥҥү «хаһаайыны» биһиги эрэ көрбөтөх үһүбүт, хонор дьон «дьиэҥ абааһылаах» диэн элбэхтик этэ сылдьыбыттар. Оччотугар — өйдөнөр. Сталин саҕанааҕы хаайыы хайдаҕа сэрэйилэр. Ол мас кэрдэ, тоҥо-хата, аччыктыы сылдьыбыт хаайыылаахтартан төһөлөрө онно суорума суолламмытын туох билиэй… Кэпсэтэн баран, биһиги түүн эстибэккэ кыһыппыт массыынабытын кытта өр тиниктэһэрдии-хасыһардыы оҥостон тиийбиппит, тута эстэн соһутта. Эбэн эттэххэ, кэлин куобахтыы сылдьан ол дьиэҕэ үстэ-түөртэ хонон турбутум да (соҕотоҕун эҥин), туох да биллибэтэҕэ. Суоппар уол. Кэпсээн “ВКонтакте” социальнай ситимтэн ылылынна. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан