Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тапталга дьүөгэ суох (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тапталга дьүөгэ суох (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.04.2024 06:00
Сотору нэһилиэк аайы дьон түһүлгэҕэ түмсэн сайыны уруйдуохтара, ыһыах ыһыахтара, оһуохай бөҕө дуорайыаҕа. Мин эмиэ ыһыаҕы күүтэр дьахталлар ортолоругар, бу күнү хас сыл аайы долгуйа күүтэбин. Саҥа былаат баанаары буолбатах, саҥа ырбаахы кэтээри буолбатах, саҥа ытарҕа да иилинээри буолбатах. Мин ыһыаҕы күүтэбин дойдубар тиийээри, кинини саатар ыраахтан көрөөрү… Дьокуускайга устудьуоннуу сылдьан , бастакы кууруһу ситиһиилээхтик бүтэрэн, ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдубар ыһыах саҕана кэлбитим. Хас сыл аайы үгэс буолбут “Кэрэчээнэ Куо” диэн күрэх буолара. Арай кулууп үлэһитэ мин кэлбиппин көрөн “Кыттыаҥ этэ дуо?” диэбитигэр, тута сөбүлэспитим. Күрэхпэр сыыйа бэлэмнэнэн барбытым., ийэлээх эбэм иистэнньэҥ буоланнар, таҥаһым-сабым түргэнник сиппитэ. Үрүҥ тунах ыһыах күнэ үүммүтэ. Өр көрсүбэтэх доҕотторбун, кылааһым оҕолорун көрсөн олус үөрбүтүм. Ол эрээри күрэҕим күнэ үүммүтүттэн наһаа долгуйарым. Дьүөгэм Таня аттынааҕы нэһилиэк уолун ыраахтан көрөн , кистээн таптыыра. Ол уол мас тардыһарын көрө барыах диэн дэлби хаайсан, киниэхэ доҕор буолан барыстым. Өр-өтөр буолбата, арай Дьулустаан Егоров диэн биллэрдилэр. Сахаҕа кыраһыабай, бөдөҥ-садаҥ, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах эдэр киһи тахсан кэллэ. Таням долгуйа-долгуйа сүрэҕинэн-быарынан ыалдьа олордо. Өр-өтөр буолбата, утарылаһааччытын илиититтэн маһы биирдэ тардан кэбистэ. Миэстэтин атастаһаат, эмиэ сулбу тардан мөккүөрэ суох кыайыыны ситистэ. Сөрүүн түһүүтэ күрэхпит буолла. Кыттааччылар сэттиэбит. Бары да олус долгуйабыт эрээри, мин син бэркэ кытынным. Күрэх бүтэн, түмүк тахсарын кэтэһэ Танябынаан турдахпытына, били Дьулустаан биир доҕорунаан биһиэхэ супту хааман тиийэн кэллилэр. “Кыргыттаар билсиһиэххэ сөп дуо?” диэтэ. Мин аатын Дьулустаан диэтэ. Оннук билистибит. Доҕорун аата Марик диэн эбит. Таням харахтара чаҕылыһа түстүлэр. Ону-маны кэпсэттибит. Арай Дьулус миэхэ: “Наһаа да кыраһыабай уһун суһуохтааххын, күрэххэ кыайдыҥ быһыылаах” диэтэ. Онтон түмүгү биллэрдилэр. Мин “Толбоннурар уһун суһуох” диэн аакка тигистим. Миигиттэн икки сыл улахан кыыс “Кэрэчээнэ Куо” аатын сүктэ. Бэлэх туһах тутан, хаартыскаҕа түһэн аны дискотека саҕаланна. Дьүөгэлэрбин кытары үҥкүүлүү сырыттахпына, Дьулустаах Марик биһиэхэ кэлэн үҥкүүлэстилэр. Онтон бытаан үҥкүү тыаһаатын кытары Дьулустаан миигин үҥкүүгэ ыҥырда. “Эн наһаа да кыраһыабайгын” диэтэ. Ол киэһэ хаста да үҥкүүлээтибит. Арай биирдэ өйдөөбүтүм, Таням суох эбит. Таняны көрдүү бардым, аны Дьулуһум батыһан таҕыста. Онон –манан көрдөөн , ыйыталаһан көрдүбүт да булбатыбыт. Онтон Дьулустуун паарка түгэҕин диэки хаамыстыбыт. Күн тахсыар диэри ону-маны кэпсэттибит. Онтон кини миигин дьиэбэр атааран баран , оргууй кууһан баран уураан ылла. Бэйэм да соһуйан, долгуйан хааллым. Ама таптал диэннэрэ бу буолуо дуо? Дьулус аттыбар баарыгар сүрэҕим тэбэрэ күүһүрэриэн, долгуйарбыан. Ити күнтэн ыла өйүм-санаам кини эрэ буолбута. Ол саҕана билиҥҥи курдук суотабай да , интэриниэт да суоҕа. Сарсыҥҥы күнүгэр Таняҕа тиийбиппэр, дьүөгэм миигин кытары сүгүн кэпсэппэтэҕэ. Миигин таҥнарыахсыккын, Иудаҕын диэн үөхпүтэ. Таптыырга буруй суох. Мин чахчы Дьулуһу наһаа күүскэ таптаабытым, наһаа ылларбытым. Ол сайыны быһа бииргэ сылдьыбыппыт. Таня Дьулуһу чахчы астынара эрээри, мин тоҕо эрэ киниттэн былдьаабыт курдук санамматаҕым. Дьулустаан миигин таптыыра, биһиги олус дьоллоох этибит. Онтон от үлэтэ саҕаламмыта. Дьулуһум дьонун кытта оттуу барбыта. Арай биир сарсыарда утуйан турбутум, аттынааҕы ыалбыт дьахтар : “Бөөлүүн Новгородовтар Таня диэн кыыстара эмп бөҕөнү иһэн ыарахан туруктаах үһү, куораттаппыттар” диэн кэпсээниттэн мин олоро биэрдим. Хайдах мин Таням дуо диэн дьэ ,чахчы бэйэбин Иуда курдук сананным. Куһаҕан дьүөгэ эбиппин диэн дэлби буруйданным. Наһаа да ыар күннэр саҕаламмыттара. Нэһилиэк дьоно бары кэпсэтэр кэпсэтиилэрэ Таня буола түспүтэ. Киһи ыйытыан да куттанар курдуга. Килиэп ылаары маҕаһыыҥҥа тиийбитим, Таня ийэтэ турар эбит. Мин наһаа харааһынным. Таня хайдаҕый диэн нэһиилэ ыган ыйыттым. Онуоха “соччото суох, куоматтан тахса илик. Ити барыта эн үөннэнэҥҥин, уолу иирдибиккиттэн. Туох сордоох уолай, киһи баранан. Эн буруйдааххын барытыгар. Куораттан биир уол көстүбэтэх бэйэтэ буоллаҕа” дии-дии суланан ытаан киирэн барда. Мин оҕотук санаабар, бэйэбин абааһы көрөн бардым. Били такыммар тиийэр уһун суһохпун дьиэбэр киирээт эбэм иистэнэр кыптыыйынан быһа кырыйан кэбистим. Бу суһуох буруйдаах, санаабар Дьулуһу эмиэ абааһы көрдүм. Ийэм таһырдьтаттан киирэн баран баттахпын көрөөт, айманыы бөҕө буолла. Мин хараҕым оспоччу иһиэр диэри ытаатым. Өлүү түбэлтэлээх аны ол киэһэ Дьулуһум тиийэн кэллэ. Таняны истибит. Баттахпын көрөн наһаа соһуйда. Миигин “көмүһүм, чыычааҕым, сибэкким, эйигин эрэ таптыыбын, олоҕум тухары эйигин эрэ таптыаҕым. Таня миигин таптыырын хантан билиэмий. Арай ити ыһыах иннинэ биир кыра уолунан сурук ыыппыт этэ. Онно тапталыгар билиммитин,, оонньуу курдук санаабытым ” дии-дии кууһа-кууһа сыллаа да сыллаа буолла. Мин хайдах эрэ Дьулуска сыһыаным сойон хаалбыт этэ. Хайдах эрэ тэйэ хаамаат “Бүттэ Дьулус, барыта бүттэ. Көрөҕүн миигин? Мин уһун баттаҕым суох” дии-дии ньиэрбинэйдээн бардым уонна дьиэбэр киирэн ааны хатаан кэбистим. Балайда өр тоҥсуйда, онтон аҕам тахсан туох эрэ диэн бардьыгынаата быһыылааҕа. Күһүнү кэтэспэккэ куоракка киирдим. Таня куоматтан тахсан уопсай палаатаҕа таһаарбыттарыгар тиийэ сырыттым. Наһаа өр ытастыбыт, куустуһан олорон иллэстибит. Бииргэ улааппыт саамай күндү дьүөгэм буоллаҕа. Таням бырастыы гыммытыгар наһаа да үөрдүм уонна дууһалыын чэпчээтим. Ол эрээри Дьулуһу син биир ахтар, түһүүр этим. Бэйэбин бэйэм албыннанан тапталбын мэлдьэһэрим. Куорат киэҥ этэ да Дьулуска тэҥнээх ким да суоҕа. Дьулуһум уопсайга киирэн биир кыһыны быһа көрсө, кэпсэтэ сатаабыта. Онтон сүтэн хаалбыта. Үһүс кууруһу бүтэрэр сайыммар ийэм Таня Дьулустуун ыал буолан эрэрин туһунан кэпсээбитэ. Ол сонун миэхэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдук иһиллибитэ. Хайдах? Онно биирдэ өйдөөбүтүм, Дьулуһу хайдах курдук таптыырбын, тапталга дьүөгэлэр суохтарын… Таняттан кэлэйбитим. Ол эрээри сыл хонук аастаҕын аайы Таня бэйэтин дьолун туһугар өлөрүн кэрэйбэккэ охсуспутун сөҕөбүн. Дьол да диэхтээн… арыгы обургу тугу гымматаҕа баарай? Атын киһиттэн хат сылдьан итирбит уол хоонньугар киирэн, баайсан күүһүнэн кэргэн ыллаттарбыт. Ыал буолан баран үөрэххэ барар аатыран аны оҕотун түһэттэрбитин, Дьулус дэлби иһэр буолбутун, Таня аҕыйах сыл олороот атын киһиэхэ иирэн барбытын дьоммуттан истибитим. Хайдахтаах курдук кыһыйбытым буолуой?! Биир дьахтар чэпчэки санаатыттан үс киһи олоҕун алдьаттаҕа… Мин билигин да соҕотохпун. Эдэр буолбатахпын, кырдьыам эрдэ. Суһуоҕум балайда уһаата… Аҕыйах хонугунан дойдум ыһыаҕа буолаары турар. Онно тиийиэхтээхпин, кинини көрсүөхтээхпин. Туох барыта буолуон сөп. баҕар…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан