Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыргыллар суол

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыргыллар суол

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.05.2019 14:56
Сандааран түһэн чаҕылхай да күн. Саас барахсан чугаһаан эрэрэ бэлиэр биллэн эрэр. Күн сырдык утахтара сыа хаартан тэйэ чаҕылыһан киһи хараҕын саатырдыах айылаах күлүмүрдүүргэ дылылар. Үгүс киһи маннык сылаас күҥҥэ ханна да ыксаабакка аа-дьуо хаамсар. Куорат киинигэр дьэндэйбит маҕаһыын үрдүк кирилиэһин өрө-таҥанары сүүрэр, бакыат муҥунан астаах-үөллээх дьон толору. Бу кэмҥэ килэрийэ ньалҕаарыйбыт аспаал суолунан сурулатан омук дьоҕус массыыната маҕаһыын иннигэр кэлэн хорус гынна. Бу чээлэй күөх өҥнөөх массыына иһиттэн саас ортолоох хоп курдук таҥастаах-саптаах, бэрт сэргэх дьүһүннээх-бодолоох дьахтар таҕыста. Бэрт тиэтэлинэн маҕаһыын кирилиэһин дабайан иһирдьэ киирэн хаалла. Бу – “Алгыс” атыы-эргиэн дьиэтин (аныгылыы ааттыылларынан супер маркет) хаһаайката Биэрэ Сэмэнэбинэ этэ. Кини, өрүү да буоларыныы, туохха эрэ ыксыы, тиэтэйэ-саарайа сылдьар. Тэтимин ыһыктан нуурайан, наҕылыйан олорорун көрбөккүн. Ол эрээри бүгүн ордук ыксаабыкка дылы. Мэктиэтигэр, сирэйдиин-харахтыын сырдаабыт, бэркэ өрө көтөҕүллүбүт дьүһүннээх. Ол төрүөтэ – бүгүн дьоно тыаттан киириэхтээхтэр. Күүлэйдии буолбатах, букатын көһөн. Вера төһө өр күүттэ этэй бу күн хаһан үүнэрин?! Үлэ-хамнас сырсыытыгар күнтэн-күн аастар-ааһан номнуо дьонуттан тэйиппитэ балайда кэм ааспытын билигин кэлэн сөҕө саныыр. Нус-хас буолан, биир сиргэ тапталлаах оҕолорунуун, кэргэниниин биир дьиэ кэргэн курдук олорботохторо омуна суох уонча сыл буолла. Бу сыллар тухары икки сиринэн кэлэ-бара сылдьыы түбүгүн бары да биллэхтэрэ. Билигин уруккулара буолбатах. Киин куорат килбэйэр киинигэр бас билэр кыбартыыралаахтар, куораттан ырааҕа суох сиргэ былырыын учаастак ылан даачаларын тутан саҕалаабыттара. Өссө быйыл массыыналанан наадыйалларын барытын сиппит курдук саныыллар. Маннык сэниэ, байылыат олохтонуулара – ийэлэрэ Биэрэ Сэмэнэбинэ, уруккута Кэмэрсээн Биэрэ, өҥөтө этэ. Оччолорго дэриэбинэттэн тэйбэтэх, улууһуттан ырааппатах Биэрэ кыыс маннык тыыллан-хабыллан туруо диэн ким сэрэйбитэ баарай. Арассыыйа үрдүнэн дефолт биллэриллибит кэмигэр дьон үксэ уурумньу харчытыттан көрө маппыта. Биэрэ дьоно эмиэ онтон быыһамматахтара. Саҥардыы ыал буолбут кыыстарыгар, соторутааҕыта эрэ күн сирин көрбүт сиэннэригэр анаан үйэлэрин тухары муспут харчылара күдэҥҥэ көппүтэ, соххор солкуобайга кубулуйбута. Аҥаардас биэнсийэлэригэр эрэ олорор кырдьаҕастар көмөлөрө саҥардыы атахтарыгар тура сатыыр эдэр ыалга тук буолбата. Биэрэ кэргэнэ олохтоох дьаһалтаҕа суоппардыыра да хамнастара икки-үс ый хойутааһына суох кэлэн быстыбата. Ас-таҥас тиийбэтэ дьиэ кэргэн сыһыаныгар кытта дьайара. Кэргэнниилэр кэлиҥҥинэн дуона да суохтан ар-бур дэсиһэн кыыһырсан ылаллара үксээбитэ. Оччолорго Биэрэ үһүс оҕотун ыарахан сылдьара. Биир үтүө күн эмиэ маҕаһыынтан иэс көрдөөн күннээҕи килиэбин атыыһыттан дук гыннаран дьиэлээн испитэ. Ол иһэн үгүһү ырыта санаабыта. Күннээҕи олохторуттан саҕалаан оҕолорун күүтэр инники олохторугар тиийэ. Салгыы маннык бардаҕына туох да күттүөннээх олоххо тиийбэттэрин эт мэйиитинэн өйдөөбүтэ. Ол кэннэ хайдах быыс-хайаҕас булан бу маннык уустугу төлө көтөр туһунан толкуйдаабыта. Дьон хайдах гынан сэниэтик олороллорун, тус дьыала тэринэллэрин биир-биир сыымайдаан көрбүтэ уонна биири өйдөөбүтэ. Кини бу дьонтон туох да
итэҕэһэ суох эбээт. Чэ буоллун, сорох-сорохторго тэҥнээтэххэ Биэрэ үөрэҕэ кэмчи этэ. Ол эрээри талаанынан баҕас айылҕа атаҕастаабатах этэ кинини. Дьахтар быһыытынан иистэнэри да сатыыра, аһы да астыыра. Онон Биэрэ маҥнай тугу сатыырынан харчы киллэринэр соругу туруоруммута. Бастаан кыралаан дьоҥҥо иистэнэр буолбута. Кыраттан саҕалаан түүлээххэ тиийэ. Ол эрээри ол биирдэ эмэ киирэр сакаастан олохторо чэлгийэн-чэчирээн кэлбэтэҕэ. Соторунан күн сирин көрбүт үһүс оҕотун биэбэйдиир түбүгэр баттатан ити да дьарыгын хаалларарга күһэллибитэ. Ардыгар быыс булан, ас астаан атыылыы сүүрэрэ. Тэрилтэнэн, оскуоланан эҥин. Ону да сотору дьаһалтаҕа билэн, оскуолалар үҥсэн-хайаан бобон кэбиспиттэрэ. Биэрэ онтон санаата самныбатаҕа. Хата ордук сытайан туран, хайдах харчы киллэрэри толкуйдуур буолбута. Биирдэ, кырата үстээҕэр, дьүөгэтэ дьахтартан харчы иэс ылан, оҕолорун дьонугар хаалларан табаар ыла диэн билсэр буруокар дьахтарыныын Кытайдаһан хаалбыта. Ити кэмтэн атыы-эргиэн, мэнэйдэһии, иэс-күүс бэрсиһии, айан-сырыы саҕаламмыта. Биэрэ олохтоохтук илистиилээх кэмэрсээн суолугар үктэммитэ. Нэһилиэгэр кинини Кэмэрсээн Биэрэттэн атыннык ааттаабат буолбуттара. Атыы-тутуу хотоойутук барара, харчы да киирэрэ-тахсара. Ол эрээри өрүү эргииргэ сылдьар харчытыттан ордук чорбойор улахан барыс киирбэт курдуга. Биир түүн Биэрэ утуйар уута кэлбэккэ өр толкуйга түспүтэ. Салгыы маннык олорор сылаалааҕын, оҕолорун көрөрүгэр уустуктааҕын бэркэ билэрэ. Кэргэнэ даҕаны Биэрэ барарын-кэлэрин, күнү быһа киирэр-тахсар атыылаһааччыны соччо биһирээбэт курдуга да, саҥарбата. Онон Биэрэ буруокардаан бүтэн, уруккуттан ыра санаа оҥостубутун олоххо киллэрэр кэмэ кэлбитин билбитэ. Кини баҕа санаата тус бэйэ маҕаһыынын арыйыы этэ. Ол эрээри бу аҕыйах сүүс ахсааннаах нэһилиэнньэлээх бөһүөлэккэ маҕаһыыны арыйар харчыны тыалга ыһыыга тэҥнээҕин бэркэ өйдүүрэ. Ол иһин үнүр куоракка көһөр түһунан былааннаабыта. Үөрүөх быатыгар, кэргэнэ кинини өйөөбүтэ. Инньэ гынан икки улаханын илдьэ куораттыыр буолбута. Төһө да кыралаан кэмэрсээннээбитэ уопут эптэр, олус долгуйара. Ол иһин да уута көтөн уйгууран сыппыта. Биэрэ ол түүнү билигин да умнубат. Уһун-киэҥ былааннааһын, бу бүгүҥҥү ситиһиитигэр сорук туруорунуу ол уһун унньуктаах бүтэн быстыбат түүн оҥоһуллубута. Оччолорго иннигэр аһыллар киэҥ суол тыргыллыан дуу, очурунан, моһолунан кыаһыылаан хатыйыан дуу кини билбэтэ. Онтон, дугдуруй да оҕус дииллэринии, оҕолорун илдьэ, кыратын кэргэнигэр хаалларан Дьокуускай куоракка дьол көрдүү түһүнэ турбуттара. Ол кэмтэн ыла уонча сыл ааста. Биэрэ Сэмэнэбинэ билигин санаатаҕына, бэйэтэ туһунан эриирдээх-бутуурдаах уустук суолу ааспыт эбит. Хата, барыта этэҥҥэ санаа хоту табыллан бүгүн киһи мыыммат баайданан, дьиэлэнэн-уоттанан баҕатын ситистэ. Туох буолуой, дьиэ кэргэн аҕыйах сыл тус-туһунан олорбута. Билигин дьэ бииргэ буолуохтара. Оҕолорун үөрэттэрэллэригэр, киһи-хара гыналларыгар олук охсулуннаҕа. Алаһата суох ыал суох, үлэтэ суох харчы суох. Үлэ суох буоллаҕына, үлэни үөскэтиэххэ, үлэ харчыны оҥоруо. Ити курдук бииртэн-биир санааны сыымайдаан Биэрэ Сэмэнэбинэ маҕаһыыныттан тахсан массыынатыгар олордо. Сырыытын сыыдамсытар астык көлөтүн собуоттуу охсон, дьонун көрсө аэропорт диэки түһүнэ турда. Иннигэр анаабыт
курдук, аһаҕас суол тыргылла нэлэһийдэ. М.Иванова.
kyym.ru сайтан