Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дэбигис буоллаҕа (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дэбигис буоллаҕа (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
15.10.2024 10:00
Акыым Аптарыкыап кинигэ кыһатыгар кэлэн редактор Кисинэпиэн Кирииллэби ыйдаран иккис этээскэ таҕыста. Эргэ дьиэ кирилиэһэ бу айылаах буоллум диэбиттии эр киһи ыарахан-ыараханнык үктэнитэлээн тахсан иһэрин уйумуна хас хамсаныытын аайы «кыырк» гына тыаһаан ылар. Бу кэмҥэ кини саҥатын истэн түгэх хоско остуол кытыытыгар турар лаампа уотугар сырдатынан кинигэ ааҕа олорбут Кисинэпиэн Тиитэбис олоппоһуттан аа-дьуо туран аанын хатаан халыгыратта. *** Ааҕааччым, бу эйиэхэ толкуйдуургар кэпсээнтэн быһа тардан билиһиннэрдим. Эн санааҕар Кисинэпиэн Тиитэбис тоҕо аанын хатаммыта буолуой? Туох дии саныыгын? Акыып Аптарыкыап диэн кимий? Кэпсээн салгыы хайдах сайдан барыаҕай? Мантан сиэттэрэн бэйэҥ кэпсээн сюжетын толкуйдаан көр эрэ. Оттон мин ити кэмҥэ бэйэм санаабын суруйа олоруум. *** Кисинэпиэн Тиитэбис – кинигэ кыһатыгар редакторынан үлэлиир. Күрэҥсийбит баттахтаах, онтун куруутун ньалҕаарыччы тараанарын сөбүлүүр, улаҕата биллибэт киэҥ байҕалы одуулуур курдук дириҥ чүөмпэ харахтаах, уһун дьылыгыр уҥуохтаах, сырдык хааннаах киһи. Биир күһүҥҥү ардахтаах күн киниэхэ сэкирэтээр кыыс кыһыл лиэнтэнэн баайыллыбыт күөх өҥнөөх халыҥ паапканы киллэрэн биэрбитэ. Ол паапкатыгар «Весьма срочно!» диэн суруктааҕа. — Тоҕо бэрдэй? «Весьма срочно» буолан, — редактор паапканы илиитигэр ыараҥнатан көрдө, быатын сүөрэн кумааҕылары хостоото, эргим-ургум тутта. — Дьэ диэ, үлэ эбит. Сүрдээх улахан буочардаах киһи эбит. Чэ, ол миэхэ туох буолуой? Хата, ааҕарга үчүгэй. Таак-с, ааптар – Акыым Аптарыкыап. Бээ эрэ, бу ааты ханна иһиттим этэй? Хаһан эрэ кэпсэтэн ааспыт буолуохпар сөп. Ээ, арба тойоммут табаарыһа этэ дуу, былырыын ыһыахха билсиспиппит. Сүөдэрэбис онно «Акыым бэрт кэпсээннээх киһигин, онтуларгын кинигэ гыннаргын» диэбитэ. Арааһа ону ылынан бу суруйдаҕа. Дьэ эрэ, көрүөх. Тиитэбис ааҕа олорбут кинигэтин туора уурда, бинсээгин сиэбиттэн маҥан былатыагын хостоон ачыкытын ыраастанна, лаампатын кэннин диэки сыҕарыччы аста уонна паапкаттан илиистэри биир-биир ылан аахпытынан барда. — Таак-с, «Кэпсээннэр, ахтыылар, көрүдьүөс түгэннэр». Дьэ, интэриэһинэй. Дьэ эрэ, ааҕан көрүөххэ. «Байбал». Кэпсээн. «Саас ортолоох Байбал үлэтиттэн кэллэ, кэлбитэ дьиэтэ аһаҕас. «Бай, бу туох ааттаах буоллулар, тоҕо ааннарын аһаҕас быраҕан бардылар»… Өйдүөмүнэ, кыратык тура түһэн баран дьиэҕэ киирдэ. Киирбитэ мал-сал барыта ыһыллыбыт, остуол атаҕа онно-манна, олоппос түҥнэри тэбиллибит, муостаҕа барыанньа тоҕуллубут, уонна ким да суох»… – Кисинэпиэн Тиитэбис бастаан таһыгар добдугураччы, онтон иһигэр ааҕан барда. Үһүс илииһин ылан иһэн төттөрү уурда уонна бастакы илииһигэр төнүннэ. – Таак-с, Байбал саас ортолоох киһи эбит, туттунуута мөдөөт дуу, хайдах дуу, алыс бытаан курдук. Кэргэннээх эбит. Тоҕо сүрэй, хара маҥнайгыттан сүрдээх хартыынаны ойуулаабыт. Таак-с, арай маны маннык диэн сааһылаан биэрдэххэ: «Байбал киэһэлик үлэтиттэн олус сылайан кэллэ. Урут дьиэтигэр сүүрүүнэн кэриэтэ кэлэр бэйэтэ, билигин саас ортолоон хамсаныыта да мөдөөт, бытаан буолбут. Ону санатардыы олбуорун аанын аспытыгар тимир кэлииккэ «хыырк» гына тыаһаан ылла, сылайан кэлбит киһиэхэ ити барыта санаа баттыга буолла. Дьиэтигэр тиийиэр диэри ыстаанын быылын тэбэннэ, бачыыҥкатын окко соттон ыраастанна. Дьиэтин айаҕар тиийбитэ, күүлэ аана тэлэччи быраҕыллыбыт, атах таҥастара иһирдьэ-таһырдьа ыһыллыбыттар. «Бу туох айылаах буоллулар» диэн мөҕүттэ саныы-саныы иһирдьэ киирбитэ, сүрдээх хартыына иннигэр арылла түстэ. Остуол атахтара тостон уҥа-хаҥас быраҕылыбыттар, олоппостор күөрэ-лаҥкы барбыттар, кэргэнэ бэҕэһээ оҥорбут дьэдьэнин барыанньалара алдьанан сиргэ сыталлар». Таак-с, бакаа маннык буоллун. Салгыы көрүөххэ. — «Хостору өҥөйтөлөөн көрдө. Ким да суох. Куукунаҕа баран миискэлэри, бииккэлэри остуолга уурда». Таак-с, остуолбут атахтара тостон уҥа-хаҥас быраҕыллыбыттар этэ буолбат дуо? Маннык гыныахха. «Байбал көрбөтөҕүн-көрөн соһуйан ах барда, чочумча тура түстэ. Онтон өй ылан хостору биир-биир көрүтэлээтэ да, кими да булбата. Куукунаҕа төттөрү кэлэн муостаҕа сытар миискэни илиитигэр ылан ханна да ууруон билиминэ, эргим-ургум тутан турда». Чэ, итинник буоллун. Салгыы барыахха. «Онтон таһырдьа тахсан дьиэтин таһыгар баар сарайга сүүрдэ. Сарай аанын аспыта арай доҕоор…» Һуу, кэбис тугун сүрэй?.. Кэбис, бу кэпсээни таһаарымыах, сүрэ бэрт. Редактор хас да илииһи ылан туора уурда. Уонна бинсээгин сиэбиттэн эмиэ былатыагын хостоон ачыкытын ылан ыраастанна, лаампатын бэттэх диэки сыҕарытта, олох маһын көннөрүнэн өр ааҕарга бэлэмнэннэ. *** Кисинэпиэн Тиитэбис хоһун уота ити күнтэн ыла хас да хонук киэһэ хойукка диэри умайан турбута. «Весьма срочно» диэн суруктаах күөх паапка түгэҕин көрүөр диэри, бэл, куобах маҥхайар кэмэ тиийэн кэлбитэ. Биир хаардаах сарсыарда сэкирэтээр кыыс киирэн: “Директорга киириэҥ үһү”, — диэн илдьиттээн тахсыбыта. Кисинэпиэн Тиитэбис тойон мээнэҕэ ыҥырбатын билэн, эрдэттэн туох, ханнык боппуруоска ыҥырыан, тугу сураһыан сөбүн таайан көрө-көрө, онно эрдэттэн хоруй булан бэлэмнэнэн киирдэ. — Сэмэн Сүөдэрэбис, дорообо, — Тиитэбис илиитин уунан дорооболоһорун быыһыгар директор остуолугар сытар паапкалары көрөр. Рукописька майгынныыр кумааҕылары булан көрбөтө, ол аата саҥа сорудах суох. — Кисинэпиэн Тиитэбис, дорообо, туох солун? – диэн директор кэпсэтиини ыраахтан саҕалаата. — Суох улахан, үлэ кэминэн, — Тиитэбис тойоно туохха ыҥырбытын ыйытардыы кини диэки көрөн ылла уонна остуол уһугар турар олоппоһу ылан олордо. — Ити үлэ туһунан этээри. Бу күһүн эйиэхэ Аким Авторитетов рукопись хаалларбыт буолуохтаах этэ, — директор остуолга сытар кумааҕыларын биир-биир бэрийэрин быыһыгар этэр. — Даа-даа, баар. Сэкирэтээр кыыс киллэрэн биэрбитэ, — Тиитэбис ити ааты олус хатыылаахтык иһиттэ, хараҕар адаарыйбыт буочарынан суруллубут иннэ-кэннэ биллибэт суруктар көстөн кэллилэр. Кэпсэтии хайа диэки салаллан эрэрин билэн, остуолга ыкса кэлэн илиитин үөһэ таһааран тарбахтарын хатыһыннаран сүбэлэһэрдии былааннанна. — Ол үлэни хайастыҥ? — Ааҕан бүтэрбитим да, ааптар кэлэ илик… — Чэ, үчүгэй. Билигин Аким Акимович бэйэтэ кэлиэҕэ. Онно олорон эрэ сүбэлэһээриҥ, — директора кинини ситэ саҥардыбакка быһааран кэбистэ. Ол бириэмэҕэ ааны тоҥсуйан тобугураттылар. Аан аһыллаатын кытта хаҥас хааһын үөһэ өттүнэн улахан баҕайы баас оннулаах, турулус-эрилис көрбүт сырдык харахтаах, будьурхай баттахтаах, онтун кэннигэр бобуччу туттарыммыт, уҥа илиитин сөмүйэтигэр кыһыл көмүс биһилэхтээх, хаҥас атаҕын туора быраҕан хаамар киэҥ-киппэ көрүҥнээх киһи: «Тапталлаах доҕорум Семен Федорович, күндү көмүс редактор Ксенофонт Титович, сылаас-сылаас дорообото тутуҥ. Эһиэхэ анаан-минээн кэллим. Тугунан үөрдэҕит?», — диэн аан модьоҕотун туора сүгэн киирэн кэллэ. Сэмэн Сүөдэрэбис ойон туран киирбит киһини кытта дорооболосто, эргийэ көтө сылдьан сонун устарыгар көмөлөстө уонна ылан ыскаапка ыйаата. Онтон Тиитэбискэ эргиллэн: “Билсиһэн кэбис, бу – Аким Акимович”, — диэтэ уонна кини утары олоппоһу ылан ыалдьытын онно олорто. — Дьэ, тугунан үөрдэҕит? Кинигэм таҕыста дуо? – киирбит киһи кэпсэтиини онон-манан эргиппэккэ тута саҕалаата, остуол ортотугар турар бэчиэнньэлээх иһиттэн үчүгэй диэбит сакалаатын талан ылан суутун өр бодьуустаһан арыйан биирдэ ыйыстан кэбистэ. Тиитэбис итиччэни истэн, ыалдьыт баламат туттунуутуттан, били, сүбэлэһиэх буолбут санаата күдэҥҥэ көтөн, олоппос өйөнөрүгэр тиэрэ түһэн быар кууһунна, атаҕын хатыйа тэптэ, ыалдьыт киһини тонолуппакка көрөн олордо. Директор олоппоһугар олорон иһэн ыалдьытын диэки көрөөт, ситэ олорбокко сэкирэтээр кыыһыгар тахсан чэй киллэрэригэр эттэ. Уонна төттөрү кэлэн кумааҕыларын бэрийбитэ буолла. — Аким Акимович, бэчиэнньэтэ, сакалаатта сиэ, — директор кэпсэтии олус олуонатык саҕаланан эрэрин сэрэйэн налы гына сатаата. Бэчиэнньэлээх иһити ыалдьыкка чугаһатан биэрдэ. — Мин ыксыыбын, кинигэм тахсыбытын дуу, суоҕун дуу билиэм этэ, – Акыым Аптарыкыап ити этиигэ кыһаммата, биир илиитинэн остуол уһугуттан тутуста, биирин олоппос өйөнөрүгэр туора быраҕан олоппос муннугун тоҥсуйан тобугуратта. — Аким Акимович, бээ, мин эйиэхэ кинигэ хайдах тахсарын кыратык быһааран биэриим. Рукопиһы бастаан редактор ылан ааҕар. Редактор көннөрбүтүн кэннэ ааптар бэйэтэ ылан көннөрөр… — Сэмэн Сүөдэрэбис, итини миэхэ быһаарыма. Бэйэм да бэккэ билэбин. Көннөрүү диэн түргэн буоллаҕа дии. Паапкабын туттарбытым ыраатта буолбат дуо? Уонна бу үбүлүөйүм да чугаһаата. Табаарыскар утары барыах да эбиккин, — Акыым Аптырыкыап илиитин хомуйан остуолга нөрүччү түһэн директор диэки хайыһан супту көрдө. — Ол көннөрүүнү бэйэҥ ылан ааҕыаҥ этэ. Баҕар тугу эрэ эбиэҥ-сабыаҥ, — директор түбэһиэх кумааҕыны ылан илии баттаан эрэрдии уруучукатынан биир сири тобулу баттаата. — Чэ, эһиги да көннөрөрү баҕас сатыыр инигит. Эһиэхэ эрэнэбин, — ыалдьыт редактор баар этэ дуу диэн саҥа көрбүттүү Тиитэбис диэки эргиллэн үөһэттэн-аллара, аллараттан-үөһэ үөрэтэрдии өрө көрөн таһаарда. — Көннөрүүнү көрөргүт ордук буолуо этэ. Сыыһа бөҕө баар. Аны сорох кэпсээннэр бэчээккэ кыайан барбаттар. Ону ылан уларытаҕыт дуу, олох да ылан кэбиһэбит дуу? – Тиитэбис сөбүлээбэҕинэ буоларыныы, биир тыынынан быһа-бааччы этэн кэбистэ. — Холобур, ханнык кэпсээннэри? – ыалдьыт редактор хара маҥнайгыттан дьэбин уоһуйан көрсүбүтүн сирэйгэ бэриллибиттии ылынна. Өссө эбиитин кириитикэни истэн, хаана хойунна. — Холобур, ити “Байбалы”. — “Байбал” хайаатар да тахсыан наада. Ыалым киһийдэх хайдах курдук дьаабыламмытын бар дьон ааҕан үөрдүн. Өссө ханнык кэпсээннэри? — Уонна өссө аата суох хас да кэпсээннэр бааллар этэ. — Чэ, сөп. Ханнык кэпсээннэри хааллараргытын бэйэҕит билиҥ. Редакция дэнэр буоллаххыт. Сэмэн Сүөдэрэбис, оччотугар хаһан тахсыаҕай? — Аким Акимович, быйылгы былааҥҥа бу кинигэ киирбэтэҕэ. Бу билигин былааннааһын бара турар, бастакы уочарат эйиэнин киллэриэхпит, — директор сымната соҕус эттэ. — Эһиилгигэ дуо? – ыалдьыт куолаһын уларытта, аттыгар турар бэчиэнньэлээх иһити туора аста, остуолга умса нөрүйэн директор диэки хатыылааҕынан көрдө. — Эһиилги былааҥҥа, — директор этиитин өссө сымнатан хатылыыр. — Эс, доҕоор, оччотугар олох да ыраатабыт. Мин бу ыйга үбүлүөйбүн оҥороору сылдьабын. Онно табаарыһым бэлэх оҥоруо диэн кэтэһэн бараммын, бу кэллим дии. Күн сарсын да бэчээттээн таһаарыах. Онно туох баарый? Массыына бэчээттээтэҕэ бүтэр буоллаҕа дии, — ыалдьыт илиитин нэлэс гыннарар. — Оннук табыллыбат, — Сүөдэрэбис тутан олорбут кумааҕытын суулуу тутан паапка иһигэр укта, остуол муннугар баар кумааҕылар үрдүлэригэр бырахта. Паапка ыйааһынын уйумуна кумааҕылар паапкалыын баҕастыын сиргэ күр гына түстүлэр. Сүөдэрэбис аны ону өрүһүйэр аакка барда. — Дьэ, Семен Федорович, оҥорбут өҥөбүн түргэнник умнар эбиккин, — ыалдьыт редактор кумааҕыларын сиртэн хомуйарын көрө олорон баран биирдии тылынан кытаанахтык эттэ уонна эмиэ остуол уһугуттан тутуста, мээрэйдээн эрэрдии кытыытын сууралаата. — Аким Акимович, ону хайдах умнуомуй? Уол үлэтигэр үчүгэйдик үлэлии сылдьар. Туох баарбынан мин эмиэ көмөлөһөбүн. Ону баҕас баалаабат инигин, — Сүөдэрэбис кумааҕыларын остуолга чөмөхтүү уурарын быыһыгар этэр. — Семен Федорович, мин эйигиттэн оннук элбэхтэ көрдөспүппүн өйдөөбөппүн. Бу биирдэ эрэ көрдөспүтүм. Суос-соҕотох. Кинигэбин таһааран биэр диэн. Ону аккаастыы олороҕун. Хайдах өйдүүбүн ону? – ыалдьыт остуолу тобугуратар. — Аккаастаабаппын, Аким Акимович. Кинигэҕин үчүгэйдик бэлэмнээн, ойуулаан-бичиктээн, киэргэтэн, былааҥҥа киллэрэн таһаарыахпыт, — Сүөдэрэбис кэпсэтии сүнньүн уларытаары эгэ-дьаҕа буолар. — Семен Федорович, эн миигин өйдөөбөтүҥ. Эбэтэр миигиттэн харчы көрдүү олороҕун дуу? Төһөтүн этэн кэбис, кыра харчыны баҕас толунар инибин, — ыалдьыт олоппоско киэптии тиэрэ түһэн олордо. — Аким Акимович, туох диэн эттэҥий? Былааммытыгар киллэриэхпит, — Сүөдэрэбис эппитин этэ турда. — Чэ, өйдөөтүм, Семен Федорович, — диэт ыалдьыт тыастаахтык олоппоһун кэннин диэки сыҕарытан турда, ыскааптан сонун, бэргэһэтин ылан ааны “лип” гына сабан тахсан барда. Сүөдэрэбис чочумча олоро түһэн баран, олоппоһуттан ойон туран ааны былдьаста. Бу кэмҥэ итии чэйи бэлэмнээн подноска тутан хоско киирэн иһэр сэкирэтээр кыыһы сиирэ-халты тумнаат, табаарыһын кэнниттэн эккирэттэ. *** Ити кэпсэтии кэнниттэн биир сыл ааспыта. Сүөдэрэбис оччолорго Акыым Аптарыкыап үбүлүөйүгэр сылдьан бэккэ үөрэн-көтөн кэлбитэ. Кинигэ кыһатын күннээҕи бүппэт түбүгэ Акыып Аптарыкыаба суох биир сылын этэҥҥэ түмүктээбитэ. Оттон биир эмиэ силбик ардахтаах күн Акыым Аптарыкыаппын диэн киэҥ-киппэ киһи кинигэ кыһатыгар кэлэн редактор Кисинэпиэн Кирииллэби ыйдаран иккис этээскэ тахсыбыта. Эргэ дьиэ кирилиэһэ бу айылаах буоллум диэбиттии эр киһи ыарахан-ыараханнык үктэнитэлээн тахсан иһэрин уйумуна хас хамсаныытын аайы «кыырк» гына тыаһаан ылбыта. Бу кэмҥэ кини саҥатын истэн түгэх хоско остуол кытыытыгар турар лаампа уотугар сырдатынан кинигэ ааҕа олорбут Кисинэпиэн Тиитэбис олоппоһуттан аа-дьуо туран аанын хатаан халыгыраппыта. Хатыылаах аан кэнниттэн: “Кинигэ диэн дэбигис буоллаҕа. Мин бу үһүс кинигэбин аҕаллым. Бэйэм туспунан мемуар суруйдум. Эһиги хайдах суруйбаккыт? Суруйар диэн дэбигис буоллаҕа”, — диэн Акыым Аптарыкыап ааһан иһэр дьоҥҥо кэпсиирэ Тиитэбис кулгааҕар олус хатыылаахтык иһиллибитэ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан