Кэпсээ
Войти
Регистрация
Табыллыбыт Татыйык (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Табыллыбыт Татыйык (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.01.2017 21:42
“Сайсары” бааһынай ырыынагар хас күһүн аайы буолар дьаарбаҥкаҕа кэнсиэрбэ атыылыыр дьахтары өрүү көрөбүн. Хараҕым тоҕо эрэ таптыы көрөр. Быйыл, дьэ, өйдөөтүм, кими көрбүппүн. Татыйык, Татыйык эбит дии! Ырыаҕа этиллэринии, сааһырыы боруогар үктэммит көрүҥнээҕэ. Ол эрээри билигин даҕаны чараас-чараастык көрөн кэбистэҕинэ, син-биир эдэр сааһынааҕы кэрэтэ тахсан кэлэр курдук. Хата, сааһыра быһыытыйан, кыратык эт туппут. Оччолорго Таанньа диэн эдэркээн кыыс айан суолун кытыытыгар олорор дэриэбинэҕэ библиотекаҕа үлэлии кэлбитэ. Киирэн-тахсан, элэстэнэн, хаамардыын чэпчэкитэ. Төһө да киһи “уой-аай” диир кырасаабыссата буолбатар, дэриэбинэҕэ баҕас сэргэхсийиини таһаарбыта быһыылааҕа. Кинигэлэр былыргы пуолкаларын быыһыгар кинигэ тала сылдьар тырахтарыыс Ниикэ, суоппар Куола, булчут Өндөрөй эҥин курдук ойоҕо суох сылдьар уолаттары элбэхтик көрөр буолбуппут. Сорохтор библиотека аанын аан бастаан аспыт да буоллахтарына көҥүлэ. Бу кыыс библиотека аанын саппат буолбут уолаттартан хайаларыгар кэргэн тахсыан туһунан дэриэбинэ эмээхситтэрэ киирэ-тахса сибигинэһии-сипсиһии бөҕө этилэр. Ити курдук, чуумпу дэриэбинэ олоҕун сотору биир сонун аймаабыта. “Тыый, библиотекарь Таанньа онус кылаастартан арахсыбат буолбут үһү”. Онно хайыһардыы, манна салааскалыы барсар сураҕа иһиллибитэ. Библиотека уонна оскуола арахсыспат аргыстар буоллаҕа. “Кинигэ туһунан кэпсии, быыстапка көрдөрө тиийиэ суоҕа дуо, ама, үлэтэ буоллаҕа дии”, — диэн көмүскэһээччилэр эмиэ бааллара. О эрээри тыала суохха мас хамсаабата чахчы. Кыыспыт онус кылаас көстүүлээх уолугар, интернакка олорор Куолаҕа сүрэҕин сүүйтэрбит. Куолата кинини Татыйык диэн ааттаабытын оҕолор иһиттэхтэрэ буолуо, түргэн баҕайытык Татыйык диэн аат биллибэтинэн иҥэн хаалбыта. Билигин таптаһар көҥүл. Омугу да таптаа, балыһы да таптаа. Оччолорго таптал диэн бобуу-хаайыы аргыстаах буолара. Кэпсээн буолан баран омуннааҕа да буолуо. Сотору Таанньалаах Куола физкултуура саалатыгар маакка ыбылы куустуһуохтарынан куустуһан утуйа сыталларын түүҥҥү харабыл туппут үһү диэн сурах сири аннынан тилийэ көппүтэ. Кулууп дириэктэрэ эмээхсин ити сонунтан олоппоһугар лах гына олоро түспүт аатырбыта. Ол аата дьыала суорҕан иһигэр да тиийбит буоллаҕына көҥүлэ. Тоҕо эрэ онуһу бүтэрэр сылыгар Куола уол эр киһилии быһыыламмыт, быыппастар быччыҥнаммыт, бэл, бытыктаммыт этэ. Кулууп үлэһиттэрэ библиотекарь кыыһы дьүүллээбит сурахтаахтара. Уол оскуоланы бүтэрээт, аармыйаҕа барбыта. Оттон Таанньата тоҕо эрэ көһөн барбатаҕа, үлэлии хаалбыта. Баҕар, биһиги дэриэбинэбитин сөбүлээтэҕэ буолуо. Дьылҕа-хаан ыйааҕа эбитэ дуу? Куола аармыйа кэнниттэн манна кэлбэтэҕэ. Бука, дьоно боптохторо эбэтэр таптал уота умайан бүппүтэ эбитэ дуу? Арай Татыйык туох да буолбатаҕын курдук сылдьара. Биир үтүө күн тырахтарыыс Ниикэҕэ ойох тахсан, уруу киэнэ мааныта буолан соһуппута. Аҕыйах саҥалаах Ниикэ үлэһит үтүөтэ, майгылаах бастыҥа буоллаҕа. Татыйыгын эккирэтэн-эккирэтэн ылбыт буолан, биир тылынан хомуруйбатаҕа. Утуу-субуу уоллаах кыыс оҕолонон, сүөһү-ас ииттэн, саҥа дьиэ туттан, бас-көс ыал ахсааныгар киирбиттэрэ. Ол иһин даҕаны ити олордубут оҕуруотуттан оҥоһуллубут кэнсиэрбэлэрин атыылыы турдаҕа. Онон табыллыбыт Татыйык буолла. Олоҕор биирдэ уоттаахтык-күөстээхтик таптаабыта, ама, буруйа буоллаҕай? Хараҥаччы, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан