Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сааскы Лииндэҕэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сааскы Лииндэҕэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
25.07.2024 12:33
1987 с. сааһа. Эдьигээҥҥэ милииссийэҕэ үлэлээбитим төрдүс сыла. Хоту дойду сиэринэн, манна саас буоллар эрэ, туран эрэ ииктиир барыта кустуур-хаастыыр. Биһиги, араас улуустан мустубут улуустааҕы милииссийэ уолаттара, эмиэ онтон хаалсыбакка бултанабыт. Эдьигээн хотугу дойду буолан, сааскы булда киин улуустартан ураты. Манна сааскы айан көтөрө өрүс сүнньүн тутар. Бастаан ыам ыйын саҥатыгар улахан көтөр – куба, хоҥор хаас биллэр (Ол оннугар хаар көҕөнө манна кэлбэт. Кини аара, Кэбээйи уонна Эдьигээн икки ардыгар, Түөрт уон арыыларга, тохтуур). Ый иккис аҥаарын саҥатыгар кураанах кус кэлэр. Ити кэннэ өрүскэ уу биллэн, муус устара чугаһаатаҕына, уу куһа-хааһа киирэр. Кини мууһу кытта тэҥҥэ айанныыр. Оттон бүтэһигинэн, бэс ыйыгар, дьэ анды биллэр. Ол иһин хаастыаххын баҕардаххына, бултуур сиргэр өрүскэ уу-хаар тахсыан иннинэ, «бурааҥҥа» мотуордаах оҥочоҕун тиэнэн, маай бырааһынньыктарын иннинэ бараҕын уонна бастакы хоҥортон саҕалаан бүтэһик андыга тиийэ бултаан, таарыйа балыктаан баран, сайын уу суолунан төттөрү кэлэҕин. Үлэлээх дьон оннук сылдьар кыахпыт суох буолан, өрүс ырааһырдаҕына уонча күн «отгул» ылабыт. Бэлэмнэнии Онон саас буоллар эрэ, муус барарын күүтэбит. Сарсыарда аайы үлэбит мин кэбиниэппэр баар Саха сирин хаартатыттан саҕаланар – өрүс ханна кэлбитин, Эдьигээн аннынан хаһан хамсыаҕын, уута төһө элбэҕин ырытабыт, ардыгар мөккүһэбит-айдаарсабыт. Киһи барыта кыттыһар. Инньэ гынан хайа да планеркабытынааҕар таһаарыылаахтык, уһуннук «үлэлиибит». Онтон үлэ чааһа бүттэ да, өссө хаардаахха бигэргэммит былаанынан, бэлэмнэнии саҕаланар. Ким туохха эппиэттиирэ чопчу биллэр. Сүбэ быһыытынан, Лииндэ баһыгар бөртөлүөтүнэн бырахтаран баран, сүүрүк хоту оҥочонон устан киириэхтээхпит. Хамаандабыт бойобуой. Хамандыырбыт – булка үөрүйэх, сири-уоту билээччи, олохтоох уол, оччотооҕу ИГПН иниспиэктэрэ Клим Лазарев. Солбуйааччыта – отдел ыстаарсай силиэдэбэтэлэ, Өймөкөөн Томторуттан төрүттээх Коля Егерев. Кини саамай эппиэтинэстээх дуоһунастаах – аһы-үөлү, чуолаан «били аһы», хааччыйыахтаах. Биһиги, саллааттар, түөрпүт. Мин саа-сэп, ботуруон булуохтаахпын. Аны, оччолорго Эдьигээҥҥэ ботуруон диэн атыыламмат. Ол да буоллар тойоттор «билбэт дьыалабыт» диэннэр, бирикээһи толорорбор эрэ тиийэбин. Төрдүс саллаат – Борис Николаев – ГАИ иниспиэктэрэ, Киэҥ Ньурба уола. Атын икки киһи – доҕотторбур, гражданскайдар. Иккиэн ньурбалар. Гриша Николаев авиапорт тиэхиньик-инженерэ, оттон Алеша Павлов – ПМК тутааччыта. Борис 400 лиитирэ бэнсиин булуохтаах. ГАИ үлэһитэ ону таһаҕас оҥостубат. Тэрилтэ салайааччыларыгар этиэ эрэ кэрэх, боппуруос быһаарыллар. Гражданскайдарбыт кими да «дави» гынар кыахтара суох буолан, булар-талар эбээһинэстэрэ суох, оҥочолору эрэ бэлэмниэхтээхтэр. Киэһэ аайы үлэ чааһа бүттэ да, базабытыгар, өрүс үрдүгэр турар Клим болуогар, мустан мунньахтыыбыт. Көрүллэр боппуруос биир – бэлэмнэнии хаамыыта. Тойоммут испииһэгин тутан олорон биһигини оччуоттатар. Ордук аһы-үөлү токоолоһор. Бөртөлүөтү улуус охотоведа, эмиэ Ньурба уола Вадим Таманныров дьаһайыахтаах. Кини эрдэттэн былааннаммыт быраканьыардары утары үлэҕэ көтүөхтээх эриэйдэ чааһыттан быстарыахтаах. Экипаһа эмиэ биллэр. Лүөччүктэр – элбэхтик алтыспыт доҕотторбут. Хамандыыр Вадим Медведев «куда надо, туда и доставим в целости и сохранности» диэн күлэр. Көтөрбүт нэдиэлэ хаалбытын кэннэ тойоммут «боевая готовность № 1», эбиитин «сухой закон» биллэрдэ. Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа Ыам ыйын бүтүүтэ малбытын-салбытын тиэнэн, дьэ көттүбүт. Лүөччүк уолаттар хаартаҕа ыйан биэрбит сирбитигэр илдьэн түһэрэн баран, салгыы бара турдулар. Түспүт сирбит Эдьигээнтэн 400-тэн тахса биэрэстэлээх сир. Туох да сылдьыбат, чугаһынан киһи-сүөһү суох. Бэл, кыһынын улахан наадалаах эрэ дьон, ону даҕаны аара иккитэ хонон, кэлиэхтэрин сөп. Тиийбиппит үрэхпит эстэ илик эбит. Онон күүтэн манна тохтуур буоллубут. Дьиэттэн-уоттан тэйбит, «сухуой сокуонунан» баалла сылдьыбыт дьоҥҥо эгэ эрэ буоллаҕа. Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа, Кучан булуута саҕаланна. Эбэҥкилии сээдьэлээтибит, сахалыы оһуокайдаатыбыт, хапсаҕайдаһан хадьырыстыбыт, кылыйан кыырайдыбыт, ол быыһыгар сыал ытан күрэхтэстибит. Ол курдук сылдьан биирдэ өйдөөбүппүт, үрэхпит мууһа эстэн, кус-хаас биллэн эрэр эбит. Бултуу кэлбит дьон олоруохпут дуо, икки оҥочоҕо малбытын-салбытын тиэннибит уонна муус кэнниттэн таҥнары анньынан кэбистибит. Лииндэ устун Мотуорбутун собуоттаабакка сүүрүккэ оҕустаран таах устан иһэбит, салайан эрэ биэрэбит. Тойоммут этэринэн, оннук устан улахан эбэбитигэр – Өлүөнэҕэ 5-6 хонугунан тиийиэхтээхпит. Таах устар үчүгэйэ сүрдээх. Дьэ, манна баар эбит айылҕа дьикти, кэрэ көстүүтэ. Икки атахтаах дэҥҥэ үктэнэр сиригэр көтөр-сүүрэр баһаам – куба, кус-хаас арааһа, тайах киһиттэн куттаммакка хаамса сылдьаллар. Онтон хараҕа диэн биир кыра тайаҕы ытан тиэннибит. Аны дөрүн-дөрүн утуйа сытар хаастарга түбэһэн, олох чугастан ытыалаан битиргэтэбит. Биир үөртэн хайаан да иккини-үһү хаалларабыт, кыра куһу, кубаны тыыппаппыт, хамаанда кытаанах. Биирдэ оннук устан иһэн, үрэхпит хаатыттан туолбут сиригэр кэлэн, суолбутун быһаарса сатыы олорон, быһалыахтаах сирбитин ааһа түһэн хааллыбыт. Онтон чаас курдугунан быһалыы тахсыахтаах сирбитигэр тиийбиппит, доҕоор, түргэн сүүрүктээх, дьиэ саҕа үрдүктээх күрүлгэн түһэн оргуйа турар эбит. Быһалаабыппыт буоллар, иэдээн буолуох эбит. Аны хайа аннынан ааһан истэххэ, таас сууллара, хонук сирбитигэр кырдьаҕас дьаарбайбыт суола диэн эмиэ баар буолар. Онно эрэ өйдөөтүбүт, кутталлаах айаҥҥа сылдьарбытын. Айаммыт үһүс күнүгэр Түҥ үрэх туһаайыытыгар, Лииндэ үрэх Бүлүү улууһун быһа охсон ааһар сиригэр, кэллибит. Олус ичигэс, бэл, хомурах бырдаҕа биллэр куйаас күннэрэ буоллулар. Арай, эбиэт саҕана айаннаан иһэн көрбүппүт, биһигини көрдө-көрбүтүнэн үөр анды көтөн кэлэн иһэн, өрө көтөн таҕыста. Дьэ, манна буолла ээ, сэрии кытаанаҕа. Табыллыбат андылар онно-манна түһэллэр, сорох табыллан, тыаҕа тэлээрэн тахсар. Ону хомуйар бириэмэ да суох буолла. Ол курдук иһэн, өтөр күөлгэ тахсан кэлбиппит, хас да үөр анды түһэн олорор эбит. Биһиги онно сүүрдэн киирэн, талах быыһыгар оҥостон, олорунан кэбистибит. Ол эрээри мончууктарбытын түһэриэхпитигэр диэри андыларбыт айаннаан хааллылар. Баара-суоҕа икки чаас аастылар уонна бүттэ. Хайыахпытый, салгыы бардыбыт. Соһуччу көрсүһүү Ити кэннэ киэһэ устан иһэн, аны, ыттар үрэллэрин истэн, соһуйбатахпытын соһуйдубут. Түҥ тайҕаҕа, ким да суох сиригэр, ол эрэ туһунан санаабакка истэхпит. Онтон чочумча биэрэги көрө биэрбэппит, үөһээ саҥардыы соҕус тутуллубут үүтээн таһыгар икки нуучча тахсан тураллар эбит. Хата, дьоммут биһигиннээҕэр ордук соһуйбут, дьиктиргээбит көрүҥнээхтэр. Буолумуна даҕаны, ким кэлиэ диэн күүтүөхтэрэ баарай? Тохтоон биэрэккэ тахсыбыппыт, дьоммут куттаммыттар аҕай. Саалаах-сэптээх элбэх киһиттэн салыннахтара. Биһиги даҕаны маннык түгэҥҥэ «милииссийэбитин киллэрэр» үгэспитинэн, тиийээт, муннуларыгар «корочкабытын» анньан баран, харса суох доппуруостаан, үтэн-анньан бардыбыт. Тута хантан сылдьалларын, кимнээхтэрин быһаара оҕустубут. Дьоммут Кыһыл Сыыртан сылдьар «Газпром» үлэһиттэрэ эбит. Манна саас эрдэ тойотторо балыктата диэн аҕалан бырахпыттар. Кыһыл сыырдары силиэдэбэтэл киһи Колябыт доппуруостуур. Күргүй-көбүө быыһыгар пааспардарын, балыктыыр, бултуур лиссиэнсийэлэрин көрдөөн ыгар-түүрэр. Ол аайы дьоммут олох куттанан, барыах-кэлиэх сирдэрин булбаттар, уҥуохтара халыр босхо барда. Куттанымына даҕаны, уҥуоҕунан кинилэртэн лаппа үрдүк, хара бытыктаах, эрмээн курдук киһи кыыһыран түүрэйдэтэлии турдаҕына, ким саллыбат буолуой! Онтон саастааҕа өй ылан «чай, чай, пожалуйста» дэтэлээбитигэр, биһиги киһибит «чай – это хорошо» диэн арыый сымнаата. Ол быыһыгар тойоммут Клим күлэ-күлэ «чай не водка, много не выпьешь» диэбитин, дьоммут үөрэ иһиттилэр, «найдется» дэстилэр. Биһиги Колябыт «артыыстыырын» туораттан күлээри, кыатана сатыы-сатыы, көрөн олорон, «водка» диэни истээт, сэгэс гына түстүбүт. Нууччаларбыт иһирдьэнэн-таһырдьанан сүүрэкэлэһэн баран, остуол тарда оҕустулар – сибиэһэй килиэп, халбаһы, туустаах балык, сыа уонна саамай сүрүнэ – остуол килбэйэр киинигэр бу баарбын диэбиттии үс лиитирэлээх бааҥка улахан аҥаарынан үрэх уутунуу дьэҥкир сомогуон. Хап-сабар куруускалар босхолоно оҕустулар. Коля обургу бааҥканы харбаан ылан, иһиттэри толортоото. Ол кэннэ биир киирии, эҕэрдэ тыла суох «чэ» дэһээт, курууска быһаҕастыыта убаҕаһы киллиргэтэн кэбистибит. Дьэ, доҕоор, абытай ас буолар эбит, буоккатааҕар быдан кытаанах, туох да хос амтана суох. Оннук ас кураанах куртахха киирэн тута холуочутта, күө-дьаа буоллубут. Ол олорон өйдөөн көрбүппүт, били дьоммут, дьиэлээхтэрбит, остуолга баппакка, аттыбытыгар сиргэ чохчойон олороллор эбит. Биһиги, холуочуйбут дьон, били «кытаанах мааскабытын» устан, сымнаан, дьэ эйэ дэмнээхтик кэпсэтэн, дьоммутун кытары билсэн бардыбыт. Өрүү буоларыныы, остуолу Коля салайар. Кини биир-биир биһигини билиһиннэрэр. Мин мойуор сыбаанньалаах отдел начаалынньыга, Клим – хапытаан, баһаарынай чаас начаалынньыга, Борис – эмиэ хапытаан, ГАИ начаалынньыга үһүбүт. Эрдэ «корочкатын» көрдөрбүтүнэн, бэйэтэ эрэ дьиҥнээх дуоһунаһынан хаалла. Нууччаларбыт ити бэйэлээх ыалдьыттанан баран олоруохтара дуо? Сүүрэн-көтөн биирдэрэ күөс буһара уурда, иккис баанньык бэлэмнээтэ. Аны, киэһэ сомогуон сүүрдүөх буоллулар. Икки бөтүөн соҕотуопка баар үһү. Онон биһиги манна баанньыктанан, сынньанан, хонон-өрөөн барар буоллубут. Кэлин билбиппит, бу сир Бүлүү территорията эбит. Балыксыттар Кыһыл Сыыртан манна кэлбиттэрэ ырааппыт, оттон «дьиҥнээх» тойотторо сотору дьэ сынньана кэлиэхтээхтэр үһү. Били сомогуон кинилэргэ бэлэмнэнэ турбут. Ол эрээри үчүгэй дьоҥҥо «не жалко» диэн буолла. Биһиги да иэскэ хаалбатыбыт. Холуочуйбут дьон туох да регистрацията суох, тутуллубут саа-ботуруон бэлэхтээтибит. Саата суох буолан, эт сиэбэккэ олорор дьон үөрүү бөҕө буоллулар. Икки өттүттэн өйдөһөн, астына сынньанан баран, ити курдук араҕыстыбыт. Эргиллии Эдьигээн сиригэр-уотугар киирдэхпит, улахан эбэҕэ – Өлүөнэҕэ чугаһаан истэхпит аайы халлааммыт тымныйан барда. Били, итии күннэрбит ханна да суох буоллулар. Үрэхпит биллэ кэҥээтэ, онно-манна дьиэ саҕа муустар көстөн бардылар, өтөр эбэбит бэйэтэ харааран көһүннэ. Мантан, Лииндэ үрэх төрдүттэн, тус хоту сүүрүк устун бардахха, Эдьигээммит 20 көс. Онон бастаан Бэстээх бөһүөлэгэр тиийэн ыалга хонон, мотуордарбытын көрүнэн, оҥостон баран, дьэ Эдьигээммитигэр айаннаатыбыт. 10 хонукка үлэбититтэн отгул ылбыт дьон болдьоммут күммүтүттэн хойутаабакка, дьиҥнээх начаалынньыкпытыттан мөҕүллүбэтибит. Үлэбитигэр тахсаат, бары «начаалынньыктаан» бүтэн, эргэ «хаабытыгар» түстүбүт. Ити курдук уонча хонукка сааскы айылҕаҕа сылдьан сынньанан, булт бөҕөтүн бултаан, барыта 30 хоҥор, 13 лыглыйа, уонча хардырҕас хааһы, уонча андыны, аҕыйах уу куһун бултаабыппыт. * * * Лииндэ үрэх Саха сирин аата-ахсаана биллибэт үрэхтэриттэн биир бөдөҥнөрө. Кини Эдьигээн улууһун саамай соҕурууҥҥу уһуга, хотугу эргимтэ тас өттүгэр сытар буолан, айылҕата, ото-маһа Бүлүү умнаһыттан туох да атына суох, көтөр-сүүрэр таптаан тохтуур, төрүүр-ууһуур дойдута. Манна былыр үрэҕи бата көс эбэҥкилэр булду батыһан, дьиэ табатын ииттэн тарҕанан олорбуттара биллэр. Сэбиэскэй былаас саҕана манна хас да сиргэ таба ыстаадата, булчуттар бултаабыт түүлээхтэрин туттарар пууннара хойукка диэри баара эбитэ үһү. Олор кэлин, бөдөҥсүтүү саҕана, Бэстээх, Баахынай бөһүөлэктэригэр көһөн киирбиттэр. Өссө бу үрэҕи быһан инньэ Булуҥтан кэлэр былыргы айан аартыга, суола ааһар. Ол былыргы дьаам суола Хотугу муустаах байҕалтан Эдьигээнинэн, Бүлүүнэн эргийэн Дьокуускайга түһэр эбит. Билигин массыына кыһыҥҥы суола Эдьигээнтэн кэлэн Бүлүү–Дьокуускай федеральнай тыраассаҕа тахсар. Захар Федоров, Эдьигээн–Бэрдьигэстээх. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан