Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Таhыттан таптыам, туораттан одуулуом...”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Таhыттан таптыам, туораттан одуулуом...”
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
23.05.2019 14:53
“Саарбах санаалары сайгыырбар, санаам күүһэ, уһугун дуу. Быстах быһаарыныылар былаҕайга быраҕыахтара дуу, быһан-отон барыахтара дуу. Иирии илбистээх иҥсэ мэнэгэй иэччэх санаалар ырааҕынан аастыннар. Обот уобуулаах устугас санаалар уҥуоргунан уһуннуннар. Имэҥниин иилиҥкэйдэспит истиҥэ суох иэйиилэр иннибэр тоһуйбатыннар. Ааспыт алҕастарым кэм кэтэҕиттэн иэҕиллэн кэлэн, кэпсээн кэҕийбэтиннэр. Урукку умнуллубат уһуктартан уһуктан кэлэн уһуутаабатыннар. Кэскили түстүүр кэрэ кэм кэлбэтэр да, удьуору ууһатар улуу оҥоһуу туолбатар да олорор олоҕум оҥкула оргууйдук уһуннун дуу. Эмэн кэммэр кэмсинии кэлэн кэбирэппэтин, кырдьар кэммэр кыһыйыы кэлэн кыаһыылаабатын...” Даайа бүгүҥҥү түбүктээх уустук күнтэн сылайан, эстэн-быстан дьиэтин булла. Иэримэ дьиэтигэр көһүтэр-кэтэһэр ким да суох буолан, дьиэтэ, мэктиэтигэр, уорааннанан көрүстэ. Даайа уотун холбоон, бэрт тиэтэлинэн хаппыт хардаҕастары хаалыы охсон оһоҕун отунна. Оһоҕо барахсан хаппыт мас сыыстарын начаас ыккардыгар уотунан салаан тачыгыратан барда. Даайа бүгүн дууһатын аймаабыт соһуччу түгэни санаан билигин да тиҥиргии тэбэрин уоскута илик сүрэҕэ ордук мөҕөн ылла. Кини бүгүн көрдө илэ, уу хараҕынан төрөппүт оҕотун! Хас да сыл ааста, кини күн сирини көрдөрбүт күндү оҕотуттан аккаастаммыта. Ол кэмнэртэн саҕалаан кини нохтолоох сүрэҕин анныгар тоҕус ый тухары улаатыннарбыт күндү биэбэйин харахтыы илигэ. Ийэ буолар дьолуттан оччолорго бэйэтэ аккаастаммыта. Ол күннэртэн уонча сыл ааста. Даайа санаатыгар ол күн бэҕэһээ эрэ курдук. Саҥардыы оскуоланы бүтэрбит Даша кыыс Дьокуускай куоракка дьол көрдүү айаннаабыта. Иитиэх ийэтэ Ааныс кыыһын ыытымаары, кэнниттэн мөҕө-этэ хаалбыта. Кини санаатыгар, ииппит-улаатыннарбыт оҕото аттыттан арахпакка, хараҕын далыттан ырааппакка сылдьыахтааҕа. Даайыс ону утаран, бэйэтин санаатынан салаллыбыта. Тулаайах хаалыаҕыттан “ийэм” диэн ааттаабыт саастаах эдьиийин хаалларан куоракка үөрэххэ туттарса барбыта. Санаатын хоту үөрэххэ киирэн, биир сыл этэҥҥэ бастакы кууруһу бүтэрбитэ. Сайыҥҥы өрөбүллэригэр тыаҕа тахсыбакка, куоракка үлэ булан онно хаалбыта. Эдэр киһи көҥүл олохтон тэйэн кытаанах майгылаах эдьиийигэр төннүөн баҕарбатаҕа. Эдьиийэ мөҕөн, куораттыыр дьонунан илдьиттээн ыҥыра сатаабыта да, Даайа дэриэбинэтигэр төннүбэтэҕэ. Билигин санаан кэмсиммитин иһин, ол кэмнэргэ тыаҕа кинини угуйар, ыҥырар туох да суоҕа. Ол хаалан Даайа оҕотук майгытыгар тэптэрэн көрү-нары, күүлэй олоҕун көҕүлүттэн тарпыта. Киһини өйдүөҕүттэн хас хардыыта манабылга сылдьыбыт оҕо биирдэ төлө тэптэрэн көҥүл барбыта. Оннук күүлэй олоҕо туох үтүөҕэ тиэрдиэй, арыгы аргыстаах быстах сыһыаннар, түүнү-күнүһү бутуйар күүлэйдэр олоҕун тиэрэ эргиппиттэрэ. Даайа оннук олоххо тута убаммыта, сыыһатын өйдөөтөр да, чэпчэки олох ытылҕаныгар ыкса ылларбыта. Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, хат буолбутун билэн, олуһун уолуйбута. Куһаҕан сурах хаһан да кистэлгэ хаалбат үгэстээх. Ол курдук кыыс ураты балаһыанньаламмыта сири-сибиири аймаан эдьиийигэр тиийбитэ. Кырдьаҕас эдьиийэ Даайаны дэриэбинэҕэ кэлэрин мас-таас курдук модьуйсубута. Барар-кэлэр сирэ суох кыыс утарылаһа барбатаҕа. Үөрэҕин быраҕан дэриэбинэтигэр төннүбүтэ. Онно тиийэн сирэй-харах анньыллыыны, туора харах сиилээһинин билбитэ. Ол дьыл сааһыгар улууска киирэн уол оҕону төрөппүтэ. Саастаах
аймахтара эрдэ сүбэлэспиттэрин, илии тутуспуттарын эрдэттэн билэрэ. Онон оҕотун туора дьон кэлэн илдьэ барбыттарыгар туох да диэн утарылаһа барбатаҕа. Буолуохтаах буолбутун курдук ылыммыта. Кэлин ону куһаҕан түүллүү, таһы-быһа умнубут курдук санаабыта. Арай оҕотун иитэ ылбыт дьон араспаанньалара сүппэт гына өйүгэр хаалбыта. Хаһан да истибэтэх сэдэх араспаанньата этэ. Даайа ол курдук оҕотун туора дьоҥҥо ииттэрэ биэрбитэ. Бэйэтэ эдьиийин дьиэтигэр тахсан эмээхсин өлүөр диэри дэриэбинэҕэ олорбута. Кырдьаҕас эдьиийин кыраҕы хараҕар да олордор урукку олоҕун уларыппатаҕа, иһэрэ-аһыыра ордук үксээбитэ. Ылларбыт аһыы утаҕыттан аккаастанар кыаҕы булуммакка, ол курдук биэс-алта сыл түптээн үлэлээбэккэ эдьиийин биэнсийэтигэр иитиллэн кэриэтэ олорбута. Үс сыллааҕыта эдьиийэ уһугулаан сытан кэриэс кэриэтэ эппит тыллара кинини киһилии олоххо төннөрүгэр көмөлөспүттэрэ. Кыыһырар-мөҕөр бэйэтэ өлөр чааһыгар кыаҕа баранан кыыкыныы сытар эдьиийэ эрэйдээх уолан хаалбыт хараҕын Даайа билигин да умнубат. Эдьиийин көмөн баран Даайа ордук тулаайахсыйбыта. Ол кэмнэргэ уһун түүлтэн уһуктубуттуу уһуутаабыта. Аат аһыттан аккаастанан киһилии олоххо төннөр бигэ санааны ылыммыта. Онтон бэттэх киһилии үлэ булан, түөрэҥнээбит олоҕун оннун булларан бу курдук соҕотоҕун олорор. Бүгүн оҕо ырыатын улуустааҕы күрэһигэр тиийбитэ. Тэрээһин сүрүн салайааччыта буолан буһа-хата сүүрэ сылдьыбыта. Ол сылдьан, били, умнубаттыы өйдөөн хаалбыт араспаанньатын истэн олуһун уолуйбута. Сыыһа иһиттим дуу диэн, кыттааччылар испииһэктэрин сирийэн көрбүтэ. Сыыспатах этэ. Ол сэдэх араспаанньа ырылыччы сурулла сылдьара. Онтон уонча саастаах бэрт сэргэх дьүһүннээх уол оҕо тахсан ыллаан барбытыгар Даайа тулуйбакка таһырдьаны былдьаспыта. Ийэ сүрэҕэ эт-хаан оҕото бу иннигэр тахсан турарын эндэппэккэ билбитэ. Ол долгуйууну кыатаммакка дьиэтигэр сүүрбүтэ. Даайа билигин кэлэн уолун мин оҕом диэн былдьаһар бырааба суоҕун дьэҥкэтик өйдүүр. Ол эрээри сүрэҕин иһигэр саспыт дьикти иэйии сүтэн биэрбэттии аалар. Ону хайыа баарай, оҕото үтүө дьоҥҥо иитиллэ сылдьарыттан сэмээр үөрэр эрэ. Бэйэлээтэр бэйэтин оҕотун туораттан көрөр, таһыттан таптыыр дьылҕатын уларытар кыаҕа суох буоллаҕа. Кини арай биири билэр — урукку улдьаарбыт, ааспыт арыгы аргыстаах олоҕор тіннүі суоҕа.Оннук гынан аньыытын боруостаабатар да, инники олоҕор кыра да эрэли саҕыа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан