Кэпсээ
Войти
Регистрация
Соһуччу көрсүбүт аналым
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Соһуччу көрсүбүт аналым
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
31.05.2019 16:03
Сааскы килэйбит суол устун киинэ тыйаатырын диэки хаамабын. Килэгир суолга халты тэбиммэт курдук, ыксаатарбын да бытааннык айанныыбын. Бэҕэһээ Биэрэни кытта киинэҕэ сылдьыах буолан болдьоспуппут. Күнү быһа ол туһунан кэпсэппиппит. Киинэ иннинэ кафеҕа киирэн кыратык “тэп” гыннарарбытын эҥин кытта былааннаабыппыт. Ол иһин массыынабын ууран сатыы кэлбитим. Киэргэнэн таба тыһа бачыыҥкабын кэтэртэн кытта туттуммутум. Онтум баара, субонуоктуу сатыыбын да, кыыһым төлөпүөнүн араарбыт. Туох буолбута буолла, хаһан да маннык сүтээччитэ суоҕа. Хата, төттөрүтүн, бэйэтэ эрий да эрий буолар үгэстээҕэ. Үлэлии олордоххо, уһаабыта биэс мүнүүтэ буола-буола эрийэрэ. Бииргэм “таптыыбын” диэн сылатааччы. Инньэ гынан бу “сүтээһинэ” миигин ордук муодарҕатта. Хаһыс да эрийиибэр Биэрэм, дьэ эппиэттээн абыраата: “Дорогуой, бырастыы гын. Косметологка баарбын. Киинэҕэ сылдьыах буолбуппутун отой да умнан кэбиспиппин. Манна кыраапыгынан эрэ үлэлииллэр. Онон киинэҕэр соҕотоҕун сылдьаргар тиийэҕин. Бу кэнниттэн отой кырасаабысса буоллахпына, хата, бэйэҥ астыныаҥ. Эбэтэр дьэгэ баабалыын сылдьаргын ордороҕун дуу?” – диэн, күлүү-салыы аргыстаах кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн бакаалаһаат, төлөпүөнүн ууран кэбистэ. Мин кыһыйан-абаран, чочумча олоро түстүм. Косметологка сылдьар үһү... Көрсүһүөх буолбуппутун умнан кэбиспит... Ол аата, миигин таптаабат эбит. Таптыыр киһи умнуох туһа суох. Суох, итинник буоллаҕына табыллыбат! Миигин таптыыр эрэ дьахтар мин аттыбар буолуохтаах! Итинник буоллаҕына сылдьыаҥ эбээт! Мин быйыл хайаан да ыал буолбут киһи диэн, инникитин оҕолорбун эҥин санаан ипотекаҕа киирсэн түөрт хостоох баараҕай кыбартыыра ылыммытым. Ону таһынан дьиэ кэргэммин таһарбар диэн, омук микрооптуобуһун атыыласпытым. Биэрэ, оннук айылаах кырасаабысса да буолбатар, быһыытынан-таһаатынан, туттарынан-хаптарынан кыыс оҕото, бирээмэ, уон аҕыс саастаах курдук. Орон да чааһыгар киһи мыыммат барахсана. Хаһаайка быһыытынан ырааһа, ас астыыра минньигэһэ. Инньэ гынан кэргэн ыларга бэртээхэй хандьыдаат этэ. Таптыырыгар эрэнэрим да, ити бүгүн сииктии симэлийдэ. Улахаҥҥа уурбат буолан умуннаҕа дии. Кини өссө күлэр. Суох, миэхэ итинник ойох наадата суох. Мин кэргэним миигин таптыахтаах, миигин эрэ өрө тутуохтаах. Үлэбиттэн кэлэрбэр остуол хотойорунан ас астаан үөрэ-көтө көрсүөхтээх. Ийэм миэхэ кэргэн көрдөөн түбүгүрбүтэ ыраатта. Араас кыыһы билиһиннэрэ сатаабыта. Кини булбут кыргыттара наар ким эрэ оҕото, быраас, бас билэр дьиэлээх, маҕаһыыннаах эҥин диэнинэн куоһурданаллар. Үнүр өссө биир милииссийэ дьахтары кытта билиһиннэрэ сатаабыта. Уочараттаах атаакалааһынтан икки атахпынан куотан быыһаммытым. Милииссийэ, сокуон үлэһитэ диэни иһиттэхпинэ, хайдах эрэ дьаарханан киирэн барабын. Дьахтар итинник идэлээх буоллаҕына, хайдах эрэ тумна быһыытыйабын. Тоҕотун бэйэм да билбэппин. Чэ, быраас, хайа эрэ тэрилтэ хотуна эҥин буоллун даҕаны. Оттон милииссийэ диэн... Биэрэлиин ыкса билсибиппит ыраатта. Сыһыаммыт дьоһун үктэлгэ тахсара да уолдьаста дии саныы сылдьыбытым. Аҕыйах хонуктаахха диэри оннук саныырым. Бу бүгүн кэлэн барыта туора сотулунна. Биир түгэн уһун кэмнээх уохтаах таптал аргыстаах сыһыаны суох оҥордо. “Чэ, Биэрэнэн кыыс барамматаҕа буолуо. Көрдөөтөххө атыны, ааһа баран уон
оччонон үчүгэйи булуллуо даҕаны” диэн, бэйэбин уоскута сатаатым. Ийэм “протежеларын” сыымайдаабатаҕым, улахаҥҥа уурбат да этим. Бэркэ гыннар билсиһэрим эрэ. Инникитин да көннөрү ийэбин үөрдэн, билсиһэн көрүллүө. “Бэйэм аналбын бэйэм булуох тустаахпын” диэн санаа төбөбөр көтөн түстэ. Ийэм эрэйдээх сиэн кэтэспитэ ыраатта. Бэйэтэ да сааһыран эрээхтиир. Мин да ийэбэр сиэн көрдөрүөхпүн, ама, баҕарбат буолуом дуо. Ыксыахха наада. Кэм аастар ааһар, саас ыллар ылан ийэм да, мин да кырдьар аакка баран эрдэхпит. Итинник санаалары аргыс оҥостон хайа эрэ кафеҕа киирдим. Иллэҥ остуол турарыгар тиийэн лах гына олордум. Эписийээн кыыс туллуктанан кэлбитигэр 200 г ханньаагы кытта лимон сакаастаатым. Бүгүн буулаабыт санаа ытылҕанын сайҕаары куттубут “аспын” биир тыынынан утаппыттыы кураанахтаатым. Хата, төбөм чэпчээтэ ахан. Ол эрээри онно сөп буолбакка, өссө эбии ханньаак сакаастаатым. “Аһым” киирэрэ үчүгэйэ сүрдээх. Санаам бэркэ дьайҕарда, сүргэм көтөҕүлүннэ. Уустук барыта судургутуйбут курдук буолла. Ол олорон урукку кэмнэрбин санаатым. Устудьуоннуу сырыттахха, эккирэтэр кыыс оҕо эрэ баһаам буолара. Ол сахтарга ыал-күүс буолар туһунан долоҕойбор да тохтоппот этим. Урут быстах сыһыаннарынан муҥурданарым. Кими эрэ хомотон, кими эрэ дьоллоон эдэр сааһым күлүмэх күннэрин бараатаҕым. Билигин түөрт уончатын ааһан эрэр киһиэхэ, доҕор булунар уустугуран иһэргэ дылы. Ол урукку кэмнэргэ курдук баҕарбыт кыыспын өйүн сүүйэр кыаҕым сыппаабытын бэлиэр билинэн эрэбин. Ити биир Биэрэ кыайтарбат. Чэ, бардын кини, кинитэ да суох сылдьыллыбыта, сылдьыллыа даҕаны. Бу олорон өйүм-санаам, хата, бэркэ дьэҥкэрдэ. Биэрэм оттомо суох майгытын, өрүү эдэригэр түһэ сатыыр күттүөннээҕин тириим таһынан ылынарбын биллим. Урут да итинник хабааннаах олоххо оттомо суох сыһыанын, солуута суох күлэрин-саларын соччо биһирээбэт этим да, ону биллэрээччим, улахаҥҥа ууран туорайдаһааччым суох. Билигин кэлэн санаатахпына, мин холоонноох хоойго сытар доҕорум оннук солуута суох буолуон отой баҕарбат эбиппин. Олорбуппунааҕар бытааннык, нэһиилэ түөһүллэн олоппоспуттан туран, кууркабын ылан, нэһиилэ айгыстан таҥнабын. Кафеттан тахсан оптуобус тохтобулун диэки байааттаҥныыбын. Хата, өр кэтэһиннэрбэккэ биир массыына тохтоон абыраата. Массыына иһигэр эдэрси кыыс олорор. Туох эрэ кыһыл өҥнөөх киниискэтин үҥүлүтэр. “Милииссийэбин, эйигин билэбин”, – эҥин дэтэлиир. Мин кинини билбэппин истэн хомойо быһыытыйда. Мин билиэхпин баҕарбытым да иһин, ол хас алтыспыт милииссийэм дьахтарын өйдүү сылдьыамый. Холуочук мэйиим тиһэх сыныйар дьоҕурунан кыыс дьахтар кэрэ мөссүөнүн одуулуубун. Кууркатын аллараа тимэхтэрэ төлөрүйбүттэригэр кылбаҥнаабыт бууттарын арахпакка харахтыыбын. Дьэ, кыыс оҕото быһыылаах, түөһэ, буута... киһини ымсыырдыах айылаах. Милииссийэ буолбатаҕыҥ буоллар эрийсиэх эбиппин. Бу да сырыыга бэйэм бэйэбэр толкуйдаабыт дьахтар аймахха сыһыаннаах сокуонум туорайдаһа сытар. Эчи хаарыаны, ити кылбайбыт бууттары имэрийэ-томоруйа олорбут киһи ньии... Иэтэн кэлбит имэҥи-дьалыҥы туох баар күүспүнэн хам баттаан: “Гагарина уулуссаҕа илдьиэҥ дуо?”– диэн көрдөһөбүн. Кыыһым кэҕис гынан сөбүлэһэ охсор. Мин, дьиэбин була охсор санаалаах киһи, сулбу
соҕус массыынаҕа олоробун. Айан тухары суоппарбыныын айах атан кэпсэппэтибит, саҥата суох истибит. Арай утуктаан ходьоҥолуу олорон тиийиэхтээх сирбиттэн дьалты айаннаан эрэрбин сэрэйэбин да саҥарбаппын. Салгыы ол курдук сытан утуйан хаалбыппын. Уһуктубутум, хайа эрэ дьиэ аттыгар турабын. Милииссийэм аттыбар баар. Ханна эрэ сиэтэн илдьэ сатыыр. Мин буоллаҕына: “Бу мин дьиэм буолбатах”, – диэн утарса сатыыбын. Ол эрээри утарылаһар кыах суох буолаахтаатаҕа, ханна үтүрүйэр да, ол диэки байааттаҥныыбын. Сарсыарда уһуктан кэлбитим, ханна эрэ, отой атын сиргэ, утуйа сытар эбиппин. Ыраас баҕайы таҥастаах дьыбааҥҥа тиэрэ лаһыйа сытабын. Сытар хоһум бэрт сэргэх, барыта уурбут-туппут курдук орун-оннугар. Ол курдук тула баар хартыынаны үөрэтэ-сыныйа, бэҕэһээҥҥи киэһэбин өйбөр сааһылыы сатыы сыттахпына, олус кэрэ бааһынайдыҥы сырдык сэбэрэлээх, үрүҥ өҥнөөх утуйар таҥастаах дьахтар тыаһа суох устар кэриэтэ дугунан бодунуос туппутунан киирэн кэллэ. Солко таҥаһа хас хамсаннаҕын аайы тэлибирээн олорор. Хаххата суох түөһэ, тыраҕаһынан кылбайар маҥан буута өйү-санааны ытыйыах, иирдиэх айылаахтар. Дьахтарым бодунуоһугар бутерброд, кофе уо.д.а. көстөллөр. Мин маннык кэрэ сэбэрэттэн ордорон ону баардылаабаппын даҕаны. Дьахтарым: “Бислиһэн кэбиһиэх, мин аатым Саргылаана диэн. Бэҕэһээ наһаа итиригиҥ иһин манна дьиэбэр аҕалбытым. Бэйэм милииссийэ капитанабын. Онон саарбах суолга үктэммит дьону сырдыкка таһаарар биһиги үлэбит сүрүн соруга”, – диэн кэпсээн барда. Мин: “Ол хас итириксити барытын бу маннык бүөбэйдиигит дуо?” – диэн, толоос соҕустук сураһар тойооску буолан биэрдим. Саргылаанам олорбохтуу түһээт: “Мин эн ийэҕин билэбин. Эйигин кытта билиһиннэрэ сатаабыта ыраатта. Билсиһиибит табыллыбатаҕар хаста да сылтах булан үлэлиир сиргэр тиийэ сылдьыбытым. Кэпсэтэн көрөн баран тута сөбүлүү санаабытым. Бэҕэһээ суолга тураргын көрөн тута билбитим. Баҕар, дьолум, дьэ тосхойдоҕо диэн, түгэни мүччү туппакка дьиэбэр аҕалбытым”, – диэн туох да эгилитэ суох кэпсээн кэбистэ. Бэйэтэ буоллаҕына умса көрөн олордо. Мин кини кэпсээнин истэн үөрэ санаатым. Маннык кырасаабыссаттан акаары эрэ киһи аккаастанар ини. Мин оргууй хорсун санаабын киллэрэн кыыһым буутун сэрэнэн-сэрэнэн даҕайан ыллым. Саргылаанам туох да диэн утарыласпата, арай бэрт симиктик күллэ эрэ. Бу түгэҥҥэ, бу кэмҥэ Саргылаанаттан атын мин өйбөр суох буолла. Бэҕэһээ Биэрэҕэ хоргуппут санаам ханна эрэ ыраах, саарбах санаалар саһар ыырдарыгар тиийэн симэлийэ сүттэ. Аттыбар баар Куо Мэтэкэ кэрэ дьүһүнэ куппун-сүрбүн аҥаардастыы баһылаата. Бу кэмҥэ умуннум бэйэм толкуйдаабыт дьоһуна суох саарбах сокуоммун, ону кытта соһуччу күөдьүйбүт таптал дириҥ чүөмпэтигэр утаппыттыы умустум... * * * Ити күнтэн хас да күн ааспытын кэннэ ийэбэр субуоннуубун: “Ийээ, өйбүн тутан эрэбин, милииссийэ кыыстыын билсэбин, бу күннэргэ ыалдьыттыы тиийиэхпит. Олус кырасыабай, асчыт, чэнчис – бэртээхэй хаһаайка. Быһата, ийээ, “жди внуков!” Соччо Ку-ту-каай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан