Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саллаат Сэмэн
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саллаат Сэмэн
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.03.2024 10:00
Самаан сайын. Сир-дойду сириэдийэ киэргэйбит. Мутукча сыта дыргыйан олорор. Алаас тулатыгар үүммүт эдэркээн хатыҥнар намчытык суугунаһаллар. Төрөөбүт дойдуттан арахсыы ыар күнэ Сэмэнчиккэ Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэриигэ ыҥырыы бэбиэскэтэ кэлбитигэр тирээбитэ. Уолчааны, кырыктаах сэриигэ атаара, сааһырбыт ийэтэ уонна оҕо сааһа ааспыт кыраһыабай кырдала, өссө оонньуохпут дуо диэбиттии нэлэһийэ көрөн, быраһаайдаһа хаалбыттара. Ийэтэ Өрүүнэ барахсан хатырбыт уоһунан уолун уураабыта, сымнаҕас илиилэринэн баһыттан имэрийбитэ, санна титирэстээн ытыы турбута. Уола төһө да уот сэрииттэн сүрэҕэ аһыйдар, санаата оонньоотор, ийэтин уоскутардыы: Ийээ, биһиги кыайыахпыт, мин эргиллиэм, көрөөр даҕаны, ити саҕалаабыт ампаарбын кэлэн баран ситэри тутан бүтэриэм, эн олох санаарҕаама… — дии-дии, ийэтин аастыйан эрэр баттаҕыттан сыллаабыта. Ол бэйэтэ билигин бу өстөөҕү утары уот сэрии киэҥ толоонугар окуопаҕа сытар. Кини, сааһыгар сааны туппатах саха уола, иэгэйэр икки атахтааҕы буолуох, дьөрү куһу-куобаҕы да кыдыйбатах киһи, аан бастаан киһини саанан кыҥаан ыппыта. Ыппыта, онтон дөйбүт курдук өр сыппыта. Аттыгар кэккэлэһэ сытар Саша диэн нуучча уола: — Молодец, зоркие у тебя глаза, якут, — диэн хайҕаабыт саҥатыттан уһуктан, буорах сыттаах ыыс-быдаан туман курдук буруо быыһыгар туора сиргэ сытарыттан сүрэҕэ хараастан ылбыта. — Өстөөх кимэн киирэн эрэр, чугуйумаҥ! — диэн хамандыырдарын хаһыыта сатараабыта. Сэмэнчиктээх үрдүлэринэн өстөөх сөмөлүөтэ тохтоло суох халлааны хайа сүүрдэн, сир дойду эстэн хаалыахтыы өрө дьигиһийэн олороро. Ким эрэ, ханна эрэ бүтэһиктээҕин кыланара. Аттыгар сыппыт эдэркээн нуучча уола кыл түгэҥҥэ бааһыран, түөһүттэн чоккуруур хаанын улахан ытыстарынан саба тута сытан, Сэмэнчиккэ бэйэтин чаһытын ууммута. Уол ылыахча ылбакка таалан сыппыта. Маннык дьулаан көстүүнү төрөөн баран көрбөтөх муҥкук саха уола, олус айманан, туран сүүрэн хаалыахтыы тулатын көрүтэлээбитэ. Онуоха нуучча уола дириҥ күөх харахтарынан тобулу көрө сытан, ботугураан иһэн ах барбыта. Ол тыллартан өйдөөн хаалбыта: «Госпиталь №37, Насте… Насте Коноваловой передай, она там работает медсестрой…» Өр толкуйдуу сытар бириэмэ да суоҕа, чаһыны ылан сиэбигэр уктубута. Тохтоло суох ытыалаһыы кэмигэр Сэмэнчик хас да өстөөҕү бааһырпыта. Өстөөхтөр чугуйан эрэллэриттэн эрдийэн күүһүгэр күүс киирбитэ, сэниэтигэр сэниэ эбиллибитэ. Эмиэ уот сэрии ынырык толооно. Эмиэ буорах аһыы сыта… Тыас-уус, ыһыы- хаһыы… Сэмэнчик харса суох ытыалыыр, буомба эстэр… Үөһэттэн эмиэ ытыалааһын. Эмискэ бу айдаан чуумпуран, уол төрөөбүт дойдутугар баар буолар. Уолчаан кырдалын устун атах сыгынньах сүүрэр. Ханна эрэ ыраах бэйэтин саҥата иһиллэр. Ол саҥа хоту сүүрэн тибигирэйэр. Арай, сүүрэн иһэн ат үрдүгэр баар буолбут. Аҕата бокуонньук тураҕас атын миинэн көтүтэн иһэр эбит. Ат барахсан сиэлэрэ астыгын. «Бу илэ дии, мин дойдум кырсын устунан атынан тэптэрэн иһэбин. Тоҕо миигин ким да көрбөтүй?» Тэйиччи, алаас ортотугар үөрбүт-көппүт сирэйдээх холкуос бэрэссэдээтэлэ кыайыыны ситистибит диэн бар дьоҥҥо тыл этэр… Сэмэнчик атын дьон тоҕуоруспут сирин диэки салайар. Арай, ата өрө көтөн былыт курдук салгыҥҥа устар. Төһө өр сыппытын өйдөөбөт, арай бааһыран госпиталга сыппыта уонча хоммутун туһунан кинини эмтиир эдэркээн нуучча кыыһыттан истибитэ. Кыыс уол диэки аһыммыттыы көрөр, сымнаҕас илиилэрэ, уол хараҕын симтэҕинэ, ийэтин санаталлар. Бу сытан, били эдэркээн нуучча уола биэрбит чаһытын ылан көрдө, иһигэр мичилийэ үөрбүт харахтардаах кыыс олорор. Хайдах эрэ кинини эмтиир, көрөр-истэр кыысчааҥҥа маарынныыр. Ол эрэн эмчит кыыс олус эрэйдэммит, санаарҕаабыт харахтардаах. Оттон хаартыскаҕа баар Настя олус дьоллоох… Сэмэнчик санаата буолбата, хайаатар да уол кэриэһин толорор туһуттан ыйытарга сананна. Кыыс кыракый тааска уу аҕалан, Сэмэнчик бааһырбыт саннын сууйаары олорон, уол түөһүгэр сытар чаһыны көрөн ах барда. — Это какой госпиталь? 37? как мне Настю… Коновалову…, — диэн олуттаҕастык саҥаран ыйытта. — Да, это госпиталь для раненых №37, а Коновалова — это моя сестра. Откуда у тебя эти часы? — Мне эти часы дал Саша… Сказал, чтобы я передал Насте… Кыысчаан уйадыйан чаһыны харбаан ылла, сыллаата, онтон ытаата. — Значит, Саши больше нет? Как же так, что я скажу Насте… Сэмэнчик кыыс сырдык баттахтарын имэрийдэ, бэйтин хараҕын уута иэдэһинэн сүүрбүтүн өйдөөмүнэ хаалла… Оттон аан айаҕар бу кыысчааҥҥа майгынныыр эмиэ чачархай баттахтаах, ол эрэн арыый оҕотук сирэйдээх, илиитигэр кыракый соттордоох кыысчаан саҥата суох ытыы турара, кини барытын истибитэ… Ол кини кылгас кэмҥэ билсэн, окуопаҕа бииргэ сыппыт уола Саша таптыыр кыыһа Настя Коновалова этэ… «Таптыыр доҕору сүтэрии, арахсыы — сүрүн ньии! Оо, дойдубар этэҥҥэ эргиллэн ийэм барахсаны куустарбын, кырдалбынан дуоһуйа сүүрдэрбин…» бу сытан Сэмэнчик дойдутун, бар дьонун санаан сүрэҕэ ньүөлүйдэ, олус долгуйда. Хайаатар да эргил- лэн тиийиэ, били уруккуттан сөбүлүү көрөр Саргытын кытта кэпсэтиэ, санаатын этиэ… Уол үтүөрбүтүн кэннэ дойдулаа диэн хамандыыра бирикээс биэрбитэ. Хайдах эрэ аккаастыах санаата кэлбитэ. Инньэ гынан бүтэһик уһукка диэри кыргыһар санаалаах Сэмэнчиги нэһиилэ тылларыгар киллэрбиттэрэ, саннын бааһа олус дириҥ буолан, кыайан туоһапканы көтөҕөр кыаҕа суоҕа. Онон Сэмэн уол дойдутугар тыыннаах эргиллэр дьолу билэн, төрөөбүт кырдалын устун хааман, аан айаҕар долгуйан бары сүһүөхтэрэ хамсаан ийэтэ барахсан кэтэһэ турарын көрөн хараҕын уута субуруйа сүүрбүтэ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан