Кэпсээ
Войти Регистрация

Саҥа дьыллааҕы көрүдьүөстэр. Буҕаалтыр моһуоктара

Главная / Кэпсээн арааһа / Саҥа дьыллааҕы көрүдьүөстэр. Буҕаалтыр моһуоктара

K
edersaas.ru Категорията суох
30.12.2016 19:44
Биһиги тэрилтэбитигэр Саҥа дьылга биир үтүө үгэс баара. Үксэ дьахтар аймах үлэлиир буолан, эр киһи “дэписсиит” этэ. Онон боропсойуус тойоно Сүөдэр Мэхээлэйэбис солбуллубат Моруос оҕонньор буолара. Бу сыл ким Хаарчаана буолара улахан мөккүөрү тардара. Ол иһин баҕалаахтары испииһэктээн, сыл аайы Хаарчаана талыллан, Моруостарын кыбыммытынан, оҕолоох ыаллары кэрийэрбит. www.edersaas.ru Биир сыл ол бочуоттаах эбээһинэс, кэтэһиилээх уочарат миэхэ тиийэн кэллэ. Ол гынан баран, биир моһуокка түбэстим. Бэйэм да сахаҕа бөдөҥ-садаҥ соҕус буолан, таҥнар таҥаспар эрэйи көрсөөччүбүн. Оттон бу Хаарчаана таҥаһа, хайдах эрэ, намчы соҕус эбит. Эбиитин, массыынаттан суһаллык дьиэҕэ киирэргэ саҕынньаҕы устар бириэмэ суох диэн, Хаарчаанам таҥаһын андаатар саҕынньаҕым үрдүнэн тыыппаччы кэтэн кэбистим… Сатахха, Моруоһум кыра уҥуохтаах, хачаайы буолан, мин киниттэн бас аҥарынан үрдүк, икки төгүл кэтит эбиппин. Чэ, хайыахпытый? Бачча ыксалга ырар да, кыччыыр да кыах суох… Дьэ, массыынабытыгар олороот, үлэһиттэрбит дьиэлэрин кэрийтээн истибит. Бастакы дьиэбитигэр олус үөрэ көрүстүлэр. Оҕолор маскараат көстүүмнэрин кэтэн бэлэм олороллор, оҥой-соҥой көрүү бөҕө. Дьиҥнээх Моруос оҕонньор уонна Хаарчаана кэллилэр дииллэр быһыылаах, кыһалла-кыһалла хоһооннорун ааҕаллар, ырыаларын ыллыыллар. Мин хаһан артыыстаабытым баарай, долгуйан, тылбын таһыччы умнан кэбистим. Наар сыыппаралары эрэ кытта “тустар” идэлээх буоллаҕым. Хата, Моруоһум өйдөөн көрөн, күө-дьаа саҥаран, ол онон ааста. Оҕолор бэлэхтэрин ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Төрөппүттэрэ биһигини остуолга ыҥырдылар. Миэхэ сампааны, оҕонньорбор буокканы кутан, Саҥа дьылбыт салаллан эрэринэн, тост көтөхтүбүт, үөрүү-көтүү бөҕө. Дьиэ иһигэр саҕынньахтаах сылдьан, буһуу-хатыы бөҕө. Ол курдук, хас киирбит ыалбыт аайы кутан биэрэн истилэр. Моруоспут муннута кытардар кытаран истэ, кэнники букатын да кыһыл помидорга майгыннаата. Тыла булдьуйдар булдьуйан истэ… Биирдэ наһаа улаханнык саҥарбытыгар, биир кырачаан киһи куттанан ытаата. Хата, ол оннугар мин олох бүлүмүөт курдук субурутар буоллум, хаһан да итинник элбэхтик саҥарбыппын уонна күлбүппүн өйдөөбөппүн. Оннооҕор “дьэ-һээ, бо-һоо-һо” дии-дии ыллаабыт үһүбүн. Бүтэһик ыалларбытыгар түүн үөһүн саҕана тиийдибит. Кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбыт оҕолору уһугуннартаан, санаа түһүүтэ суох, ырыа-тойук бөҕөтүн тардан кэбистибит. Настарыанньа бөҕөө… Моруоспун кирилиэстэргэ нэһиилэ өйөөн-убаан таһаарар буоллум. Ол иһин ыксаан, суоппарбын ыҥыран, киниэхэ состордум. Куорат кытыытыгар, ыраах баҕайы турар, бүтэһик дьиэбитигэр кэлээт, ыксаан туалекка киирбитим кэннэ, обургу оҕолор дьээбэлэнэн, таһыттан хатаан кэбиспиттэр этэ. Оттон дьонум массыыналарыгар олороот, “сус” гынан хаалбыттар. Оччолорго суотабай төлөпүөн, тута ыҥырдыҥ да кэлэр такси суоҕа… Дьэ, мин улахан айдаанынан туалеттан тахсан баран, дьоммун кэтэстим да, мэлигир. Кэлиэгэм оҕолорун дьарыйтаан баран, остуолга ыҥыран, салгыы аһыы олордубут. Мин итииргээммин, тас таҥаспын устан кэбистим. Куукунаҕа үс-түөрт саастаах кыысчаан киирэн кэлэн баран, миигиттэн хараҕын араарбакка, одуулуур. Онтон ийэтигэр сыста түһээт, сибигинэйэр: — Маама, ити Снегурочка “ууллан” хаалбыт дуо? Мунан хаалбыт дуо? Биһиэхэ олоро хаалбыт дуо? Кырдьык, дьонум кэлбэккэлэр, ити ыалга хонон
турбуттаахпын. Дьэ, ити курдук, “хаарчааналаан” турабын. Хаһааҥҥы эрэ хаарыан Хаарчаана, www.edersaas.ru
edersaas.ru сайтан