Кэпсээ
Войти Регистрация

Уулаах уол

Главная / Кэпсээн арааһа / Уулаах уол

K
edersaas.ru Категорията суох
11.05.2023 18:04
“Бородууксуйа – 2050” станцияттан электричкаҕа олорсон биэлсэр биэрэгин таһыгар баар маҕаһыынтан уончалаах уол хас күн аайы биир кэмҥэ кэлэн биэс лиитэрэлээх бытыылкалаах уу атыылаһан барар. Киһи сүөргүлүү көрөрө, мантан иҥнэрэ, омос көрдөххө, суохха дылы. Арай уолчаан итинник кырынарын хас күн аайы ити кэмҥэ кэлэн ааһар Сэмэн Сэмэнэбис муодаргыы саныыр. — Тукаам, ити туох уутун күн аайы ылаҕын? – диэн биир күн кини станция тохтобулугар туран уолтан ыйытар. — Иһэр уу ылабын. Манна 20 солкуобай 99 харчы, — диэн хардарар хап-сабар уол. — Чэпчэки буоллаҕа буолуо, оччотугар? – Сэмэн Сэмэнэбис ити бытыылкалаах уу куоракка төһө сыанаҕа турарын билбэт буолан токкоолоһор. — Чэпчэки. Дьиэбит таһыгар баар маҕаһыыҥҥа маннык уу 44 солкуобай 51 харчы, — уол “сөпкө гынабын буолбат дуо” диэбиттии сэһэргэһээччитин диэки молооруччу көрдө, чуолкатын уҥа илиитинэн садьыйа бырахта. — Ээйбиин, быдан чэпчэки эбит буолбат дуо? Кырдьык, сөпкө гынар эбиккин. Ол туох айылаах ыараттылар икки бүк, эһиги маҕаһыыҥҥытыгар? – Сэмэн Сэмэнэбис тохтобултан уҥа турар икки мэндиэмэннээх үрүҥ кырааскалаах маҕаһыыны хайгыы көрдө. Омунугар ол диэки барыах айылаахтык иннин диэки биир хардыыны оҥордо. — Билбэтим. Ол иһин куруук мантан ылабын, — уол туох эрэ сэкириэти эппит киһилии тутунна, бытыылкалаах уутун хаҥас илиититтэн уҥатыгар көһөрдө, ытыһын көхсүнэн муннун туора сотунна. — Дьэ, кырдьык, чэпчэки сыаналаах маҕаһыын эбит. Аныгыскыга манна сылдьыллыа, — Сэмэн Сэмэнэбис үчүгэй сири ыйдаран көнньүөрэ түстэ, маҕаһыын диэки өссө биирдэ кыҥастаһан ылла. Онтон тохтуу түһэн баран уолтан салгыы токкоолосто. — Бээ эрэ, оттон, бу хас күн аайы кэлэргэр бырайыаһыҥ төһө буоларый? — 15 солкуобай. Былырыын сэттэлээхпин диэн албынныыр этим. Онон сэттэ солкуобайга сылдьарым. Бысайын улаатан хааламмын, аны итэҕэйбэттэр, ол иһин бырайыаһы толору төлүүбүн, — уол аҕа саастаах сэһэргэһээччитин кытта эйэргэһэн улахан киһилии дьоһуннук туттан лоп-бааччы кэпсии турда. — Кэлэ-бара 30 солкуобай буолар буоллаҕа, — Сэмэн Сэмэнэбис тутан турар бакыатын сиргэ уурда, быар кууһунна уонна уҥа илиитин сыҥааҕар даҕайан уолу үөрэтэрдии көрдө. — Оччотугар, доҕоор, итини эптэххэ бу ууҥ сыаната ыараан тахсар ээ, — ахсаан учуутала үөрэнээччилэригэр садаача суоттатаары дуоска иннигэр туран быһаарарын курдук туттан уолга этэр. — Суох, бу ууну син-биир 20 солкуобай 99 харчыга атыылаһабын, — уол уу тоҕо сыаната ыараан тахсарын өйдөөбөтө, сэһэргэһээччитин диэки эмиэ молооруччу көрөн ылла. — Чэ, суоттаан көрүөххэ. Бу ууҥ сыаната 20 солкуобай 99 хаппыайка. Бырайыаһыҥ 15 солкуобай. Оччотугар кэлэ-бара 30 солкуобайы барыыгын. 20 солкуобай 99 хаппыайкаҕа 30 солкуобайы эптэххэ хас буоларый? – Сэмэн Сэмэнэбис бинсээгин сиэбиттэн былатыагын таһааран ачыкытын сотордуу тэриннэ. Уол кэтэҕин тарбанар. Билбэт киһитэ кэлэн кинини эксээмэннээн эрэрин сөбүлээминэ сири кымыстыыр, ааһар дьону көрүтэлиир. — Хайа, хас эбитий? – Сэмэн Сэмэнэбис ачыкытын күн уотугар кыҥастаһан көрө-көрө соторун быыһыгар ыйыталаһар. — 55 солкуобай 99 харчы, — диэн толкуйдаан-толкуйдаан баран хардарар уол. — Ити дии. Оттон дьиэҥ таһыгар баар уу төһө сыаналааҕый? – Сэмэн Сэмэнэбис ачыкытын ыраастаан бүтэн сиэбигэр былатыагын суулу тутан угарын быыһыгар салгыы туоһулаһар. — 44 солкуобай 51 харчы, — хап-сабар хардарар уол. — Оччотугар төһөнөн ыарахан буолан тахсарый? 55,99 көҕүрэтэҕин 44,51. Төһө буоларый? Уол бу садаачаны суоттууруттан куотуон баҕарда. Сэһэргэһээччититтэн тэскилээри уҥа-хаҥас көрүтэлээтэ да, баран олоруох да, туруох да сири булбата. Онуоха эбии төһө да биэс лиитэрэлээх уу чэпчэки курдугун иһин өр биир илиигэ тутан турдахха, ыарахана сүрдээх. Илиититтэн илиитигэр төттөрү-таары хачайдаан баран сиргэ уурда, ким эрэ илдьэ баран хаалыа диэбиттии атаҕынан кыпчыйда, төбөтүн садьыс гыннаран сирэйигэр түспүт чуолкатын көннөрүннэ. — Таак, биэс уон биэстэн түөрт уон түөрдү, уон биир буолар. Онтон тоҕус уон тоҕустан биэс уон биири. Таак, уон биир сыалай… – уол салгыы суоттаан муҥнанар. — Уон биир солкуобай түөрт уон аҕыс хаппыайка буолар, — Сэмэн Сэмэнэбис уол суоттуурун кэтэһэ сатаан баран бэйэтэ этэр. — Оччотугар дьиэҥ таһыттан атыыласпытыҥ судургу буолбатах дуо? – уонна уол кыһалҕатын быһаарбыт киһи быһыытынан сиэбиттэн эмиэ былатыагын таһааран аны күн уотуттан сирэйигэр көлөһүн бычалыйбытын сотунна, онтон төттөрү суулаан сиэбигэр угунна. Санаата көнньүөрэ түстэ. — Суох, уум сыаната ыараабат, — уолчаан чочумча тура түһэн баран санаатын таһыгар таһаарда. — Бырайыаһыҥ сыанатын эптэххэ, ыараан тахсар эбээт. Хас күн аайы 55 солкуобай 99 хаппыайканы барыырыҥ дуу эбэтэр 44 солкуобай 51 хаппыайкаҕа ханна да барбакка эрэ дьиэҥ таһыттан ыларыҥ дуу? Арай чэ бу мантан биир сырыыга элбэх ууну ылар буоллахха, барыһырыахха сөп. Онтон атын дьиэҥ таһыттан ылбытыҥ быдан судургу, — Сэмэн Сэмэнэбис кассир дьахтар тимир харчылары биир-биир ааҕан ытыһыгар түһэрэн ыларын курдук садаача төрдө-төбөтө ханна сытарын чаас-чааһынан арааран быһаарар. — Суох, биир сырыыга элбэх ууну кыайан ылбаппын, кыайбаппын, — уол бытыылкалаах уутун бигээн көрөр, илиитигэр ылаары гынан иһэн төттөрү уурар. — Оччотугар дьиэҥ таһыттан ыл ээ, ууну, — Сэмэн Сэмэнэбис кэпсэтэн бүттүбүт диэбиттии сиргэ уурбут бакыатын илиитигэр ылла, эргим-ургум тутан, суулаан хонноҕун анныгар угунна. — Суох, ылбаппын, манна чэпчэки сыаната, — уол билбэт киһитэ тоҕо дьиэтин таһыттан ууну ыллара сатыырын олох өйдөөбөтө, арааһа тугу эрэ сыыһа эттим дии санаан хоруйун өссө биирдэ чуолкайдаан эттэ. — Тоҕо? Сибилигин аҕай быһаардым буолбат дуо, мантан ыларыҥ ыарахан буолан тахсар диэн. Эбэтэр маннааҕы уу амтана атын дуу? – Сэмэн Сэмэнэбис уол өйдөөбөтүттэн кыратык кыйаханан ылла. — Суох, амтана син-биир. — Оччотугар дьиэҥ таһыттан ыларыҥ ордук, — Сэмэн Сэмэнэбис быһааран бүттүм диэбиттии кытаанахтык эттэ. — Онно ыарахан, — уол иннигэр сөдөллөн турар улахан киһи бу маҕаһыыҥҥа уу чэпчэки сыаналааҕын өйдөөбөтөҕүттэн бэйэтэ да ыксаата, мөҕүллэн эрэрин сэрэйэн бытыылкалаах уутун ылан туора хаамта. — Тууй-сиэ, бу да уол. Ахсааҥҥа ким үөрэтэрэ буолла, киһи быһааран, суоттаан биэрдэҕинэ, өйдөөбөт дуу? Этэбин ээ, бу ууну мантан ыларгынааҕар, дьиэҥ таһыгар турар маҕаһыынтан атыыласпытыҥ быдан чэпчэки буолар диэн. Күн аайы бырайыастыын баҕастыын элбэҕи төлүүгүн, — Сэмэн Сэмэнэбис хонноҕун анныгар кыбыммыт бакыатын уларытан атын өттүгэр көһөрдө, уолу батыһа хааман кэлэн умса көрөн туран хаастарын түрдэһиннэрэн хас биирдии тылын кытаанахтык уонна чуолкайдык эттэ. — Уу сыаната бу маҕаһыыҥҥа чэпчэки дии, тоҕо оччоҕо мин ыарахан сыанаҕа ылыахпыный? – уол молооруйбут сирэйэ өссө уһаата, билбэт киһитин диэки өйдөөбөтөхтүү көрдө, ыксаата. — Оттон бырайыаскын эптэххинэ ыараан тахсар диибин ээ. Эбэтэр тугу эрэ өссө ылаҕын дуу? Дьонуҥ төһө харчыны биэрэллэрий? – Сэмэн Сэмэнэбис дьэ манна кэлэн буккулунна, кини өйүгэр сатаан хоторбото, уолу дьоно тоҕо бу маҕаһыыҥҥа ыыталларын. — Аҕам бу маҕаһыыҥҥа чэпчэки сыаналаах уу баар, ону ылаар диэн 21 солкуобайы биэрэр. Ийэм кэлэргэр таһаҕастаах кэлэҕин саатар кэлэргэр бырайыастан диэн 15 солкуобайы биэрэр. Оттон эбэм оскуолаттан сылайан кэлэн баран төттөрү бараҕын диэн дьиэбиттэн маҕаһыыҥҥа кэлэрбэр 15 солкуобайы биэрэр. Вот так вот! – уол ити кэнники тылларын бу кэмҥэ станцияҕа кэлбит электричкаҕа киирэн иһэн эттэ. Сэмэн Сэмэнэбис саҥа садаачаны төбөтүгэр эргитэ саныы-саныы тохтобулга алааран туран хаалла, хонноҕор кыбыммыт бакыата сиргэ түспүтүгэр да кыһаммата.
edersaas.ru сайтан