Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хаарчаана бэлэҕэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хаарчаана бэлэҕэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
10.01.2017 20:34
Уола бүгүн ыалдьан турда. Түүн оҕото сөтөллөрүн, үлүгүнэйэн ыларын истэ-истэ, этэ итийэн суорҕанын тэбэн кэбиһэрин үллүйэн сабан биэрэ-биэрэ, бэйэтэ утуйар-утуйбат икки ардынан сыппыта. Онто, дьэ, бу. Сарсыарда кыраадыстаан, сыыҥ-сыраан буолан турда. Сөтөлүннэҕинэ, түөһүн иһигэр туох эрэ хардыргыыр баар курдук. Ыйыстарыгар күөмэйэ кытта ыалдьар буолан, оронуттан турумаары, ытаан ыгыстаахтаата. Байбал ону хайыай? Ыскаабын баран хаһыспахтаата да, оҕоҕо сөп түбэһэр эмп диэни булбата. Хата, хаһааҥҥы эрэ “парацетамол” хатан сылдьарын булан, икки гына аҥардаан иһэртэ. Уола онно сөп буоллум диэбиттии, салгыы утуйан буккураан хаалла. Дьыссааттанан бүттэхпит. Хайыах баҕайыный? Байбал сарсыардааҥы чэйин сыпсырыйа олорон, санааҕа түстэ. Кини урут даҕаны уолун соҕотохтуу хаалларан, үлэтигэр барар этэ. Улахан киһиэхэ курдук, “аһыҥ остуолга баар, бэйэҥ аһаар”, “розеткаҕа, оһоххо чугаһаама”, “ааны аһаайаҕын”, “таһырдьа тахсыма” диэн сорудахтаан барара. Уола, хата, кыра эрдэҕиттэн соҕотох олоро үөрэммит буолан, төһө да чуҥкуйдар, аҕата барарын буолуохтааҕын курдук ылынара. Оттон бу ыалдьыбыт оҕону соҕотохтуу хаалларар хайдах эрэ буолсу. Быраас ыҥырыахха наада быһыылаах. Үлэтигэр борогууллуура эмиэ сатаммат курдук… Байбал чэйдээбит иһитин сууйбакка, остуол түгэҕин диэки куду анньан кэбистэ. Сарсыардааҥы аһылыга да диэхтээн, үүтэ суох хара чэйи кытта арыылаах килиэп эрэ. Дьыссаакка аһатар буоланнар, сарсыарда ас астамматтар. Хата, өрүү да килиэп абырыыр. Хап-сабар таһырдьаттан мас киллэрэн, оһоҕун эбии оттон биэрдэ. Халлаан тымныйбыт, туман будулуйан, аттынааҕы тыа көстүбэт буолбут. Буолумуна, дьыл оройо үүннэҕэ. Быйыл өссө ахсынньыга тымныйбакка, сылаас күн-дьыл туран абыраата. *** Байбал бөөлүүн кыраһа хаар түспүтүн күрдьэ түһэн баран, ыалын аахха таҕыста. Ыттара Моойторук “моҥ!” “моҥ!” диэн үрэн иһэн, бэркэ билэр киһитэ кэлбитин билэн, эккэлээбитинэн утары сүүрэн кэллэ. Миитэрэйдээх Маайа сарсыардааҥы чэйдэрин иһэн бүтэн эрэллэр эбит. — Ыаллар, дорооболоруҥ! — Дорообо, дорообо, доҕор! Туох кэпсээн? – Миитэрэй күө-дьаа буола көрүстэ. Итии чэйтэн көлөһүннээбит сүүһүн ытыһын таһынан соттон кэбиһэн баран, оһох иннигэр кэлэн, табаҕын тардан барда. — Туох кэлиэй? Эһиэхэ буоллаҕа, — диэн Байбал кыккыраччы мэлдьэстэр да, оһох иннигэр кэлэн кыра олоппоско олорон, табах тардыһан барда. Эр дьон күн-дьыл туругуттан саҕалаан, дьиэ эргиннээҕи, күннээҕи сонуну кэпсэттилэр. Маайа ону истэ-истэ иһитин хомуйан кэбистэ. Сарсыарда ыан киллэрбит үүтүн сэппэрээтэргэ эрийээри бэлэмнээтэ. — Оҕонньор, ыл, сэлэһэ олоруоҥ дуо, умуһахтан үүппүн таһааран кулу, — диэн соруйда. Миитэрэй оччолооҕу истэн баран, олоруо дуо, “ээ, чэ, бэйи” дии-дии туран, көһүйэн хаалбыт атахтарын көннөрө сатаан бэдьэҥэлээтэ. — Маайаа, көрдөһүүлээх кирдим. Ити оҕом ыалдьан хаалла. Киирэн көрө сылдьаар эрэ… — Оо дьэ, кэм буолуо… Ол ыалдьыбыт оҕоҕун хаалларан, үлэлии бараахтаатыҥ дуо? Бүллэтиэн эҥин ылыаххын, оттон. — Бу сыл түмүгэр өрүү сытар соло суох ээ, саҥаас. Быраас ыҥырдым ээ, кэлэн көрүө буоллаҕа. Ити оһоҕу эбэн биэрдим,
сотору сабаар эрэ. Эрдэ кэлэн эмп ылан ааһыам этэ, — Байбал буруйдаммыттыы бордургуур. — Оо, чэ, хайыаххыный. Оҕобор үүт таһааран оргутан иһэрдиэм, —— диэтэ эмээхсин. — Чэ, баһыыба, саҥаас! Өрүү да абырыы тураҕын ээ. Чэ, мин да маскытын хайытан биэриэм, өрөбүлбэр, — диэн баран, Байбал үөрүүтүттэн бэрт чэпчэкитик “тэп” гынан хаалла. —Ити хаарыан уол эрэйи көрө сырыттаҕын… Ойохтоноро буоллар, оҕотун да эрэйдиэ суох этэ. Ону баара, кэргэнин кэриэстиирэ бэрт буолаахтыа, — диэн баран, Маайа үөһэ тыынна. *** Алеша уһуктубута, төбөтүн ыарыыта ааспыт курдук. Ол оннугар утаппыт аҕай, күөмэйэ ыалдьар. — Паапаа!.. – диэн ыҥыран көрдө. Саҥа суох. Уол туран, уу иһиэҕин баҕаран, сыгынньах атаҕын суорҕан анныттан быктаран, таапачыкатын көрдүү сатаата да, тымныы муоста мууһунан хаарыйда. Уол төттөрү суорҕанын бүрүнэн сытынан кэбистэ. Эмискэ аан тыаһаата. Иһит тыаһаата, онтон чэпчэки атах тыаһа сурдурҕаан кэллэ. — Тоойуом, Өлүөсүк, бааргын дуо? – Маайа саҥата эҥээрийдэ. — Ии, саҥа турдуҥ дуо? Бу кылаллан сытар эбит дии. Тоойуом, билигин үүт иһэрдиэм, —— дии-дии эмээхсин оҕону таҥыннарда, сылаас үүт иһэртэ. Иһити хомуйа, муостаны харбыы оҕуста. Алеша тотон, санаата көнньүөрдэ, ыарыыта да мүлүрүйбүккэ дылы буолла. — Эбээ, мин дьыссаакка барбатым дии. Онно Моруос оҕонньор кэлиэхтээх этэ. Мин кини туһунан ырыа үөрэппитим ээ. Биһиэхэ дьуолкабыт суох дии. Оччоҕо миэхэ бэлэх биэрбэт дуо? — Уу, оттон бэлэҕин паапаҕар биэрэн ыытар ини. — Эбээ, оттон кини аптаах волшебник дии? Баҕа санааҕын барытын толорор дуо? — Билбэтим, тоойуом. Толороро буолуо ээ, бука, ол оҕонньор, — Маайа оһоҕу саба сылдьан хардарар. “Оо, паапа дьуолка аҕалара буоллар, Моруос оҕонньор манна кэлиэ этэ. Оччоҕо баҕа санаабын этиэм этээ…” диэн Алеша саныы сытан утуйан хаалла. Маайа сүүһүттэн тутан көрөн баран, баһын быһа илгиһиннэ. Оҕо этин суоһа эмиэ сүрдэммит. Эмээхсин оҕону суорҕанынан сабан баран, тахсан барда. *** Уол ким эрэ илиитин тардыалаабытыттан уһугунна. Арай, туман быыһынан көрдөҕүнэ, киниэхэ Хаарчаана кэлэн турар эбит. Үрүҥ кырса бэргэһэлээх, хаар кыырпаҕа сыстыбытын курдук кылабачыйа сылдьар таҥастан тупсаҕай сонноох. Туох эрэ диир, күлэн, маҥан тиистэрэ кэчигириир. —Хаарчаанаа, тохтоо, барыма… Моруос оҕонньор кэллэ дуо? Мин киниэхэ ырыа үөрэппитим. Оччоҕо кини мин баҕа санаабын толорор дуо? Мин саамай-саамай маама кэлиэн баҕарабын… Уонна биһиэхэ манна дьиҥнээх дьуолкалаах бырааһынньык буоларын… Уонна дьуолка анныгар “Лего” костурууктары баҕарабын. Эн киниэхэ этиэҥ дуо, Хаарчаана? Быраас кыыс, оҕо түлэкэдийэн саҥарарын истэ-истэ, аһынан хараҕын уута хачылыйда. Кыраадыстаан көрбүтэ, 39-тан тахсыбыт. Иһиллээбитэ, түөһүн иһэ хардырҕас тыас буолбут. Тута эмп суурайан иһэртэ, укуоллаата. Оҕо нухарыйан барда. Кыыс, төһө да үлэтигэр ыксаатар, оҕону быраҕан барыан саараата. Кини бу нэһилиэккэ аҕыйах ый анараа өттүгэр саҥа
кэлбит буолан, ыаллары үчүгэйдик билбэт. Оҕо тоҕо соҕотоҕун сатаан өйдөөбөтө. Ийэтэ-аҕата ханна барбыттарай? Дьиэ иһин тула көрбүтэ – хайдах эрэ киһи кута-сүрэ тохтообот курас, хаһаайка илиитэ тиийбэтэ биллэр курдук. Ити курдук саныы олордоҕуна, эр киһи киирэн кэллэ. Соһуйан, аан таһыгар тэпсэҥнээн ылла. —Дорообо! Хайа, хайдаҕый? — Бронхиттаабыт. Сыыстардаҕына, пневмониялыан да сөп. Бу тоҕо көрүүтэ-истиитэ суох сытарый? – диэтэ быраас. — Ээ, ити… Үлэбэр ыксаан… Оттон Маайа эмээхсин көрбүтэ ээ… – эр киһи быһаарыыта суохтук ботугураата. — Оттон ийэтэ? – кыыс ыйыппытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. — Ийэтэ суох. Өлбүтэ… — Ээ-э… Бырастыы гын, — быраас ыйыппытын кэмсиннэ. – Оччоҕо билигин балыыһаҕа илдьиэххэ. Онно үчүгэй көрүүгэ-истиигэ түргэнник үтүөрүө. Чэ, таҥыннар, көтөҕөн илдьиэххэ, —— диэн буолла. *** Өлүөсүк биэс хонугунан үтүөрэн, балыыһаттан тахсар күнэ үүнэн, аҕата ыла кэлэрин күүтэр да күүтэр. Балыыһаҕа үчүгэй, бары киниэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһаллар, кэмпиэт биэрэллэр эрээри, аҕатын, эбээ Маайатын олус аҕынна. Быраас ситэри үтүөрэ иликкин диэн бопсон баран, Саҥа Дьыл күнүгэр таһаарыах буолан эрэннэрбитэ. Бу аҕыйах күн иһигэр быраас тетяны кытта олус бодоруста, кутурук курдук батыһа сылдьар буолла, оннооҕор ким да көрбөтүгэр көтөхсөн олорон сыллаһан ылаллар. Өлүөсүк ийэ сымнаҕас илиитэ имэрийэрин, сылаастык сыллаан ыларын умна быһыытыйбыт буолан, маннык түгэннэргэ чобуо бэйэтэ саҥатыттан матан, ыга сыстан, кууһан баран, хараҕын симэн олорор. …Аҕатын кытта сиэттиһэн, дьиэлэригэр кэлбиттэрэ, арай, тиэргэн иһигэр сүрдээх улахан хаар киһи турар эбит. Арааһа, Моруос оҕонньору оҥорбуттар. Тыый! Аттыгар өссө Хаарчаана уонна эбисийээнэ тураллар. Уолчаан хаһан да көрбөтөҕүн көрөн, сөхтө-махтайда. Дьиэҕэ киирбиттэрэ, доҕоор, “мин бу баарбын” диэбиттии утары эркиҥҥэ араас оонньуурдарынан, мөһүүрэнэн киэргэммит дьуолка күлүмүрдүү турар эбит! Дьиэ үрдүгэр эмиэ күлүмүрдэс мөһүүрэлэр, хаардар ыйаммыттар. Оттон остуолга фрукта арааһа, кэмпиэттэр, бэчиэнньэлэр кыстаммыттар. Алаадьы минньигэс сыта кэлэр. —-Ураа! Саҥа Дьыл кэлбит! – диэн хаһыытаабытынан, Өлүөсүк дьуолкаҕа сүүрэн тиийдэ. Сөхпүт-махтайбыт, дьолломмут харахтарыгар сүүһүнэн уоттар чаҕылыһа умайдылар. Өлүөсүк тута кэмпиэти-бирээнньиги, мандарины тута сылдьан сиэн, массыынатынан оонньуу сырытта. Аҕата салаат оҥороору эт, хортуоска, сымыыт кырбыы олордо. Эмискэ таһырдьа сыарҕа тыаһа сырылаата, элбэх киһи атаҕын тыаһа хоочурҕаата, күлсэр, кэпсэтэр саҥалара ньамаласта. Аан тэлэллэ биэрдэ да, үрүҥ туманы бурҕачыппытынан, кыһыл сонноох Моруос оҕонньор бэйэтинэн киирэн кэллэ! Кэнниттэн Хаарчааната, төп-төгүрүк “смешариктар”, роботтар, куобахтар, эһэ миискэ батыспыттар. —Саргылаах Саҥа дьылынан, доҕоттоор, саҥа дьолунан! Дьэ эрэ, манна биир оҕо миигин кэтэһэр диэн эттилэр. Ким баарый, бэлэххэ наадыйар? – диэбитинэн, Моруос оҕонньор уҥа-хаҥас чарапчыланан көрбүтэ буолла уонна мөһөөччүгүттэн “Лего” хоруопкатын таһааран, туттаран кэбистэ. Өлүөсүк олус соһуйан, айаҕын аппытынан даллайан турда. Кини Моруос оҕонньор манна эрэ кэлиэ дии санаабатаҕа. Аттыгар күлэн мичилийэ турар Хаарчаана кимиэхэ эрэ майгынныырга дылы. Кини
түүлүгэр көстүбүт дуу, били, ыалдьа сыттаҕына кэлэн барбыт дуу? Арааһа, оннук быһыылаах, кини эттэҕэ Моруос оҕонньорго… Остуоруйа олоҕо диэн кырдьык-кырдьык баар эбит!.. Уолчаан хоруопкатын кууспутунан даллайан турбутун, Хаарчаана кэлэн сиэтэн дэллэритэн илдьэн, бары дьуолка тула хоробуоттаан бардылар. Уолчаан хараҕар араас уоттарынан, мөһүүрэлэринэн дьиримнии оонньуур харыйа, Моруос оҕонньор маҕан бытыга уонна Хаарчаана мааска быыһынан үөрэн тырымнаабыт харахтара, аҕатын дьолломмут сирэйэ биир күдьүс холбоһон, хоробуоттаан барарга дылы гыннылар… Ангелина Васильева-Дайыына, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан