Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: «Шутник. Хулиган. Молодец!»

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: «Шутник. Хулиган. Молодец!»

K
edersaas.ru Категорията суох
10.10.2021 17:00
Дьэ доҕоттоор, аныгы үйэ оҕонньоро дэтиэх курдукпун. Ааспыт нэдиэлэҕэ уос-тиис, кырааска-солотуу мааныта, тырыбынаабыт нуучча дьахтарыттан ситинник үөҕүлүннүм да, хайҕанным да. Чэ бээ, саас-сааһынан кэпсээтэххэ, маннык. Кырдьаҕас киһи, таҥаһа-саба да тэҥҥэ кырдьыһар, эргэрэр буоллаҕа. Бу үлүгэрдээх тымныы түһэн эрдэҕинэ, миэнэ миэнин курдук, уонча сыллааҕыта кытайдартан атыыласпыт сып-сылаас түү кууркам тас хатыыра, “муолньуйа” сомуок дэнэрэ, хатаммат буолан хаалан, хас да күн нэлэккэй сырыттым. Онуоха кийиитим тулуйа сатаан баран: “Бу оҕонньор, туох ааттаах биичтээтиҥ. 202 микро-оройуоҥҥа “Сөкүүндэ” диэн чааһынай ателье баар. Аҕыйах сөкүүндэнэн ити сомуоккун уларытан биэриэхтэрэ. Мэ, бачча сөп буолуо”, — диэн дьаһайан, күөх кумааҕыны туттаран кэбистэ. Хайыахпыный, итиччэ самычаанньаланан, спонсордатан баран, суобаһырҕааммын “кырдьык даҕаны” диэн, кууркам пухабыык иһин устан, таһын суулуу тутан бакыакка хаалаан, кийиитим эппит “Сөкүүндэ” атылыйыатын көрдүү бардым. 4-с балыкылыыньыка кэтэҕэр “Эт олбуора” дэнэр маҕаһыын дьиэтин иккис этээһигэр бааллар эбит. Киирээтин, аан хоско, сакаас ылар, килийиэннэриниин кэпсэтэр сирдэрэ быһыылаах, утары эркини кыйа куурка, бинсээк, былаачыйа арааһа хаһаайыннарын кэтэһэн ыйанан тураллар. Иһирдьэттэн били тырыбынаабыт нуучча дьахтара мичилийбитинэн тахсан кэлбитигэр, эбиитин олуттаҕастык да буоллар, сахалыы былаастаан туох наадалаахпын ыйыппытыгар “аҕыйах сөкүүндэнэн оҥорууһуктар” диэн эгди буоллум. Кууркабын хостоон остуолга тэнитэ уурдум. — Биэтэс ханна баар? — диэн дьахтарым малбын эргим-ургум тутта, “муолньуйам” хатыырын сүүрэлэтэн көрдө. — Биэтэс — мин, бу турабын, — диэбиппэр сирэйбин-харахпын көрө-көрө “дед шутник” диэн мүчүҥнээн ылла. Подклад, кууркаҥ иһин ыйытабын диэн быһаарааччы буолла. — Кууркаҥ икки сомуоктаах, онон дубойунуой үлэни толоробут. “Муолньуйа” 270, тигии иһин 900 солкуобай. Онон барыта 1170 солкуобай. “Тугун сүрэй, ыараханай. Ыстаана суох хааллараары гынна” дии санаан, саараҥнаталаан эрдэхпинэ, кибитээнсийэ кумааҕытын таһааран аадырыспын, араспаанньабын туоһуласта. Уулуссам, кыбартыырам нүөмэрдэрин этэн, араспаанньабын Билээхэп диэбиппэр, дьахтарым: “Тоҕо маатырылыыгын, хулиган!”—били мичилийбитэ ханан да суох буолан, дьигиһийэ түстэ. Өссө остуолун муннугар хатана сылдьар кунуопканы баттаталаата. Оннук мучумааннана турдахпытына түөһүгэр, көхсүгэр “Охрана” диэн суруктаах багдаллыбыт саха уола киирэн кэллэ. “Кырдьаҕаас, тоҕо суумнуугун?” — үөс-батааска биэрбэккэ муннукка хаайда. Соһуйан хаалан: “Туох диэн суумнаабыппын билбэтим, аадырыспын, араспаанньабын туоһуласпытыгар эттим “, — диэн көрдүм. Туох докумуоннааххыный, пааспарыҥ баар дуо, диэбитигэр араарбакка илдьэ сылдьар үлэ бэтэрээнин туһунан киниискэбин көрдөрдүм. Харабылым бэйэтэ да бэккиһээн, кэтэҕин тарбана-тарбана хаста да аахта. Били дьахтарга киниискэбин ууммутугар: “Бие-тэс Бляха…Бляхов..Билээхи-эп…”— олуттаҕастык аахпытыгар сүүһэ мыччыстыбытын “ээ, па, эмээхсин эбит” диэн сиилиир санаа кылам гынан ааста. Харабыл уол мин сахалыы ааттаахпын-суоллаахпын быһаарбытыгар, дьахтар: “Какой молодец! А то у них ничего якутского нет. Все Ивановы, Петровы…” — диэн куолулаан эрдэҕинэ, дастабырыанньабын, кууркабын хаба тардан ылаат, бу аат атылыйыатыттан атахха биллэрдим. Туох аатай, биир “муолньуйа” аайы тыһыынчаттан тахсаны төлүөм, эбиитин
оннук-маннык саҥарыллыам үһү. Ол кэриэтин былыргылыы тимэх тиктиллиэ да бүттэҕэ…
edersaas.ru сайтан