Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оһохтооххо биир күһүн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оһохтооххо биир күһүн
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.01.2017 19:22
Сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта куорат таһынааҕы улууска устудьуоннар тутар этэрээттэригэр үлэлээбиппит. Сайын уоппускаҕа барбыт ыанньыксыттары солбуйан, ынах бөҕөнү ыабыппыт. Бастаан бөһүөлэк таһыгар баар фермаҕа ый курдук үлэлээбиппит кэннэ отордото диэн тэйиччи баар өтөххө сопхуос салалтата ыыппыта. Оччолорго эдэр кыргыттар буоллахпыт. Соччо дэриэбинэттэн барыахпытын баҕарбатахпыт. Кулуупка үҥкүүлээри, кыратык уолаттары кытта эрийсээри да буоллаҕа буолуо. Аны санаатахха. Ол да буоллар, тойон этиитин толоруохтааххын. Онон ол былыргы өтөх диир сирдэригэр көһөргө күһэллибиппит. Эдэр эдэр курдук, ырыа-тойук бөҕөбүт. Ол эрээри дэриэбинэттэн тэйиччи барбыппыт тута биллэн барбыта. Үүт таһар массыына эрэ кэлэн сэргэхситэн барара. Биирдэ эмэ биригэдьиир дьахтар охсуллан ааһара. Бу көһөн тиийбит өтөхпүтүгэр икки этээстээх ампаар дьиэ сабырыйан турара ыраахтан көстөрө. Былыргы соҕус тутуу буолан быһыылаах, маһа хараарбыта өссө суоһу-суодалы биэрэр курдуга. Биһиги үөһээ этээскэ олорор буолбуппут. Иккис этээскэ тахсар кирилиэс таһынан тахсара. Ороммут диэн бэйэбитин кытта илдьэ барбыт раскладушкабыт этэ. Ити курдук, күнтэн күн субуллан, халлаан күһүҥҥүлүү буолан, тымныйан, хараҥаран барбыта. Ол тухары дэриэбинэттэн улахан кэлии-барыы суох. Бара сатаан, сороҕор уопсай бааһынаттан хортуоппуй хостоон сиибит. Минньигэһэ сүрдээх. Уонна өтөхпүтүттэн чугас оттуур оҕонньорго баран биир күн от муспуппут. Туһугар, син сэргэхсийбит курдук буолбуппут. Сайылыкка уот баарын-суоҕун бу диэн умнубуппун. Эмиэ да чүмэчи уотугар аһыы олорорбут харахпар көстөр курдук. Олохтоох икки-үс ыанньыксыт дьахтар баара, тоҕо эрэ, биһигини кытта олорботохторо. Баҕар, эдэр кыргыттар күлсэн-салсан, түүннэри оонньоон уубутун аймыахтара дии санаабыттара дуу. Биллибэт. Ити курдук, күн аайы илиинэн ынах ыан, тарҕаһар күммүт бу тиийэн кэлбитэ. Биһиги дьиэбитигэр бараары сылдьар дьон үөрүү-көтүү бөҕөбүт. Ас бөҕөтүн астаатыбыт. Уонна арахсыы биэчэригэр олохтоох ыанньыксыт дьахталларбытын, бостуук уолаттары ыҥыран аһаатыбыт. Бэт баҕайытык күө-дьаа буолан эрдэхпитинэ, арай, хантан кэлбиттэрэ биллибэт, тыас-уус бөҕө буола түстэ ээ. “Тыый! Кимнээх эрэ кэллилэр. Уолаттар быһыылаах!” – диэн үөрбүт саҥалар остуол уһугуттан иһилиннилэр. Дьэ, доҕоор, кэлбит дьоммут дуу, туохтарбыт дуу харса суох тас кирилиэһинэн иккис этээскэ хааман таҕыстылар. Атахтарын тыаһа ыарахана сүр. Омунугар хааман батыччахтыыр тыастара үрдүбүтүгэр иһиллэр. Биһиги бастакы этээскэ олордохпут дии. Арай ыанньыксыт дьахталлар сирэйдэрэ кубарыйан, бэйэ-бэйэлэрин куттаммыт уонна соһуйбут харахтарынан көрсөн ылбыттарын үгүстэр бэлиэтии көрдүбүт. Хата, кэлбит дьону көрө охсоору сорохтор ойон тахсааччы буоллубут. Ол курдук үөмэхтэһэн тахсыбыппыт, ким да суох эбит. Киһи эрэ буоллар эппит саласта, куйахабыт күүрдэ… Тугун дьиктитэй? Ыалдьыт дьахталларбыт саҥата суох тыас-уус хомунан дьиэлэригэр таҕыстылар. Биһиги да син куттанныбыт быһыылаах. Онтон сыыйа куттаммыппыт ааһан, таһырдьа тахсан, оонньуохха дэстибит. Бостуук уолаттар “пионер костерун” санатар кутаа уматтылар. Хараҥаҕа кутаа уота туох да сырдыга сүр. Хаһыы-ыһыы саҕаланна эбээт. Ол кутаа тула оонньуу, көр бөҕө буоллубут. Ити тарҕаһыахпыт иннинэ биир кыыспыт эмискэ ыалдьан баран хаалбыта. Сирэйигэр
туох эрэ кутургуйа курдук тахсан моһуоктаабыта. Ыарыыта да сүр быһыылааҕа. Дэриэбинэҕэ көрдөрө диэн баран устунан дойдулаабыт сураҕа иһиллибитэ. Ол кыыһы кытта эһиилги күһүнүгэр биирдэ ирэ-хоро кэпсэтэн турардаахпын. Онуоха кыыһым бу курдук кэпсээн соһутан турар: — Мин тоҕо барбыппын ким да сэрэйбэтэх буолуохтаах. Сирэйбэр кутургуйа тахсан сордообута дии. Итинник ыалдьа-ыалдьа тэмэх тиктэ олордохпуна, иккис этээскэ үрдүк баҕайы уҥуохтаах, күрүмэ этэрбэстээх, кыһыл саһылтан тигиллибит сонноох киһи киирэн кэлбитэ. Эһиги бары күнүскү ыам кэнниттэн утуйан букунаһа аҕай сытар этигит. Бу киирбит киһиттэн куттаныы бөҕөнү куттаммытым. Этим саласпыта. Хайдах эрэ былыргы киһиэхэ моһуоннуура. Арааһа, өтөхпүт иччитэ кэлэ сырытта быһыылааҕа. Уонна хайдах эмискэ киирбитин курдук эмискэ суох буолан хаалбыта. Куттаныахтара диэн эһиэхэ ити туһунан кэпсээбэтэҕим. Түргэнник хомунан бара охсорго тиэтэйбитим. Арааһа, улаханнык ыалдьаары гынаммын көһүннэ дуу диэн барарга быһаарыммытым. Ити курдук кэпсээн соһутан турар ол оччотооҕу үөлээннээҕим. Быраҕыллыбыт эргэ өтөх сиргэ олорор дьулаанын уруккуттан да истэр этим эрээри, хайдах эрэ куттаммытым. Чэ, хата, этэҥҥэ сылдьан, үүт бөҕөнү үрүлүтэн, хайҕал бөҕөнү хайҕанан кэлбиппит. Оһохтоох, көр, оннук кутталлаах сир эбит этэ. Женни Стрюкова, “Саха сирэ” хаһыат, http: //edersaas.ru/
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан