Кэпсээ
Войти Регистрация

«Ойуунускай уола быһыылааххын!» (Ахтыы-кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / «Ойуунускай уола быһыылааххын!» (Ахтыы-кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
12.10.2021 19:30
Максим Ксенофонтов сэргэх ахтыы-кэпсээнин ааҕыҥ.   Биhиги аҕабыт, Василий Кириллович Ксенофонтов, 1931 с. Ньурба оройуонун II-с Малдьаҕар нэhилиэгэр, Мохулу күѳл кытыытыгар холкуостаах ыалга тѳрѳѳбүтэ. Оччотооҕу оҕо сиэринэн, борбуйун уйаат, «Чкалов» холкуоска, сааскы ыhыыга, оҕус сиэтэн, сайынын окко үлэлэhэн, күhүн бурдук быhыытыгар, кыhын дьиэ ис-тас үлэтигэр кѳмѳлѳhѳн барбыта. Ийэтэ Мария Ивановна Степанова эдэр сааhыгар, оҕолоро кыраларыгар олохтон туораабыта. Онон аҕабыт балта Елялыын тулаайах аңаардаах хаалбыттара. Эhэбит Кирилл Ксенофонтович Никифоров — Кырыадьа Кирилэ иккистээн кэргэннэммэтэх, оҕолорун киhи-хара гынар туhугар туох-баар кыhамньытын уурбут. Сэрии кэнниттэн, аҕата бэйэтиттэн араарар санаата суоҕун үрдүнэн, уончалаах Вася Ксенофонтов бэйэтин баҕатынан, дьиэтиттэн балтараа кѳстѳѳх сиргэ, Маалыкай оскуолатыгар  үѳрэнэ тиийбит. Ааҕар-суруйар буолбут уолу быhа иккис кылааска ылбыттар. Интэринээккэ олорон сэттис кылааhы бүтэрбит. Орто оскуоланы Мархаҕа, эмиэ интэринээккэ олорон, ситиhиилээхтик үɵрэнэн бүтэрбит. Оскуолаҕа үѳрэнэр сылларыгар сахалыы литератураны таптаан ааҕар эбит. Онон саха тылын, литературатын учууталын идэтин талбыт. СГУ-ну бүтэрэн, саха тылын, литературатын учууталын идэтин ылан баран, биhиги ийэбитиниин – Семенова Елена Васильевналыын холбоспуттар. Биhиги аҕабыт ийэбитин кытта 4 оҕону атахтарыгар туруоран, үѳрэхтээх дьон оңорбуттара. Аҕабыт оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин олус таптыыра, мэлдьи муударайдык, ылыннарыылаахтык сүбэлии-амалыы сылдьара. Аҕабыт Ленинскэй оройуон райкомолугар, Степан Васильев аатынан колхозка учаастак сэбиэдиссэйинэн таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онтон Маалыкай орто оскуолатыгар учууталлаан, түѳрт уонтан тахса сыл кэнчээри ыччаты тѳрѳѳбүт сахатын тылыгар, литературатыгар уhуйбута. Υѳрэппит оҕолоруттан отуттан тахса үѳрэнээччитэ, Василий Кириллович туйаҕын хатаран, олохторун тѳрѳѳбүт тылларын кытта ситимнээтилэр. Кинилэр ортолоругар бааллар саха тылын, литературатын, тѳрүт культура учууталлара, сытыы бѳрүѳлээх журналистар, библиотекардар, тылбаасчыттар. Василий Кириллович эдэр эрдэҕиттэн суруксуттуур идэлээх этэ. Оскуолаҕа үѳрэнэ сылдьан дневник сурунара. Кини ордук публицистика жанрын баhылаабыта. Элбэх критическэй, библиографическай очеркалардаах. Саха тылын кэрэтин, тупсаҕайын арыйарга анаммыт, ыччаты иитиигэ туhуламмыт ыстатыйалардаах. Саха тылын учебниктарыгар, дидактическай пособиеларыгар «Υрүң дуу, маңан дуу?», «Ѳс хоhооно – норуот муудараhа», «Сэрэнэн сырыт», «Уолаттар Чапаев буолаллар» о.д.а. суруйуулара киирбиттэрэ. Хоhоону арыый сааhыран баран, түѳрт уончатыттан, суруйар буолбута. Кини хоhоонноруттан сорохторо ырыа буолан ыллана сылдьаллар. «Хомус тыаhын истиим да» хоhоонугар икки мелодия айыллыбыта биллэр. Бу ырыаны Маалыкай оскуолатын «Сыккыс» ырыа ансамблын оҕолорун толоруутугар Саха сирин олохтоохторо радиоҕа истэллэр, «Саха» НКИХ биэриитигэр кѳрѳллѳр. Сайыңңы сарсыарда күѳрэгэй ыллаан дьырылатарын таптыы истэн баран, 1979 с. суруйбут «Күѳрэгэй» диэн хоhоонугар сахаттан бастакы дьахтар-композитор Полина Иванова музыка суруйбута. «Күѳрэгэй» ССРС народнай артистката Анегина Ильина репертуарыгар киирбитэ. «Уол оҕо хоhууна эн этиң» диэн, саха маңнайгы революционердарыттан биирдэстэригэр, Степан Васильевка анаммыт хоhоонноох. Бу айымньыга Петр Петров мелодия айбыта. Хорга аналлаах бу ырыа Ст. Васильев тѳрѳѳбүтэ 100 сылыгар аналлаах концерка аан бастаан толоруллубута. Василий Ксенофонтов
хоhоонноро үгүстэрэ тэң сүhүѳхтээх, рифмалаах силлабическай айымньылар. Сорох хоhоонноругар айылҕаны хоhуйуу, тулалыыр эйгэ кэрэтиттэн дуоhуйуу кѳстѳр. Дойду историятыгар, политическай олоҕор сыhыаннаах хоhоонноругар патриотизм, интернационализм идеяларын ѳрѳ тутар. Сааhыран баран философскай хабааннаах хоhооннору суруйар буолбута. В.К.Ксенофонтов хоhоонноро ааҕааччы киэң араңатын сэңээриитин, кэрэхсэбилин ылаллар. Аҕабыт, тɵhɵ да тулаайах аҥаардаах улааттар, эhэбит анаан-минээн булка такайбатар да, ис хааныттан сүрдээх булчут, балыксыт этэ. Олус түргэн туттуулаах буолара. Кɵтɵн иhэр куhу сыыспатынан үгүс дьону сɵхтɵрɵрɵ. Күтүɵппүтүнэн Данилов Иннокентий Фёдоровиhынан Москваттан ТОЗ-34 ЕР диэн сааны 1976 сыллаахха ылларбыта. Ол саатынан бэргэнник ытарын табаарыстара бары хайгыыллара. Чугас доҕотторунаан: Иван Семенович Николаевтыын (Доҕолоҥ Уйбаанныын), Ким Николаевич Аммосовтыын, Нестор Климович Антоновтыын, Николай Степанович Васильевтыын булка бииргэ сылдьалларын сүрдээҕин сɵбүлүүрэ. Биhигини, уолаттарын, кырабытыттан батыhыннара сылдьан кустуура. Куйаас күн кыра кɵлүкэҕэ олорор кустарга үɵмэн киирэн биирдэ-иккитэ ытара. Онтон биhиги ууга сырсан киирэн кустары хомуйарбыт. Хоhулаан ытарын ордороро. Биирдэ, Тарыҥ Yрэх эргин күл ууларын кэрийэ сылдьан биэстэ ытан 17 куhу таппыта. Сорохторо хойобуун буолбут этилэр. Быраатым Кыдаанныын олору арагаакканан ытыалаан ылбыппыт. Улахан күɵл кытылыгар улааппыт буолан, балыктыырын таhаа таптыыра. Хонтокоҕо, Мондокуга, Арыылаахха илимнээн, сайыны быhа сибиэhэй собо остуолбут хотойорунан буолара. Булдуттан уонна балыгыттан ыкса ыалларбытыгар куруук бэрсэрэ. Yлэ хайа да кɵрүҥүттэн толлон турбакка ылсан иhэрэ. Сайын оттуурун сүрдээҕин сɵбүлүүрэ. Оту бэркэ охсоро. Элбэх хотуурдаах этэ. Ол иhигэр монгольскай австрийскай, китайскай хотуурдар бааллара. «Аныгы буускап» диэн спецсталь тавролаах, күɵх кырааскалаах уонна былыргы, үрүҥ кɵмүс курдук чаҕылыйа сылдьар, дьэбин сыстыбат «буускап» хотуурдарынан сɵбүлээн охсоро. Биирдэ, 1974 сыллаахха, Аммос Алексеевич Аммосов, саха бастакы кадровай байыаннайдарытан биирдэстэрэ, аҕабыт табаарыһа Ньурбаҕа, Маалыкайга кэлэ сылдьыбыта. Аммос Алексеевич Ойуунускайдыын алтыспыт, араатардыырын истибит, 30-ус сыллардааҕы хомуньуус этэ. Кини Маалыкай оскуолатыгар Василий Кириллович уруоктарыгар сылдьан, истэн- көрөн баран, биһиэхэ ыалдьыттыы олорон: — Доҕоор, Баһыла-ай, куолаһыҥ, дьүһүнүҥ оруобуна Былатыан Ойуунускай курдук. Арааһа, Ойуунускай уола быһыылааххын! – диэн баран күлэн күһүгүрээбитэ. — Эс, доҕор, Ойуунускай Ньурбаҕа кэлэ сылдьыбата ини! – аҕам күлэн кэбиспитэ. Василий Кириллович биир үөрэнээччитэ, 5-с кылаас оҕото, дьонугар баран: — Саха тылыгар биһигини Ойуунускай үөрэтэр, — диэн кэпсээн дьонун күллэрбитин туһунан хойут бэйэтэ кэпсээбиттээх. Онон, аҕабыт эдэригэр Ойуунускайга маарынныыра чахчы этэ. Аҕабыт, арыт, биир эмэ киэhэ, олоҥхолуур этэ. Букатын эдэриттэн олоҥхолооччу. Кырабытыттан истэн улааппыт буолан, олоҥхо сирин-дойдутун, бухатыыр мүччүргэнин харахпытыгар кɵрɵргɵ дылы буолааччыбыт. Киэhэ аайы остуоруйа кэпсиир этэ. «Остуоруйаҕа норуот муудараhа түмүллэр»,- диэн, уруогун быыhыгар, иитэр сыалтан, үɵрэтэр оҕолоругар эмиэ остуоруйа кэпсиирэ. Ксенофонтов В.К. ɵр сыллаах таhаарыылаах үлэтэ сыаналанан РСФСР норуотун үɵрэҕириитин туйгуна буолбута. Тыыл уонна үлэ ветерана этэ. Наҕараадаларыттан «Ыстаалын тɵбɵлɵɵх» уонна Ленин тɵрɵɵбүтэ 100 сылыгар аналлаах мэтээллэрин ордук
сыаналыыра. Yс Хатыҥҥа, Ыhыахха киирдэхпитинэ, Василий Кириллович уонтан тахса мэтээлин килэччи иилинэн иhэрин кɵрɵн, сэрии ветерана дии санаан, гаишник уолаттар массыынабытын иhирдьэ аhарааччылар. Максим Ксенофонтов Уруһуй: pickimage.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан