Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүөкүлэ (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүөкүлэ (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
12.05.2024 06:51
Унаарыйа сырдыы тыкпыт күммүт, күөх торҕо буолан тупса киэркэйбит ийэ айылҕа кистэлэҥин таайбыттыы, бэл хара тыаҕа куобах уоһаҕын дьэҥкир уутугар кылапачыйа оонньоон, сарсыарда буолбут сибикитин биллэрэн сырдык сардаҥаларынан кууһар уратылаах. Мин оҕо эрдэхпинэ, биһиги аймах ыалбытын кытта дьукаахтыы олорбуппут. Кыттыгас олорбут ыалбытыгар үс оҕолоохтор этэ. Афоня диэн уол уонна эмдэй-сэмдэй икки кыыс. Лера уонна Вера диэн уончалаах кыргыттар мин арахсыспат доҕотторум этилэрэ. Оҕолордуун араа-бараа саастаах киһи, мин, таһырдьа тахсан хаарынан сэриилэһэ, дьиэм таһыгар баар улахан халдьаайыга талбыт сырылыы оонньуурбут. Афонялаах төрөппүттэрэ иккиэн ферма үлэһиттэрэ этилэр. Кинилэр мин дьоммун кытта эмиэ биһиги кинилэр оҕолорун кытта билсэрбит курдук уруккуттан билсэллэрэ. Мин дьонум аах дьиэ туттан киириэхтэригэр диэри Афоня дьонун аах кыбыллан олорорбут биһиэхэ олус көрдөөх этэ. Кыараҕас дьиэҕэ элбэх буолан симиллэн олорортон дьонум олох аймамматтар этэ. Бииргэ күөстэнэн, биир чаанньык чэйи иһэн этэҥҥэ кыстыгы туораабыппыт. Афонялаах ийэлэрэ Морууһа кэргэниниин Сэргэйдиин олус эйэлээхтэр этэ. Мин дьонум кинилэри кытта бэркэ тапсан олорбуттара. Ол саас Өлөксөөн диэн аймах уоллара үөрэҕин бүтэрэн нэһилиэккэ уу носуоһун хачайдыыр үлэһитинэн кэлбитэ. Кыараҕас дьиэҕэ кыбыллар ыарахан буолан, мантан тэйиччи Сүөкүлэ уонна Сүөдэр диэн оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьукаах көспүппүт. Дьиэбэр соччо олоруохпун баҕарбат этим. Тоҕо эрэ бу ыалы кытта тус-туспа аһаан, күөстэнэн олорбуппут. Оҕонньор ыраах бултаан кэлэн баран куруук: «Сүөкүлээ, букатын чэйгин, саахаргын испэтэххин, сиэбэтэххин. Сылбай уунан олороохтоотуҥ дуу» диирин истэрим. Ол оннугар уу-кырбас түөрт оҕолоох ыал чэйэ, килиэбэ тыаһа суох түргэнник бүтэрин ийэм саҥата суох тулуйара. Мин анныбынан үс кыра баара. Ийэм оҕо көрөн олороро. Биирдэ күнүс оскуолабыттан кэлбитим, остуолга туорт бөҕөтө тэлгэммит. Торт диэн мааны аһылыгы мин ойууга уонна остолобуойга дэҥҥэ көрөр киһи олус үөрдүм. Онуоха, хаһан да мээнэ тугунан да күндүлээбэт Сүөкүлэ эмээхсин аламаҕай бөҕө буолбут куолаһынан: «Тоойуом, кэлэн туорта сиэ, бүгүн дьаарбаҥкаттан ити атыыластым, оҕолорбор амсатаары» диэтэ. Мин иһиттим-истибэтим диэт, бырааппын Миитэрэйи кытта олоро биэрээт мотуйбутунан бардыбыт. Балтым Настя номнуо сиэн ыраатан сирэйэ, дьабадьыта туорт кэрэ бэйэлээх ойуута арыы курдук ньаҕайдаммыт этэ. Тоҕо эрэ ийэм сиэбэт. Кыра балтыбын Лиданы саҥата суох эмтэрэр. Мин испэр, Лералаах Вераҕа бэрсибит киһи дии санаатым. Арай, мин санаабын таайбыттыы эмээхсин: «Доҕотторгор туорта бэрсээр ээ, элбэх дии» диэбитин истэн олус үөрдүм даҕаны, соһуйдум даҕаны. Аһаабыта буолаат, доҕотторбор биир туорт кыбыныылаах ойдум. Лералах Вера үөрүүлэрэ сүр. Онтубут кэлин истибиппит, төрүт даҕаны учуутал дьахтар бырааһынньыкка анаан үс туорду ылбыта сүтэн хаалбыт. Онтубут Сүөкүлэ эмээхсин сойбоппут эбит. Хас киэһэ ахсын, Сүөдэр оҕонньор баарына Сүөкүлэ хаартынан сэрэбиэйдиир. Оҕонньор олус сымнаҕас майгылаах, элбэх саҥата-иҥэтэ суох этэ. Арай, эмээхсин өрө татынньахтанан сүрдээх курдуга. Кинилэр Валерий диэн улахан үөрэхтээх уоллаахтарын арай истэн билэрбит. Валерий куоракка үрдүк дуоһунаска үлэлиирэ. Эмээхсин кэпсээниттэн иһиттэххэ, уола Валерий кини эрэлин толорбут биир соҕотох мааны оҕото этэ. Эмээхсин хас кэпсээнин ахсын уолун туһунан хайаан да ахтар идэлээҕэ. Бастаан бу ыалга көһөн кэлиибитигэр Сүөкүлэ уолун туһунан «мин уолум үрдүктэн үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ» диэн киэн тутта, астына кэпсиирэ. Мин ол үрдүктэн үрдүгү дабайбыт Валерий диэн киһини хаартыскаҕа эрэ көрөн билэрим. Биирдэ эмээхсин ийэбэр киирэн уола Валерий улаханнык ыалдьыбытын, сотору оппуска ылан дойдутугар кэлэрин кэпсээбитэ. Биир үтүө күн оскуолаттан үөрэнэн кэлэн баран сирйэбин, илиибин сууна туран хараҕым кырыытынан билбэт эр киһибин көрдүм. Хайдах эрэ эмискэ көрбүппүттэн дуу, эр киһи дьэбин уоһуйбут ыарахан сирэйиттэн дуу, соһуйан, куттанан айахпын атан баран турдум. Арай, өйдөөн көөртүм, киһим иһэ бэрт улахан уонна сирэйэ саһархайдыҥы кубаҕай. Дорооболоспоккобун даҕаны бэйэбит хоспутугар сүүрдүм. Онуоха эмээхсин кэннибиттэн: — Обургу уола, саатар сүүрбэккэ сүгүн сылдьыбат. Онтон уларыйан, сымнаан хаалбыт куолаһынан: — Тоойуом, Балераа. Кэл бу аскын бэлэмнээтим, — диэтэ. Мин хоспор киирбитим, хаһан да кыыһырбат ийэм миигин кынчарыйа көрүстэ. Быраатым да балтыларым да суохтар. Мин быраатым аах ханна барбыттарын сурастым. Онуоха ийэм: — Мээнэ мэниктээн быччаараҕыҥ, улаханнык ыалдьыбыт киһи кэлбит. Тыына ыарахан. Ол иһин кыралары аҕаларын кытта Морууһалаахха ыыттым. Валерий манна аҕыйах хонон баран таһараа нэһилиэккэ отоһукка тахсыа үһү. Сүөдэр оҕонньор кырдьаҕаһы кытта кэпсэтэ барбыта. Манна биирдэ дьэ мин өйдөөтүм, били кэпсээҥҥэ истэр үрдүккэ дабайбыт Валерий ити сылдьар эбит. Ийэбиниин балтыларым уонна быраатым малларын хомуйа сырыттахпытына. Тыаһа суохтук үктэнэн Сүөкүлэ эмээхсин киирдэ. Кини чараас ньаассын баттахтаах, синньигэс ньолбоҕор сирэйигэр бэрт сытыы, уоттаах харахтардаах. Ийэм эмээхсин киирбитин көрөн туран кэллэ. Онуоха Сүөкүлэ титирэстээбит куолаһынан: — Оҕонньорбут отоһукка айаннаабыта. Ити бүггүн уолум Балера кэллэ, тахсан биһигини кытта чээйдээҥ, уолбунуун билсиҥ, — диэн биһигини остуолугар ыҥырда. Онуоха ийэм саараан балачча саҥата суох турда онтон: — Ээ. Билигин тахсыахпыт, ити оҕолорбун аҕыйах хонукка Морууһалаахха ыыттым… -Тоҕо барыларын ыыттыҥ, сарсын Сүөдэр кэллэҕинэ Балерам оҕонньорго тахсыа. Оччотугар кыарыһырҕаппаппыт ээ. Оччоҕуна Бүөтүргүн хааллар, баҕар миэхэ илии-атах буолуо. Балерам туруга мөлтөх… — эмээхсин ах барда. — Сүөдэрим санаарҕыыр. Биир соҕотох чычааҕым ыалдьан хаалан… Чээйдии олорон көрдөхпүнэ Валерий олох тугу да аһаабат, кыыһырбыт курдук туттан сүргэччи көрөн олорор. Эмээхсин киэн тутта кэпсиир уолун сылаастык имэрийэ көрөр, уолун аһынан уйадыйан ылар уоттаах харахтарын утары көрүмээри саҥата суох килиэп мотуйабын. Ийэм да саҥата соччо тахсыбата. Эмээхсин ону-маны саҥарбыта буолар. Кэмниэ-кэнэҕэс Валерий олоро сатаан баран: «Ийээ, үүттэ кыынньар, сүрэҕим өлөхсүйэр» — диэтэ. Сүөкүлэ бэрт сыыыдамнык ойон туран кыракый миискэҕэ үүт кыынньара уурда. Чэйдээбиппит да чэй буолбата. Онтон ийэм оргууй миигин санныбыттан имэрийэн баран: «Тоойуом, чэ, эн биһиги барыах, кыраларбыт күүттэхтэрэ…» Онуоха эмээхсин: — Тоойуом уолгун хааллар, илии-атах киһи наада… Ийэм балачча саараан турда онтон саҥата суох тахсан барда. Мин куттанан дьонум аах хосторуттан быкпаппын. Оҕонньордоох хосторугар эр киһи ыараханнык тыынар, ийэтэ эмээхсиҥҥэ тугу эрэ саҥарар. Мин бу дьиэҕэ хара маҥнайгыттан кутум-сүрүм тохтооботох киһи кумуччу туттан сыттым. Хата, эмээхсин тугу да соруйсубата. Арай, сарсыарда уу чалымныыр тыаһыттан уһугуннум. Соһуйан, дьиктиргээн уһуннук сытан иһиллээтим. Туох эрэ ыйааһыннааҕы сууйар курдуктар. Ким да саҥарбат. Сытан эрэ эмискэ олус куттанным. Тулуйан сыта сатаан баран оргууй тыаһаабатарбын ханнык диэн ыстааммын ырбаахыбын кэтээт хоспуттан оргууй төбөбүн быктаран өҥөс гынным. Уу чалымныыр тыаһа эмээхсиннээх хосторугар иһиллэр. Оргууй хостон тахсан тахсар аан диэки хааман иһэн хараҕым кырыытынан эмээхсиннээх хосторун диэки хайыспытым доҕоор, хайыы-үйэ сойбут Валерийы ийэтэ Сүөкүлэ эмээхсин сууйан биликтэһэ сылдьар эбит. Мин ити ыккардыгар кутталбыттан биир сиргэ тохтоон дьөлө хатанан туран хааллым. Чочумча тура түһээт, сарылаабытынан соммун да кэппэккэ таһырдьа ааны былдьастым. Ону кытта кэннибиттэн эмээхсин энэлгэнэ: — Кыайардар, буор босхо олорон, аһаан-сиэн бараҥҥыт, биир чороҥ соҕотох оҕобун буорун булларарбар көмө буолуоххут баара, аата абам эбит… — диэн хаһыытыыр, ытыыр икки ардынан саҥарбытын истэн эрэ хаалбытым. Биирдэ өйдөөбүтүм, Морууһа барахсаны кууһан маккыраччы ытыы турар эбиппин. Онуоха Морууһа бэрт холку куолаһынан: — Уоскуй, тоойуом, аата оҕом сыыһын. Абааһы эмээхсинэ, хара да санаалаах. Аны оҕобун ол эмээхсиҥҥэ ыытыахпыт суоҕа, — диэн миигин уоскутарын, сыллыырын быыһыгар саҥарар. Ийэм барахсан ытыы-ытыы, буруйдаммыттыы өр кууһан уончалаах уолун миигин көтөҕөн олорбута. Аҕам Сэргэйдиин эмээхсиннээххэ көмөлөһө бардылар. Киэһэлик ийэм чэйдии олорон Морууһаҕа кэпсиирин истибитим. — Соруйан оҕом сыыһын доҕор оҥостоору хааллардаҕа дуу, аата, мин да акаары дьахтар оҕобун хаалларан эрдэҕим… — Чэ, уоскуй, буолар буолтун кэннэ. Сүөкүлэлээх уоллара Валерий эрэйдээх уруккуттан быара ыалдьара. Быара улааппыт диэбиттэрэ. Сордоох, саатар кэргэн ылбакка, оҕо төрөппөккө бардаҕа. Ити эмээхсин анньыыта-харата буолуо дииллэр эбит дии. — Туох анньыытын эттэҥий? — Ээ, урут кырдьаҕастар кэпсииллэрэ, Сүөкүлэ оҕо сааһыттан ылыгас эбит. Биир дьыл, ас-таҥас быдан кэмчи эрдэҕинэ, сопхуос үүтүн уоран баран эдэр кыыһы балыйан, ол кыыс аата-суола баран моҥнон өлөөхтөөбүтэ. Саҥа кэлэн үлэлээн эрэр тулаайах кыыс үүт уоран испиккэ балыллан сууттаммыт. Барахсан сымыйа балыыры уйбакка бараахтаатаҕа. — Оо, эчи ынырыгын. Оттон ити ааспыкка туорпут даҕаны наһаа сүрдээх. Мин акаары сэрэйбэтэх муҥум буолан оҕолорбор сиэттэҕим үһү… — дьахтар буруйдаммыттыы саҥарда. — Ааста да аастаҕа дии. Хата, эһиги төттөрү биһиэхэ кэлиҥ ээ, — диэн үөрдүбүттэрэ. Ульяна ЗАХАРОВА.
edersaas.ru сайтан