Кэпсээ
Войти Регистрация

Куобах Уос

Главная / Кэпсээн арааһа / Куобах Уос

K
edersaas.ru Категорията суох
11.05.2024 06:20
Төрүүр дьиэҕэ бүгүн атыттартан туох да уратыта суох көннөрү күн. Улахан истээх, халааттаах, пижамалаах, кырааската суох сирэйдээх кыргыттар, дьахталлар болдьохторо хаһан туоларын, «таһаҕастарыттан» хаһан босхолоноллорун кэтэһэллэр. Палааталарга алталыы, аҕыстыы, сороҕор уоннуу буолан симиллэн сыталлар. Ол үрдүнэн баппакка, саҥа киирээччилэр көрүдүөргэ истиэнэни кыйа тардыллыбыт ороннорго сытарга күһэллэллэр. Дьоллоох Дьокуускайга дьол көрдөһө көһөн кэлэр дьон элбээн, төрүүр дьиэҕэ дьахталлар баппат буолбуттар. Сарсыарда аайы аһаан, суунан-тараанан баран, уһуун-уһун, ыстыыр ыас курдук уунаҥнас бириэмэни ыыта сатаан, бары да эрэйи көрөллөр. Ким кинигэ ааҕар, ким төлөпүөнүнэн кэпсэтэр, ким аһыыр… Суотабай төлөпүөн дьоҥҥо саҥа тарҕанан эрэр буолан, кэпсэтии сыаната “тос” курдук, онон наадаҕын эрэ кэпсэтэҕин. Манна ким барыта тэҥнэһэр. Үрдүк сололоох хотун буол, баҕар, муоста сууйааччы да буол, оскуоланы бүтэрэ илик эдэркээн кыыстан саҕалаан сааһырбыт ыал ийэлэригэр тиийэ – бары тэҥнэр. Сотору кэминэн абытай ыарыыга, эбэтэр иһи хайытар сэрэхтээх эппэрээссийэҕэ тиксэр айылҕа анаабыт иэһин иннигэр бары биирдэр. Манна соло-дуоһунас сууйуллар, чыын-хаан сотуллар, саас даҕаны суурайыллар. Ол иһин, хаһааҥҥытааҕар даҕаны чэпчэкитик билсиһэллэр, өрөөбүт уос өһүллэр, хоммут уос хоҥнор, хомоҕойдук кистэлэҥнэр арыллаллар. Ким хайдах олохтооҕо биллэн тахсар. Дьахтар дьылҕата!.. Дохсун ардах кэнниттэн уу мустан-мустан баран, биир сиринэн тоҕо көтөн өрүскэ киирэрин курдук, дьахтар барыта төрүүр дьиэ нөҥүө ааһар. Уопсастыба баастарын, судургута суох аныгы кэм кумалаабыт араас дьылҕалаах дьахталлар олохторунан тыктаран, бу манна булан көрөҕүн… * * * Аанчыкка, бастакытын оҕолонор буолан, барыта сонун. Оҕо күүтэр кэмэ чэпчэкитик ааспыта. Бастаан хотуолуур, мэйиитэ эргийэр этэ да, ол түргэнник тохтообута. Үлэлии-хамсыы, сүүрэ-көтө сылдьыбыт буолан, быраастарга да аҕыйахтык көрдөрбүтэ. Ийэтэ курдары көрөр аппарааттар оҕоҕо куһаҕаннык дьайаллар диирин итэҕэйэн, уонна кыыһын-уолун эрдэттэн билимээри, биирдэ да көрдөрбөтөҕө. …Аанчык бу олорон атаҕа инчэйэрин биллэ. Муодарҕаан тураары гыммыта, атын үлүгэрдик халыс гына түстэ. «Саҕаланна! Уум барда!» диэн санаа кылам гынан ааста. Оронугар тиийэн сытан баран, аттынааҕы кыыһынан сиэстэрэни ыҥыртарда. …Туох систиэмэтин ыларын Аанчык өйдөөбөккө да сытта. Ол икки ардыгар хааппыланан таммалаан, бааҥка кураанахтанна. …Тииһигэ киирдэҕинэ истиэнэттэн «тутуһан» өкчөллөн туран, ыйылыы-ыйылыы истиэнэни тарбыыр, өрө тарбачыһар. Онтон хантан кэлбит күүһэ эбитэ буолла, өрө уһуутуу-уһуутуу тимир кырабаатын состоҕуна, арыый чэпчиир курдук. Бу курдук өр соҕус соскойдоһо сырытта. Кэмниэ-кэнэҕэс акушер кэлэн, ороҥҥо сытыаран көрөн баран, «төрөөрү гыммыт» диэн ыксатан, ууга-уокка түһэрэн, төрүүр хоско илтэ. Манна остуолга сытыардылар. «Ыгыһын!», «тыын!» диэн хамаандаларынан, быһыта тыытар ыарыы тииһигинэн олох кэмнэннэ. Бу ыарыы хаһан да бүтүө суох курдук. Иһиттэн саҕалаан, төбөтө, хараҕа ыалдьар, бэл, хабарҕата хам тутар. Арааһа, хаанын баттааһына үрдээтэҕэ. Оо, барыта хаһан бүтэр?!. Һуу! Туох эрэ төлө көтөн тахсарын кытары, туох барыта чэпчээбит, сырдаабыт курдук буолла. Сибилигин аҕай быһа кумалаабыт ыарыыта, сымыйалаабыт
курдук, сүтэн хаалла, арай, кыратык ньүөлүйэн ыалдьар. Тула уу-чуумпу буола түстэ. Хайа? Оҕо саҥата тоҕо ытаабатый? Быраастар тугу кэпсэтэллэр? Аанчык түүл-бит курдук сытан баран, тулатын дьэ, дьэҥкэтик көрөн кэллэ. Оҕотун көрүөн баҕарда да, быраастар хаан-сиин буолбут, кып-кыһыл оҕону таҥаска суулаан, антах илтилэр. Букунаһалларын быыһыгар сибигинэһэн кэпсэтэр саҥалара иһилиннэ: Хайа бу… Урод дии… чиччик оҕо… эрэйдээх… Бу тыллар бириигэбэр кэриэтэ, ийэ эрэйдээх сүрэҕэр этиҥ буолан саалыннылар. Маны сэргэ оҕо ытаан эһинньэхтиир саҥата иһилиннэ. «Эс, ама хайдах?!. Кими этэллэрий? Сымыйа ини?!. Ытыыр дии… Сыыһа иһиттим? Сымыйа буолуо!!!». Покажите! Покажите мне его!!! — Аанчык бөтүөхтүү-бөтүөхтүү ытаан, устунан истиэрикэлээн барда. Кинини уоскутаары буолуо, оҕону көтөхпүт акушерка остуолга чугаһаан кэллэ. Аанчык оҕотун көрөөт, хараҕа хараҥаран, кулгааҕа чуҥкунаан баран, ханна да барбытын билбэккэ хаалла… * * * Бу кэнниттэн түүл-бит курдук икки күн ааста. «Оҕоҕуттан аккаастаныаххын сөп. Син биир эрэйи көрүөҥ. Оҕо дьиэтигэр ылыахтара, эбэтэр инбэлииттэр дьиэлэригэр эмтиэхтэрэ. Киһи да буолбата буолуо. Өссө да эдэргин дии, оҕолонуоҥ буоллаҕа». Бу тыллар ааспакка-арахпакка төбөтүгэр эргийэллэр. Син биир аккаастаныа диэн буолуо, оҕотун киниэхэ аҕалбаттар. Тоҕо?!. Туох аньыым-харам иһин? Атын дьон оҕолоро үчүгэйдэр дии. Оо, хайа эрэ дьоллоохтор!.. Тоҕо миэхэ манныгый? Бу сааты-сууту! Атын дьон үөрэн-көтөн дьоллонон тахсан, аймахтарыгар оҕо сууйуутун тэрийэллэр, үөрүүлээх түбүккэ ыллараллар. Оттон мин? Сууйуу буолуохтааҕар, дьоҥҥо да көрдөрөр кыбыстыылаах. Кэргэним дьоно булгу миитин буруйдуохтара. Араас саҥа-иҥэ тарҕаныа… Көнүө дуо? Эмтэнэн, киһи курдук буолуо дуо? Хайыыбыный? Арай, кырдьык, аккаастанан кэбистэххэ? Умнуохха, барытын умнуохха! Туох да буолбатаҕын курдук. Өлбүт оҕо төрөөбүт дэттэриэххэ. Оччоҕо олох уларыйбакка, урукку дьаалатынан баран иһиэ этэ. Ол эрээри… Бу ыйытыыларга эппиэт була сатыыр да, хоруй көстүбэт. Кэргэнэ быраастартан ыйыталаһан билэн баран, аҕыйах тыллаах сурук ыыппыт: «Аккаастан. Кыайан эмтэммэт үһү. Маамалаах наһаа соһуйдулар. Кинилэр да инньэ дииллэр. Өссө да оҕолонуохпут буоллаҕа дии. Чэ, кытаатан тулуйа сатаа, чыычаах. Сыллыыбын, Стас». Дьэ, ити. Дьонун тылыттан тахсыбат. Бэйэтэ төбөтө суох киһи курдук. Эттэххэ дөбөҥ ээ! Бүтүн киһини ылан быраҕар? Тоҕус ыйы быһа илдьэ сылдьыбыт бэйэҥ сорҕоҕун! Илиигин ылан быһан бырах диэбит курдук!.. Хайдах дьылҕаланыай, оҕо эрэйдээх? Аанчык суруктан ньиэрбинэйдээн, бопторо-бопторо сылайыар диэри ытаабыта. Хата, кэнники күннэргэ ньиэрбэтэ күүрбүтэ, сүрэҕэ ыалдьыбыта ааһарга дылы гыммыта. Туох аанньа буолуой? Аанчык бэйэтин буруйдана саныыр. Кэргэнин кытары бастаан хоонньоһоллоругар, кыһыл арыгы, шампанскай иһэн, холуочуйан баран, утуйбуттара. Ол арыгы содула буолуо дуо? Ситэ эмтэммэтэх биллибэккэ сылдьан кэрбээн сиир инфекционнай ыарыытыттан төрүөттээх дуу? Кэргэнигэр да баар эбит этэ. Кэлин иккиэн эмтэммиттэрэ. Киниэнэ киниэнин курдук, бастакы түүнтэн ыарахан буолан, ол иннинэ холбоһор туһунан санаабакка сылдьыбыт дьон ыксалынан сыбаайбалыырга күһэллибиттэрэ. Онтулара, дьэ, бу… … Ыар санаалары тулуйар
кыаҕыттан тахсан, Аанчык бопторон ытыы турда. Тымныы түннүккэ соҕотох кыыс күлүгэ харааран көһүннэ. * * * Көрсүһүү Сарсыныгар Аанчык тулуйбакка, оҕолор ытаан бэбээрэр хосторугар барда. Аһыыр кэмнэрэ буолбут быһыылаах, уонунан куолас тэҥинэн эһээхэйдиир. Истэргэ минньигэһэ сүрдээх! Дьахтар кытааппыт, ньүөлүйэн ыалдьар эмиийдэрэ эмиэ тэстэн, үүтэ халаатын өтөн тахсан, таҥаска хатыччы хаппыт хараҥа суолун устун аллара сүүрүгүрдэ. Ону хайыай, курун ыга тардынан баран, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, палаата аанын диэки үөмтэ. Хата, дьуһуурунай сиэстэрэ суох эбит. Сып-сырдык, кэҥэс соҕус хоско өстүөкүлэ курдук дьэҥкир оҕо уйалара кэчигирэспиттэр. Олорго ыгыччы сууламмыт оҕолор эрэйдээхтэр, кытара-кытара ытаан бэбээрэ сытаахтыыллар. Мөхсө сатыыллар даҕаны, туһа суох, сууламмыттара кытаанаҕа бэрт буоллаҕа. Аанчык сэрэниин-сэрэнэн, атаҕын төбөтүгэр үктэнэн, мэктиэтигэр тыыммакка даҕаны, бэтэрээ баһыттан оҕолору кэрийэ барда. Оо, араас да оҕолор бааллар эбит! Саха, нуучча, эрмээн… Сорохтор кыламана-хааһа суох, кып-кыһыл быыкаайык сирэйдээхтэр, хатырбыт уос дуомнаахтар. Толору иэдэстээх, хойуу баттахтаах, уһун кыламаннаах оҕолор эмиэ бааллар. Эмискэ ойуччу соҕус, кытыы турар оҕо уйатыгар хараҕа быраҕылынна. «Оо, эрэйдээхпин туора сытыараллар эбит дии. Хайа, саҥата иһиллибэт дии. Аны… өлбүт дуу…» Дьахтар куттана-куттана, чугаһаан кэллэ. Тоҕо эрэ хараҕын быһа симэн, сутуругун ыга тутан, тыыммакка да балачча турда. Онтон «чэ!» диэбиттии тыынын таһаараат, эмискэ көрө түстэ. Оҕо утуйбакка, ытаабакка да, көрө сытар эбит. Чээн, дьүһүнүнэн бэйэтин кыра эрдэҕинээҕи хаартыскатыгар маарынныыр дии. Төгүрүк соҕус сирэйдээх, дириҥ кылдьыылаах киэҥ соҕус хара харахтаах, хатыран хаалбыт кыһыл тириилээх уонна… муннугар тиийэ уоһун дуома хайдан хаалбыт. Үөһээҥи миилэтэ көстө сылдьар. Ити эрэ буолбатах. Сууланан сытар буолан, билигин көстүбэт эрээри, оҕо үс атахтаах… Быраас быһаарбытынан, икки игирэ оҕо төрүөхтээх эбит эрээри, тоҕо эрэ биирин сайдыыта тохтоон хаалбыт уонна убайын этигэр хам сыстыбыт. Оннук түгэҥҥэ эппэрээссийэлиир кутталлаах үһү. Бу маннык түбэлтэ олус сэдэх эрээри, булан-булан, киниэхэ түбэстэҕэ… Бу туран, оҕону аһынан кэллэ. Эрэйдээх, дьонтон уратытын билбит курдук, баарын биллэрэ сатаабакка, улаханнык айдааран ас көрдөөбөккө, бу тулуйан сыттаҕын. Дьахтар ис-иһиттэн аһынар иэйиигэ куустаран, оҕону көтөҕөн ылла. Анарааҥыта: «Ээ, бу эн эбиккин дуу» диэбиттии олус болҕойон, ийэтин тонолуппакка одуулаата. Аанчык саҥа төрөөбүт оҕолор киһини өйдөөн көрбөттөрө буолуо дии саныыра. Ол сымыйа эбит. Бу оҕо адьас улахан киһи курдук көрөр, ийэтэ кэлбитин биллэ быһыылаах. Ол икки ардыгар таҥас нөҥүө үүт сытын билэн, түөһүн диэки үҥүлүйдэ, ыҥырҕаан, иһин түгэҕиттэн көхсүн этитэр курдук саҥа таһаарда. —Тоҕо манна киирдиҥ?!. Ким көҥүллээбитэй? Бар, таҕыс! Дьуһуурустубатыттан ханна да халбарыйыа суохтаах сиэстэрэ, бэйэтэ буруйдаах эрээри, суоһурҕанан, хаһыытаабытынан киирдэ. Аанчык дьигиһис гынаат, оҕотун көтөхпүтүнэн, эргиллэ түстэ. -Мин… аккаастаммаппын киниттэн… Бу мин оҕом, өйдөөтүгүт?!
edersaas.ru сайтан