Кэпсээ
Войти Регистрация

АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-3)

Главная / Кэпсээн арааһа / АТААРЫЫ (Кэпсээн, салгыыта-3)

K
edersaas.ru Категорията суох
07.10.2021 19:00
ААЙА, салгыыта Ыанньыксыттар сарсыарда эрдэ туран, ынахтарын ыан киллэрбиттэрин Асчыт Маайака сүүрдэ охсубута. Онтон сэппэрээтэрин өһүлэн, сууйан, чаас чааһынан хортуон дьааһыкка укпута. Өндөрөй диисэли арааран, уот боруобатын хомуйбута. Күһээбит дьон мала-сала диэн быстах аһыыр иһити-хомуоһу кытары утуйар таҥас эрэ этэ эрээри, барытын бииргэ чөмөхтөөбүт кэнниттэн балачча үллэн-баллан көстүбүтэ. Ити кэмҥэ бэтэрээннэр биригээдэлэрэ түөрт сыарҕалаах атынан астаран кэлбиттэрэ. – Арыы дьоно, дорообото тутуҥ! –  Албан ааттаах,  аттаах байыастарга айхал! – Малгытын көҕүрэтэ туруохпут, иккитэ кырынар инибит, – диэбитэ Ыстапаан Уйбаанабыс. – Сүөһүнү таһаарааччылар күнүс 11 саҕана кэлиэх буолтара, эһигини көһөрөн эрэ баран холкутук эбиэттиир санаалаахтар ол дьон.   Хайа, Маайака, дьахталларыҥ? – Сүөһүлэрин далга таһааран баран, хотоннорун күрдьэ сылдьаллар. – Бу көс ортотугар туохтарын күрдьүүтэ баҕайытай? – Эдьиий Огдооччуйа дьаһала, кураан дьыллар эҥээрдэригэр үктэннибит, эһиил да манна күһүүрбүт буолуо диэн эрэрэ. – Кини киһи дьэ, билэн эттэҕэ. – Эһиги бастаан дьиэҕэ тиийэр малы илдьиҥ, – Маайака бакырыбааланан баайыллыбыт күскэҕэр суулаахтары ыйда. – Өйдөөҥ, бу миэнэ, бу Маарыйа, бу Огдооччуйа, бу Өктөбүрүүнэ, бу Өндөрөйдөөх киэннэрэ, бутуйбаккаҕыт, тиэргэммит иһигэр киллэрэн уурталаарыҥ. Сэрэнээриҥ, суол охсуутугар сыарҕа халыйан, аара түһэрэн кэбиһиэххит. Кыдьымах тэбиитэ да сөп оҥоруо. — Туох диэн эттэҥий, быалаахпыт, баайыахпыт. – Бу Маайака кыыс, көр, биһигини төрүт холуон урдустар курдук саныыр ээ. Уолан сааспыт ааспыта быдаарыйбыт уолаттарбыаат. Һэ-һэ-һэ! Һаат-һат-һат! Таһаҕастаах сыарҕалар хоҥнубуттарын кэннэ, ыанньыксыттар хотонтон бүтэн киирбиттэрэ. – Маллары илтилэр, туох кимиэнэ буоларын барытын быһааран, дьиэлэринэн түһэриҥ диэн этэн ахан ыыттым, – дии көрүстэ Маайака. – Өр гыныахтара суоҕа, начаас типтэрэн эргиллиэхтэрэ. Сүөһүнү үүрээччилэри 11 эргин кэлэллэр диэтилэр. – Чэ, бэрт. Сүөһүнү кыратык хаптара түһэрбит дуу, эдьиэй? – Хайа, хаптарбакка! Өндөрөй, кытаат эрэ, тахсаҥҥын биир бугулу ордорон баран, оккун төһө баарынан ыһан биэр. Кыраны кыра курдук, дьон кэлиэр диэри тамырҕаттыннар. – Сөп, – саҥа дорҕооно сүтэ илигинэ аан сабылынна. Бөһүөлэк дьоно болдьообут кэмнэригэр кэлбиттэрэ. Кинилэр алтыа этилэр, ону таһынан били сыарҕалаах аттаах кырдьаҕастар бааллара. Миитэрэй Сергеевич далга хааллан турар сүөһүнү астына көрбүтэ. – Тыый, били сайыҥҥыларынааҕар чыха атын «дьон» буолбуттар доҕор! Дьэ, табаарыс дайааркалар, эһиэхэ улахан махтал! – Хотоҥҥо киирэн баран, сөхпүтүн омунугар үөгүлүү түспүтэ: – Хайа, бу хотоҥҥутун эргиччи сыбаан, ып-ыраастык күрдьэн, төрүт олохтоохтук оҥостон олорбуккут дии, кыстыахха да сөп буолбут! – Туох диэтэҥий, оннооҕор отууга оннугун киһилии оҥоһуннаххына эрэ, үчүгэйдик хонон тураҕын буолбат дуо? Иннэ-кэннэ аһаҕас, тымныы хотоҥҥо сүөһү дьиэтийбэт, ынах иэппэт. Ити икки ардыгар икки сыарҕаҕа ордубут малы-салы тиэйбиттэрэ. Оттон төрдүс сыарҕаҕа тобох оту тиэйэн баран, хотонноох балаҕан икки ардынан аҕалан
тартарбыттара. Дал аанын аспыттарыгар ынахтар сэрэммиттии биир-биир тахсаннар, ким да кыһаммат курдугуттан эрдийэн, тула өттүттэн ньалбаабытынан барбыттара. – Махсыым Игнатьевич, чэ, аккын хаамтар, бастакы сүөһүлэр батысталлар эрэ, кэнникилэр хаалыахтара суоҕа, – Миитэрэй Сергеевич хамаанда биэрдэ. – Уолаттаар, эһиги сүөһү быыһынан тарҕаһан, көрө-истэ иһиҥ. Доҕоттоор, хоҥуннубут! Сүөһүлэр илим хотоҕоһунуу субустулар. Сыарҕалаах оттон быһыта тардан сии испит ынахтар боротуохаҕа киириигэ тохтоон, мууһу сытырҕалаан бараннар, отторо бара турбутун көрөннөр, эккирэтэргэ тиийдилэр. Кыдьымахтаах сиргэ үтүрүһүөх-анньыалаһыах курдук буолан иһэн, ким эрэ кикпитинии, биир биир батысыһан бардылар. Хап-харанан чөҥөрүйэн сытар килэҥ мууска тахсыыга кутталлаах сири туоруу охсуохтарын баҕарбыттыы, кытыл диэки бокуойа суох дьулурустулар. Субаттар уонна эдэр ынахтар халты тэбиннэхтэринэ даҕаны, тирэхтэрин сүтэрбэттэр. Оттон кырдьаҕастар бөгдөччү туттан баран, сэрэнэн хаамаллар. – Оо, Өрүөстээх эрэйдээх, чэ, кытаат, чугаһаатыбыт! – түөрт мүһэтэ халыр-босхо баран салҕаластыы-салҕаластыы, аргыый аҕайдык иннин диэки дьүккүйбүтэ буолар ынаҕын өйүү былаастаан ойоҕолуу хааман иһэр Мотуруона ынаҕын да, бэйэтин да санаатын күүһүрдэр. – Өссө сүүрбэ хардыы… уон хардыы… Бостуук Өндөрөй сүөһүнү хаалларбат сыаллаах, саамай кэнники испитэ. Арыы бу уһугуттан кытыл дьиҥинэн ырааҕа суох, сатыы киһи сүүрбэччэ  мүнүүтэ хааман туоруур. Кэнники сүөһүлэр мууска саҥа киирэллэрин саҕана бастакылар кытыл үрдүк томторун дабайан хотоһон эрэллэрэ көһүннэ. – Өһ-һөөх! – диир бэрт куһаҕан саҥа иһиллибитигэр хайыһа түспүтэ, сүөһү ааспыт суолуттан арыый туора икки сүөһү күөрэлэммит муус быыһынан ууга булумахтана сылдьар эбиттэр. – Туй-сиэ! Туох сиикэйэ манаан сыппытай? – абатыттан сиргэ силлээт, нотуруускалыы бааммыт быатын хаба тардаат, сүүрэн тиийэн, арыый бэтэрээ диэки сылдьар ынах муоһугар иилэ быраҕан баран, тардыспытынан барда. Ынаҕа тахсыахча үнүйэн көрөн баран кыаммата, сатахха, дириҥэ бэрт буолан, атаҕа сиргэ тургуйбакка, биир кэм булумахтана  сылдьар. Мууска уу таһымнаан, аны халтыраана олустаата! Ити икки ардыгар Бааскалаах Миитээ ыстанан кэлэннэр, биир уһун быанан ынаҕы кэнниттэн ылларан баран, «чэй!» дэһээт, уу түллүүтүгэр тэптэрэн, ньылбы тардан таһаардылар. Сотору иккис ынаҕы соһон таһаардылар. Куттаммыт, тоҥон бөҕүөрбүт сүөһүлэр тута хааман биэрбэтилэр, ону самыыга таһыйа-таһыйа илдьэ бардылар. Кытылы булларан эрэ баран, үөһэ тыыннылар. Сүөһү барыта тахсыбытын кэннэ Ульяна кэннин хайыһан көрбүтэ, арай, үөс кыдьымаҕын бэтэрээ өттүгэр, кытылтан чугас, килэҥ мууска биир ынах сытан хаалбыт. Мырааны дабайа сүүрэн эрэр уолаттары үөгүлээн ыҥыран ылан, төрдүө буолан тиийиилэригэр, бу эрэйдээҕиҥ өрүһүлтэ кэлбитин билбиттии, ыҥыранаахтаан баран, иннин диэки дьүккүйбүтэ буолла. Онно сөп түбэһиннэрэн, нэһиилэ көтөҕөн туруордулар. – Сэрэниҥ, баҕар, атаҕын эчэппитэ буолуо. Ынахтара төбөтүн быһа илгистимэхтээтэ,  онтон тымныы мууска сытан көһүйэ быһыытыйбыт этин-сиинин уһугуннарардыы, ис-иһиттэн дьигиһийбэхтээн ылла уонна иннин диэки үнүөхтээтэ. Пиэрмэҕэ кырдалыгар тахсар аартыкка чугаһаабыттарын кэннэ, ыанньыксыт Өктөбүрүүнэ бэркэ тиэтэйэ-саарайа иһэрэ көһүннэ. Хааман ирбит, кытаанах сиргэ үктэнэн куттаммыта ааспыт ынах
иччитин билэн үҥсэргээбиттии ыҥыранан ылла, тиийэн сытырҕалаан көрдө уонна хотонун диэки батыччахтыы турда. – Оо, бу Маартам суох буолан, ыксаатым даҕаны! Хантан буллугут? – Мууска охтон хаалбыт. Хата, тугун да өлөрбөтөх. Атыттар ынахтара бааллар ини? –  Туох да айдаан суох, этэҥҥэлэр быһыылаах. – Өктөө, эчэйбитэ буоллар, Маартаҕын сонно тыынын салҕаан кэбиһиэ этибит, — диэн баран Бааска куота сүүрдэ. – Эмис баайы эбит! – Биһиэнэ кэм айахпыт айдаана! От тиийбэтэ эрдэттэн биллэр буолан, отторун бэркэ кэмчилээн сиэппиттэрэ. Арыыттан киирээт, оннуларын-тойдорун булунан баран, көөнньөрбө оҥоруутун саҕалаабыттара. Пиэрмэҕэ урукку өттүгэр үлэлиэхтээҕэр буолуох, алҕаска даҕаны атахтарын укпатах ыаллар олбуордарыгар тиийэн хаалбыт, 200 лиитэрэ уу киирэр истээх, дууп маһынан оҥоһуллубут буочукалары сороҕун моргуордаах соҕустук төннөрбүттэрэ. Ону Ульяна эмиэ хайа күн оҕонньоттору кытары сыарҕалаах атынан кэрийэн хомуйбута. – Бу сопхуостар оннооҕор буолуоххутун ыһан-тоҕон бараҥҥыт, тобохтоһо  сатыы сылдьаҕыт дуу? — кытаҕас илиилээҕинэн аатырар Кэтириинэ  Сиидэрэбинэ баанньыгар ууран турар хаарыан буочукатын ыһыктар абатыгар кыһыылааҕа буолаарай диэн саҥара хаалбыта. – Бүтүн мунньах быһаарбытын, нэһилиэк баһылыга бирикээс  таһаарбытын үрдүнэн биэрбэтэх буолан бараҥҥын, тылга тииспэккэр көрдөһүллэр, – Махсыым кырдьаҕас да кытаанаҕын көрдөрбүтэ. – Истиэххитин тиэтэйдэххитинэ, мин маны атыылаһан ылбытым. – «Арыгыга мэнэйдэспитим» диэ, ол чахчы буолуо! Көөнньөрбө састаабын уопсай сүбэнэн оту уонна былаҕы кырбаан, онно биир биэдэрэ комбикуорманы кутан оҥорорго быһаарбыттара. – Уруккута буоллар, бурдугун элбэҕи кутуллуо этэ да, билигин кэммит атын, – диэбитэ Огдооччуйа пиэрмэ мунньаҕар. – Кыргыттар, дьэ, оту да, былаҕы да төрүт бытархай гына кырбыаҕыҥ, биир баайыы былаҕы үс күҥҥэ тиэрдиэҕиҥ, эмп эрэ курдук, былахпыт бүтүүтэ мутукчабыт кэлиэҕэ. Көөнньөрбөнү убаҕас гына оҥоруоҕуҥ. Оттон бу табаарыс хачыгаар, Никииппэр уолчаан, дьэ, пааргын кытаат, буочукаларгын үчүгэйдик итит, сопхуос хачыгаардара кыраадыстаах сылдьан, паары онон кээмэйдээн үрдэрэллэрэ. Оччоҕуна эрэ оттоох, былахтаах бурдук көөнньөн тахсар, ол иһин  көөнньөрбө диэн ааттанар. Сарсыарда буочука хаппаҕын арый да, сыта төрүт дыргыйа түһүөхтээх! Талбытынан буоллар, туус уонна балык сыата эмиэ наада этэ. Уля,  кытаатан ону хааччыйа сатааҥ, көөнньөрбө туустааҕа ордук. Оттон ууну баҕас күннэтэ бастарар инигит? – «Бодобуос» Бииктэр сүүрэр. – Чэ, оччоҕуна син тулуктаһа сатыахпыт. Ынахтар куҥнаах эрдэхтэринэ, үүтү ыан хаалыаҕыҥ, кыһын моонньо уһун, ас-үөл мөлтүүрүгэр  уолларыахпыт. Ноҕуруускалара улахан буолан, кэмчи аска үүттээх ынахтар ордук оҕустарыахтара. Сэрэйбиттэрин курдук, сайаапкаламмыт от кэтэһиннэрэн-манаһыннаран, «оччоҕо кэлэр үһү, баччаҕа кэлэр үһү» дэтэн-дэтэн баран, кулун тутар саҕаланыытыгар эрэ кэлбитэ. Онуоха диэри отторун салаанан ааҕар кэриэтэ  сиэппиттэрэ уонна эбии аһылыгы күүһүрдүбүттэрэ. Бэтэрээннэр биригээдэлэрэ өссө кыһын эрдэ, хаар халыҥыы илигинэ ходуу ходуйбута, мутукча быспыта, оттон хаһаайыстыба салалтата нэһилиэк тэрилтэлэрин көҕүлээн хаста да субуотунньук тэрийэн, күөл былыыгын хостообута уонна онно эбэн оҕо саадыттан, оскуолаттан ас
тобоҕун хомуйбута. Кэлии от хаачыстыбата мөлтөх, аҥаара сэтиэнэх буолан, оскуолаҕа «итии аһылыгы» этинэн хааччыйар кэпсэтиигэ эбиэс сиэмэтинэн гидропон үүнээйини үүннэртэрэннэр, ырыганнаабыт сүөһүнү эмтиэкэлииргэ, төрүүр ынахтары эбии аһатарга туттубуттара. Огдооччуйа күн өрүү-өрүү икки хотонунан кэрийэн, сүөһүнү барытын көрөр-истэр, бэйэтэ этэринэн, обхуот оҥорор идэлээҕэ. Аһылык кэнниттэн топпокко турар борооскуну биитэр ынаҕы тута булан, тустаах үлэһиккэ: «Көр, һыллыа, бу сүөһүҥ иһэ бып-быһаҕас дии! Ыл, көөнньөрбөҥ уутуттан иһэрдэн биэр! Сэрэнэр буол, күн аайы топпот сүөһү ыран киирэн барар» биитэр: «Хайыа, доҕор, бу ынаххын арыый боссоон аһатыыһыккын, ырыганнаары гыммыт: көр, түүтэ арбайан эрэр эбит уонна дэлби саланар буолбут. Быттыйан эрдэҕэ дуу, ону эмиэ көр. Сүөһү барахсан киһиттэн атына диэн саҥарбат эрэ, киһи кыһанарын-мүһэнэрин, таптыырын билэр», – диирэ. Уһуннук үлэлээбит, сааһырбыт ыанньыксыттар даҕаны ынахтарын киниэхэ көрдөрдөхтөрүнэ, сүбэлэттэхтэринэ эрэ астыналлара. Инньэ гынан, ас-үөл төһө да татымын  үрдүнэн, сүөһү маассабайдык ырыганнааһына таһаарыллыбатаҕа, хара сиргэ бары этэҥҥэ үктэммиттэрэ. Онно этэ дии Ульяна ыанньыксыттар уопсай хотоҥҥо иитэн турар кэтэх ынахтара хаһаайыстыба сүөһүтүнээҕэр быдан ордук туруктаахтарын туһунан  сөбүлээбэтэхтии саҥарбытыгар, Огдооччуйа киниэхэ умнуллубат тыллары эппитэ: – Кээс, һыллыа, аны инньэ диэҥҥин дьонуҥ барахсаттары тэйитэн кэбиһээйэҥий. Сопхуос саҕанааҕы курдук ый аайы кэлэ турар хамнас суох, онон ыанньыксыт бэйэтин ынаҕын, сылгыһыт бэйэтин биэтин холбуу көрөрүн төрүт хааччахтаамаҥ, үлэлиир-хамсыыр усулуобуйаларын хайдах тэрийэри толкуйдааҥ. Дьэ ол оннугар үлэни ирдээҥ: «бачча ынахтан бачча ньирэй уонна үүт», «бачча биэттэн бачча кулун» диэн. Оччоҕуна эрэ дьон санаатын табыаххыт, оччоҕуна эрэ үлэһиттэниэххит. Хаһаайыстыба этэҥҥэ буоларыгар бары баҕарабыт. Бу биһиги, биэнсийэҕэ тахсыбыт эмээхсин дьахталлар уонна бэтэрээн оҕонньоттор, харчыны сомсон байа охсоору биитэр эһиги убаһаҕыт этигэр иҥсэрэммит үлэлии сылдьар үһүбүт дуо? Суох. Сааспыт тухары сыраласпыт хара көлөһүммүтүн күндүтүк саныыр буоламмыт уонна эһиги, эдэр салайааччылар, хаһаайыстыбаны сайыннарар, үлэһиттэри хамнастыыр туһугар сүүрэргит-көтөргүт иһин, ким туох кыахтааҕынан көмөлөһө сатыыбыт. Бу тыллары истиэр диэри Ульяна үлэ-хамнас тэрээһинин туһунан санаата наһаа чычаас уонна судургу эбитин билиммитэ, туох барыта хос түгэхтээҕин, биэтэстээҕин өйдөөбүтэ. Эдьиий эппитин кэннэ эргитэ санаан көрдөҕүнэ, ыанньыксыттар наай гыннар иккилии-үстүү эрэ ынахтаахтара, ол ынахтарын отун бэйэлэрэ хааччыйаллара биитэр ходуһаларын хаһаайыстыбаҕа сыһыараллара, сылгыһыттарга да оннуга. Сорохтор аҥардас сол да иһин үлэлии сылдьаллара. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ салалтатын дьаһалынан, сопхуоска тохтоло суох 15 сыл үлэлээбит ыанньыксыттарга, 20 сыл үлэлээбит сылгыһыттарга ый аайы бэриллэр босуобуйа көрүллэн, үгүс киһи уурайбыта, инньэ гынан үлэлии сылдьар дьону тута сатыыр сүрүн кыһалҕа буолбута. Оттон Сэргэй Уоһукабыһы уола хаһаайыстыба салайааччыта буолан кыһанар-мүһэнэр, былыр биригэдьиирдии сылдьан дьаһайбыт үөрүйэҕинэн үөлээннээхтэрин хамсатар диирэ, «бэтэрээннэр биригээдэлэрэ» диэн дорҕоонноохтук ааттыыр дьонун бырааһынньыктарга дьиэтигэр мунньан айах тутарын, күндүлүүрүн омнуолуу саныыра. Оо, эҥин араас күөрэйэ турар кыһалҕаҕа оҕонньоттор барахсаттар төһөлөөҕү абыраабыттарын ким
ааҕан ситиэй?! Хотону, далы өрөмүөннээһин,  сүөһүнү өлөрүү, муҥхалааһын, эбии аһылыкка былыык хостооһуна, дулҕа быһыыта… бу сорҕото эрэ буоллаҕа кинилэр көмөлөрүнэн ситэриллэрэ.      Кэлиҥҥи дьыллар эмиэ кураан буоланнар, пиэрмэ Хаастаахха өссө биэс сыл отордообута. Биллэн турар, элбэххэ туох суох буолуой, аҕыйах мөлтөх сүөһү саас күрдүккэ соһуллара ханна барыай? Ол эрээри, «Кылыс» саҥа үйэҕэ сүөһүтүн-сылгытын энчирэтиэхтээҕэр, ыанар ынаҕын уонна биэтин ахсаанын элбэтэн үктэммитэ. *** “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүөһү иитиитигэр племенной үлэни тэрийии уонна ыытыы туһунан” диэн сокуон тахсан, племенной статуһу ылбыт хаһаайыстыбаларга судаарыстыбаттан көмө харчы көрүллэр буолбута. Онно анньыһаары, “Сахаплемхолбоһугу” кытары сөбүлэһии түһэрсэн, Ульяна осеменатор Туйааралыын сопхуос Кылыстааҕы отделениетын племенной пиэрмэтиттэн хаалбыт докумуоннарынан сирдэтэннэр, удьуор үүттээх ынахтар утумнарын быһаарбыттара итиэннэ бонитировканы, хонтуруолунай ыамнары, ыйааһыннары сөргүтэн, хас биирдии ынахха  анал хаартыскалары оҥортоон, племенной учуот үлэтин саҕалаабыттара. Муус устар ортотугар куораттан «Сахаплемхолбоһук» биир саамай уопуттаах исписэлииһэ Светлана Никаноровна тахсарыгар күүстээхтик бэлэмнэнэн тоһуйбуттара. Намыһах уҥуохтаах, кыраҕа ымыттыбат көрүҥнээх, киэҥ харахтаах, сааһырбыт, модьу дьахтар бастаан икки хотон икки ардыгар турар, ыанньыксыттар таҥас уларыттар, сынньанар балтыһах дьиэлэригэр киирээт, «КВ» оһохтон соһуйбута: – Һок, сопхуос хочуола илэ бэйэтинэн! Хотонноргутун сылытаҕыт дуо? – Суох, көөнньөрбөлүүбүт. Салгыы эркиҥҥэ ыйаммыт күннээҕи үлэ былаанын, ыам көрдөрүүтүн экранын уонна түүҥҥү харабыллар дьуһуурустубаларын кыраапыгын билсибитэ. Онтон хотоннору тилийэ кэрийбитэ, ынах ахсыгар ыйанан турар  табылыыссалары көрбүтэ-истибитэ. Ыам саҕаламмытыгар, ыанньыксыттар ынах синньин хайдах сууйалларын-сотоллорун, туох туттар тэриллээхтэрин көрбүтэ. Бэйэтэ талан, уонча ынахтан мээрэй устубута, биир мүнүүтэ устатыгар уонна биир ыамҥа төһөнү ыаталларын кээмэйдээбитэ, үүт сыатын быһаарар анаалыска боруоба ылбыта. Арыаллыы сылдьар дьоҥҥо, Ульяналаах Туйаараҕа, дьөрү кыһаммат этэ, тугу эмит быһаараары гыннахтарына: «дьүөгээ, тугу этэргин билэбин», – диэбиттии, бүлтэччи көрөн кэбиһэрэ, ол оннугар ыанньыксыттары кытары кэпсэтэрэ-ипсэтэрэ, ону барытын эмиэ блокнотугар бэлиэтэнэн иһэрэ: – Манна үлэлээбитиҥ төһө өр буолла? Биир ынахха төһө оту, көөнньөрбөнү  сиэтэҕиний? Бу ынаҕыҥ аата ким диэний, сааһа хаһай, хаһыс төрүөҕэй? Оҕото оҕус этэ дуу, тыһы этэ дуу? Ол иннинээҕилэрэ? Сыл устата төһө үүтү ыатарый? Былырыын төһөнү биэрбитэй? Сылга хас ынаҕыҥ   кытарыырый? Көрүдүөр икки өттүнэн сэлэлии бааллан турар ынахтары көрүтэлии  иһэн, үөгүлүү түспүтэ: –  Һок, бу туох айылаах кырдьаҕас ынахтарай? Төрүт суох оҥортооҥ! – Тыый, баар эрэ үүттээх, үчүгэй төрүөхтээх ынахтарым дии, – Балааҕыйа Макарова куттанан төгүрүччү көрө түспүтэ. – Бу кыс ортотугар хайдах..? – Зоотехник, тугу көрө сылдьаҕыный?! Бары «ах» барбыттара. «Племеннойданан-тойдонон бүттэхпит!» — дии санаабыта Ульяна. Хотон чэҥинэн бүрүллүбүт эркиннэрэ лаампа уотугар элэктээбиттии чаҕылыспыттара. Ити кэмҥэ Огдооччуйа хотон ортотугар лаглаллан турар хотун хаан дьахтарга оргууй чугаһаан кэлэн, бэрт холку куолаһынан унаарыппыта: – Бэйи-эрэ, доҕоор, эн бу били сопхуос кылаабынай зоотехнига Филипп Трофимов племенной пиэрмэни
тэрийбитигэр кэлсибит кыыс эбиккин быһыылаах дии? Баараҕадыйбыккын. Өссө төрдүм Мэҥэ Хаҥалас диэбиккин өйдүүбүн. – Кырдьык уонтан тахса сыллааҕыта кэлэ сылдьыбытым, – куолас арыый намыраабыта. – Эн  ким этигиний? – Светлана Никаноровна, бу «Бочуот знага» уордьаннаах кырдьаҕас ыанньыксыт Евдокия Ивановна Кириллова! –  Ульяна билиһиннэрэ охсубута. – Эн сылдьаргар племенной туҥуйдарга үлэлиир этим, ону бэркэ хайҕаан барбытыҥ. Күһүн аайы уулаах бургунастары ылан, көрөн-истэн төрөтөн, үүттүтэн, сириннэрин сайыннаран, ынах оҥортоон эрэ баран, ыанньыксыттарга туттарарбыт. Бүтүн бэтилиэккэ устата элбэх бургунас мин илиим иһинэн ааспыта. Дьэ олортон ордубут «кыргыттар»  бу тураллар – төрүөх бөҕөтүн биэрэн, үүт бөҕөтүн ыатан баран, бэйэбэр дылы эмиэ кырдьаҕас аатырдылар. – Үрдүк кылаастаах ынахтар диэ… Баайы үллэрии саҕана көр, ыспатах эбиккит ээ, – куолас биллэрдик сымнаата. – Тыый, ол иирэммит ыһыахпыт дуо? – Оо, эдьиий, дьон барыта эн курдук саныыра буоллар! Сопхуос аайы кэриэтэ племенной пиэрмэ бөҕөтө тэриллибитэ да, олортон билигин ахсааннааҕа эрэ баар. Киһи кыһыйыах, үлэлии сылдьыбыт исписэлиистэр бэйэлэринэн үрдүк хааннаах ынахтары талан ыланнар, сүүскэ биэртэлээн тураллар! «Үүттээх ынах силиилээх, көмүрүөлээх баҕайы буолар!» – дэһэ-дэһэлэр… —  Манна да баайы үллэҥнэппиттэрэ эрээри, бастыҥ тыһаҕастарбытын төрүт тыыттарбатахпыт. Олорбут төрөөннөр-ууһааннар, бу хаһаайыстыба аатын ылан олоробут. – Евдокия Ивановна, билигин тугу үлэлиигиний? – Ээ таах олоруохтааҕар, уонча ынаҕы ыыбын уонна настаабынньыктаабыта буолабын. – Наставникпын даа? Ол иһин да көөнньөрбө эҥин бөҕөтө эбиккит. – Хайа, сылаас көөнньөрбө буоллаҕа көҕүрээбэт үүт диэн. – Буочука аттынан ааһан истэххэ, сыта дыргыйан үчүгэйэ сүрдээх! Сопхуос саҕана биир фуражнай ынахтан сылга төһө үүтү ыыр этигитий? – Бүтүн пиэрмэ үрдүнэн үс тыһыынча киилэ буолара, бастыҥнарбыт түөрт  тыһыынчаттан түспэттэрэ. – Оттон билигин көрдөрүүгүт түстэ ахан ини? – Түһэн бөҕөө! Итини истээт, Ульяна сүрэҕэ тохтуу сыспыта! Оок-сиэ, эрдэ этэн сэрэппэккэ, угаайылаах ыйытыыга киирэн биэрдэхтэрин көр! – «Түһэн» диэн ол төһөнүй? – Никаноровна лаппыйан ыйытта. – Икки эрэ тыһыынчаттан тахсаа, – Огдооччуйа мыыммыттыы эҥээриттэ. – Урут ол диэн кыра аатыраахтыыра. Дьиҥинэн, көрдөрүүбүт үчүгэй буолуохтааҕын, бу ааспыт кураан сыллар тэптилэр. Ол эрээри, бастыҥнарбыт Маарыйалаах Таанньа көрдөрүүлэрэ лаппа үрдүк. Төһө этэй, кыргыттар? – Ааспыт сыл түмүгүнэн, Мария Петровна Анастатова 2 400,  Татьяна Гаврильевна Иванова 2 350 киилэни ыабыттара, – диэтэ Ульяна өрүһүспүттүү. Ыарахан балаһыанньаттан быыһаан ылбыт Эдьиий Огдооччуйаҕа кини сүрдээҕин махтана санаабыта. Арай, итиннэ: «икки эрэ тыһыынчаттан тахса» – диэбэтэҕэ буоллар, ирдэбиллээҕинэн аатырбыт хотун салгыы тугу да истэ барыа суохтааҕа. (Сорох ыанньыксыттар сыл устата 1 700 киилэ үүтү ыыллара эрээри, бастыҥнар суотттарыгар орто көрдөрүү племенной хаһаайыстыбалартан ирдэнэр таһымҥа тахсара). «Ыамҥыт намыһах, ити ыанньыксыттаргыт бэйэлэрэ да ону билинэллэр, быйыл өссө үлэлээҥ, көрдөрүүгүтүн тупсаран баран, эһиил кэлээриҥ», –
диэхтээҕэ. Оччотутар биир сыллара халтайга хаалыа этэ. Тугу эмит быһаараары гыннахха, сыыппараны бырыпыыскалаары гынаҕыт дуо диэн, кэлэр өттүгэр да чугаһатара саарбах буолуохтааҕа. Былырыын «төрүттэр» оннук гынан кэбиһэн иэдэйбит этилэр, «аны хас сылынан анньыһарбыт биллибэт, хаарыан харчыттан көрө маттыбыт», –  дэһэллэрэ. – Евдокия Ивановна, хомойуох иһин, хайа да бэйэлээх үүттээх ынахха  бэрсэнээлинэй биэнсийэ диэн суох, – Светлана Никаноровна хотон муҥур  хотунунан  Огдооччуйаны билинэн, чопчу киниэхэ туһаайан эппитэ. – Онон кэмнэрэ кэлбитин быһыытынан, бу барахсаттаргын аны күһүн хайаан да абараахтат. Ити мин тус бэйэм хаппырыыһым буолбатах, үөһэттэн ирдэбил. Москваҕа отчуоттуубут, олор дьэ кэтээн ахан олороллор. Көрдөххө, солбугу даҕаны бэлэмниир эбиккит, таһаараа хотоҥҥо турар ремонтнай тыһаҕастаргыт бэрт баҕайылар. Кылаастаахтара биллэр. – Ээ, үүттээх уонна үчүгэй төрүөхтээх ынахтар эрэ оҕолорун таламмыт, иитиигэ хаалларабыт. Тиҥэһэ киирэрдэригэр эмиэ хос сүүмэрдиибит. Хонтуораҕа тиийэн силиэксийэлиир-племенной үлэ докумуоннарын бэрэбиэркэлииригэр уонна бэйэтэ бэлиэтэммитин кытары тэҥнииригигэр Светлана Никаноровна туох да улахан итэҕэһи, араастаһыыны булбатаҕа, арай, аҕыйах боппуруоһу көннөрү чопчулааҥ диэбитэ. Барарыгар эппитэ: – Бэркэ дьаһанан олорор эбиккит, сопхуос эрдэҕинээҕини санаттыгыт. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аҕыйах хаһаайыстыба көөнньөрбөлүүр: Өлүөхүмэҕэ үҥкүрдэр, илин эҥээргэ мэҥэлэр уонна бу эһигини көрдүм. Үлэһиттэргит даҕаны уопут бөҕөлөөх, идэлэригэр бэриниилээх дьоннор эбит, ол быыһыгар ыччаттар эмиэ бааллар. Ити хаһаайыстыба кэскиллээҕин көрдөрөр. Чэ, кытаатыҥ! Салгыыта бэчээттэниэ. ААЙА
edersaas.ru сайтан