Кэпсээ
Войти Регистрация

Саҥа дьыллааҕы көрүдьүөстэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Саҥа дьыллааҕы көрүдьүөстэр

K
edersaas.ru Категорията суох
30.12.2016 18:42
Мин түөрт сылы быһа субуруччу тоҕо эрэ Саҥа дьылга наар дьуһуурустубам түбэспитэ. Биир түбэлтэни саныыбын. Саҥа дьыл буолаары аҕай турдаҕына, ыксаабыт-бохсообут, ытаспыт-соҥоспут төрөппүттэрин 3 саастаах оҕолорун көтөҕөн аҕаллылар. Оҕо төбөтүгэр тимир горшогун кэтэн кэбиспит. Уолбутун атаҕыттан хам тутан, эргитэн-урбатан, нэһиилэ горшогун устубуппут. Сары-ору кытаанаҕа онно баара… Төрөппүттэрэ махтанар да түгэннэрэ суох, 12-ни ыла охсоору дьиэлэригэр ойбуттара. Аны биир сыл төбөтүгэр эчэйбит киһи бааһын тигээри тиэйэн истэхпитинэ, диспетчер: “Женщина дома рожает, срочно езжайте!” – диэтэ. Хайыахпытый, массыынабытын төттөрү эргитэн, акушерскай суумкабын туппутунан, ыйыллыбыт дьиэҕэ сүүрэн киирдим. Арай, толору хааччыллыылаах дьиэ туалетын аттыгар дьахтар төҥкөйөн, атаҕын ахчаччы тэбинэн турар эбит. Өҥөйөн көрбүтүм, оҕотун төбөтө көстүбүт, бу түһээри гыммыт!.. Бэрчээккибин кэтэн, дьыбааҥҥа пеленка тэлгии охсоот, дьахтарбын сытыарааппын кытары, ньачаас үлүгэр кылбардык төрөөн кэбистэ. Саҥа дьылы көрсө, саҥа киһи, уол оҕо ытаан эһинньэхтии түстэ. Оҕо иккис миэстэтин араараат, дьахтары таҥыннаран, оҕону суулаан, наһыылкаҕа сытыаран, суһалык төрүүр дьиэҕэ илтибит. Доруобай ийэлээх оҕо 5-6 хонугунан дьиэлэригэр тахсыбыттара. Хомойуох иһин, Саҥа дьыл түүн дэҥ-оһол элбэх, ол ону суруйа барбаппын. Кэргэним ханна үлэлээбит сиригэр барытыгар сүүрүү кулуубун тэрийэр, кыһыннары таһырдьа да, саалаҕа да сүүрэллэр. Билигин да волейболга кырдьаҕастар спартакиадаларыгар кыттар, хамаандаҕа хапытаанныыр. Билигин да сааһырдыбыт диэн олорбоппут, “Эрэл” инструментальнай уонна бальнай үҥкүү ансаабылларын тэрийбиппит. Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Алма-Ата куоракка буолбут куонкурустарга, бэстибээллэргэ кыттан, бириистээх миэстэлэри ылбыппыт. Сорох күн икки кэнсиэргэ кыттар түгэммит баара. Кэргэним уруккуттан солбуллубат Моруос оҕонньор. Билигин да Моруостуур. Биирдэ сиэстэрэтинээн таҥнан баран, дьиэбитигэр көтөн түстүлэр, эҕэрдэлээн бардылар. Миэхэ эппэтэх буолан, тугу да сэрэйбэтим. Арай, үс саастаах кыыспыт: “Дед Мороз аҕабыт бачыыҥкатын кэппит дии, тоҕо?” – диэтэ. Бабат, букатын да бэйэбит киһибит сылдьар эбит! “Моруос оҕонньор атаҕа тоҥон уларсыбыт”, — диэтим, кырачаан киһи итэҕэйдэҕэ дии. Өйдөөн көрбүтүн санаан, кэлин күлсэрбит. Биир Саҥа дьылга аҕабыт кэтэр кыһыл муннун сүтэрэн кэбиспит. Ыксалынан кыһыл пластилинтан улахан мурун оҥостон, суон боробулуохаҕа иилэн кэбистэ. Сценаҕа тахсан кэһиитин түҥэтэ турдаҕына, “мунна” тыастаах баҕайытык муостаҕа “тос” гына түстэ. Дьон күлүстүлэр. Өссө эбиитин биир кыра уол сүүрэн тахсан, “муннун” харбаан ылаат, сүүрэн хаалла. Күлсүү-салсыы өссө улаатта. Дьэ, Саҥа дьылга итинник көрдөөх түгэннэр буолааччылар. Надежда Максимова, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
edersaas.ru сайтан